04.08.2022 | 18:00

Аныгы муода

Аныгы муода
Ааптар: Константин ЭВЕРСТОВ
Бөлөххө киир

Хаһан эрэ көрдөөх-нардаах Күндэлэй муҥатыйан эппит этэ: “Дьахталлар аны сиринэн соһуллар уһун былаачыйаны кэтэр буолбуттар. Урут кылгас былаачыйаны кэтэр эрдэхтэринэ отут солкуобайы төлүүрбүт, оччоҕо билигин алта уон солкуобайы төлүүрбүт кэллэҕэ”. 

Дьэ кырдьык, муода эмиэ сокуон курдук хас сыл аайы уларыйан иһэр. Муоданы арҕааҥҥы сайдыылаах дойдулар хайдах баҕарбыттарынан кыйбырыҥнатан уларыталлара-тэлэритэллэрэ дьэҥкэ буоллаҕа.

Кыра кылааска үөрэнэр эрдэххэ омук тылын учуутала кэлбитэ. Үрдүк суон хобулуктаах соппуоска, туох эрэ кутуруктаах бэргэһэ, кып-кылгас тойтойбут сон, сирэйэ маҥан пуудара, быллаһан, кытаран уос да уос – киһи чахчы уостаахпын диир уостара, халыҥ кырааска быыһынан ыраах кылахачыһан көстөр харахтар... Киниэхэ оҕолор сонно тута үөрэ-көтө “аныгы муода” диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Оҕолор хос ааты иҥэрэргэ дьиҥнээх үтүөлээх маастардар буоллахтара. Элбэх киһи оскуоланы иккис хос ааттаах хом санаалаах бүтэрбитэ буолуо.  Урукку да муодалар билиҥҥиттэн хаалсыбат, киһи мээнэ сирбэт таҥастара этилэр. Алта уонус сыллартан арҕааҥҥы дойдулар туох таҥаһы кэппиттэрин, киинэттэн, сурунаалтан көрө-көрө, сиэрэ суох үтүктүү күүһүрбүтэ, кылгас чыппаҕар ыстааны кэппэтэх киһини киһинэн да аахпат буолбуттара. Дьахталлар хорсуок курдук бэргэһэнэн иирэннэр, түүн аанньа утуйбат да буолбуттара. Онтон аны, онтукайдарын иэстэһэн буолуо, сэттэ уонус сылларга күлүөс ыстаан муодата хасхарыҥнаан кэлбитэ. Үс да атах киириэх айылаах киэҥ-куоҥ ыстааннар былааһы адьас ылбыттара. Аны ол ыстаан алларааҥҥы бүүрүктэригэр үстээх кэппиэйкэни ортотунан токурутан кэккэлэччи хам саайан тиһэн кэбиһэллэрэ, онтукайдара кытаанаҕа даҕаны,  ыйааһына да бэрт  –  элбэх кэппиэйкэ тиһиллэн кэккэлиирэ көстүүтэ диэн кылабачыйан ааттаах буоллаҕа. Тыа кулуубугар киирдэҕинэ, били тиһиллибит кэппиэйкэлэр тыастара борооскулар туйахтарын тыаһын курдук өрө лоһугураһа түһэллэрэ – ыстаан оҥоһуутун хаачыстыбатын саамай үрдүкү чыпчаала ол лоһугурас тыас буолара. Оннук ыстааннаах уол эбэтэр кыыс саамай курутуойдар ахсааннарыгар киирэрэ, дэриэбинэҕэ улаханнык аптарытыаттанар этэ. Дьэ уонна ол ыччаттар ыстааннарын кэттилэр даҕаны дэриэбинэ киин уулуссатыгар былааһы чахчы ылан кэбиһэллэрэ. Ойуун курдук уп-уһун арбайбыт баттах, моой эҥин диэн көрүллүбэт, быардарыгар тиийэ нэлэккэй кыһыл эриэн ырбаахы, түөстэригэр бэйэ оҥоһуута кылабачыгас тимир сыаппачка, синньигэс бииллэригэр кэп-кэтит тимир билээхилээх саллаат кура, силигин ситэрэн орбоҕор уостарыгар хайаан да бөппүрүөскэ, ырааҕынан дайбыыр киэҥ-куоҥ бүрүүкэ, атахтарыгар халлааҥҥа хантайбыт баллайбыт хара бачыыҥка – итинник таҥастаах-саптаах ыччат бу чахчы ыччат дэнэрэ. Ол дьон уулусса быылын-буорун бүтүннүүтүн өрүкүппүтүнэн, күрдьүбүтүнэн киирэн, кулууп дьиэ диэки хасхаҥнаһа тураллара. Онно, кулуупка, кинилэртэн итэҕэһэ суох таанцынан ииригирбит киэҥ ыстааннаах ыччаттар элбэхтэрэ. Итинник ыстааннаах киһи ханна баран киирбитэ ырылыччы көстө сытара – үстээх манньыат кэккэлээн, ыйааһына аллараа баттаан, сири-буору бүтүннүүтүн пылесос курдук сиппийэ сырыттаҕа.

Онтон кылгас дьууппа муодата кэлэн, элбэх дьахтар кистии-саба абарбыта уонна аймаммыта. Чүөчэ эрэ барытын сотото кинилэр киэннэрин курдук чүмэчи курдук көнө уонна синньигэс буолбатах ээ, бу ордук биһиэхэ, алаас кыргыттарыгар – ону өйдүөххэ наада! Хата эр дьоҥҥо бэркэ сэргэхсийии үөскээбитэ, тутталлара-хапталлара сыыдамсыйбыта. Дьон мустар сиригэр эбэтэр оптуобус тохтобулугар биир эмэ кылгас дьууппалаах кыыс тугу эрэ түһэрэн кэбиспитин ылаары дуу, соруйан дуу төҥкөйдөҕүнэ, кэннэ барыта арылла түһэрэ. Дьэ онуоха тула баар дьахтар аймах абаккара, аймана түһэрэ. Хардаҕас курдук суон илиилэрин өрө ууна-ууна хаһыытыыллара:

Хайдах маннык ыттыйыахха сөбүй?! Наһаа буолбатах дуо?!

Сорохтор, бэл, абарбыттарын омунугар бааһынайдаан ылаллара:

– Иишь какая?! Тыы сэмэтэрии! – итиэннэ бары аныгы муодаттан улаханнык сордоммут-муҥнаммыт дьон курдук көрөллөрө-истэллэрэ.

Оттон эр дьон түөкүттэр сэргэхсийэ түһэллэрэ, көрөөрү моонньулара уһуоҕунан уһуура, харахтара быччаһан хаалара, дьиикэйдэр онон-манан аллараанан өҥөлдьүһэллэрэ. Хорсун өттүлэрэ: “Оо-оо, ол сытар, аллараа, адьас антах түһэн хаалбыт ээ-ээ”, - дэһэ-дэһэ, чугаһаан көрүү-истии бөҕө буолаллара. Оптуобус кэлэн быстыбат, кыыс соруйан эмиэ төҥкөйөр, ол аайы сааһыра барбыт дьахталлар хайдах да буолуохтарын булбаттар, сорохторо наһаа кыыһыраннар турбут сирдэригэр өрүтэ мөхсөн ылаллар.

Ити кэнниттэн арбайбыт баттах (хиимка) муодата кэлэн, дьэ, эмиэ көр бөҕөтө саҕаламмыта. Хайа үөннээх киһи өй укпута буолла, сымалалаах уонна ытырыык оттоох оргуйа турар ууга төбөлөрүн уган көрбүт диэн, баттахтарыгар собо ыһаарыламмыт мас арыытын куттубут диэн, үс ыйы быһа төбөтүн сууммакка тыаҕа мас кэрдэн баран, соруйан баттаҕын арбатан кулуупка үҥкүүлүү кэлбит диэн... араас барыта баара. Оччо айылаахха баттах арбайыан арбайдаҕа, хата, иччитэ киһиттэн түктэри адьас атын харамайга майгыннаабыт этэ. Кыыс аймах били дьикээргэ адьас чугаһаабакка ырааҕынан сылдьыбыта, куттала да, сыта да бэрт буоллаҕа. Сорохтор, балтыларын үтүктэн буолуо, гараастан булан аҕалбыт тимирдэрин уокка кытардан баран баттахтарын эринэллэрэ, ол олорон төбөлөрүн сиэтэн ыһыы-хаһыы бөҕөтө, абытайа бэрт буоллаҕа, аалай өйүнэн кытарбыт тимиргэ сиэтэ олорор диэн. Оннук сордонон арбаһан тиийэн, кулуупка төһө “успехтаммыттара” эбитэ буолла, саарбах соҕус буолуо ээ? Арай сорохтор бэрт өргө диэри бааһырбыт кыһыл хамандыырын курдук төбөлөрүгэр маҥан бэрэбээскилээх сылдьыбыттара. Аныгы муодаттан дьиҥнээхтик кэһэйбит дьоннор олор сырыттахтара.

Аҕыс уонус сыллартан бэрт эрэйинэн симэн-симэн кэтиллэр аатырбыт джинсы ыстаан муодата биирдэ өрө туругура түспүтэ. Араастаан килэйиэр диэри кирпииччэнэн аалбыт диэн, туустаах ууга оргуппут диэн, арааһынай кыраасканан кырааскалаабыт диэн, хата, кинилэр фантазиялара да бэрт. Өссө, маҕаһыынтан атыылаһаат, сорохтор сабыс-саҥа джинсыны тобугунан быһыта-хайыта тыытан кэбиһэллэр – муодата оннук үһү. Биирдэ куоракка тыаттан киирэ сылдьар биир табаарыһым уол дискотекаҕа тиийэн баран улаханнык саллан, маннык кэпсээбитэ: “Наһаа илдьирийбит, тырыта барбыт  ыстааннаах дьадаҥы да кыргыттар бааллар эбит, хайдах итинник таҥастаах кэлээхтииллэрэ буолла? Арыый да бүтүн таҥастара суох буоллаҕа”. Ол били тырыта тыытыллыбыт джинсылаах кыргыттары этэр эбит, ол барахсаттары аһынан, наһаа санаата түһэн,  кыайан үҥкүүлээбэккэ да кэлбит этэ.

Дьэ оннук. Сорохтор саамай бастыҥ муодунай таҥаспыт диэн таҥнан кэлэллэр, оттон атыттар, кинилэри аһынаннар, хайдах да кыайан үҥкүүлүүр да кыахтара суох.

Аны ити кэнниттэн килиэккэ ырбаахы, эриэн ыстаан кэлэннэр, клоун курдук кылбаҥнаһар дьоннор уулуссаҕа дэлэйбиттэрэ. Горбачев ыйааҕынан кооперативтар күһүҥҥү тэллэй курдук элбээбиттэрэ. Үс күн кэппитиҥ кэнниттэн аччыктаан айахтарын атар кроссовкалар, хараҥа дискотекаҕа олоро түһэ-түһэ күүскэ-күүскэ хамсаныы түмүгэр ахтаҕыттан тилэххэр тиийэ хайа барар аһары муодунай ыстааннар, бастакы сууйуу кэнниттэн кырааската ханна барара биллибэт футболкалар элбии сылдьыбыттара. Ити кооперативтар, бэл, джинсыны араастаан үтүгүннэрэн тигэннэр, дьону сотору-сотору ыһыытатар этилэр.

Тоҕус уонус сылларга уһун саҕынньах муодата нырылыйан кэлбитэ. Ити сону, дьиҥинэн, сорохтор кыһалҕаттан кэтэллэр этэ. Саха кыргыттара барахсаттар уҥуохтара кылгас, онон, суубаны кэттилэр да, атахтара көстүбэт буола түһэр. Онно баҕар эн түүппүлэни кэт, баҕар хаатыҥканы анньын, баҕар адьас да атах сыгынньах тыбыгырайа сырыт, туох да көстүбэт – дьэ бэртээхэй таҥас диэтэҕиҥ! Өссө биир абыраллааҕа баар: саха кыыһа  сороҕор сиһэ уһун, атахтара кылгас уонна ардыгар маадьаҕар буолааччы, киһи онтон улаханнык уолуһуйбат. Ол иэдээнтэн ити уһун сон барахсан быыһыыр – үрдүгэр саба быраҕынныҥ да, нырылыйа тураҕын. Били сон күлүөс ыстаан курдук уулусса сыыһын-буорун бүтүннүүтүн соһон, ханнык дьиэҕэ тиийэн киирбитиҥ ырылыччы көстө сытар, эргиттэн саһаҥҥын да туһаҥ суох.

Аны сорох мааны чүөчэлэр ыт тырыта тыыппытын курдук дьууппаны кэтэн сарымахтаһаллар, эмиэ муода сордоон эрдэҕэ. Санныларыгар туох түбэһэ түспүт таҥаһын суорҕан курдук бүрүнэ быраҕыннылар да, тэлээрэ тураллар, үүт-үкчү былыргы сэрииһит мексиканецтар курдук. Ити эмиэ бэрт экономичнай таҥас – ырбаахы эҥин тиктэн эрэйи көрбөккүн, маҕаһыынтан миэтэрэлээх таҥаһы атыылаһан ылан хайаҕас оҥон баран, ол үүтүнэн төбөҕүн быктардыҥ да, бэйэҥ киэнэ. Аны тобуктарын аһарар уп-уһун саппыкылары кэтэллэр, дьүһүнэ, быһыыта-тутуута үүт-үкчү били улуу Суворов полководец саппыкылара эбит. Кырдьаҕас ону түһээн да баттаппакка томторго сыттаҕа. Билэрэ буоллар саабылатын туппутунан томторуттан быһаарса сүүрэн түһүө этэ.

Былыргы байыаннай саллааттартан уоран ылан туһаммыттара элбэх. Кыргыттар муус маҥан рейтузаны түөстэригэр диэри тардынан баран хаамсан чыппаҥнаһаллар, сорохтор Чапаев папаахатын курдук хороҕор бэргэһэни кэппиттэр, субу сибилигин барабаан тыаһыгар доҕуһуоллатан атаакаҕа киириэх курдук тутталлар-хапталлар. Сороҕор өрөбөлүүссүйэ мотуруостарын ыстааннарын курдук киэҥ да киэҥ бүрүүкэлэри кэтэннэр хаамсан халылдьыһаллар – тобуктара ханан токуруйара да көстүбэт. Ити эмиэ улахан абыраллаах таҥас. Маадьаҕар кыргыттар итинник ыстааны кэттилэр даҕаны, сирэйдиин-харахтыын адьас уларыйан, сүрдэнэ түһэллэр, хаамыы-сиимии, ол-бу диэки көрүү-истии бөҕөтө...

Тоҕус уонус сыллартан кыргыттар хап-халыҥ платформалаах соппуосканы кэппиттэрэ. Уулусса нөҥүө олорор Сүөдэрэппээн оҕонньор кыра сиэнин сыбаайбатыгар ол кыыс баллайбыт халыҥ платформалаах соппуоскатын кэтэн баран үҥкүүлээн өрүтэ ыстаҥалыы сылдьара харахпар бу баар курдук. Кини төһөнөн үөһэ ыстанабын да, оччонон үчүгэй үҥкүүһүт аатырабын диэн  толкуйдааҕа. Кырдьаҕас былыр эдэригэр дэриэбинэҕэ “король вальса” эбитэ үһү, ол иһин эдэр эрдэҕинээҕитин эргитэ сатаан оннук дьүһүлэнэр буоллаҕа. Билигин нуорка сон эргиччи түбүлээн сылдьар. Дэриэбинэ маҕаһыыныгар бырадабыас Гуоса кэм да иһин үөнэ көбүөхтээн: “Нуорка суубалаахтарга иэс бэриллибэт!” -  диэн биллэрбитэ ыраатта. Урут оннук курутуой саҕынньахтаахтар өҥ-түү быһа сиэн, топпут кумаар курдук аргыый хаамсан доодоҥноһоллоро. Оттон билигин нуорка соно суох чүөчэлэр хайдах эрэ мунчаарбыттыы көрөллөр-истэллэр, дириҥник үөһэ-аллараа тыыналлар. Сорохторо киэһээҥҥи аһылыкка остуол нөҥүө оҕонньотторун диэки элбэх иэстээх киһилии саҥата суох тобулу одуулаан олороллор.

Муода история көлүөһэтин курдук эргийэн, саҥалыы төннөн кэлэ турар. Оттон биһиги бу орто дойдуга олорбуппут курдук олоруохпут. Ханна барыахпытый? Кылаабынайа, бэйэҥ уонна дьонуҥ-оҕолоруҥ нүөл-тот, доруобай буоллуннар, атына барыта кэлэн иһиэ буоллаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....