10.11.2023 | 10:00

Анестезиолог-реаниматолог Акулина Федотова: «Өлүүгэ үөрэнэн хаалар сатаммат»

3 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа Реанимация уонна интенсивнэй терапия салаатын (РИТС) сэбиэдиссэйэ, анестезиолог-реаниматолог Акулина Степановна Федотова салаа үлэтин, идэтин хайдах талбытын уонна COVID-19 туһунан кэпсээтэ.
Анестезиолог-реаниматолог Акулина Федотова:  «Өлүүгэ үөрэнэн хаалар сатаммат»
Ааптар: Суруйда: 3-с №-дээх ӨКБ пресс-сэкиритээрэ Клара Гаврильева, тылбаастаата: Уйгулана Бочонина
Бөлөххө киир

Реанимация салаата 6 куойкалаах, 17 үлэһиттээх, ол иһигэр: 4 быраас, 9 сиэстэрэ, 4 алын сиэстэрэ. РИТСка атын профильнай салаалартан ыарыһахтар киирэллэр: кардиология, неврология, гериатрия (терапия). 2022 сылтан ОНМК ыарыһахтара 2-с реабилитация түһүмэҕин ааһа киирэллэр. Ону таһынан паллиативнай куойкалары кытта репсиснай көмө өҥөтө бааллар.

 

Идэм эбэтэр аналым

Мин медицинэҕэ суолум 2001 сылга саҕаламмыта, 3 кууруска Медкиин Клиническай киинигэр реанимация уонна интенсивнэй терапия анестезиология салаатыгар үлэлии кэлбитим. Оччолорго ханнык хайысханы  таларбын билбэт этим эрээри, реанимация үлэтэ тэтимнээх уонна түргэн-тарҕан буолары ирдиирин өйдөөн, анестезиолог-реаниматолог быраас идэтин талбытым. Онон бу хайысхаҕа 18 сыл устата санитаркаттан бырааска тиийэ бары кэрдиистэри аастым.

2019 сылга 3 №-дээх ӨКБ Гериатрическэй киинин реанимация уонна интенсивнэй терапия салаатыгар үлэлии киирбитим. Гериатрия киинэ инфекционнай стационар буолбут кэмигэр кэлбитим биир өттүнэн уустук этэ даҕаны, кэрэхсибиллээх кэм этэ. Биллэн турар, саҥа кэлэктиипкэ кэлэр — ыарахан түгэннэртэн биирдэстэрэ. Саҥа сиргэ, саҥа быраабылаҕа үөрэнэр өрүүтүн уустук, ол гынан баран барыта табыллан, Гериатрия киинин үтүөкэн кэлэктиибигэр түбэспитим.

Мин билэрбинэн, медицинэҕэ, бастатан туран, идэлэрин сөбүлүүр дьон кэлэр. Ыарыһахтары кытта эрэ буолбакка, кинилэр төрөппүттэрин кытта үлэлэһэргэ, туох-ханнык иннинэ, идэҕэ бэриниилээх буолуу, үтүө сүрэх уонна тулуур наада.

Сорох дьон эмтэммэт ыарыылар баалларын, быраастар таҥара буолбатахтарын, оттон биһиги бары бу сиргэ өрүү кэлбэппитин өйдөөбөттөр. Хас да чааһы, күнү, нэдиэлэни быһа медиктэр киһи олоҕун туһугар охсуһаллар. Ол үрдүнэн ардыгар быраастарга мөкү сыһыан баара хомолтолоох. Үгүс өттүгэр маннык быһыы-майгы сонуну киэҥник көрдөрөр-иһитиннэрэр тиһиктэр таһаарыыларыттан тахсар. Биллэн турар, ыарыһаҕы барытын быыһыыр кыахпыт суох, ол эрээри өлүүгэ үөрэнэн хаалар эмиэ сатаммат. Оттон үлэбит биир саамай ыарахан түгэнэ — киһи өлүүтүн туһунан аймахтарыгар биллэрэр.

Мин үлэбин таптыыбын. Үлэ дуоһуйууну аҕалар буоллаҕына, сылайыыны билбэккин. Ону таһынан миигин куруук дьиэбэр күүтэллэр, үлэм таһынан атын элбэх кэрэхсэбиллээх дьарыктаахпын.

 

Көмөлөһөргө куруук бэлэммит

Чугас киһи ыалдьыбытыттан сылтаан олох тосту уларыйарын элбэх киһи  санаан да көрбөт. Оннукка бэлэм буолбаккын, туохха бэлэмнэнэргин хаһан да билбэккин. Ол да буоллар маннык түбэлтэҕэ ыалдьыбыт киһигэр уонна бэйэҕэр көмөлөһөр туһунан толкуйдуохтааххын. Оччоҕо биирдэ сыһыаҥҥытын алдьаппакка, сыыһа-халты туттубакка, бииргэ сылдьыаххытын сөп.

Холобура, биһиэхэ биир ый атын балыыһаҕа сыппыт ОНМК ыарыһах 2-с реабилитация түһүмэҕин ааһа киирэр. Биллэн турар, икки ыйынан кини  балыыһаҕа киириэн иннинэ курдук буолбат. Үксүн ыарыһахтар 15-тэн 70 %- ҥа диэри ыйааһыннарын сүтэрэллэр. Оттон аймахтара чугас киһилэрэ куурбутун-хаппытын, элбэх трубочкалаах сылдьарын көрдөхтөрүнэ, шок ылаллар.

Маны сэргэ ыарахан ыарыы хас да сыл устата салҕаныан сөбүгэр бэлэм буолуохха наада. Холобура, ыарыһах сытар хоһун, оронун хайдах табыгастаах гына оҥоруохха сөбүй? Өскөтүн функциональнай орону талар буоллаххытына, ол орон ханна туруой? Ыарыһаҕы кытта хайдах сөпкө кэпсэтиэххэ, аһатыахха сөбүй? Киһи аҕыйахта хамсанара туох содулу аҕалыан сөбүй? Ыарыһах аймахтарыгар бу уонна да атын ыйытыылар үгүстүк үөскүүллэр.

Реанимация үгүс киһиэхэ үчүгэй сиринэн аатырбат. Дьон үксэ киһи өлүүлээх сир курдук ылынар. Биһиги үрдүк квалификациялаах кэлэктииппит бу стереотипы тоһутарга дьулуһар. Эрдэ этиллибити учуоттаан, биһиги реанимациябыт ыарыһахтар аймахтарыгар көрөргө-истэргэ өрүүтүн көмөлөһөр уонна, саамай сүрүнэ — үөрэтэр соруктаах. Биир тылынан эттэххэ, биһиги — аһаҕас реанимациябыт.

Ол курдук, реанимацияҕа сытар ыарыһахтары кытта көрсөргө туһунан табыгастаах бэрээдэк оҥоһулунна, биллэн турар, санитарнай-эпидемиологическай эрэсиим тутуһулларын ирдиибит. Онон чугас дьонноро эмтиир-диагностикалыыр эбэтэр реанимациялыыр процедуралары ыытыы кэмнэриттэн ураты үлэ чааһыгар кэлэн көрсөн барыахтарын сөп.

Ыарыһаҕы көрсө кэлээччилэр биирдэ туттуллар халаатынан, маасканан уонна бахиланан хааччыллаллар. Куртах зондатын, трахеостомическай туруубаны, цистостоманы, гастростоманы хайдах туһанарга памяткалар оҥоһулуннулар. Ыарыһаҕы сөпкө көрөргө-харайарга үөрэтэбит. Ону таһынан нутрициолог-быраас хас биирдии ыарыһахха индивидуальнай нутритивнай өйөбүлү оҥорор.

 

Ковид саҕана

Биһиги балыыһабыт үгүс эмп тэрилтэтин курдук COVID-19 ыалдьыбыт ыарыһахтары эмтээбитэ. Карантин бастакы күннэрэ ордук ыарахан этэ, персоналы бүтүннүүтүн изоляциялаан, 10 хонук балыыһаҕа олордубуппут, суукканы быһа дьуһуурустубалаабыппыт. Хомойуох иһин, сорох ыарыһахтарбытын сатаан быыһаабатахпыт. Ол эрээри киэҥ билиилээх салайааччылардаах буоламмыт, туох баар наадалаах аппаратынан, тэрилинэн, эминэн хааччыллан, стационарбытыгар өлүү аҕыйах этэ, бырыһыанынан көрдөрүү өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастыҥ этэ.

 

Мэтээл икки өрүтэ

Билигин медик үлэтэ олус уустук буолбута кистэл буолбатах. Ыарыһахтар уонна быраастар бырааптара уонна эбээһинэстэрэ ыкса ситимнээх.  Ыарыһахтар уонна кинилэр аймахтарын этикалара, медперсоналга сыһыаннара быраастар, сиэстэрэлэр үлэлэригэр уонна, тиһэҕэр, эмтээһин көдьүүһүгэр быһаччы дьайар. Ону ардыгар интэриниэттэн сыыһа информацияны ылан кэлэн, быраас үлэтигэр улаханнык мэһэйдииллэрэ баар суол. 

Мин практикабар биир ыарыһаҕы сатаан быыһаабатахпытыгар аймахтара кэллиэгэлэрбэр, миэхэ бэйэбэр даҕаны төлөпүөннээн суоһурҕаммыттара.  Ол олус да ыарахан кэм этэ, бары даҕаны уйулҕабыт эмсэҕэлээбитэ. Биллэн турар, хас биирдии ыарахан түбэлтэ биһиги нөҥүө ааһар. Ол эрээри махтанааччы быдан элбэх. Түөрт ыйы быһа сыппыт ыарахан ыарыһахтаах этибит. Хомойуох иһин, быыһаабатахпыт эрээри, аймахтарын кытары сибээһи билигин даҕаны тутабыт.

Өссө биир түбэлтэни ахтыахпын баҕарабын. Ковиднай стационарбытыгар ыарахан туруктаах, тыҥата 100% эмсэҕэлээбит дьахтар киирбитэ. Кини элбэх атын ыарыылаах этэ, онтуката COVID-19 ыарыытын уустугурдара. Клиническэй прогноһа бөрүкүтэ суох этэ да буоллар, олоххо тардыһыыта, таптала олус күүстээх буолан, кэлин толору үтүөрэн дьиэлээбитэ.

 

«Долго жить» пуонда

Биһиги ыарыһахтарбыт бары саастаах дьон, сүрүннээн 70-тан тахсыбыттар. Эмсэҕэлээбит психикалаах уонна түөһэйии диагнозтаах дьон бырыһыана баһыйар, ол иһин хас биирдии киһиэхэ ураты сыһыан ирдэнэр.  Манна профессиональнай үөрүйэхтэри эрэ буолбакка, уйулҕа өттүнэн тулууру, өйдөбүлү эмиэ көрдөрүөхтээхпит.

Ыарыһаҕы көрүүгэ-истиигэ үксүн клиническэй кыһалҕалары эрэ буолбакка, өссө психологическай уонна социальнай кыһалҕалары быһаарабыт. Итинник ыарыһахтары көрөр дьон туох уратылаахтарын билиэхтээхтэр, оччоҕо биирдэ түргэнник үтүөрүөхтэрин сөп. Сааһырбыт киһини көрөргө-истэргэ ураты ирдэбил наада. Чугас дьонноро аймахтарын оронун аттыгар хаайтарар иллэҥнэрэ суох. Онон үгүс киһи итинник кыһалҕаны быһаарар суолу-ииһи көрдүүр. Сөпкө тэриллибит көрүү-истии — ситиһиилээх үтүөрүү төрүөтэ.

Бу кыһалҕалары быһаарыынан “Долго жить” пуонда дьарыктанар. Пуонда аймахтарга сөптөөх хайысханы тутуһарга көмөлөһөр, психологическай көмөнү оҥорор уонна  ыарыһаҕы көрөөччүнү булан биэрэр. Оттон биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн кинилэри үөрэтэбит.

Итини таһынан биһиги салаабытыгар ыарыһахтары эрэ буолбакка, кинилэр аймахтарын кытта үлэлэһэр уйулҕа үөрэхтээхтэр баар буоллулар. Эмтэниини эбэтэр өлүүнү чэпчэкитик ылынар туһугар, быраастары уонна ыарыһахтар аймахтарын кытта кэпсэтэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...