Айар куттаах дьиэ кэргэн — Татариновтар
Дария уонна Николай Татариновтар күн бэҕэһээ «Таал-Таал эмээхсин» диэн ааттаах кинигэни икки тылынан таҥан, бэлэмнээн таһаардылар. Кинигэлэр билигин киин куоракка уонна улуустарынан атыыга тахсаары сыталлар.
Ыал ийэтэ Дария бэйэтэ ураты талааннаах, буочардаах стилист, худуоһунньук уонна дизайнер. Эдэр ыал иккиэн саха төрүт култууратын, үгэһин олус сыаналыыллар. Таал-Таал эмээхсин туһунан икки тылынан кинигэ «Саха остуоруйалара XXI үйэҕэ» сиэрийэнэн Новосибирскай куорат «Деал» типографиятыгар бэчээттэннилэр.
Эдэр ыаллар бу бастакы кыттыгас бырайыактара. Кинилэр кырачаан кыыстаахтар, хааччах кэмигэр тэйиччиттэн да олорон, киһи үлэлиэн-хамсыан, айыан-тутуон сөп диэн кэпсииллэр. Ыал аҕата Николай историк идэлээх буолан, ыстатыйаны, кэпсээни да суруйар кыахтаах. Инньэ гынан, эдэр ыаллар инники былааннара үгүс.
«Биһиги саха норуотун остуоруйатын билиҥҥи кырачаан ааҕааччыга сөп түбэһиннэрэн оҥорбуппут уратыбыт буолар. Урукку остуоруйаларга өлүү, охсуһуу хартыыналара көстөн ааһар буоллахтарына, биһиги суруйуубутугар дьиэ кэргэн уонна таптал күүһэ өрөгөйдүүр. Бу остуоруйаҕа мууһу күн уулларара, күнү былыт хаххалыыра, былыты тыал үүрэрэ, тыалы хайа тохтоторо, ол аата айылҕа күүһэ, олох эргиирэ көстөр. Биһиги айар үлэбит сыалынан бу чаҕылхай кылгас остуоруйаны дьиэ кэргэн кыра саастаах оҕолорун кытта бииргэ ааҕаннар, ойууларын көрөннөр, мындыр өйдөөх өбүгэлэрбитин уонна бүгүҥҥү күммүтүн ситимниир сылаас эйгэҕэ киирэн тахсыахтара. Кинигэни оҥорор чэпчэки дьыала буолбатах эбит. Ол иһин биһиги үтүө санаалаах дьону кытта табыллан үлэлээбиппититтэн олус астынабыт. Кинигэбит тылбааһын оҥорбут бэйэтин идэтигэр бэриниилээх, тыл баайын, дэгэтин баһылаабыт суруналыыс эдьиийбитигэр Жанна Леонтьеваҕа, таҥыытын оҥорбут талааннаах Татьяна Неустроеваҕа, сүбэ-ама буолбут бары дьоммутугар улахан махталбытын тириэрдэбит», — диэн этэллэр Татариновтар дьиэ кэргэн.