27.12.2021 | 16:23

Айаал Евдокимов: «Киинэни устууга үлэ курдук сыһыаннаһабын»

Ааптар: Маргарита СТЕПАНОВА (Акимова)
Бөлөххө киир

Көбүс көнөтүк субулла сытар уһун айан суолунан массыына сыыйылыннарар. 
Айылҕа барахсан күһүҥҥү көмүс киэбинэн кэмчиэрийбит кыыс оҕолуу оргууй саһархай сэбирдэхтэринэн далбаатыырга дылы.

Күһүҥҥү ылааҥы күн биһиги устар бөлөхпүт Дьокуускайтан  “Үтүө дьыала Кубога” куорсунун анньыммыт, киэҥ аартыга арыллыбыт сиригэр – күөх Ньурбаҕа бастакы документальнай киинэбитин уста айаннаан иһэбит.

Киинэни оҥоруу умсулҕаннаах эйгэтигэр маҥнайгы холонуум үтүө түмүктээх буолуутугар эркин курдук эрэммит киһим устааччы оператор – эдэр оҕом этэ.

Айаалы дойдум дьонуттан истэн билсибитим.

Сүрдээх үчүгэй видеоклиптары  устар, күүстээх аныгы устар аппаратуралаах, үөһэнэн көтөр дроннаах, өҥү-дьүһүнү үчүгэйдик дьүөрэлиир оператор оҕо диэн хайгыы эппиттэрин "һык" гынаммын, бу бырайыакка үлэлэһэргэ ыҥырбытым.

Айаннаан иһэн дьэ ирэ-хоро кэпсэттибит. Айаал бэйэтин 26 сааһыгар "хоп" курдук олоххо ситиһиилэрдээх буолан биэрдэ. Кини Үөһээ Бүлүү Хоротугар Елизавета Васильевна, Николай Николаевич Евдокимовтарга төрдүс оҕонон күн сирин көрбүт. 2012 сыллаахха Хоро орто оскуолатын бүтэрэн баран Дьокуускайга сибээс уонна энергетика колледжыгар "информационная безопасность" идэни бүтэрэн, салгыы ХИФУ математика уонна информатика институтугар үөрэммит. Саха киһитин сиэринэн, уол оҕо оҥоһуутунан төрөөбүт айылҕатыгар куска, куобахха, балыкка булт умсулҕаннаах эйгэтин кытта эҥэрдэһэрин биир сөбүлүүр дьарыгым диэн кэпсиир. Айар куттаах киһи аар айылҕаҕа сылдьан саҥаттан саҥа санаа саҕахтарыгар салаллара саарбаҕа суох. Киһи хараҕын үөрдэр айылҕа кэрэ көстүүлэрин маннык түгэннэртэн таба көрөн, ону устан, көрөөччүгэ тириэрдэн эрдэҕэ. Устудьуоннуур кэмнэригэр эдэр киһи футбол, бассейн курдук эти-хааны эрчийэр дьарыктардаах эбит. Айаал кыра эрдэҕиттэн техникаҕа сыстаҕас, билэ-көрө сатыыр ураты майгытын киһи бэлиэтии көрөр.

Ол курдук уол оҕо быһыытынан бу айаннаан иһэр мааны массыынатын ыраах соҕурууттан бэйэтэ ыытан аҕалбытын ахтан аһарбыта. Миинэр миҥэтин ырааһыттан, тып-тап оҥоһуутуттан хаһаайын хайдаҕа тутатына көстөр.

Техникаҕа маннык ис-иһиттэн интэриэстээх, аныгы цифровой техника уустуктарын кыайа-хото тутар, санаатын ууран билэр-көрөр буолан кэнники кэмҥэ устууну идэ оҥостубута саарбаҕа суох эбит.

— Айаал, бастаан хайдах, туохтан саҕалаабыккыный? – диэн ыйытабын.

— Маҥнайгы умсугуйуум 2014 сыллаахха видеоустууттан саҕыллыбыта диэххэ сөп. Колледжка үөрэнэр кэммэр чөл олох тематыгар табаҕы утары куонкуруска видеоролик оҥорбутум. Ол ролигым бастакы миэстэ буолбута. Учууталларым онтон ыла бииртэн биир роликтары устарбар интэриэстээбиттэрэ. Эмиэ ити сыл «ДетСАТ» бөлөҕү кытта «Август уол да уол» диэн киинэҕэ, 2015 сыллаахха «Уон биэс күн» диэн киинэлэргэ үлэлээбитим. Онтон ыла бу дьарыгы идэ оҥоһуннум диэххэ сөп.

Бастаан 2017 сыллаахха Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕыттан саҕалаабытым. Ол дьыл Манчаары оонньууларыгар роликка өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх биллэрбиттэрэ. Онно кыайыылааҕынан тахсаммын, онтон кынат үүннэрэн, бу дьарыкка букатыннаахтык тохтуурга быһаарыммытым. Бу сыл Москваҕа ыытыллыбыт Саха сирин күннэригэр оператор быһыытынан өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр маҥнайгы үлэм саҕаламмыта. Ити курдук ИП арынаммын, анал аппаратура ылынаммын, үлэ курдук сыһыаннаһан саҕалаан барбытым. Москваҕа анал үөрэххэ эбии үөрэнэн, дрону көтүтэр анал көҥүл ылбытым. Билигин икки тус-туһунан кыамталаах дронунан көҥүл үлэлиибин.

Быйыл 2021 сыл сайыныгар Казань куоракка култуура күннэрэ буолбуттарыгар устар бөлөххө киирсэммин, тэҥҥэ үлэлэһэн кэллим. Ону таһынан Үөһээ Бүлүүгэ,  Бэрдьигэстээххэ ыытыллыбыт Манчаары спортивнай оонньууларыгар элбэхтик оператор быһыытынан видеоролик таһаарбытым. Өлүөхүмэҕэ, Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыахтарыгар үлэлээбитим.

— Оттон киинэ устуута уратылаах дуо?

— Киинэ устуута рекламаттан төрүт атын хайысха. 2017 сылтан киинэ оҥоруутугар Саха театрын сүрүн режиссерунаан Руслан Тараховскайдыын үлэлээн барбыппыт. Бастакы бырайыакпытынан "Сердце солдата" диэн уус-уран киинэ буолбута. Кэнники саҥа үлэбит – документальнай киинэ. Бүлүү куоратын историятыгар аналлаах Кэт Марсден туһунан улахан документальнай киинэ түмүктэниэхтээх.

Итини сэргэ бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Выпуск-1985” уопсастыбаннай түмсүү сакааһынан Саха АССР 100 сылын көрсө икки улахан документальнай киинэни оҥорон түмүктээтибит. Бастакы “Үтүө дьыала Кубога - үс бастакы улууска” киинэбитин алтынньы ыйга сүрэхтээбиппит. Ахсынньы ыйга "Түмсүүнү түстээччилэр" диэн иккис киинэбитин устан бүттүбүт. Ахсынньы 15 күнүгэр, хаһыат оҥоһулла турар кэмигэр, "Россия – моя история" диэн музейга киэҥ эйгэҕэ тахсыыта буолар.

Киинэ күн сирин көрөрүгэр «Выпуск-1985» уопсастыбаннай түмсүү көҕүлээччилэрэ Маргарита Степанова режиссер, Лилиана Антонова продюсер, мин оператор, монтажер быһыытынан бэрт таһаарыылаахтык үлэлээтибит.

Уопсайынан, быйылгы сыл бииртэн биир сонун бырайыактарынан баай буолла. Ол курдук, икки уус-уран киинэм Өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ бэстибээлигэр кытынна. Уу Саха Омук режиссердаах “Ис Уус" кылгас кээмэйдээх уонна "архаус" диэн хайысхаҕа киирэр музыкальнай киинэлэринэн Үөһээ Бүлүү улууһуттан кытынныбыт. Конкурска барыта 110 киинэ киирбититтэн 16 бастыҥы талан, Арассыыйа таһымнаах дьүүллүүр сүбэ көрүүтүгэр ыыппыттар. Ол иһигэр биһиги “Ис Уус" киинэбит хабыллыбытын айар үлэм биир улахан ситиһиитинэн ааҕабын.

— Айаал, аҥаардас бу дронунан үлэлииргин элбэх ыччат сэргиир буолуохтаах. Оператор үлэтин ис хоһоонун билиһиннэр эрэ.

— Оператор диэн режиссер көрүүтүн, санаатын көрөөччүгэ тиэрдэр киһи. Онуоха кини араас ньыманы туһанар. Устуу кэнниттэн аны таҥыы үлэтэ (монтаж) кэлэр. Киинэ, ролик саҥатын, бириэмэтин, сюжеттарын сөптөөхтүк таҥыы. Ол кэнниттэн тыаһын-ууһун, дьүһүнүн, музыкатын туруоруу, субтитрдаах буоллаҕына, ону эбии курдук бииртэн биир ситимнээх үлэ салҕанар. Бу үлэлэри барытын хаачыстыбаҕа таһаарарга, элбэҕи билиэххэ, устуу, оҥоруу, таҥыы ньымаларын баһылыахха, үөрэниэххэ, сайдыахха наада. Ол иһин бу эйгэҕэ үлэлэһэр дьоннуун куруук санаа, уопут атастаһабыт, бэйэ-бэйэбититтэн үөрэнсэбит, ситэрсэбит. Оператор үлэтэ итинэн интэриэһинэй, олус умсугутуулаах.

Кырдьык, оскуола үөрэнээччилэрэ да буоллун, ыччаттар, оннооҕор аҕам саастаах дьон даҕаны ханна да сырыттарбын куруук интэриэһиргииллэр. "Дрон" көтөрүн көрөн, ордук оҕолор ыйытыылара элбэх буолар. Оттон билигин баҕалаах киһиэхэ бу идэҕэ үөрэнэргэ интернет хонуутугар матырыйаал элбэх дии саныыбын. Видеоролик уонна киинэҕэ үлэлиир олох тус-туһунан бириэмэлээхтэр, устуулаахтар.

Мин хаачыстыбаҕа үлэлииргэ дьулуһабын. Табыллыбатах сюжеттары, эпизодтары устарга, ону монтажтыырга бачча бириэмэ диэн быспаккын. Оҥорор үлэбиттэн дуоһуйууну, астыныыны ылар эрэ санаалаахпын.

Сөбүлүүр дьарыгын идэ оҥостубутун туһунан профессиональнай  видеограф Айаал Евдокимов ити курдук кэпсиир.

 

— Махтал, Айаал! Айар үлэҕэр үрдүккэ үүнүүнү, саҥаттан саҥа үрдэллэри баҕарабын.

Биир эдэр киһи элбэхтэн биир дьикти талаанын туһунан хаһыаппыт ааҕааччыларыгар бу курдук билиһиннэрдэхпит буолуохтун.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...