Айсен СОЛОВЬЕВ: «Саха устудьуоннара "Восточный" космодрому кытта туппуттара»
«Арассыыйатааҕы устудьуоннар тутар этэрээттэрэ» уопсастыбаннай тэрилтэ дойду үрдүнэн биир бастыҥ хамсааһын быһыытынан сыаналанар. Ханнык да баараҕай тутуулар ыччат кыттыыта суох олоххо киирбэттэр. Ааспыт Устудьуон күнүнэн биһиги хаһыаппытыгар “Арассыыйатааҕы устудьуоннар тутар этэрээттэрэ” Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Айсен Соловьев ыалдьыттыыр.
– 2017 сыл ахсынньытыттан “Арассыыйатааҕы устудьуоннар тутар этэрээттэрэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин Саха сиринээҕи салааатын салайааччыта буолабын.
Бэйэм Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕыттан төрүттээхпин. Таатта улууһун Уус Амма нэһилиэгэр улааппытым, оскуоланы Дьокуускай куоракка бүтэрбитим. Тыа сиригэр олорбут буоламмын хара үлэ диэн тугун билбитим диэххэ сөп.
Төрөппүттэрим учуутал идэлээхтэр. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт, мин саамай кыраларабын. Ыал кырата саамай атаах диэччилэр даҕаны, миэхэ оннук буолбатах этэ.
– Ханна үөрэммиккиний? Устудьуоннар тутар этэрээттэригэр бастаан хайдах кэлбиккиний? Хайдах Саха сиринээҕи түмсүү салайааччыта буолбуккунуй?
– Бэйэм Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияны бүтэрбитим. 2014 сыллаахха Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет инженернэй-техническэй институтугар туттарсан киирбитим. Инженер-тутааччы үөрэҕэр үөрэнэн иһэн, физико-техническэй институкка физик-ядерщик идэтигэр көспүтүм.
2015 сыллаахха ХИФУ устудьуоннарын тутар этэрээттэрин штабыгар ставка аҥаарыгар үлэһитинэн киирбитим. Ол сылдьан Дьокуускайы тупсарыыга, киин куоракка ыытыллар араас үлэҕэ кыттарга туспа этэрээт тэриниэххэ наада диэн сорук туруорбуттара. Биир табаарыспын кытта сүбэлэһэн, 2015 сылга “Хранители” диэн этэрээт тэриммиппит. Үлэм сүрүнэ онтон саҕаламмыта.
«ХРАНИТЕЛИ» ЭТЭРЭЭТ
– Дьокуускай куорат Октябрьскай уокуругар үлэлээбиппит. Уулуссалары саҥардыыга, көҕөрдүүгэ, урукку сарайдары, хаарбах тутуулары көтүрүүгэ – ыарахан хара үлэҕэ сылдьыбыппыт.
2015 сылга элбэх үлэ барбыта. Ону түмүктээн баран, салгыы иккис сезоҥҥа Промышленнай уокурукка көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт кыыллар приюттарыгар улахан үлэни ыыппыппыт. Бу сыл түмүгүнэн Челябинскай куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы слекка кыттыыны ылбытым. Сыллата Устудьуоннар тутар этэрээттэрин слеттара диэн дойду үрдүнэн улахан тэрээһин буолар. Куораттан куоракка көһөн иһэр. 2015 сыллаахха Саха сирин делегацията ситиһиилээхтик кыттан, баарбытын биллэрэн кэлбиппит.
2016 сылга этэрээппин саҥардан биэрэн, чаҕылхай ыччаты түмэн, куорат кытыытынааҕы Табаҕаҕа үлэлээбиппит. Бастакы сезон түмүктэниитэ, этэрээппитин икки бөлөххө арааран, биир аҥаарбыт Нам улууһугар тупсарыы үлэтигэр, иккис аҥаарбыт Амурскай уобаласка “Восточный” космодром тутуутугар үлэлээн турардаахпыт.
Саха сириттэн космодрому тутууга 11 киһилээх “Хранители” этэрээт баран кэлбиппит. Онно үксүн бетоҥҥа уонна арматура баайыытыгар үлэлээбиппит. Космодром инфраструктуратын тутуутугар көхтөөх кыттыыны ылбыппыт. Ол үлэбит көрдөрүүтүнэн, 2016 сылы түмүктүүр Новосибирскайга ыытыллыбыт слекка ыҥырыллар чиэскэ тиксибиппит.
ХИФУ – СААМАЙ ЭЛБЭХ УСТУДЬУОНУ ҮЛЭҔЭ ТАҺААРАР КЫҺА
– 2016 сыл күһүнүттэн Саха сирин штабыгар үлэлээн саҕалаабытым. Бастаан специалист-маастар быһыытынан сылдьыбытым. Куорат иһигэр устудьуоннар тугу үлэлээбиппитин көрдөрөр отчуоттары бэлэмнээн баһылыкка көрдөрөр этибит.
2017 сыллаахха тохсунньуга уларыйыы тахсан, ХИФУ штабыгар хамандыырынан анаммытым. Университет устудьуоннарын сайыҥҥы кэмҥэ үлэҕэ бэлэмнээһиҥҥэ, сүүмэрдээһиҥҥэ, үлэни кэпсэтиигэ үлэлээбиппит. Сайын устата 5102 үлэ миэстэтин арыйан ыччаты үлэлэппиппит. Саамай элбэх устудьуону муспут биһиги штаб буолбута. Ол түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ “Бастыҥ штаб” аатын сүкпүппүт.
Салгыы Саха сиринээҕи штабы салайан саҕалаабытым. Эмиэ хаттаан хамаанда дьонун түмүү, үлэбитин торумнааһын буолбута. Эппиэтинэһи кытта эбээһинэспит өссө үрдээн биэрбитэ.
ЫЧЧАТ МОДУН КҮҮҺЭ
– Устудьуоннар тутар этэрээттэрэ Сэбиэскэй кэмҥэ ыччат политикатын ыытыы биир сүрүн хайысхата буолбута. Эн санааҕар, билигин устудьуоннар тутар этэрээттэрин суолтата туохха сытарый?
– Кэнники 3 сыл иһигэр көрдөрүүлэрбит үчүгэйдэр. Сэбиэскэй кэми кытта тэҥнээн көрдөххө, билигин Саха сирин иһигэр устудьуоннар этэрээттэрин хамсааһына эмиэ Ыччат политикатын сүрүн хайысхаларыттан биирдэстэрэ буолар гына хос сөргүтүлүннэ. Улахан тэрилтэлэртэн биир бөдөҥ, элбэх дьону түмэр хамсааһын буолар. Арассыыйа үрдүнэн 70-тан тахса региоҥҥа устудьуоннар тутар этэрээттэрин хамсааһына үлэлиир.
– Тутар этэрээккэ ким баҕалаах киирэр кыахтаах дуо? Тутуу этэрээтин байыаһа ханнык хаачыстыбалардаах буолуохтааҕый? Туох ирдэбиллэр туралларый?
– Устудьуоннар этэрээттэригэр устудьуон кыттыһыыта, дьиҥэ, олус судургу. Баҕа эрэ баар буолуон наада. Ким баҕалаах кэлэн суруйтарар. Киһи тугу кыайарыттан, туох идэтигэр үөрэнэ сылдьарыттан көрөн, аттаран, салайан биэрэбит, үлэҕэ ыытабыт. Билиҥҥи туругунан хас да хайысхалаахпыт: тутуу, баһаатайдар (педагогическай этэрээттэр), тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир, сервиснэй, ону таһынан специализированнай этэрээттэр диэн бааллар.
Сылтан сыл аайы хайысхаларбытын кэҥэтэн, үлэни биэрээччилэри кытта кэпсэтэн, кинилэргэ кимнээх наадаларын учуоттаан, дьоммутун элбэтэн иһэбит.
Ол курдук, этэрээт байыаһа кэккэ ирдэбиллэргэ эппиэттиэхтээх: холобур, хайаан да күнүскү үөрэх салаатын устудьуона буолуохтаах. Уонна, биллэн турар, ханнык да үлэттэн толлубат, үлэһит буолуохтаах.
– Устудьуоннары эбии үөрэттэрии, эбии идэлэри биэрии туһунан кэпсээ.
– Сыл аайы үлэни биэрээччилэри кытта кэпсэтиилэри ыытабыт. Онно устудьуон тугу сатыырын, туох идэлээҕин бастакы уочарат туоһулаһаллар. Ол аата биһиги кинилэр ирдэбиллэригэр эппиэттиэхтээхпит.
Үлэ ырыынагын күрэстэһиитигэр тэҥ-тэҥҥэ киирсэр гына сыл аайы устудьуоннарбытын “сварщик”, “арматурщик”, “бетонщик” идэлэригэр эбии үөрэттэрэбит. Сыл аайы 100-тэн тахса оҕо үөрэҕи ааһар. Былырыыҥҥы сыл көрдөрүүтүнэн, 400-тэн тахса устудьуону эбии үөрэттэрбиппит.
2021 сылга 1000-тан тахса устудьуону эбии үөрэттэрэн, үлэ сезонугар бэлэмниир сорук турар.
Бу барыта Үөрэх министиэристибэтин өйөбүлүнэн арыллыбыт СӨ Идэтийии киинин платформатыгар барар. Билигин үөрэнии босхо буолбатах, ол эрэн сыаната удамыр– 2000-5000 солк. курдук төлөбүрдээх. Урут 20000 солк. төлөөн эбии идэни ылар эбит буоллахтарына, билигин төлөбүр төһө эмэ кыччаата.
– Тутар этэрээт байыаһын хамнаһа ортотунан төһөнүй? Хамнаскытын кэмигэр биэрэн иһэллэр дуо?
– Сыл аайы устудьуон хамнаһа үрдүүр. Орто хамнас, билиҥҥи туругунан, ыйга 37000 солк. буолла. Хайысхатыттан, устудьуон оҥорор үлэтин таһаарыытыттан тутулуктаах буолар. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар балык ыраастааһыҥҥа үлэлээбит устудьуон хамнаһа быдан үрдүк. Баһаатайдар хамнастара лааҕырдарыттан тутулуктаах.
Хамнас урут кэтэһиилээх-манаһыылаах эбит буоллаҕына, билигин кэмигэр төлөнөр буолбута.
Былырыын пандемия биһиэхэ эмиэ биллибитэ, сорох тэрилтэлэрбит харчы өттүгэр ыктарбыттара. Ол эрэн устудьуоннары кытта кэпсэтэн, сөпкө аттаран, билиҥҥи кэмҥэ бары төлөһөн тураллар.
– Хаһааҥҥыттан этэрээккэ ылыы саҕаланарый? Үлэ сезона төһө уһунуй? Тутуу этэрээтин байыаһа буолуу устудьуоҥҥа туох үчүгэйдээҕий?
– Сайыҥҥы кэмҥэ үлэлиэн баҕалаах ыччат билиҥҥиттэн этэрээккэ суруйтарыан сөп. Сүрүн үлэ сезона ыам ыйыттан саҕаланыаҕа. Балаҕан ыйыгар диэри үлэлиибит.
Буоларын курдук, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар, тутууга, баһаатайдар үлэлэрин өттүгэр буолуоҕа. Быйыл суол тутуутугар элбэх үлэ тахсыахтаах. Онно эмиэ устудьуоннар кыттыахтаахпыт.
Устудьуон этэрээтэ эдэр киһиэхэ элбэх кыаҕы биэрэр дии саныыбын. Ыччат билигин сайдар баҕалаах, үчүгэй олоххо тардыһар дьулуурдаах. Этэрээккэ үлэҕэ киирэн оҕолор харчы өттүнэн дьонноруттан тутулуга суох буолаллар, хамнастаналлар. Үгүстэр сайын устата үлэлээн үөрэхтэрин бэйэлэрэ төлүүллэр, кыһыҥҥы таҥастарын-саптарын хааччыналлар.
Сорох ыччат Устудьуоннар тутуу этэрээттэриттэн кынаттанан, кэлин бэйэ дьыалатын арынан, бизнес эйгэтигэр үлэлиир дьон буола үүнэллэрэ элбэх. Киһи манна үгүс тыыннаах холобуру аҕалыан сөп.
Устудьуоннар этэрээттэрэ наар үлэнэн эрэ сылдьыбаттар, үгүс сэргэх тэрээһиннэри ыыталлар. Олоххо көхтөөх ыччат түмсэр буолан үлэ да, олох да күөстүү оргуйар.
Регионнар икки ардыларынааҕы, дойду үрдүнэн ыытыллар күрэхтэрбитин ааҕан сиппэккин. Бэйэлэрин үчүгэй өттүнэн көрдөрбүт ыччаты биһиги дойду таһымнаах куонкурустарга кытталларыгар толору өйүүбүт. Саха устудьуоннарын ситиһиилэрэ дойду таһымыгар үгүс буолар. Манна миэстэлэспит, грамота, диплом ылбыт буоллахтарына стипендияларыгар эбии харчы көрүллэр.
КЫЫС АХСААНА БАҺЫЙАР
– Кыргыттар элбэхтэр дуу, уолаттар дуу? Уолуттан, кыыһыттан тутулуга суох ылаҕыт дуо? Уолаттар тутууга уонна да атын эйгэҕэ үлэлииллэрин киһи өссө өйдүүр, оттон кэрэ аҥаардарга ордук туох үлэ баар буолааччыный?
– Мин бэйэм көрүүбүнэн, сыл аайы үлэлиэн баҕалаах кыыс уолаттардааҕар хас эмэ төгүл элбэх буолар. Оттон үлэ өттүнэн ыллахха, уолга барсар үлэ быдан элбэх. Холобур, суол бордюрдарын уурууга уолаттар эрэ барсаллар буоллаҕа дии...
Ол эрэн кыргыттары биһиги син биир үлэнэн хааччыйа сатыыбыт. Холобур, баһаатайдар үлэлэригэр, балык үлэтигэр кэрэ аҥаардарбыт ылсыахтарын сөп. Хайысхабытын кэҥэтэргэ кыһаллабыт. Биһиэхэ үлэлиэн баҕалаах устудьуоннарга барыларыгар үлэ миэстэтин булан биэрэбит.
– Саха сирин устудьуоннара дойдуларын иһигэр эрэ буолбакка, Арассыыйа атын регионнарыгар үлэлии бараллар этэ. Ааспыт сылларга ханнык регионнарга үлэлээтилэр? Былырыын, пандемия кэмигэр, үлэ хайдах тэриллибитэй?
– Биллэн турар, Саха сирин иһигэр эрэ буолбакка, дойдубутугар ыытыллар баараҕай эбийиэктэргэ барыларыгар устудьуоннар күүстэрэ кыттыһар. Биһиги усутудьуоннарбыт “Восточный” космодром, Челябинскайга атомнай станция, “Сила Сибири” турбаны тардыыга үлэлээбиттэрэ.
Регионнар икки ардыларынааҕы үлэ бырайыактара бааллар. Сервис өттүгэр Красноярскай кыраай, Геленджик, Сочи уонна Крым диэки устудьуоннарбыт үлэлии бара сылдьыбыттара. Билигин да Крымҥа үлэлии сылдьаллар. Гостиница комплексыгар өҥөнү оҥорор этэрээт быһыытынан бараллар.
Ону таһынан балык ыраастааһыныгар Камчаткаҕа, Сахалиҥҥа, Хабаровскай кыраайга сыллата 200-тэн тахса устудьуон баран кэлэр.
“Хранители” тутуу этэрээтэ Уокурук иһинээҕи үлэ бырайыагынан, Сахалиҥҥа үлэлээн, үлэ түмүгүнэн күрэххэ бастаан кэлбиттэрэ.
Амурскай уобаласка суол тутуутугар үлэлээбиттэрэ. Сочи олимпиадатын эбийиэктэрин тутуутугар кыттыбыттара.
– Ханнык уопсастыбаннай түмсүүлэри кытта алтыһаҕыт? Аһымал хамсааһыннарга төһө кыттаҕыт?
– Ыччат министиэристибэтэ түмсүүлэр үлэлэрин сатабыллаахтык салайар. Волонтердары кыта ыкса үлэлэһэбит. Аһымал аахсыйалары, үлэ хамсааһыннарын ыытабыт. Үксүн саас устудьуоннар “Снежный десант” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кыттыһан, улуустарга үлэлээн кэлэллэр. Куорат иһигэр көмөҕө наадыйар дьоҥҥо тиэргэн, дьиэ иһинээҕи үлэни оҥорон илии-атах буолаллар. Манна волонтердары кытта күүскэ үлэлэһэбит.
– Дьокуускайы тупсарыыга сыллата устудьуоннар тахсаллар... Кэлэр сылга устудьуоннар модун күүстэригэр Дьокуускай эмиэ элбэххэ эрэнэр. Билигин туох-ханнык кэпсэтии баран эрэрий? Устудьуоннар тутар этэрээттэрэ ханнык эбийиэктэргэ үлэлиэхтэрин сөп дии саныыгын?
– Биһигини Ыччат министиэристибэтэ сүрүннүүр. Үлэбит хайысхатын кини быһаарар уонна улахан өйөбүлү оҥорор. Саха сирин иһинэн ыытыллар тупсарыы үлэлэригэр устудьуоннары кыттыһыннарабыт. Үп-харчы өттүнэн онуоха субсидия көрүллэр.
Былырыын 160 устудьуон 12 нэһилиэккэ үлэлээбиттэрэ. Быйылгы туругунан, 2021 сылга харчы боппуруоһа быһаарылла илик. Ыччат министиэристибэтин кытта үлэлэһэ сылдьабыт.
Тыа сиригэр тахсан үлэлээһин – биир сүрүн хайысхабыт. Устудьуоннар сири-дойдуну көрө, тыа сирин өрө көтөҕө барарга баҕалаахтар.
Дьокуускай куоракка устудьуоннар этэрээттэрэ 2012-2018 сс. Ил Дархан патронатынан үлэлээбит этэрээттэр бааллара. 2018 сылтан саҕалаан тупсарыы үлэтигэр кыттыбат буолбуттара, харчыта быһаарыллыбакка... Ол эрэн тэрилтэлэри бэйэлэрин кытта быһаччы кэпсэтэн, суол, дьиэ тутуутугар, тупсарыы үлэтигэр биһиги устудьуоннарбытын кытыннарабыт. 2019-2020 сылга оннук үлэлээтибит.
2021 сылга былааммыт лаппа улахан. Билиҥҥи баһылык эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьевы кытта соторутааҕыта көрсөн, устудьуоннары үлэнэн хааччыйарга кэккэ этиилэри киллэрбиппит. Кэлэр үлэ сезонугар Дьокуускайга тупсарыыга, дьиэ уонна суол тутуутугар үлэлиэхтээхпит.
Кыраныыссалар сабылланнар, Арассыыйа таһыттан үлэһиттэр кэлбэтэхтэригэр, бэйэбит ыччаппыт үлэлиир кыаҕа элбээн биэрдэ. Саха сиригэр социальнай эбийиэктэри тутууга ыччат кыттыахтаах. 25 орто үөрэх кыһатын кытта сөбүлэҥ баттаһан олоробут, онон 1000 устудьуону эбии үөрэттэрэн үүнэр үлэ сезонугар тутууга бэлэмниэхтээхпит.
Инникитин устудьуоннар этэрээттэрэ оҥорон таһаарар хампаанньаларга үлэлиэхтэрин сөп дии саныыбын. Табаары упаковкалааһын линиятыгар да буоллун, тутууга да буоллун – киирсиэхтэрин сөп. Тыа хаһаайыстыбатын өттүгэр үлэлиир кыахпыт элбэх, билигин ситэ туһаныллыбат.
Устудьуоннары, ыччаты үлэттэн туора турумаҥ диэн ыҥырыам этэ. Сахабыт сирэ сайдарын туһугар элбэҕи оҥорор кыахтаахпыт. Үлэ баарын тухары үлэлиэххэ!