08.02.2021 | 14:22

Асчыт Аина

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар “Юный кулинар” куруһуок үлэлиир. Салайааччы – Надежда Дмитриева.

Аина Охлопкова бу куруһуокка үһүс кылаастан сылдьар. Астыырын олус сөбүлүүр, ордук бурдук аһын буһарарын ордорор. Кыысчаан дьарык аайы элбэххэ үөрэнэр. Бүгүн кырачаан асчыт сөбүлээн астыыр ырысыабын үллэстэр.

 “Улар уйата” туорт

Тиэстэҕэ наада:

Бурдук – 2,5 ыстакаан,

Сымыыт – 3 устуука,

Суода – тарбах төбөтүгэр,

Мүөт –  2 ост.ньуоска.

Кириэмҥэ наада:

Чөчөгөй (сливки),

Саахар 1 ыстакаан,

Плитка сакалаат.

Бастаан тиэстэбитин оҥоробут. Састаабын барытын булкуйабыт, халбаһы курдук уһун синньигэс фигура оҥоробут. Ону тэҥ гына быһабыт, шарик оҥоробут. Онтон бу шариктары лэппэтэн кыра лэппиэскэ оҥоробут. 180 кыраадыс итии духуопкаҕа 7-10 мүнүүтэҕэ буһарабыт. Бэчиэнньэбит буһар кэмигэр кириэммитин оҥоробут. Чөчөгөйү саахары кытта миксеринэн эрийтэрэбит. Бэчиэнньэ бустаҕына, кириэмҥэ оймуу-оймуу, тэриэлкэҕэ араҥанан уурабыт. Бүтэһик араҥа кириэм буолуохтаах. Үрдүн теркаламмыт сакалаатынан киэргэтэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...