08.03.2023 | 07:00

Анегина Ильина-Дмитриева: «Сөбүлүүр идэбинэн үлэлээбит дьоллоохпун...»

Анегина Ильина-Дмитриева:  «Сөбүлүүр идэбинэн үлэлээбит дьоллоохпун...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Кини ыллаан, күөрэгэйдии дьырылаан бардаҕына, истээччи ыраахха, үрдүккэ көтөргө дылы буолар. “Киһиэхэ – төрөөбүт дойдута” диэн ырыата саҕаланнаҕына, көрөөччү, чахчы да, дууһата ытаабытынан-ыллаабытынан барар. Ол курдук бар дьонугар дьол кустугун саҕан, норуот билиниитин, тапталын ылан кэллэ. 
Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта – ССРС, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Былатыан Ойуунускай, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Михаил Глинка ааттарынан Судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреата Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева.

Ийэлээх аҕата

Оҕо саас күлүм түгэннэрэ

– Анегина Егоровна, ааспыт үбүлүөйгүнэн, Аан дойду дьахталларын күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэ! Сааһыҥ хайдах саҕаланна?

– Сырдык сааспыт да, кырдьар сааспыт да кэллэ (күлэр). Кубулҕаттаах кулун тутар ыйбыт үүннэ, күммүт чаҕылыйан, олус үчүгэй буолла. Саха сирин дьоно уһун унньуктаах кыһын кэнниттэн бары да сааһы, сайыны күүтэбит. Туох да диэбит иһин, быйыл ураты тымныы кыһын ааста. Ол да буоллар тыйыс дойду дьоно, ону аахсыбакка, син тулуйан, этэҥҥэ үлэлээн-хамсаан олоробут.

Сыл-хонук олус түргэнник элээрэр эбит. Ардыгар киһи оҥоруоҕун да оҥорбокко, ситэриэҕин да ситэрбэккэ хаалар. Ол иһин күн-дьыл биллибэккэ ааһар быһыылаах. Хайыаххыный, туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх. Олох бэйэтэ туспа быраабылалаах. 

– Чэ, кэпсэтиибитин саҕалыахха. Оҕо сааһыҥ умнуллубат түгэннэрин ахтан-санаан ылыахха. 

– Аҕам Егор Иванович Ильин, ийэм Анна Николаевна Николаева сүрэхтэрин холбоон, өр сылларга бииргэ олорбуттара, элбэх оҕону төрөппүттэрэ. Бырааттарым – мин сулустарым. Бары ыаллар, ийэлээх аҕабытын ааттатар ыччат дьону тэнитэн этэҥҥэ олороллор. 

Аҕабыт Егор Иванович – Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, Берлиҥҥэ тиийэ кыргыһан, Улуу Кыайыыны уһансыбыта, “Кыһыл Сулус” уордьаннаах, элбэх мэтээллээх. Учуутал үөрэхтээх этэ, сэриигэ барыан аҕай иннинэ Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрбитэ. Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүгэр ананан үлэлээбитэ. Бэйэтэ төрдө Үөһээ Бүлүү Нама, ийэбит – Кэнтик. Онон аҕабыт сэриигэ барарыгар Намҥа эдьиийбит Маарыйалаахха көһөн тиийбиппит.

Аҕам сэрииттэн эргиллэн кэлэн баран учууталлаабыта. Мин оскуолаҕа кинини батыһан барбытым. Кыра киһиэхэ уһун айан этэ – нэһилиэк биир баһыттан биир түгэҕэр диэри, аллараа Хордоҕойго тиийэрбит. Билигин санаатахпына, аҕам халлаан сылаас эрдэҕинэ илдьэ сылдьыбыта, онтон тымныйарын саҕана тохтоппута, таҥыннарарыгар эҥин бадьыыстаһара элбэх буоллаҕа (күлэр). Ол кэмҥэ номнуо ааҕарым, суруйарым, ахсааны билэрим, онон нулевой кылааһы көтүппүтүм. Аҕам библиотекаттан кинигэ уларсан кэлэрэ, онон дьиэбэр да оскуолаттан итэҕэһэ суох этэ.  

Бу санаатахпына, дьоммут наар үлэлэригэр сылдьаллара. Мин эбээ Токоойо оҕото этим. Аҕабыт ийэтэ оҕо көрсөн көмөлөһөрө. Оччотооҕу кэм оҕолоро күн солото суох буоларбыт. Дьиэ ис-тас түбүгэ элбэҕэ. Арай сайын кыргыттары кытта эбэҕэ уу баһа киирэрбитин өйдүүбүн. Ол сылтахпыт эрэ этэ (күлэр). Дьүөгэлэрбин кытта сөтүөлээн чомполонорбут. Аны оччотооҕу оҕолор борокуот ааһарын маныырбыт. “Борокуот иһэр!” – диэн үөрүү-көтүү буолара. Ыраахтан буруота эрэ унааран көстөрө. Хас чааһынан биһиэхэ тиийэн кэлэрин быһа холоон билэрбит. Сороҕор өр баҕайы айанныырын өйдүүбүн. Бука, бириистэҥҥэ тохтуур, хонор-өрүүр быһыылааҕа. 

Оскуолатааҕы сылларбын үөрэ-көтө ахтабын. Үөрэнээччилэр туох баар бырааһынньыкка – сэтинньи 7 күнүгэр, Саҥа дьылга, Маайга, Ыһыахха хайаан да кэнсиэртиир буоларбыт. Үөрэх быыһыгар ити бэлиэ күннэргэ ырыа, хоһоон, акробатическай нүөмэрдэри бэлэмнээн, күммүт-дьылбыт биллибэккэ ааһара. Мин соҕотоҕун да, хорга да ыллыырым, саха норуодунай поэта Бүөтүр Тобуруокап  улахан кыыһа Любалыын дуэттыырбыт. Кэнсиэргэ кыттар оҕолор ытыс тыаһын ылан үөрэрбит-көтөрбүт. Көрөөччүлэрбит төрөппүттэрбит, нэһилиэк олохтоохторо буолаллара. Үлэттэн сылайбыт дьон сүргэлэрэ көтөҕүллэрэ, бары да сэргэхсийэллэрэ. Ийэлээх аҕабыт: “Наһаа үчүгэйдик ыллаатыҥ, хоһооҥҥун бэркэ аахтыҥ”, – диэн хайгыыллара. Төрөппүттэрбит үөрүүлэриттэн дьиэбит иһэ сырдыырга дылы буолара. Кинилэр астыммыт сирэйдэрэ-харахтара күн бүгүҥҥэ диэри өйбөр-сүрэхпэр сөҥөн хаалбыт. Бу олорон санаатахпына, дьоммутун-сэргэбитин үөрдээри-көтүтээри, сыанаҕа тахсар буолбут эбиппит. Оччоттон баччааҥҥа диэри ырыаттан атыны тугу да билбэппин, сөбүлүүрүм да, сатыырым да суох курдук (күлэр).

Бырааттара - олоҕун сулустара

– Биир дойдулааҕыҥ, саха норуодунай поэта Бүөтүр Тобуруокап хас да хоһоонун ырыа гынан көтүппүтүҥ. Кинилиин алтыспыт кэмнэргин кэпсиэҥ дуо?

– Петр Николаевич – учууталым, саха тылыгар үөрэппитэ. Улахан кыыһа Любалыын бииргэ ыллыырбыт. Кини 1942 сыллаах төрүөх, миигиттэн ыйтан эрэ ордук аҕа. Саргылаана биһигиттэн кыра.  Биир сыл Грант Григорян Намҥа кэлэ сылдьан Люба биһиккини Дьокуускайга музыкальнай оскуолаҕа ыытыҥ диэбит этэ. Бу санаатахха, итинник командировкаҕа сылдьан музыкаҕа дьоҕурдаах оҕолору сүүмэрдииллэр эбит. Дьоммут кыралара бэрт диэн ыыппатахтара, оччолорго 9-10 эрэ саастаах буоллахпыт.

Тобуруокаптар биһигиттэн тэйиччи олорбуттара. Нэһилиэккэ ытыктанар дьон буоллахтара, онон дьиэлэригэр мээнэ сылдьыбаккын. Биһиги, сэрии кэмин уонна сэрии кэннинээҕи оҕолор, учууталга ураты сыһыаны тутан улааппыппыт. Ол саҕана оҕо барыта учуутал буолуон баҕарара, учууталлары таҥара курдук көрөрө.

Мин Үөһээ Бүлүү улууһун Нам 7 кылаастаах оскуолатыгар алтыс кылааска диэри үөрэммитим. Онтон алтыс кылааска Уус Майаҕа көһөн барбыппыт, онно үөрэммитим. Сэттис кылааһы Дьокуускай 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар бүтэрбитим. Билигин аттынан ааһан иһэн көрөбүн, ахтылҕаҥҥа куустарабын. Олус бэркэ өрөмүөннүүллэр, оскуолабыт барахсан, үүт-үкчү уруккутун курдук, бэйэтэ бэйэтинэн турар.

Педучилище устудьуона

Олохпор көрсүбүт үтүөкэн дьонум

– Дьүөгэлэргин батыһан үөрэххэ киирбиккин истибитим. Ол аата эйигин дьылҕаҥ бэйэтэ салайдаҕа?

– Оннук. Урут орто анал үөрэх кыһатыгар сэттис кылаас кэнниттэн киириэххэ сөп этэ. Мин 1957 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа үөрэххэ киирбитим. Ону да дьүөгэлэрим Галя Михайлова уонна Валя Дмитриева педучилище музыка салаатыгар туттарсар буолбуттара. Мин кинилэргэ көннөрү көх-нэм буолаары батыһан барбытым. Сүүмэрдээһиҥҥэ музыканы төһө истэргин, ритмҥин бэрэбиэркэлииллэрэ. Күн бүгүҥҥэ диэри ол систиэмэ биир соҕус. Мин көрүдүөргэ аан аттыгар күүтэн турдахпына: “Следующий”, – диэн ыҥырбыттара. “Туттарса кэлбэтэҕим ээ”, – диэбиппэр, кыргыттарым: “Кини үчүгэйдик ыллыыр”, – диэн баран хамыыһыйа хоһугар анньан кэбиспиттэрэ. Ыллыырбын ыарырҕаппат буоллаҕым, онон ыллаан бардаҕым дии. Тоҥсуйалларын барытын үтүктэн, этэргэ дылы, туох диэбиттэрин тук курдук толорон испитим. Сарсыныгар кэлэн көрбүппүт, испииһэккэ кыргыттарым суохтар, оттон мин баарбын. Кинилэр ааспатахтарыттан санаам түспүтэ, хомойбутум. Икки күнүнэн дьыктаан суруйбуппут. Ону да дьээбэҕэ диэн тиийбитим. Сарсыныгар баран көрбүппүт, киирбит оҕолор ортолоругар мин аатым баара.

– Быйыл Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сыла. Ырыаҕа, искусствоҕа сирдээбит, үөрэх-билии эйгэтигэр ииппит-такайбыт дьоҥҥун истиҥ тылынан ахтыахха.

– Училищеҕа “Сольное пение” диэн дьиссипилиинэҕэ Андрей Филиппович Костин диэн учуутал үөрэппитэ. Ырыаһыт буолар дьылҕабын быһаарбыт уһуйааччым – кини. Икки кууруһу ситиһиилээхтик үөрэммитим. 1959 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи уус-уран самодеятельность бэстибээлэ буолбута. Онно араас куораттартан, култуура институттарыттан, консерваториялартан   бэрэстэбиитэллэр талааннаах оҕолору тала, сүүмэрдии кэлбиттэрэ. Учууталым Андрей Филиппович: “Анегинушка, ыллаан иһитиннэриэххэ”, – диэбитэ. “Оо-дьэ” диэн долгуйа-долгуйа барбытым. Биһиги училищебытыттан Александр Тихонов, Иван Корнилов диэн уолаттары талбыттара. Кэлин истибитим, иккиэн төннөн кэлбиттэр этэ. Миигин сааһынан кыра диэн, тута Москватааҕы судаарыстыбаннай консерватория иһинэн музыкальнай училищеҕа ыҥырбыттара.

ДьПУ устудьуоннара - II-c өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат бэстибээлин кыттааччылара. 1959 с.

Аҕам дьиэ тутуутун төбө ыарыыта оҥостубат этэ. Элбэх оҕолоох ыалы ким дьукаах ылыай, онон тиийбит сиригэр хайдах баҕарар дьиэни дьэндэтэн таһаарар кыахтааҕа. Биһиги Дьокуускай куоракка Сайсары түөлбэтигэр олорбуппут. Ол саҕана ити диэки тула ойуур этэ, биир да дьиэ суоҕа. Дьиэбит хаптаһын быыстааҕа, биир өттүгэр –  оҕолор, иккис өттүгэр дьоммут утуйаллара. Аҕабар үөрэххэ киирбитим туһунан быыс нөҥүө кэпсээбиппин билиҥҥэ диэри күлэ ахтабын. Бастаан ырааҕынан эргитэн: “Мин үөрэххэ киириэхпин сөп дуо?” – диэн ыйыппытым. Аҕам быыс нөҥүө олорон: “Эн кыраҕын, ханна да ылбаттар”, – диэбитэ. “Оттон мин үөрэххэ киирдим ээ”, – диэбитим. “Бу оҕо тугу-тугу кэпсиирий?” – диэн дьонум итэҕэйбэтэхтэрэ. Аҕам: “Сарсын бара сылдьыахпыт”, – диэбитэ.  Оччолорго  дириэктэр Михаил Семенович  Романов этэ. Өр кэпсэппиттэрин өйдүүбүн. Онон кырдьыгым барыта быһаарыллан, санаам чэпчээн, дьиэбэр дьиэрэҥкэйдии-дьиэрэҥкэйдии тиийбитим (күлэр).

– Дьэ, онтон Москвалыыр буоллуҥ? Хомунуу-тэринии сүпсүлгэнэ саҕаланнаҕа?

– Аҕам фанераттан быыкаа чымадаан оҥорбута, от күөҕүнэн кырааскалаабыта, иһин обуойдаабыта. Ийэм чехол тикпитэ, онно истээх соммун укпута. Училищеҕа да, консерваторияҕа да туспа уопсайбыт суоҕа. Гнесиннэр уопсайдарыгар кыбыллан, онтон Щепкин аатынан училищеҕа үөрэнэр оҕолору кытта Трифоновкаҕа олорон, наар көһө сылдьыбыппыт. Онно ити чымадааным абыраабыта, билиҥҥэ диэри баар ээ.

Москваҕа аҕам үөрэппит оҕото, балта Анна Николаевна Ильина арыаллаан илдьибитэ. Ол саҕана кини Ленинградка Герцен институтугар үөрэнэрэ. Мантан сөмөлүөтүнэн, онтон поеһынан айаннаан тиийбиппит. Дьэ, уһун, сылаалаах айан этэ. Ыстаансыйа аайы дьон киирэрэ-тахсара, атыы-кутуу буолара. Мин ол аайы сүүрэн түһэрим, ону эдьиийим хаалан хаалыа диэн долгуйара. Анна Николаевна Ытык Күөлгэ кийиит буолбута, СӨ үтүөлээх учуутала. Хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суох.

Консерваторияҕа Нина Львовна Дорлиак ийэбин солбуйбута, киниттэн элбэххэ үөрэммитим. Ытыктыыр учууталбар махталым муҥура суох. Кини кылааһыгар араас омук оҕото барыта үөрэнэрэ. Дьиҥнээх уһуйааччы, настаабынньык, профессор этэ. Уопсайынан, олохпор көрсүбүт үтүөкэн дьоммун дьылҕам бэлэхтэрэ диэн ааттыыбын. Кэрэ эйгэҕэ үөрэнэн, үүнэн-сайдан, киһи-хара буолбутум – мин дьолум.

Консерваторияҕа

Сайдыы аартыга аһаҕас

Биир интервьюгар: “Ырыаһыт 9 сыл да үөрэнэрэ кыра”, – диэбиттээххин...

– Уопсайынан, ырыаһыт да, музыкант да уһуннук үөрэниэхтээх. Атын идэлэргэ да оннук буолуо дии саныыбын. Билигин Музыка Үрдүкү оскуолатыгар оҕолор үрдүк үөрэх бырагырааматынан биэс сыл үөрэнэллэр. Салгыы сайдыахтарын наада диибин. Биэс сыл, бэл, тоҕус да сыл диэн кыра.

Биһиги саҕана нота тэтэрээтэ суоҕа, бэйэбит линейканан биэс сурааһыны тардан баран, онно түһэрэрбит. Пианино икки эрэ кылааска баара. Ону да бииригэр чугаһаппаттара, биһиэхэ тыыттарбаттара. Ол иһин хара сарсыардаттан улахан уочарат буолара. Билигин, онно холоотоххо, туох барыта баар.

– Кэнники сылларга патриотизм суолтата үрдээтэ. Ону сэргэ, ыччат киэҥ сиргэ талаһара, маассабай көһүүтэ баар. Эн дойду хайа баҕарар муннугар тиийэн үлэлиир кыахтаах этиҥ... Бу туһунан санааҥ.

– Биһигини дьоммут үчүгэй олоҕу тутуннуннар диэн өйгө-санааҕа ииппиттэрэ. Хас биирдии киһи бэйэтин олоҕор хаһаайын, сарсыҥҥы күнүн санаатын хоту оҥостор. Мин санаабар, киһи барыта дойдутун суохтуур, ахтар. Онон кими да ырыппаппын, араас категорияҕа киллэрбэппин. Дьон тэҥинэн сырыттахтарына, үчүгэй буоллаҕа.

Билигин киһи үүнэригэр, үөрэнэригэр, сайдарыгар аартыга аһаҕас. Кини бэйэтиттэн эрэ тутулуктаах.

Опера Ж.Бизе Кармен.Кармен-А.Ильина, Эскамильо-солист Большого театра В.Валайтис.1984 г.
Графиня. Пиковая дама, П.Чайковскай
В партии Любаши в оперном спектакле Царская невеста Н.А.Римского-Корсакова Большого театра на сцене Кремлевского дворца съездов
Кармен

– Айар үлэҕэр үгүстүк кыайыы кынаттаммытыҥ. Олоҕуҥ үрдүк кыайыыта диэн тугу ааттыаҥ этэй?

– Сөбүлүүр идэбинэн үлэлээн кэлбит дьоллоох киһибин. Ол баар – үрдүк үөрүүм, олоҕум кыайыыта. 1967 сыллаахха Чехословакияҕа, онтон Мюнхеҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттыбытым. Бүтүн Сэбиэскэй Сойуус чиэһин көмүскүүр үрдүк эппиэтинэс этэ. Итинник күрэхтэргэ үгүс сүүмэрдээһини ааһарбыт. Киевкэ ыытыллыбыт устудьуоннар күрэхтэригэр кыттыым уонна кыайыылаахтар истэригэр киириим биир оннук этэ. П.И. Чайковскай аатынан консерватория аатыттан кыттар эмиэ улахан чиэс-бочуот буолара. Онно миэстэлэспэтэххинэ, үөрэнэр кыһаҥ аатын түһэн биэрии курдуга. Итинник эппиэтинэстээх күрэхтэргэ хотторбутум буоллар, карьерам да бүтүө этэ. Мюнхеҥҥа (ол саҕана ФРГ) тиийэн киирсэр, өссө кыайар диэн саныахха эрэ дөбөҥ этэ. 

Кэргэнин кытта

Тургутуулары этэҥҥэ туораан

– Киин куоракка олохсуйбутуҥ ырааттаҕа. Дьокуускайга сөбүлээн сылдьар сириҥ?

– Кэнники сылларга киин куораппыт сайынна, улаатта. Уларыйыы кэмэ суох барар. Пандемия саҕаланыаҕыттан аҕам саастаахтар, ханна да сылдьыбакка, дьиэҕэ олордубут. Ити аҕыйах сыл икки ардыгар тутуу бөҕө барда. Урут биһиги дьиэбититтэн мыраан көстөр этэ, билигин – тула өттүбүт дьиэ. 12-лии мэндиэмэннээхтэр кытта дьэндэйбиттэр. Маҕаһыын, тэрилтэ элбээбит, саҥа оскуолалар, уһуйааннар тутуллаллар. Туох барыта дэлэгэй буолбут. Ити барыта – үчүгэйгэ.

Өрөбөлүүссүйэ, реформа санаан кэлэ-кэлэ буолар. Олох диэн сороҕор бытааран, ардыгар түргэтээн ылар айылгылаах. Эрийэрэ-мускуйара элбэх бөҕө буоллаҕа. Ол араас тургутууларын этэҥҥэ туораан, өрүттэн, баччааҥҥа диэри син тиийэн кэллэхпит.

Куоракка сөбүлээн сылдьар сирим, биллэн турар, үйэ аҥаарыттан ордук үлэлээбит тапталлаах тыйаатырым. Музыка Үрдүкү оскуолатыгар үйэ чиэппэрэ үлэлээн кэллим, онно эмиэ үөрэ-көтө тиийэбин. Сайын үксүн дойдубар барааччыбын. Эбэтэр кэргэним дойдутугар Мэҥэ Хаҥаласка тахсабыт.

Кэргэним Петр Никифоровичтыын 47 сыл бииргэ олорбуппут. Үс сыллааҕыта бу Орто дойдуттан бараахтаабыта.  Ийэ олоҥхоһуттары үйэтитэр үлэнэн олордо. 70-80-с сылларга, магнитофон суох эрдэҕинэ,  илиитинэн суруйар этэ. Кинигэ тахсыбата, биллэн турар, үлэлии сылдьар киһиэхэ ыарахана, өйө-санаата быыппастар этэ. Хата, кэлин Гуманитарнай чинчийии института бэлэмнээбит матырыйаалларынан хас да кинигэни таһаарбыта, ону барытын көрөн баран бараахтаата. Онон, түгэнинэн туһанан, институкка махтанабын.

– “Ырыаттан атыны тугу да сатаабаппын”, – диэтиҥ. Иискэ хайдаххыный?

– Сатаабат буоллахха, санаммат ордук (күлэр). Мин үс кыыстаах огдообо киһиэхэ кэргэн тахсыбытым. Онон оҕолор кыраларыгар кыһалҕаттан иистэнэрим. Саҥа дьылга бэлэмнэнии бөҕө буолара. Билиҥҥи курдук, бэлэм туох да суоҕа. Бэйэҥ толкуйдаан оҥороргор эрэ тиийэҕин. Хата, оҕо сылдьан ийэм иистэнэригэр көмөлөспүтүм туһалаабыта. Дария, Сардаана, Майя (барыларын Петровна диэн ааттыыр – Аапт.) улаатан, үөрэхтэнэн, үлэһит буоллулар. Улахан кыыс Дария Петровна – СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ. Сардаана, Майя Петровналар – үлэ туйгуннара. Кинилэр дьоһун ыал хаһаайкалара, ийэлэр, эбэлэр буолан, этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Үбүлүөйдээх кэнсиэр кэнниттэн. 2013 с.

Киһи бэйэтин кыаҕын билиниэхтээх...

Бука, музыкаҕын, ытыс тыаһын ахтарыҥ буолуо... 

– Тыйаатырбын, кэлэктииппин, биллэн турар, суохтуубун. Киһи бэйэтин кыаҕын билиниэхтээх, баары баарынан сыаналыахтаах дии саныыбын. 80 сааспар уруккум курдук хайдах ыллыахпыный. Билигин үөрэнээччилэрим, кинилэр иитиллээччилэрэ ыллыыллар. Тыйаатырга сүүмэрдээһини ааһан, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьалларыттан үөрэбин.

Дьиэ иһигэр түбүк, дьарык элбэх. Кэнники 4-5 сыл иһигэр үс кинигэни таһаардым. Төрдүс туомун туттарбытым, сотору бэчээттэниэҕэ.

Ааспыт сыл сэтинньи ыйыгар Ханты-Мансийскайга Бүтүн Арассыыйатааҕы музыка күрэҕэр дьүүллүүр сүбэ састаабыгар киирэн, үлэлээн кэлбитим. 2010, 2014, 2018 сылларга Хотугулуу-Илиҥҥи регион икки маҥнайгы сүүмэрдиир түһүмэхтэрэ Дьокуускайга ыытыллыбыттара. Бу биһиги Сахабыт сирин музыкальнай искусствотын сайдыыта үрдүк таһымнааҕын туоһулуур. Улахан күрэххэ дьүүллүүр сүбэҕэ киирэн үлэлиирбиттэн үөрэбин уонна үлэм үрдүк сыанабыла курдук саныыбын. 

 

Хараҕым уута кэлиэр диэри долгуйан

– Кэнсиэртээбэт буолан, үбүлүөйбүн бэлиэтиир былааным соччо суоҕа. Төрөөбүт күммэр, олунньу 3 күнүгэр, Музыка Үрдүкү оскуолата (ректор Н.М. Зайкова) көрсүһүү оҥорон эҕэрдэлээтэ. Саалаҕа киирээппитин кытта, талааннаах ыччаппыт тыыннаах дорҕоон доҕуһуоллаах духовой оркестр оонньоон, “Саха сирин виртуозтара” скрипкалаан барбыттарыгар, ураты абылаҥҥа ылларан, хараҕым уута кэлиэр диэри долгуйбутум. Музыкабын оннук күүскэ ахтыбыппын. Түгэнинэн туһанан, көрсүһүүнү тэрийбит кэлэктииппэр, профсойууспар дириҥ махталбын тиэрдэбин.

Тыйаатырым кэлэктиибэ (дириэктэр В.В. Левочкин) “Ньургун Боотур” операны туруоран, истиҥник эҕэрдэлээтэ. Бииртэн биир эдэр, талааннаах музыканнар, ырыаһыттар үлэлии сылдьалларыттан үөрэбин. Эдэр дьону кытта кытаатан үлэлиэххэ, наада буоллаҕына, бүөбэйдэһиэххэ наада. 

Маны сэргэ, СӨ Национальнай художественнай музейа олус истиҥ биэчэри ыытта. Көрсүһүүнү тэрийбит ыччаппар, кыттыбыт оҕолорго, худуоһунньуктарга  дириҥник махтанабын.  

Үбүлүөйбэр элбэх эҕэрдэни туттум, үгүс үтүө тылы иһиттим. Бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев, СӨ Ил Дархана А.С. Николаев, Ил Түмэн, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.С. Поскачин, Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгин баһылыга А.И. Кардашевскай, Арассыыйа уонна СӨ театральнай деятеллэрин сойуустарын Бырабылыанньалара, Бүлүү улууһун баһылыга С.Н. Винокуров, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Хара нэһилиэгин дьаһалталара, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга, үөрэххэ министиэристибэлэрэ, Дьокуускай куорат дьаһалтата, С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педколледж, СӨ Ытык Сүбэтэ, академиктар, композитордар уо.д.а. эҕэрдэлээн, сүргэм көтөҕүлүннэ, сибэкки дьөрбөтүгэр сууланным. Үйэ аҥаарыттан ордук үлэбин сыаналаабыттарыгар, болҕомтолорун уурбуттарыгар махталбын тиэрдэбин. Кырдьаҕастарга кыһаллан, эдэрдэргэ суолу аһан, үлэлэрэ-хамнастара үрдээн истин диэн алгыспын аныыбын.

Дохсун ытыс тыаһынан көрсүбүт күндү истээччилэрбэр, көрөөччүлэрбэр, музыканы, операны сэҥээрээччилэргэ хаһыат нөҥүө барҕа махталбын тиэрдэбин. Үгүс үөрүүлээх көрсүһүүлэри, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьолу-соргуну, ситиһиилэри баҕарабын.

– Анегина Егоровна, быыс булан кэпсэппиккэр махтанабын. Бар дьонуҥ аатыттан этэҥҥэ буолууну, үөрүүнү-көтүүнү баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...