18.01.2024 | 16:50

Ариан Саввин: «Паа» диэбитинэн сылдьар оҕом аны суох...»

Ариан Саввин:  «Паа» диэбитинэн сылдьар оҕом аны суох...»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Ариан Николаевичтыын кэпсэтиэм иннинэ эрдэттэн бэйэбин бэлэмнээн, уоскуйан, сөптөөх тыллары булан, толкуйдаан баран эрийбитим. Бу ааспыт эрэ нэдиэлэҕэ баара-суоҕа 21 саастаах оҕотун ийэ буорун булларбыт аҕа кэпсэтэргэ сөбүлэспитэ да бэйэтэ хорсун быһыы дии саныыбын. 
Эрхан... Эрхан хаартыскатын көрдөххүнэ, кинини таптыаххын эрэ баҕараҕын, биир дойдулаахтара, учууталлара да кэпсииллэринэн, куруук үөрэн мичилийэ сылдьар оҕоттон хайдах манньыйыаҥ суоҕай?! Маннык сырдык, ыраас, эдэркээн, олоҕу саҥа билиэхтээх оҕобут тоҕо да биһигини ытатан, аймаан, сырдык тыына быстыбыта буолуой диэн абарабыт, хомойобут эрэ...

Оҕом наһаа эрдэ сайдыбыта

Эрханым 2002 сыл олунньу 16 күнүгэр Уус Алдан улууһугар Бороҕоҥҥо бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кини кэннэ 2003 сылга быраата Ариан төрөөбүтэ, онон иккиэн эмдэй-сэмдэй улааппыттара.

Убайбыт төһө даҕаны биир эрэ сыл аҕа буоллар, сүрдээх дьоһуннаах, быраатыттан лаппа ураты этэ. Тоҕус ыйыгар хаампыта, тоҕус аҥаар ыйыттан икки тылы сүһүөхтүүр этэ, “маама, кэл”, “паапа, кэл”, “эбээ” эҥин диэн. Биирин икки ый ааһан баран “Сибэкки угун...” диэн ырыаны толору ыллыыр буолбута.

“Күнчээн” диэн уһуйааҥҥа иккитин туола илигинэ барбыта, тылынан баппат, киһини саҥардыбат этэ. Биһиги оччолорго Баатаҕайга олоробут (Уус Алдан). 2004 сылы көрсөллөрүгэр Саҥа дьыл оруолун толорон, ыллаан, хоһоон ааҕан аҕай биэрбитэ. Уҥуоҕунан кыра да буоллар, сытыы-хотуу этэ.

Алта аҥаарыгар Н.Н. Тарскай аатынан Баатаҕай орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Олус көхтөөх, куруук лидер этэ. Эбээтин Лугинова Евдокия Николаевнаны наһаа таптыыра, бастакы сиэн этэ, албына бөҕө, мичик гыннаҕына, киһи тугу да аккаастаабат, ууллан хаалар киһитэ буоллаҕа.

 

Спорт, ырыа, гимназия

Төрдүс кылааска «Бороҕоҥҥо туста барабыт дуо?» диэтэ, аҕыйах приему үөрэтэн, иккиэн күрэхтэһэ бардыбыт. Баатаҕайга тустууга дьарыктыыр тренер суох этэ. Онно улууска үһүс миэстэ буолбуппут. Тренердэр уолбун араас сбордарга, күрэхтэһиилэргэ сырытыннаран саҕалаабыттара.

Бэһис кылааска “Уолан” гимназияҕа уонна Саха-Бельгийскэй гимназияҕа тургутууну ааһан, Саха-Бельгийскэйи талбыта, Баатаҕайтан чугас диэн. Онно тустууга тренер Анатолий Олесовка дьарыктаммыта. Футболу эмиэ сөбүлүүр этэ, уопсайынан, спорт өттүгэр бэйэтин кыанара. Онтон үөрэхпэр мэһэйдииһик диэн тустуутун быраҕан, аны ырыа өттүгэр барбыта. Эдьиийбит Лугинова Зинаида Петровнаҕа дьарыктаммыта, “Ыллаа-туой, уол оҕо” кыттыбыта. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Хотугу сулус” ырыа күрэҕэр дипломант буолбута. Бэһис кылааска “Шарманка” диэн французскай ырыаны биир кыыстыын хорга солистаан таһаарбыттар этэ.

“Лыжня 2013” хайыһарга улууска эмиэ үһүс миэстэ буолбута. Сэттис кылааска гимназияттан аан дойдутааҕы олимпиадаҕа кыттан, биэс Европа дойдутун кэрийэн кэлбитэ. Польшанан, Германиянан, Франциянан, Чехословакиянан, Белоруссиянан. Онтон учууталыгар кып-кыра шарманка сувенирын аҕалан бэлэхтээбитин кэпсээбиттэрэ. Бэйэтэ политехническай наукалары эҥин интэриэһиргиирэ. Онус кылааска саҥа дьылга диэри ийэтигэр Дьааҥыга баран үөрэммитэ. Сыл аҥаара буолаат, “Паа, эйигин кытары олорор эбиппин”, - диэн Баатаҕайыгар төннүбүтэ, 11 кылааһы Лөгөйгө бүтэрбитэ. Ити 2019 сылга.

 

«Паа, түргэнник үлэһит буолуом этэ»

Оскуола кэнниттэн Төҥүлүгэ электрик-водитель үөрэҕэр киирбитэ. Үөрэҕэр “хоп” курдук оҕо тоҕо үрдүк үөрэххэ барбатаҕын бары дьиибэргээбиттэрэ. Кылгас үөрэҕи түргэнник бүтэрэ охсон хамнастаах үлэһит буолуом диэн толкуйдаабыт этэ. 2020 с. дипломун ылан кэлэн сайын Баатаҕайга эбээтигэр сайылаабыта, ол сыл атырдьах ыйыгар эбэтэ суох буолбута.

 

Аармыйа, хантараак, СВО...

Ити сыл алтынньытыгар аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. Улан Удэҕэ артиллерийскай войскаҕа түбэһэр. Онтон 2021 сыл ыам ыйын бүтэһигэр хантараак баттаһар буоллум диэн эрийэр. Мин, уопсайынан, уолбунуун наһаа чугастыы этибит, туох баар санаатын-оноотун, сонунун аан бастаан миэхэ этэрэ. Аармыйаҕа да сырыттаҕына күн аайы кэпсэтэбит. “Байыаннай буолуохпун, үргүлдьү үөрэниэхпин баҕарабын”, - диэбиттээх. Сулууспалаан бүтэрэ алта ый хаалбытын кэннэ үс сылга баттаһар. Биһиги оччолорго байыаннай дьайыы эрэ буолуо диэн билбэппит. Ити хантараагын 2021 сылга Кяхтаҕа сылдьан баттаспыта.

2022 сыл саҕана саҥа дьылга уоппускаҕа кэлиэх буолбута, онтон аны ыыппат буоллулар диэбитэ. Ахсынньы 30 күнүгэр видеонан кэпсэтэбит, онно анал эпэрээссийэҕэ барар буоллубут диир. Биһиги Интэриниэккэ көрөн, ааҕан, дойдубутугар туох эрэ байыаннай тыҥааһын тахсаары гыммытын билбиппит.

Тохсунньу 2 күнүгэр Белоруссияҕа поеһынан айаннаабыттара. Артиллерист буолан, тэйиччиттэн сылдьар ини дии санаан ылбытым. Бэйэтин войскатыгар соҕотох саха этэ, табаарыстара бары бүрээттэр. Дивизия хамандыыра, артиллерия кылаабынай  наводчига. Бука, бэйэтин көрдөрөн, эрэнэн анаатахтара.

 

Уоппуска, дойдутугар кэлэн барыыта

2022 с. бэс ыйын ортото уоппуска биэрэр буоллулар диэн эрийбитэ, 10 күн айаммар эрэ барыыһы, бэйэҕит кэлбэккит дуо диэбитэ. Онно улахан балтым Лена кыра балтыбыныын Сашалыын Белгородка баран көрсүбүттэрэ. Кэһии бөҕөтө тутан, дойдутун аһын аһаан, олус үөрэ көрсүбүт этэ. Ити биир хаартыската баар дии, үрүсээҕэр эдьиийдэрин кэһиилэрин уктан үөрэн турара.

Хаһан да видео да, хаартыска да ыыппатаҕа. Онтон ити сыл алтынньыга 14 күн уоппуска ылан кэлбитэ. Оруобуна быраатын төрөөбүт күнүгэр, алтынньы 14-гэр. Куоракка табаарыстарын, кылааһынньыктарын кытта көрсөн, кыра балтыбар Сашаҕа Сыырдаахха сылдьан, чааһыгар төннүбүтэ. Онтон ахсынньы 30 күнүгэр үөрэн-көтөн Жуков мэтээлинэн наҕараадаланным диэн ыыппыт хаартыската эрэ баар.

 

Бүтэһик кэлэн барыыта...

Ол кэнниттэн тохсунньуга эмиэ передокка киирэн, ыйтан ордук сүтэ-сүтэ сибээскэ тахсар этэ. 2023 сыллаахха ыам ыйын бүтэһигэр бааһырыы ылбыта. Бастаан миэхэ эрийбиттэр, мин онно сибээс хаппат сиригэр балыктыы сылдьарым. Онтон кыра балтыбар Сашаҕа эрийбиттэр, иккис нүөмэр киниэнин биэрбиппит. Саша Эрхан саамай таптыыр эдьиийэ. Оскуолак буутунан курдаттыы киирэн тахсыбыт этэ. Бурденко госпиталыгар сыппыта.

Госпитальга сыттаҕына күн аайы кэпсэтэр этибит, бааһырдым, ыарыйдым диэн санаарҕаабата, биһигини да куттаамаары буолуо, наар күлэ сылдьара, куруук настарыанньалаах буолара. Онтон от ыйыгар куоракка кэлэн реабилитацияҕа сылдьыбыта, онно Баатаҕайынан, Кэптэнинэн, олорбут интэринээтинэн эҥин барытын кэрийбит этэ. Бүтэһик кэлэн барарын билээхтээбитэ дуу...

Онно бааһырыыҥ да улахан эҥин диэн ыытымаары гыммыппын, бырааттарым, убайдарым, бойобуой доҕотторум бааллар, кэтэһэллэр, 2024 сыл ыам ыйыгар хантараагым бүтэр ээ диэбитэ. Эмиэ сибээспитин куруук тута сылдьарбыт, бааһырыым дөрүн-дөрүн бэргээн ылар диирэ.

 

«Паа» диэбитинэн эрийэрэ олус да күндү буолара

2023 сыл алтынньы 28 күнүгэр передоктан сынньана тахсыбыттар этэ, 29 үүнэр түүнүгэр атын нүөмэртэн “паа, балаһыанньа ыараата” диэн эрийбитэ. Онтон сибээс быстан хаалбыта. Ол кэннэ сэтинньи 4 күнүгэр киэһэ биллибитэ, сынньана таҕыстыбыт диэбитэ. Ити Запорожье диэки. Онтон куоракка дьиэбитигэр чэйдии олордохпутуна сарсыарда 7 чааска сэтинньи 29 күнүгэр телеграм видеозвоногунан эрийбитэ, ол иннинэ наар бассаабынан эрийэрэ. “Биһиэхэ түүн, сарсын передокка киирээри олоробут”, - диэбитэ. Утуйуоххун, сынньаныаххын диэбиппэр, “ээ суох, кэпсэтиэххэ” диэн аккаастаабыта. Биэс мүнүүтэ буолан баран сибээс быстан хаалбыта, итинник хат-хат эрийэн, балачча уһуннук кэпсэппиппит. Ол былаһын тухары туох баар баҕа, ыра санаатын кэпсиирэ, дойдутугар кэллэҕинэ, арааһы былаанныыра. Бу санаатахха, этиттэрбит эбит. Эбээтин өттүттэн сиэннэрин, оҕолорун барыларын мунньан, көрсүһүү оҥоруохха наада диэн, уонна эбээтин дьиэтин көҥдөйүн салҕыы тутан ситэриэхпит, эргиллэн кэллэхпинэ, өбүгэлэрбит, эбээм дойдутугар Тиит Арыыга хайаан да тиийиэм, билсиэм эҥин диэбитэ. Оҕобунуун ол бүтэһик кэпсэтиибит буоларын, оҕом тыыннаах мөссүөнүн уонна хаһан да көрбөппүн хантан билиэмий?! Чаас курдук сибээскэ сырыттыбыт. Сарсыныгар передокка баран иһэн артиллерия ытыалааһыныгар түбэһэн, 2023 сыл сэтинньи 30 күнүгэр суорума суолламмыта...

 

Оҕобун саныырым өссө күүһүрэн иһэр

Администрацияттан кэлэн биллэрбиттэрэ, ол да сылдьан итэҕэйбэппин, наар тыыннаах буолуохтаах дии саныыбын. Бааһырыы ылан баран биир табаарыһын нүөмэрин балтыбар Сашаҕа биэрэн, докумуон ылларбыт этэ. Ахсынньы 10 күнүгэр Саша киниэхэ суруйда. Онуоха ол табаарыһа “Эрхан погиб” диэн эппиэттээбит этэ.

Онтон ыла оҕобутун кэтэһии, бэлэмнэнии, буорун хастаран, аһын-үөлүн ылан, субу кэлиэ, ити кэлиэ диэн наар онон олорон тахсыбыппыт. Ол курдук наһаа муҥнанан, утуйар-утуйбат сылдьан, кэлин ыксаан, абаран, Ил Дархаҥҥа социальнай ситиминэн сурук ыыппытым. Норуот биллин-көрдүн диэн тохсунньу 8 күнүгэр тарҕаппытым.

Ылан баралларыгар бэрт түргэнник хамсаналлар, аҕалалларыгар соһуу-сыһыы, эрэннэрии, онтон эмиэ “отбой”, сүтүктээххэ ол олус ыарахан. Сурук тахсаатын кытта звонок бөҕөтө буолбута, тоҕо эрэ сөмөлүөт бэрт түргэнник көстүбүтэ. Аны туран манна туман буолан, Нерюнгрига түһэрэн, тимир суолунан тохсунньу 11 түүнүгэр аҕалбыттара. Онтон дойдутугар Баатаҕайга хоннорон баран ийэ буорун дьэ булларбыппыт. Уопсайынан, оҕом олус элбэх табаарыстааҕа, наһаа элэккэй, кэпсэтинньэҥ, үөрүнньэҥ этэ, күн бүгүн да билсибит киһитин үргүлдьү табаарыс, доҕор оҥосторо, онон тиһэх суолугар атаарарбытыгар манна куоракка, дойдутугар да баппат элбэх киһи кэлбитэ.

Хайыыр да кыаҕым суох, дьылҕа хаан оннук буоллаҕа, оҕом кылгас гынан баран чаҕылхай олоҕо үйэ-саас тухары ааттана туруоҕа. Баара-суоҕа 21 саастаах хамандыыр, наводчик, гвардия младшай сержана, Жуков мэтээллээх, уонна өлбүтүн кэннэ “Орден мужества” биэрбиттэрэ. Биир эдэркээн саха оҕотун санныгар дойдутун чиэһин көмүскээбитин туоһута баһаам, өссө Саха сиригэр кини курдук суоҕа да буолуо дии саныыбын.

Оҕобун бүтэһигин көрүөхпэр диэри кыайан утуйбат этим. Кэтэһии, эрэнии, төлөпүөнү түүннэри манааһын... Ийэ сирин булларан баран син уоскуйбут курдук буоллум.

Анарааттан алдьаммыт, хааннаах төлөпүөнэ эрэ кэллэ, докумуона да, мэтээлэ да суох. Жуковын мэтээлин илдьэ бараахтаабыта. Ол докумуоннарын эккирэтиһэ кэллим.

Бу барыта хаһан бүтэрэ буолла, бэйэтэ да аҕыйах ахсааннаах норуокка олус элбэх охсууну оҥордо.

Төрөппүттэргэ, сүтүктээхтэргэ анал бөлөх тэрийдибит. Атыттарга туох эрэ диэн көмөлөһөр, сүбэ-ама буолар баҕалаахпыт, Светлана Диодоровалыын үлэлэһиэм. Бэйэм соҕотохсуйдум даҕаны оҕобун санаан барабын, дьону кытта кэпсэттэхпинэ, син аралдьыйабын, аһарынабын. Оҕом син биир сүрэхпэр баар. Кини баҕатын син биир толоруом, бүтэһик кэпсэтиибитигэр эппит баҕа санааларын, төрүччүлэрин мунньууну.

Анараа барыаҕыттан, биллэн турар, чыҥха уларыйбыт, боччумурбут этэ. Уоппускаҕа даҕаны, бааһыран да баран кэлбитигэр хаһан да сэрии туһунан ыйыппатаҕым. Кэлэн баран наар табаарыстарын кытта көрсөрө, билбэт да киһитин сарсыҥҥы күнүгэр табаарыс оҥостор киһи этэ. Эрханым үүт-үкчү бэйэм курдук, мин эмиэ биирдэ кэпсэппит киһибин хаһан эрэ урут билсибит киһим курдук ылынабын, кэпсэтэбин.

“Паа” диэбитинэн сылдьар киһибин тыыннааҕым тухары суохтуур буоллаҕым...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...