18.11.2023 | 16:00

Айталина Бочкарева: «Торт астыыр — уустук бизнес»

Айталина Бочкарева 2016 сылтан бэйэ дьыалатын тэринэн, торт астаан саҕалаабыта. Оччолорго, билигин даҕаны торт астыыр киһи элбэх эрээри, бэйэтин кондитерскайын арыйбыт, эбиитин, дьон биһирэбилин ылан, “2ГИС” хампаанньа “Бастыҥ кондитерскай” наҕараадатын ылары ситиспит аҕыйах.
Айталина Бочкарева:  «Торт астыыр — уустук бизнес»
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

—Айталина, хаһааҥҥыттан торт астыыр санаа киирбитэй? Астыыр анал үөрэхтээххин дуо?

—Кооперативнай колледжка асчыт уонна кондитер идэтигэр үөрэммитим. Эһэм: “Ас үөрэҕэр үөрэннэххинэ, хаһан да аччыктыаҥ суоҕа”,—диэбитэ билигин да өйбөр баар. Бэйэм даҕаны асчыт идэтин кэрэхсии улааппытым. Практикабын “Полярная звезда”, “Тыгын Дархан”, “Седьмое небо” эрэстэрээннэр иллээх-эйэлээх, идэлэригэр бэриниилээх, уопуттаах кэлэптииптэригэр ааһан, бу эйгэ миэхэ саамай сөптөөх эбит диэн бигэтик өйдөөбүтүм.

Оҕолонон баран, дьиэҕэ таах олорумаары, астыыртан сылайбыт да курдук буоламмын, тыҥырах оҥорон саҕалаабытым. Элбэх клиеннэммитим, барыта табыллан иһэрэ эрээри, дууһам син биир аска тардыһара. Аны билэр дьонум: “Айта, торт оҥоруоҥ дуо?”— диэн көрдөһөллөр этэ. Онон 2016 сылга бастакы сакаастарбын оҥорон саҕалаабытым. 2018 сылга Лермонтов уулуссатыгар кыра устуудьуйа оҥостон, дьыалабын кэҥэтэн, 2022 сылга кондитерскай арыммытым.

— Үлэһиттэри ылар санааҕа хайдах кэлбиккиний?

— Бастаан администратор, СММ, декоратор, соҕотуопка үлэтин барытын бэйэм сүгэрим. Клиеннэрим элбээбиттэригэр, көмөлөһөөччүлэри ыларга толкуйдаммытым. Бастаан соҕотуопкаҕа көмөлөһөөччүнү ылбытым. Билигин 8 үлэһиттээхпин, бары эдэркээн кыргыттар. Саамай сөҕөрүм диэн, уопута суох кыргыттар 2-3 ый үлэлэһэн баран профессионал таһымыгар тиийдилэр. Биллэн турар, хонтуруола суох үлэ ыһыллар, онон куруук үлэбэр баар буоларга кыһаллабын. Састаабы барытын чопчу ыйаан, ааҕан-суоттаан оҥороллорун көрө-истэ сылдьабын. Биир уол стажировкалана сылдьыбыта уонна: “Наһаа хаачыстыба дьоно эбиккит! Барытын ааҕан-суоттаан таһаараҕыт, мин итинник сатаан үлэлээбэппин”,—диэн баран икки атаҕынан куоппута. (Күлэр - Аапт.)

Уустук сакаас киирдэҕинэ, эппиэтинэһи бэйэбэр ылабын. Аны туран, өр сатаан сынньаммаппын, илиим кыһыйан киирэн барар, оччоҕуна кэлэн торт киэргэтэбин.  Билигин көмөлөһөөччүлэрдээх буоламмын, сүрүн үлэм — барытын көрүү-истии, саҥа идеялары киллэрии.

— Сакаасчыт санаатын табар уустук буолуо ээ...

— Оннук. Биһиги клиеннэр үөрэллэрин туһугар үлэлиибит. Бастыҥ наҕараадам — клиеннэр үчүгэй отзывтара, махталлара. Биллэн турар, киһини барытын үөрдэр таһымҥа тахса иликпит. Сорох дьон, ардыгар, сарсыҥҥы күҥҥэ наадалаах, ураты дизайнаах торт наада диэн кэлэллэр. Торт хоруопкаҕа угуллан сакаасчыкка тиийиэр диэри элбэх үлэттэн тахсарын өйдөөбөттөр.

— Торт оҥорор эйгэҕэ саамай ыарахана тугуй?

— Торт астыыр — сакаасчыттан, сакааһы ылааччыттан, ингредиеннэри атыылааччыттан саҕалаан хас биирдии оҥорооччуга тиийэ элбэх киһи биир тэтимҥэ киирэрин эрэйэр уустук бизнес. Бу сыллар тухары үлэлэспит  поставщиктарбар, бэчээт оҥорооччу Сардаанаҕа, бирээнньиктэри астыыр Анна Лыткинаҕа, Иринаҕа махтанабын. Кинилэр баар буоланнар мин сакаастарым ымпыгар-чымпыгар диэри киэргэллээх, кэрэ көстүүлээх буолаллар.

— Устуудьуйаттан кондитерскайга тиийэр төһө уустук хардыы этэй?

— Устуудьуйабыттан тахсыбакка, күн аайы үлэлиирим. Өрөбүл, уоппуска диэн суоҕа, тоҕо диэтэххэ клиеннэриҥ куруук бырааһынньыктыыллар, саҥаттан-саҥа сакаас киирэ турар. Биллэн турар, биир үлэттэн сылайыы барбыта. «Хаһан эмэ мантан киһи тахсыан сөп дуо?»— диэн ыйытыы күүскэ турбута. Ол курдук бэйэм кондитерскайбын арыйар баҕа санаабын толорор кэм кэллэ диэн өйдөөбүтүм. Биллэн турар, ыарахан хардыы этэ. СВО саҕаламмыта, олохпут иннэ-кэннэ биллибэт буолбута.

Уонна маннык санаа үөскээбитэ: эбэтэр аккаастанабыт, эбэтэр барытын ылынан салгыы үлэлиибит. Билигин маннык быһаарыныыны ылыммыппын  олох кэмсиммэппин.

Кафебыт бастаан дьон аһыыр остуоллардаах этэ эрээри, саалабыт куруук туолбата. Ону таһынан астыыр хоспут кыра буолан, түргэнник элбэҕи оҥорор ыарахан этэ. Ол иһин уопсай сүбэнэн саалабытын суох гынныбыт уонна куукунабытын улаатыннаран, туох да мэһэйэ суох элбэх торду астыы-астыы үлэлиибит.

Хара маҥнайгыттан үлэлэһэр клиеннэрдээхпин, олору кытта доҕордуу сыһыаннаахпыт. Билигин куорат ортотугар көһөн, саҥа клиент элбээтэ. Сороҕор биллэр-көстөр дьон киирэн атыылаһаллар, ону боростуой дьон буолан соһуйабыт, үөрэбит эрэ (Күлэр-Аапт.)

— Соһуччу улахан ситиһиигитинэн тугу ааттыаҥ этэй?

— Бу саас “2ГИС” хампаанньа “Бастыҥ кондитерскай” диэн бириэмийэни  туттарда. Сыл аҥаара эрэ үлэлээбит тэрилтэ маннык бирииһи ыларбыт — соһуччу улахан ситиһии. Саамай интэриэһинэйэ, биһиги бу бириискэ тиксиэхпит диэн толкуйдаабатахпыт даҕаны. Үлэлии сырыттахпытына, эмискэ эрийэн: “2ГИС” бириэмийэтин ылбыккытынан эҕэрдэлиибит!”—диэтилэр. Бары соһуйан хааллыбыт. Кыайыылааҕы хайдах быһаарбыттарын ыйыталаспыппытыгар, сыһыарыы нөҥүө төһө элбэх киһи кэлбитинэн, үчүгэй сыанабылы туруорбуттарынан ааҕан таһаарбыттар. Куорат үс бастыҥ кондитерскайын ахсааныгар киирбиппит.

—Дьокуускайга торт астыыр маастар, хампаанньа элбэх, күрэстэһии  өттүнэн хайдаҕый?

— Күрэстэһии суох буолбатах. Ол эрээри бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэрбитин, сүбэлэһэрбитин үрдүктүк тутабын. Уопсайынан, хас биирдии маастар бэйэтэ буочардаах, ырысыаптаах, сакаасчыттардаах — бары үүт-үкчү буолбатахпыт. Онон дьону эккирэтэргэ бириэмэни барыыр наадата суох дии саныыбын. Төттөрүтүн, бу кып-кыра куораппытыгар кондитерскай элбиириттэн үөрэбин эрэ. Кинилэри конкурент курдук көрбөппүн, кондитерскай дьыала сайдарын туһугар үлэлэһэр дьон буоллахпыт.

— Дьиэ кэргэниҥ көмөлөһөр дуо?

— Биһиги ыал үс оҕолоохпут. Кэргэммэр Айталга ис сүрэхпиттэн махтанабын, кини өйөбүлэ суох маннык ситиһиилэниэм суоҕа этэ. Тустаах үлэтиттэн баран, мин сайдарым туһугар тугунан да кэмнэммэт кылаатын укпута. Бу сыллар тухары оҕолорбутун бэйэтэ көрөн-истэн олорбута, биллэн турар, эр киһиэхэ олус уустук. Кини баар буолан оҕолорум иитиилэрэ наһаа үчүгэй. Кондитерскайбын арыйыам иннинэ толкуйум эрэ наар үлэм этэ, ийэ-ийэ курдук сарсыарда аһатан үөрэхтэригэр атаарарбын ыраланар эрэ этим. “Ийэлэрэ суох улаатар буоллулар быһыылаах”,—диэн санааттан куттанарым. Билигин, үлэбин чэпчэтэн, оҕолорбун кытта бириэмэни атаарарбыттан үөрэбин аҕай!

— Үлэҕэр ордук туохтан сылайаҕын?

— Дьиктитэ диэн, астыырбыттан сылайбаппын. Саамай сылайарым диэн, ханнык эрэ баҕа санаам туолан испэтиттэн. Оттон туоллаҕына — үөрэбин, салгыы тугу гынарбын толкуйдаан, саҥа баҕа санаа киирэр. Ол эбэтэр биһиги үлэбитигэр киһи ордук уйулҕа өттүнэн сылайар эбит. Онно бэриммэккэ, харса суох үлэлээн иһиэххэ наада. Сылайбыккытын сэрэйдэххитинэ, сөпкө сынньаныҥ, аралдьыйыҥ, сайдар суоллары толкуйдааҥ. Киһи бастаан аат оҥосторго үлэлиир, онтон аатыҥ эйиэхэ үлэлиир дииллэр. Бириэмэ көрдөрөн иһиэҕэ. Мин санаабар, дууһаҥ сытар үлэтиттэн кыра мэһэйдэртэн сылтаан аккаастанар сыыһа. Мин, холобура, оҕолорум иннигэр эппиэтинэстээх буоламмын, барытын хаалларар, быраҕар, тохтотор кыаҕым суох. Үлэбин сөбүлүүбүн, сылайбыт буоллахпына, сынньанабын, уустуктары көрүстэхпинэ, бэйэбэр “Үлэлиэххэ наада” диэн бигэ сыал-сорук туруорунабын, үлэлииргэ күүс булабын. Ону таһынан, киһи сааһыран истэҕинэ, бэйэтигэр элбэх саҥаны арыйар эбит: урут сөбүлээбэккин сэҥээрэр буоларга тиийэ. Бу биирдэ бэриллибит олоххо, бачча элбэх кыах баарыгар, хойутаан да буоллар санаабыккытын толорон иһиҥ!

— Инникигэ туох былааннааххыный? Салгыы кондитерскайыҥ ахсаанын улаатыннарыаҥ дуо?

— Бизнес өттүттэн көрдөххө, улахан производство оҥоруохпун баҕарбаппын. Хаачыстыбаны сүтэрбэккэ, дууһа этэринэн үлэлиир ордук. Производствоҕа кубулуйдаххына, хаачыстыба мөлтүүр диэн санаалаахпын. Аны туран, элбэх киһи үлэтин хонтуруоллуур уустук буолуо. Билигин бэйэм сынньаныахпын, дьиэ кэргэммин кытта элбэх бириэмэни атаарыахпын, доруобуйабын көрүнүөхпүн баҕарабын. Ол да буоллар син биир үлэбин толкуйдуу сылдьабын.

— Саҥа саҕалаан эрэр кондитердарга эбэтэр эн курдук маҕаһыын арыйыан баҕарар кыргыттарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

— Билигин элбэх кондитер кыыс  иҥнэн олорор ыйытыылара: «Үлэһиттэри ыллахпына, хамнастарын сатаан төлүөм дуо?»; «Кондитерскайы арыйдахпына, клиеннэр кэлиэхтэрэ дуо?». Өскөтүн эн хаачыстыба туһугар үлэлиир буоллаххына, клиент куруук баар буолуо. Биһиги клиеннэрбит улахан аҥаардара — бастайааннай сакаасчыттар, биһиги өҥөбүтүнэн биирдэ туһанан баран, куруук төннө тураллар.

Үлэбэр сүрүн ирдэбилим —  дьиссипилиинэ уонна эппиэтинэс. Ханнык баҕар түгэҥҥэ төһө кыалларынан үлэлээн, саҥаны толкуйдаан, кыһалҕаны быһаара сатааҥ. Ааспыт сайын соҕотоҕун үлэлии сылдьар кэммэр биир күн уоту араарбыттара. Ол күҥҥэ 6 торт сакааска баар этэ, ону эппиэтинэскэ ылбыт киһи быһыытынан, 6 торт аһын, туттар тэрилбин барытын убайым дьиэтигэр көһөрөн, сакааспын оҥорбутум. Ханнык да балаһыанньаҕа клиеннэр эрэллэрин түһэн биэримиэххэ наада. Ол биһиги үлэбит биир сүрүн өрүтэ.

— Айталина, кэпсээниҥ иһиҥ махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...