Анна Николаева: «Дьон санаатын, ис туругун сааһылыыбын...»
Билиҥҥи олоххо «урбаанньыт» диэн тылынан кими даҕаны соһуппаккын. Кырдьыгынан эттэххэ, бэйэм билэр кыргыттарым, доҕотторум, атастарым быыстарыгар элбэх киһи бэйэтин дьыалатынан дьарыктанар. Ким эрэ үгэс буолбут бизнескэ үлэлиир, ким эрэ онлайн-бизнескэ баар.
Бүгүн миэхэ офтальмолог идэлээх, кэлиҥҥи кэмҥэ ситиһиилээх урбаанньыт, психолог Анна Николаева ыалдьыттыыр.
Анна биир үлэнэн, биир идэнэн муҥурдаммакка, куруук үөрэнэр, сайдар, саҥаттан-саҥаны баһылыыр, аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр киһи. Кини эбии психолог идэтин баһылаан, дьоҥҥо араас психологическай көмөнү оҥорор, ону таһынан бэйэтэ бизнестээх. Ол туһунан бүгүн сиһилии билиһиннэриэҕэ.
Оҕо эрдэхпиттэн аһыныгас санаалаах улааппытым
– Мин Ньурба улууһун Антоновка нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Ийэлээх аҕам, бииргэ төрөөбүттэрим бары финансистар. Мин эрэ медицина эйгэтин талбытым. Оҕо эрдэхпиттэн аһыныгас санаалаах улааппытым. Дьиэ кыылларын олус сөбүлүүрүм. Ыттаах, куоскалаах, ынахтаах, сүөһүлээх этибит. Ону барытын наһаа таптыырым, аһатарым, куруук көрө-истэ сылдьарым. Күһүн ынахпытын идэһэлээтэхтэринэ, сүрэҕим, дууһам олус айманара. Ол иһин да буолуо, оскуолабын бүтэрэн баран дьоҥҥо көмөлөһөр сыаллаах СГУ Медицинскэй институтугар “Педиатрия” салаатыгар туттарсан киирбитим. Алта сыл сөбүлүүр идэбэр үөрэ-көтө үөрэммитим, билигин устудьуоннаабыт сылларбын олус күндүтүк саныыбын.
Үлэ бастакы кэмнэрэ
– Онтон эмискэ урбаан эйгэтин сэргээтиҥ? Бу эйгэҕэ хайдах кэлбиккиний? Билигин туох бизнестээххиний? Ол туһунан кэпсээ эрэ...
– Биллэн турар, үөрэхпин бүтэрэрим саҕана “бизнес” эҥин диэн тылы үчүгэйдик өйдүү уонна интэриэһиргии илик буоллаҕым. Алта сыллаах үөрэх кэнниттэн дойдубар Антоновкаҕа балыыһаҕа педиатрынан ананан барбытым. Онно үлэлии сылдьан үөрэхпин салгыырга быһаарыммытым уонна Москваҕа ординатураҕа туттарсан киирбитим. Москубаҕа түөрт сыл үөрэммитим, үлэлээбитим. Онтон 2009 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэтээҕи Медицинэ киинигэр офтальмологынан үлэлии киирбитим уонна күн бүгүнүгэр диэри онно баарбын. Билигин кыра оҕобунан уоппускаҕа олоробун. 2010 сыллаахха кэргэммин кытта билсибитим, 2011 сыллаахха уруу киэһэтин тэрийбиппит. Бэйэм талан ылбыт идэбинэн үлэлээбитим номнуо ыраатан эрэр. Мин биир сиргэ тохтоон турарбын сөбүлээбэппин, куруук үөрэнэ, сайда сатыыбын. Ол курдук, үлэбин кытта дьүөрэлээн эбии ХИФУ-га биир сыл кэтэхтэн психолог идэтигэр үөрэммитим. Онтон хаһан “бизнес” диэн тылы интэриэһиргээбиппиний диэтэххэ, өссө 2005 сыллаахха эбит. Ити сыл ийэбэр Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэринэн “Я выбираю счастливую жизнь” диэн Снежана Тихонова кинигэтин бэлэхтээбитим уонна тута бэйэм наһаа интэриэһиргээн аахпытым. Бу кинигэ мин өйбүн-санаабын тосту уларыппыта. Быһаарыныыны түргэнник ылынарга, өйү-санааны сааһыланарга о.д.а. үөрэммитим. Ол кэмтэн ыла мин сөбүлүүр эрэ дьарыкпынан дьарыктанабын уонна бэйэм сөптөөх суолбун булуннум дии саныыбын. Киһиэхэ олох биирдэ бэриллэр. Сорох дьон олохторун тухары сөбүлээбэт үлэлэригэр олороллор, сөптөөх дьарык да булумматтар. Киһи сөбүлүүр үлэтигэр, дьарыгар таба тайанара дьол эбит.
– Бу дьарыгыҥ, үлэҥ туһунан, дьэ, сиһилии сырдат эрэ.
– Дьону кытта үлэлиирбин, алтыһарбын, ирэ-хоро аһаҕастык сэһэргэһэрбин олус сөбүлүүбүн. Психолог идэтигэр үөрэммитим олохпор, үлэбэр олус туһалыыр. Ол курдук, билигин баҕалаах дьоҥҥо психологическай консультациялары оҥоробун. Манна икки хайысха баар, бөлөҕүнэн уонна индивидуальнай. Диагностика түмүгүнэн клиент тоҕо сыала суоҕун быһаарабын, сүбэ-ама биэрэбин. Диагностика диэн наһаа наадалаах. Маны ааспыт киһи ыгылла, күүрэ сылдьар санаатыттан босхолонор, саамай долгуйар туочукатын булабыт. Уопсайынан, психологическай үлэ олус киэҥ өйдөбүллээх, киһи биир тылынан быһааран кэбиспэт. Билигин элбэх киһи хомолтотун, тууйуллубут санаатын барытын иһигэр тутар, сатаан таһыгар таһаарбат. Маннык дьону кытта үлэлиибит, аһаҕастык кэпсэтэбит. Иккис хайысхабынан аромопсихология буолар, аромостилист диэн буолабын. Миэхэ ураты, уникальнай ароматтар бааллар. Кинилэр бары туспа сыаллаахтар-соруктаахтар, мээнэ сыт буолбатах. Хас биирдии аромат суолталаах, тыыннаах, натуральнай, анал арыылартан оҥоһуллубут, киһи вибрациятын үрдүк таһымҥа таһаарар. Манна хайаан да дьону кытта көрсөн кэпсэтэбин, тест толорторобун. Ол кэнниттэн бэйэлэрин сөбүлүүр ароматтарын талаллар. Хас биирдии аромат барыта олоххо, үлэҕэ, карьераҕа о.д.а. эйгэлэргэ көмөлөһөр. Бу нейроароматтар киһи олоҕор сөптөөх сыалы-соругу туруорунарыгар, бизнескэ сыалын ситиһэригэр, дуогабар баттаһарга, хамсаабат баай-дуол атыытыгар, урбаанньыттарга табаардара атыыланарыгар о.д.а. олус көмөлөһөр. Ону таһынан сорох ароматтары туттубут сулумах кыргыттар кэргэн тахсар түгэннэрэ баар, кинилэр кэрэ аҥаар быһыытынан арыллаллар, бэйэлэрин дьоллорун булаллар. Сынньана сылдьар дьоҥҥо аналлаах туспа аромат баар. Бу кэмҥэ үчүгэйдик утуйаллар, ууларын ханаллар, өй-санаа, эт-сиин өттүнэн сынньаналлар. Партнер буолуон баҕалаах дьон аромостилист, аромопсихолог буолуохтарын сөп. Дьон олус интэриэһиргиир, баҕалаах киһини кытта хаһан баҕарар көрсөргө бэлэммин. Киһи доруобуйатыгар улахан суолтаны ууруохтаах. Онуоха мин көмөлөһөбүн. Холобур, уопсай киһи психо-эмоциональнай туруга. Аромат уонна психология. Ол аата киһи ис туругун кытта үлэлиибин. Тоҕо диэтэххэ ханнык баҕарар киһи ис-иһигэр туохтан эрэ долгуйар, куттанар. Оннооҕор туох баар киһи ыарыыта барыта эмиэ ис турук уларыйарыттан тахсар. Маны сэргэ киһи килиэккэлэригэр туһалаах бородууксуйалары атыылыыбын.
– Билигин киһи үөрэнэригэр, сайдарыгар наһаа үчүгэй кэм кэллэ. Ким кинигэ ааҕар, ютуб-ханаалга үөрэнэр, ким эрэ конференцияларга, трениннэргэ кыттар. Эн хайдах сайдаргын сөбүлүүгүн? Саамай хантан элбэх билиини ылаҕын?
– Урбаанньыт эбэтэр бизнеһи интэриэһиргиир киһи элбэҕи ааҕыахтаах, араас трениннэргэ, киһини сайыннарар тэрээһиннэргэ, конференцияларга сылдьыахтаах. Мин киһи үүнэр, сайдар тэрээһиннэрин олус сөбүлүүбүн. Ардыгар Москваҕа кытта баран үөрэнэн кэлэбин. Билиҥҥи аныгы үйэҕэ араас кыах барыта баар, сөпкө туһаныахха эрэ наада дии саныыбын.
– Эйиэхэ саамай чугас тугуй: интэриниэт эбэтэр кинигэ?
– Интэриниэт киһи сайдарыгар наһаа үчүгэй, . Холобур, “ютубка” киирэн араас куурустарга үөрэнэбин, аудио-кинигэлэри истэбин. Онон, интэриниэт миэхэ быдан чугас.
– Анна, интэриэһинэй кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Быйылгы сылга туох былааннааххыный?
– Тас дойдуга тахсыахпын баҕарабын. Ону таһынан кэргэммин, оҕолорбун кытта эмиэ туспа сынньалаҥы былаанныыбыт. Билиҥҥитэ Турцияны интэриэһиргиибит. “Киин куорат” хаһыат ааҕааччыларыгар барыларыгар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, үлэҕэ, бизнескэ ситиһиилэри, үгүс үөрүүнү-көтүүнү, умнуллубат кэрэ түгэннэри баҕарабыт!