30.06.2020 | 10:54

Атласовтар уһаайбалара күөҕүнэн чэлгийэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка көҕөрдүү уонна тупсарыы үлэтэ күргүөмнээхтик ыытыллар. Уокуруктарга, куорат тэрилтэлэригэр, чааһынай дьиэлэр тэлгэһэлэригэр хараҕы сымнатар, дууһаны сылаанньытар кэрэ көстүү элбэх.

Олортон биирдэстэрэ кэргэннии Атласовтар этно-уһаайбалара буолар. Манна дьыл кэмиттэн тутулуга суох, саха киһитин кутун тутар, сахалыы сиэрдээх-туомнаах тутуулар, киин куораппытыгар ыалдьыттыы кэлбит туристары, куорат олохтоохторун, ону таһынан тыа дьонун өрүү угуйа, ыҥыра турар.

Валентина Иннокентьевна Атласова-Алгыстыына, Дьокуускай куорат:

– 1989 сылтан туризмынан дьарыктанабыт. Саха сиригэр кыһыннары-сайыннары үлэлиир туристическай комплекстары  араас улуустарга, Дьокуускай куоракка тутан кэллибит. Сир аайы түһүлгэлэрбитин  отунан-маһынан, сибэккинэн симээн иһэбит. Бу түһүлгэбитигэр  сэттис сылбытын сайыны көрсөн олоробут. Алта сыл анараа өттүгэр тэлгэһэбитигэр 500 сэппэрээги, чэчир  маһы солооһунтан  көҥүл ылан олордубуппут. Сылын аайы 200-300 сибэкки арааһын олордон  киэргэтэбит. Таспытыгар уу суох буолан, көлүйэ оҥостон уу хаһаанабыт. Онтубут уолбатын диэн тула талахтары олордубуппут.  Хатыҥ, тиит, бэс, харыйа, иирэ арааһа, долохоно, акация, яблоня, хаппырыас, дөлүһүөн, моонньоҕон, хаптаҕас уһаайбабытыгар толору үүннүлэр.

Моҕол ураһа, балаҕан, Мэҥэ Хаҥалас баайа Пономарев башнятын конструкциятынан тутуллубут дьиэ дьон-сэргэ болҕомтотун тардар.

                       Киин куорат киэн туттар уһаайбата

Анна Васильева, Бүлүү куората:

Мин “Атласовтар уһаайбалара” туристическай комплекска былырыын сайын ыытыллыбыт биир тэрээһиҥҥэ сылдьан, сөҕөн-махтайан турардаахпын. Ол иннинэ бу уһаайба туһунан дьонтон истэн билэрим. Бара сылдьыахпын, илэ харахпынан көрүөхпүн наһаа баҕарар этим. Сайын саамай үгэнигэр сылдьыбыт буоламмын, манна олордуллубут оту-маһы сэргии көрбүтүм. Күөх зоната элбэҕэ сөхтөрбүтэ. Мас арааһын, сибэкки эгэлгэтин олордубуттара хайҕаллаах. Чааһынай дьон тэрилтэтэ диэтэххэ, көҕөрдүү өттүгэр күүстээх үлэни ыыппыттара биллэр. Сахалыы моһуоннаах тутууларын эмиэ биһирээбитим. Куорат олохтоохторо кырдьаҕастыын-оҕолуун сөбүлээн сылдьар, сынньанар сирдэрэ эбит. Маннык туристическай комплекс киин куораппытыгар баара кэрэхсэбиллээх. Тупсаҕай тутуулары көрөн, киһи астынар, уопут ылар. Көҕөрдүүтэ да элбэҕэ. Комплекска сылдьан сэргээбит мастарбын быйыл саас дьүөгэбиттэн умнастыын ыламмын тиэргэммэр олортум. Этэҥҥэ үүнэрэ буоллар диэн баҕалаахпын. Уопсайынан, сайын куоракка ыалдьыттыы бардахпына, хас тэрилтэ, болуоссат аайы көҕөрдүү, сибэкки олордуу үлэтэ күүскэ ыытылларын бэлиэтии көрөбүн. Куорат хаһаайыннааҕа биллэр.  Санаабын сааһылаан этэр буоллахпына, сайыҥҥы өттүгэр куораты тупсарыы үлэтигэр сахалыы моһуону, ол эбэтэр дизайны киллэрэллэрэ буоллар. Мин ити клумбаны олордуу чааһыгар этэбин. Ханан эрэ сахалыы оһуордаах сибэкки уурар иһиттэри ураты тыыннаан киллэрэллэрэ буоллар, дьон-сэргэ сэҥээрэ көрүө этэ.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...