Аутизм, дислексия, дисграфия, ЗПРР... «Хойутаатыбыт» диэн суох...
Соторутааҕыта сайдыытыгар уратылаах оҕо ийэтин кытта иистэнньэҥтэн холдьоҕуллубутун бары истибит буолуохтааххыт. Ол “уран тарбахтаахпыт” сатаан саҥарбат, туора дьонтон куттанар, доруобуйатыгар хааччахтаах оҕо тугу “мөҥүрүүрүн” (“мычить” диэбит этэ – А.К.) өйдөөн истибэтэх, сакаасчыты кытта биир тылы булбатах аатырбыта.
Бу иннинэ эрэдээксийэбитигэр маннык ис хоһоонноох сурук киирбитэ:
– Мин сиэним ураты оҕо, коррекционнай оскуолаҕа үөрэнэр. Төһө кыалларынан ол-бу дьарыктарга, реабилитацияҕа, Ава терапияҕа сырытыннаран сайыннара сатыыбыт. Былырыын “Светлячок” нейропсихология устуудьуйата баарын истэн суруйтарбыппыт. Бастаан Надежда Дмитриевналыын көрсөн, сиэммэр туох барсарын быһаарсыбыппыт. Сылга иккитэ араас дьарыктарга сырыттыбыт. Күүстээх энергетикалаах остеопат Алена Гаврильевна сиэммэр рэйки оҥорбута, сиэним эчэйиилээх төрөөбүтэ. Нейропсихолог Юлия Николаевнаны сөбүлээн кэбистэ, үөрэ-көтө эрчиллэр, билигин кини дьарыктарын дьиэбитигэр туһанабыт, хатылыыбыт.
Эдэр үлэһиттэр диэтэххэ, киһини сөхтөрөр, күүстээх, талааннаах дьон эбиттэр. Аны бары айылҕаттан айдарыылаах кыргыттар. Надежда Дмитриевна төрөппүттэри кытта тренинигэр сылдьан олус сөхтүм, астынным. Барыбытын турукка киллэрэн, уоскутан, ону-маны көрдөрөн, долгуйан арахсыбыппыт.
Бу устуудьуйаны дьон үчүгэйдик билбэт эбиттэр, мин оскуолаҕа төрөппүттэргэ кэпсии сатаабытым. Биһиги оҕолорбутугар оскуолаттан ураты маннык дьарык, тренинг хайаан да наада.
Эдэр, күүстээх, үтүө санаалаах кыргыттарга улахан махталбын тиэрдэбин. Ыарахан, ол эрээри үтүөнү оҥорор үлэҕитигэр сайдыыны, дьон махталын, ытыктабылын ыла тураргытыгар баҕарабын. Кытаанах доруобуйаны, дьолу, ыраас халлааны, чаҕылхай күнү!
Ульяна Михайловна Дьяконова
Ульяна Михайловна көрдөһүүтүнэн, кыһалҕалаах дьон биллин диэн (реклама буолбатах! – А.К.) “Светлячок” нейропсихология устуудьуйатын тутаах үлэһитэ, психолог, нейропсихолог Юлия Николаевна Петрованы кытта кэпсэттибит.
– Юлия Николаевна, хаһааҥҥыттан үлэлиигитий? Эһиэхэ туох кыһалҕалаах дьон кэлэрий?
– Устуудьуйабыт алтыс сылын үлэлиир. Алта исписэлиистээхпит. Нейрокоррекцияҕа тиһиктээх, ситимнээх сыһыан наада диэн оҥорор өҥөбүт элбээтэ, хайысхабыт өссө кэҥээтэ – энергомассаас эбилиннэ, нутрициологтаахпыт.
Кэнники кэмҥэ аутизмнаах, дислексиялаах, дисграфиялаах, неврологка учуокка турар, үөрэхтэрин ыарырҕатар, уйулҕа, тыл өттүнэн сайдыытыгар кэһиллиилээх (ЗПРР) оҕо элбээтэ. Үксүн итинник кыһалҕалаах дьон сүбэлэтэ, консультацияҕа кэлэллэр, оҕолорун коррекцияҕа аҕалаллар.
Билигин наука өттүнэн көрдөххө, аутизм кыһалҕата сытыытык туран эрэр. Коррекция ньымалара үчүгэйдик үөрэтиллэ иликтэрэ, биир чопчу маршрут суоҕа кэккэ ыарахаттары үөскэтэр.
– Төрдө-төбөтө туохха сытарый?
– Элбэх, ону барытын кэпсээтэххэ, олус уһун буолуоҕа. Ол иһин сүрүн биричиинэлэригэр эрэ тохтуохпун сөп. Наука өттүнэн ыллахха, олох да көрдөрөрүнэн, дислексия, дисграфия, “зеркальное восприятие” нейрокоррекция көмөтүнэн түргэнник быһаарыллыахтарын сөп. Оттон аутизм киэнэ уустук, үлэтэ ыарахан, тоҕо диэтэххэ онуоха мэйии ис тутулугар түгэх сытар нейроннай сибээстэр дьайаллар.
Аныгы киһини аччыктаан, хоргуйан өлөр кыһалҕа кыһарыйбат, былыргы дьон курдук, тыыннаах хаалар туһугар охсуспат. Ол оннугар социальнай кыһалҕата элбэх. Уопсастыбаҕа киирэрин, бэйэтин аһаҕастык кэпсэнэрин ыарырҕатар. Ити кини этигэр-сиинигэр иҥэн хаалар (психологияҕа “паттерны” диэн тиэрмин баар). Холобур, хат дьахтары ылан көрүөххэ. Кини олоҕор араас ыарахаттары көрсөр, бэйэтин иһигэр бүгэр, үгүстүк күүрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ бүтэй буоллаҕына, ити этиллибит паттернар оҕо ийэтин иһигэр үөскүөҕүттэн дьайаллар, мунньуллаллар. Ол иһин кэһиллии тахсан, социальнай эйгэҕэ бэлэмэ суох, дьону-сэргэни кытта сатаан алтыспат оҕо төрүөн сөп.
Биһиги аутизмҥа сүрүн үлэ ийэни кытта барар анал бырагырааманы оҥорбуппут. Дьахтар этигэр-сиинигэр мунньуллубут күүрүүтэ таһыгар тахсан, энергиятын сүүрээнэ уларыйдаҕына, оҕото ону хабан ыларын, дьону кытта алтыһарыгар ыарахаттары көрсөрө арыый намырыырын кэтээн көрдүбүт. Бүтэһик алта ый ити хайысхаҕа ураты болҕомто уурар буоллубут, ол хайыы үйэ үтүө түмүктэри аҕалла. Онон бу кыһалҕаны киэҥник көрөн, үлэ ийэни кытта бардаҕына, ордук үтүө көрдөрүүлээх диэн түмүккэ кэллибит. Бырагыраамабытыгар бөлөҕүнэн тренинг, төрөппүттэргэ психотерапия, биодинамика киирэр.
Нейрокоррекцияҕа биллиилээх психолог Анна Семенович бырагырааматынан үлэлиибит. Бастаан оҕо төрүөҕүттэн биир сааһыгар диэри сайдыытыттан саҕалыыбыт, онуоха антогенез бары түһүмэхтэринэн барабыт – хараҕынан оонньууру батыһыннаран көрдөрөбүт, эргийэбит, сыылларга үөрэнэбит, онтон түөрт атах буолабыт, салгыы хаамабыт. Итинник төттөрү төннөн, оҕо сиппэтэх нейроннай сибээстэрэ үөскүүллэрин ситиһэ сатыыбыт. Маннык дьарыктар, чуолаан тыллара сайдыбатах оҕолорго, үтүө түмүктээхтэрэ билиннэ.
– Диагностикаҕа тугу көрөҕүт? Ону эрдэ ааһан кэлэллэр дуу, бэйэҕит ыытаҕыт дуу?
– Исписэлиистэр бары оҥоробут. Онно сүнньүнэн оҕо сайдыытыгар туох кэһиллии тахсыбытын, туох ситэ сайдыбатаҕын быһаарабыт. Аныгы үйэ дьоно тастан киирэр информацияны харахпытынан көрөн ылынарбыт үгүс. Кырачааннарбыт күнү-күннээн тэлэбиисэр иннигэр олороллоро, төлөпүөнү көрөллөрө кистэл буолбатах. Ол иһин сайдыыларыгар кэһиллии тахсар, саҥарыахтарын иннинэ сайдыахтаах кииннэрэ хаалан хаалаллар, нейроннай сибээстэрэ күүһүрбэт. Билиҥҥи оҕо түөрт сааһыгар тылланарын нуорма курдук ылынар буоллубут. Аны туран, оҕолор хамсамматтара, олорон тахсаллара – туспа кыһалҕа.
– Төрөппүт оҕотугар нейропсихолог көмөтө наада буолбутун ханнык түгэҥҥэ өйдүөхтээҕий, туохтан сэрэхэчийиэхтээҕий? Кэһиллии баара оҕо хас сааһыгар биллэрий? “Хойутаатыбыт быһыылаах” диэн хаһан долгуйуохтааҕый?
– Үс сааһыгар диэри кырачаан кирилиэһинэн тахсарын-түһэрин ыарырҕатар, сатаан ыстаммат, кыайан бэлисипиэт тэппэт буоллаҕына, төрөппүт сэрэхэчийэн барыахтаах. Оҕо оскуолаҕа киирэрин саҕана эбэтэр маҥнайгы кылааска ордук биллэр. Ол курдук буукубалары сиэркилэ ньуурунан суруйар, саҥарарыгар – дорҕооннору, суруйарыгар буукубалары көтүтэр, дьону кытта кэпсэтэригэр хараҕын куоттарар, утары көрөрүттэн куттанар, ыҥырдахха истибэт буоллаҕына – бу барыта мэйиитин тутулугар туох эрэ кэһиллии тахсыбытын биллэрэр бастакы сибикилэр диэн өйдүөхтээхпит.
Биллэн турар, эрдэ саҕалаатахха, ордук түмүктээх буолар. “Хойутаатыбыт” диэн суох. Биһиэхэ оннооҕор 14-тээх оҕолор кэлэллэр. Ол эрээри оҕо оскуолаҕа киириэн иннинэ, үөрэҕэр ыарахаттары көрсүбэтин курдук, 4-5 сааһыгар көрдөрөр ордук. Үс саастарыгар диэри саҥарбатах кырачааннарга нейрокоррекцияны ыытан саҕалыыбыт. Оҕо төһөнөн кыра да, мэйиитэ оччонон түргэнник ылынар.
– Юлия Николаевна, нейропсихология психологияттан туох уратылааҕый? Итиэннэ логопедтары уонна дефектологтары кытта бутуйуу баар дуо?
– Кырдьык, үгүс киһи барыбытын да бутуйар. Бэл диэтэр, суицид кэннэ 11-рин ааспыт оҕолордоох төрөппүттэр кэлэллэрэ баар. Оннук түгэҥҥэ нейропсихология көмөлөспөт. Быһыыга-майгыга кэһиллиилэри психолог, психотерапевт быһаарар.
Нейропсихолог оҕо төрүөн инниттэн, ийэтин иһигэр үөскүөҕүттэн мэйиитин сайдыытын быһаарар, сааһынан көрөн, нейроннай кииннэрэ сайдыбыттарын-сайдыбатахтарын билэр, ону сааһылыыр сыаллаах-соруктаах. Логопед дорҕооннору туруоран биэрэр, оҕо тылын нөҥүө үлэлиир. Дефектолог анал оборудованиелар көмөлөрүнэн оҕо сайдыытын түһүмэхтэрин быһаарар, сорох исписэлиис мэйии үлэтин эмиэ көрөр.
– Хас дьарык үтүө түмүктээҕий? Оҕолор сылга хаста сылдьалларый? Барыларыгар туспа сыһыан буолар дуу?
– Эрдэ эппитим курдук, оҕо олорон тахсарыттан, хамсамматыттан мэйиитин тутула эмсэҕэлиир. Ол иһин үксүн араас эрчиллииллэри, сэрээккэлэри оҥорторобут. Сорох оҕо 8-та сылдьан баран тупсар, ким эрэ 16-та кэлэр. Бу оҕо мэйиитэ төһө түргэнник ылынарыттан, миелиновай бүрүөтэ (миелиновая оболчка) хайдах сабылларыттан тутулуктаах. 8, 12, 16 дьарыктаах куурустар бааллар. Оҕону көрөн баран хаста сылдьара ордугун төрөппүккэ этэбит. Холобур, сорохтор үс ый буола-буола кэлэллэр, сорохтор сылы эргиччи дьарыктаныахтарын сөп. Ону ийэ, аҕа бэйэтэ быһаарар.
– Дьокуускайга нейропсихологтар төһө элбэххитий? Бу хайысха сайдар кэскиллээх дуо? Устуудьуйаҕыт судаарыстыбаттан туох өйөбүлү ыларый?
– Исписэлиис элбээн иһэр, анал кииннэр арыллаллар. Инникитин өссө сайдыаҕа, кэҥиэҕэ дии саныыбын.
Биһиги судаарыстыбаттан өйөбүл ылбаппыт. Туспа дьиэбит суох, куортамнаан олоробут, оборудованиебытын барытын бэйэбит сакаастаан ылабыт.
– Ааҕааччыларга сүбэҥ, баҕа санааҥ.
– Кырачааҥҥыт сайдыытын, бытархай да түгэннэри кэтээн көрүҥ – хайдах хаамарын, сүүрэрин. Оҕоҕутун кытта элбэхтэ кэпсэтиҥ. Кэнники кэмҥэ биир этиини сатаан ситимнээбэт оҕолор оскуолаҕа киирэллэрэ – олоххо баар көстүү. Ол төрөппүт оҕотун кытта кэпсэппэтиттэн тахсар.
Аныгы үйэ дьоно төбөбүтүнэн эрэ олоробут, олус элбэҕи толкуйдуубут, билэ-көрө сатыыбыт, оттон эппит-сииммит тугу этэрин истибэппит. Бэйэбит ис турукпутун сааһыланарга үөрэниэхпитин наада. Дьоҥҥо аһаҕас буолуҥ, оҕолоргутун кытта үөрүүгүтүн тэҥҥэ үллэстиҥ. Айылҕабытыгар төттөрү төннүөххэ!