АЙСА: “Сарсыҥҥы күммэр эрэллээхпин...”
Бука, оҕо эрэ барыта ыра санаалаах буолар. Ким летчик буолан үрдүк мэҥэ халлааҥҥа кыырайа көтүөн ыраланар, ким ырыа чыычаах буолан үрдүк сыанаҕа тахсыан баҕарар. Киһи баҕарар уонна ол сыалын ситиһэргэ дьулуһар. Бүгүн биһиэхэ Айталина Седалищева – Айса диэн ураты куоластаах эдэр ырыаһыт ыалдьыттыыр.
АЙАР КУТТААХ ДЬИЭ КЭРГЭММИТ
- Айса, дорообо! Чэ, кэпсэппитинэн барыахха...
- Таптаан ааҕар «Киин куорат» хаһыатым ааҕааччылара, үүммүт үтүө күнүнэн! Мин сыанаҕа тахсан дьоҥҥо-сэргээ ыллыыр аатым Айса диэн. Ааппыттан инники икки буукубаны уонна Айта Седалищева диэнтэн – сыанаҕа ыллыыр ааппын таһаарбытым. Бу ааты миэхэ сахаҕа биллэр ырыаһыт, элбэх эдэр талааны арыйбыт улуу киһи Аркадий Алексеев иҥэрбитэ.
Мин кэрэ айылҕалаах Амма Болгуруттан уонна Чурапчы Болтоҥотуттан төрүттээхпин. Ийэм – Амма, аҕам – Чурапчы. Кыра эрдэхпинэ Аммаҕа кэлэн олохсуйбуппут, онон оҕо сааһым Болугур көй салгыныгар ааспыта. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Ыал улахан оҕото буоламмын, бырааппар, балтыбар холобур буола улааппытым. Билигин биир сыл балыс балтыбын кытары куоракка олохсуйан олоробут. Дьонум уонна кыра быраатым дойдубар Болугурга бааллар. Ийэбит Болугур орто оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан үлэлиир, аҕабыт баһаарынай чааска начаалынньыктыыр. Аҕам ааспыт сыл “Эн сулускун 50+” ырыа күрэҕэр кыттан турар. Олус талааннаах, ордук ырыа эйгэтигэр чугас киһи. Балтым эмиэ ыллыыр, Муусука үрдүкү оскуолатыгар үөрэммитэ. Онон ырыаһыт дьиэ кэргэнтэн силистээхпин диирим тоҕоостоох.
- Ырыаттан атын туох идэлээххиний, ханна үөрэммиккиний?
- Мин ХИФУ-га филология салаатыгар нуучча тылын учууталын идэтигэр үөрэммитим. Идэбинэн үлэлээбэппин. Айар үлэ абылаҥар ыллараммын, ырыа эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьабын. Киһи ырыанан эрэ айаҕын ииттиммэт буоллаҕа дии, күн-түүн олохпут уларыйа турар. Ол инниттэн хамсаабат баай хайысхатыгар риэлтор быһыытынан үлэлиибин.
- Ырыа эйгэтигэр ситиһиилэргиттэн кэпсии түс эрэ.
- Бастакы ситиһиибинэн 2014 с. «Саҥа ырыа” күрэххэ кыттыыбын ааҕабын. Онно соһуччу баҕайытык араадьыйаҕа биэрбит «Икки сулус” диэн ырыабынан киирбитим. Бу ырыаны биир сайыҥҥы киэһэ аҕабынаан айан таһаарбыппыт. Саҥа ырыа кэннэ «Дохсун”, “Этигэн хомус” диэн биллэр-көстөр куонкурустарга кыттыбытым.
- Бэйэҥ ырыа, хоһоон суруйаҕын дуо?
- Суох, бэйэм суруйбат буоламмын, ааптардар, ырыаһыттар ырыаларын ыллыыбын. Үөлээннэҕим, миэхэ сүбэ-ама буолар дьүөгэм Инна Донская – Дайаана айар үлэбэр сүрдээҕин көмөлөһөр, кини миэхэ икки ырыатын бэлэхтээбитэ. Кэнники сыларга «Үрдэл” музыкальнай күрэххэ кыттаммын, көрөөччү, дьон сэҥээриитин ыллым дии саныыбын.
- Социальнай ситимҥэ көрдөххө, куруук айанныы сылдьар буолаҕын...
- Саҥа сылым миэхэ айан суолуттан саҕаламмыта диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Саҥа дьылбын быйыл Антон Иванов айар бөлөҕүн кытта Ньурба улууһугар көрсүбүтүм. Күөх Ньурба салгынынан тыынан, күүс-уох эбинэн кэлбиппит. Айанныырбын сөбүлүүбүн. Арай билигин ити вирус кэлэн тохтоотубут. Эдэр киһи буоламмын дьон санаатын, көрөөччү тугу этэрин барытын сыаналыы, ымпыктыы-чымпыктыы үөрэнэбин. Саастаах. Уопуттаах дьону кытта билсэр миэхэ олус суолталаах дии саныыбын. Аркадий Михайловичка дьарыктана сылдьан өрөспүүбүлүкэни биир гына кэрийбитим, онон сылдьыбатах сирим суоҕа буолуо диир табыллыбат. Бу диэн эттэххэ, сахалыы ырыаны-тойугу ордук саастаах өттө уонна тыа сирин олохтоохторо сэҥээрэллэр. Ханна баҕар тиийдэххинэ, тыа дьоно үөрэ-көтө көрсөллөрө олус астык. Соторутааҕыта Үөһээ Дьааҥыттан кэлбитим. Үөһээ Дьааҥы, аата да этэрин курдук, олох атын, ураты сир эбит.
- Оннук ээ. Билигин аатырар артыыстарбыт бары даҕаны тыа сириттэн аат-суол оҥоһуннахтара...
- Оннук! Урукку артыыстар Саха сирин улуустарын, дэриэбинэлэрин, сайылыктарын кэрийэннэр аатырдахтара, норуот билиниитин ыллахтара. Сайдылаах кэмҥэ да олордорбут, артыыһы илэ хараҕынан көрүү диэн бэйэтэ туспа уратылаах түгэн буоллаҕа. Мин бу ыллаабытым тухары көрөөччү сэҥээриитин, иэйиитин, ирдэбилин билэ сатаатым диэххэ сөп. Саас арыллыыта, дууһа уоскуйуута диэннэрэ барыта уопуттан кэлэр эбит.
- Ырыаһыт буоларгын эрдэттэн билэр этиҥ дуо?
- Суох. Көннөрү баҕа санаа эрэ курдук этэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ыллаабат этим, кыбыстан буолуо. Иһийэн олорон бэйэм-бэйэбэр ыллыахпын сөбө. Аймахтар көрсүһүүлэргэр, ким эрэ төрөөбүт күнүгэр сыл баһыгар-атаҕар ыллыахпын сөбө. Устудьуоннуу кэлэн баран хайдах
эрэ ис-испиттэн ыллаан киирэн барбытым. Аан бастаан миигин бу эйгэҕэ сыһыарбыт, өйөөбүт киһибинэн Аркадий Михайловиһы билинэбин. Кини миигин бэлиэтии көрбүтүгэр, чахчы талааннаах эбит диэн итэҕэйбитигэр махтанабын. Билигин туспа суолга туруммутум ыраатта. Бэйэм-бэйэбэр үлэлиибин. Кэнсиэрдэргэ ыҥырыы киирдэҕинэ, улуустарынан айанныыбын.
- Иккистээн бу күн сиригэр төрүүрүҥ буоллар, ханнык идэни талыаҥ этэй?
- Иккис да олохпор ырыаһыт буолуом этэ дии саныыбын. Ол эрээри кыраһыабай, чэпчэки, биллэр-көстөр кыаҕы биэрэр диэн буолбатах, ырыа мин олохпун, санаабын киэргэтэн, тупсаран биэрэриттэн. Ийэм, аҕам куолас бэрсэн, бар дьоммун үөрдэ сылдьартан ордук дьол туох кэлиэй?
БЭЙЭБЭР БЭЙЭМ
- Ааспыт сыл норуот тапталлаах ырыаһыта Анна Барашкова төрөөбүтэ 50 сааһыгар анаммыт үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ Георгий уонна Татьяна Сергучевтар тэрийиилэринэн күрэс буолан ааспыта. Онно кыттан турабын. Тоҕо диэтэххэ оҕо эрдэхпинэ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ Анна Барашкова диискэтэ, кэссиэтэлэрэ өрүү тыаһыыр буолара. Мин кини репертуарыттан «Бэйэбэр бэйэм” диэн ырыатын ылынан, түгэни мүччү туппакка муусукатын оҥотторо охсон, тиийэн ситиһиилээхтик кыттыбытым. Күрэх кэннэ бу ырыаны истээччигэ таһаарбытым. Билигин элбэх киһи сэҥээрэр.
ОЛОХ УСТАР
- Кыыс оҕо ийэ буолаары, кэнчээрини тэнитээри кэлэр дииллэр...
- Олохпут олус түргэнник ааһар кэмэ кэлбит. Биир бэйэм буола турар кэми, бириэмэни тохтото сатаабаппын. Барыта кэмнээх, кэрдиистээх, бириэмэлээх диэннэригэр итэҕэйэбин. Хаһаайка да быһыытынан түргэммин-тарҕаммын, барытын-кыайа хото тутуом диэн санана иликпин. Ол эрээри боростуой тыа ыалыгар улааппыт буолан, киэҥ, холку, сымнаҕас майгылаахпын, ыарахантан иҥнэн-толлон турбаппын.
- Тапталга хайдах сыһыаннаһаҕын?
- Таптал диэн баар. Эр киһи уонна дьахтар таптала эрэ диэн буолбакка, дойдуга, төрөппүккэ, чугас дьоҥҥо, доҕотторго таптал диэн баар. Таптал диэн истиҥ иэйии уһуктуута диэҥҥэ итэҕэйэбин уонна тустаах күнүгэр дьолбун, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр аналбын булуом диэн эрэллээхпин.
БЭЛЭХТЭЭ
- Бу соторутааҕыта аатырар «X-Upp» бөлөх уолаттарын кытта «Бэлэхтээ” диэн саҥа дуэппытын таһаарбыппыт. Ырыабытын аан дойду дьахталларын күнүгэр улахана сыанаҕа сүрэхтээбиппит. Билигин бэйэм өссө биир ырыаны таһаараары бэлэмнии, сүүрэ-көтө сылдьабын. Айар ыллыктаах киһи эйгэтэ биир сиргэ турбат. Билигин эстрадабыт күүскэ сайдан иһэр. Хас нэдиэлэ ахсын испэктээкил, кэнсиэр, саҥаттан саҥа идиэйэлэри киллэрэ тураллар. Холобура соторутааҕыта Күннэй хайдахтаах курдук элбэх уобарастары толкуйдаан киллэрдэй?! Ити курдук бары биир хаалыыпка киирбэккэ, сонуну айа-тута сылдьыахтаахпыт. Мин эмиэ бириэмэтэ кэллэҕинэ айар киэһэбин чугас дьоммор бэлэхтиир санаалаахпын.
- Айса, интэриэһинэй сэһэргэһииҥ иһин барҕа махтал! Дьиэ кэргэҥҥэр ил эйэни, айар үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри, саҥа хардыылары, далааһыннаах сатабыллары баҕарабын!
- Күндү Сахам сирин олохтоохторо! Олоҕу таптааҥ, дьоҥҥутун-сэргэҕитин кытары өйдөһүҥ-өйөһүҥ, чугас дьоҥҥутун харыстаан! Саха ырыатын-тойугун сэргээччилэри, сэҥээрээччилэри сааскы сылаас күннэр үүммүттэринэн эҕэрдэлиибин.