15.08.2021 | 14:00

«Арктика эйгэтэ» быыстапкаттан

Ааптар: Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 9 күнүгэр Аан дойду төрүт норуоттарын аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэннэ.

А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр атырдьах ыйын 9-10 күннэригэр  “Арктика эйгэтэ” (“Мир Арктики”) эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы  IV быыстапка-дьаарбаҥка ыытылынна. Быыстапка сыалынан-соругунан  Хотугу сир, Сибиир уонна Уһук Илин  аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын декоративнай ускуустубаларын уонна уус-уран оҥоһуктарын  сырдатыы уонна тарҕатыы буолар.

Икки күн устата өрөспүүбүлүкэ уонтан тахса улууһуттан кэлбит маастардар үлэлэрин билиһиннэрдилэр.

Быыстапка түмүгүнэн кыайыылаахтар “Түүлээхтэн уонна тирииттэн оҥоһуктар”, “Дьахтар киэргэллэрэ уонна аксессуардара”, “Сувенир оҥоһуктар”, “Хотугу сир норуоттарын куукулата”, “Норуот оонньуурдара”, “Хаһаайыстыбаҕа, олоххо-дьаһахха туттуллар тэрил”, “Хотугу сир норуоттарын үгэс буолбут көстүүмнэрэ”, “Хотугу сир норуоттарын аныгы көстүүмнэрэ” номинацияларынан уонна грамоталарынан  бэлиэтэннилэр.

 Кыайыылаахтар Москва куоракка «Хотугу сир кылаата-2021” норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥкаҕа өрөспүбүүлүкэ аатыттан кыттыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...