09.04.2020 | 13:32

Анатолий БУРНАШЕВ: “Онлайн үөрэхтээһини өссө былырыын киллэрбитим”

Анатолий БУРНАШЕВ: “Онлайн үөрэхтээһини өссө былырыын киллэрбитим”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха дьонун кутун туппут, айылҕаттан ураты мааны куоластаах Анатолий Бурнашевы ырыаһыт быһыытынан билбэт киһи суох буолуохтаах. Кини кэнники сылларга социальнай хабааннаах бизнес эйгэтигэр киирэн, ыччаты иитии хайысхатыгар ураты суолу эрдээхтик тэлэн иһэр.

Саха сиригэр бэлиэтэнэр Аҕа күнүн чэрчитинэн оҕону иитиигэ, омос көрдөххө, үгүстэртэн ураты көрүүлээх, иһигэр киирдэххэ, сахатын тыынын үгүспүтүттэн өрө тутар ыал аҕата Анатолий Бурнашевтуун ирэ-хоро кэпсэттибит.

– Аҕа обществоҕа уонна дьиэ кэргэҥҥэ оруолун туһунан тус санааҥ. Эн хайдах аҕаҕыный?

– Маны кэпсииргэ дуу, быһаарарга дуу бастаан оҕо иитиититтэн саҕалыахха наада. Холобур, уол оҕону иитиини мин маннык этэбин: оҕо, уолуттан-кыыһыттан тутулуга суох, айыллан кэлбит айылҕатынан, бастаан ийэтигэр чугас. Эт-хаан, өй-санаа өттүнэн – ийэттэн кэллэҕэ дии. 3 сааһыгар диэри ийэтиттэн тэйбэт, тутуһан баран сылдьар.

Онтон салҕыы уол оҕону аҕата иитиэхтээх. Эр киһи, аҕа уолу былыр-былыргыттан батыһыннара сылдьан бэйэтин холобуругар үөрэтэр. Оҕо 20 бырыһыанын истэн, 80 бырыһыанын көрөн, ол аата холобур ылан үөрэнэр диэннэрэ олоххо чахчы баар. Оҕо олордон эрэ үөрэт да үөрэт, такай да такай буолары, “эн маннык гыныма, инник гын” диэни ылыммат. Аҥаардас кэпсэтиинэн иитэр татым.

Холобур оҥорон кэпсээтэххэ, мин улахан уолум 10 саастаах. 2,5 сааһыттан куруук бэйэбин кытта илдьэ сылдьабын. Туундараҕа айаҥҥа барар буоллахпына, бурааҥҥа мэҥэстэн олоробут. Сөмөлүөтүнэн ханнык баҕарар тас дойдуга көтөр буоллахпына, эмиэ илдьэ барабын. Ханнык баҕарар үрдүк дуоһунастаах тойоҥҥо, дьокутаакка, миниистиргэ кабинетыгар киирэр буоллахпына уолбун эмиэ илдьэ киирэбин.

Оҕо аҕатыттан олус элбэххэ үөрэнэр. Айылҕа ситимэ диэн баар. Уол оҕоҕо ол ситим бастакы быатын аҕата тутан турар, онтон бииргэ төрөөбүт убайдара, онтон биирдэ тастыҥ убайа, таайа кэлэллэр.

Онон “аҕа уопсастыбаҕа оруола тугуй?” эҥин диэн биһиги дьиҥнээх айылҕаттан кэлбит өйдөбүлтэн тэйэн хаалабыт. Наһаа тэнийэбит. Итинник тэнийэр наадата суох. Арассыыйа таһымынан барытын толкуйдуу, ырыта сатыыбыт, бэл, Дональд Трампка тиийэ баран хаалабыт. Эр киһи дьиэ кэргэнин, дьиэтин иһигэр туох буола турарынан олоруохтаах, аан бастаан ону толкуйдуохтаах. Барыта дьиэ иһиттэн саҕаланыахтаах. Ол америкалар хайдах да олордуннар, эн бастаан бэйэҥ дьоҥҥун санаа ээ...

Эр киһи тэлгэһэлээх буолуохтаах

– Мин эр киһи тэлгэһэлээх буолуохтаах диибин. Тоҕо диэтэххэ оҕону үлэнэн иититтэн ураты ордук үчүгэй ньыманы ким да, хаһан да толкуйдаан таһаара илик. Үлэттэн ордук методиканы була иликтэр. Дьиэлээх-уоттаах, тэлгэһэлээх, ыттаах, куоскалаах, тиэргэҥҥэ кууруссалаах, ынахтаах   буолуохха – онтон оҕо иитиитин суола бэйэтэ аһыллан барар буоллаҕа дии.

– Саха омукка аҕаҕа ураты сыһыан баар дии саныыгын дуо?

Былыр-былыргыттан баар этэ диибин. Билигин көстүү быһыытынан суох кэриэтэ буолбутун, тутахсыйбытын да иһин, эппитигэр-хааммытыгар кэтэ сылдьабыт. Оҕону иитэрбитигэр ону уһугуннарыахпытын эрэ наада буолар.

Былыргыттан “ийэ ууһа”, “аҕа ууһа”, “аймахтаһыы-уруурҕаһыы” диэн баар. Оннук курдук “ийэ оруола”, “аҕа оруола” диэни эмиэ арааран өйдүүбүт. Билигин аҕа оруолун аанньа ахтыбатахпыт иһин, аҕа диэн “баһылык” буолуохтааҕын туһунан өйдөбүл мэйиибитигэр олорор. Кэм-кэрдии аастаҕына, ол уһуктан кэлэр. Номнуо баары хостоон ылыахха эрэ наада буолар.

Наадыйар киһи хостуур, аҕа суолтатын өйдүүр, наадыйбат киһиҥ аахайбат.

Дьахтар эр киһитэ уһугуннаҕына, уоскуйбат

– “Эр киһи суолтата түстэ”, “олох бары эйгэтигэр дьахтар баһыйда” диэччилэри кытта төһө сөпсөһөҕүн дуо?

Айылҕа быһыытынан, ханнык баҕарар дьахтар иһигэр эр киһи олорор, ханнык баҕарар эр киһи иһигэр дьахтардаах буолар. Дьахтар иһигэр баар эр киһитин уһугуннаран кэбистэҕинэ, ол хаһан да уоскуйбат. Тоҕо диэтэххэ, дьахтар айылҕаттан айыллан кэлбитинэн олус кыахтаах, күүстээх – бүтүн киһини иһин иһигэр оҥорон таһаарар, төрүүр-ууһуур кыахтаах.

Онтон иһинээҕи эр киһитин уһугуннаран кэбиспит дьахатар эрин кытта биир кэккэҕэ турунан кэбиһэр. Салҕыы эрин кумалаан, баһыйа сатааһыҥҥа дуораһыйан барар...

Ити эр киһини түһэрии, намтатыы диэн буолбатах диибин. Дьахтар эр киһитэ уһуктубут диэн буолар.

Эр киһи дьиҥнээх тардыыта атын, дьахтартан олох ураты. Атын таһымҥа турар. Холобур, кыылга-сүөлгэ даҕаны атыыра мөдөөт, бытаан соҕус буолар. Ону биһиги дьоҥҥо көрөн, эр киһини сүрэҕэ суох диэн кэбиһэрбит түргэн...

Уолу-кыыһы арааран иитии туһунан

– Гендернэй иитиилээх оҕо тэрилтэлэрин үлэлэтэҕин. Ол туһунан сиһилии кэпсээ эрэ.

Уолу-кыыһы арааран иитиини кэргэмминээн 2012 сыллаахха саҕалаабыппыт. Бастаан уһуйаан, салҕыы оскуола аспыппыт. Оскуолабытыгар биһиэхэ уһуйааҥҥа сылдьыбыт оҕолор уонна тастан бэйэлэрин баҕаларынан оҕолорун аҕалан киллэрээччилэр бааллар.

Манна биири быһаарыахпын наада – биһиги бу гендернэй иитиини төрөппүттэр баҕаларынан сирдэтэн арыйбыппыт. Ол билиҥҥи иитэр-үөрэтэр систиэмэ мөлтөөбүтүттэн буолбатах, эбэтэр барытын тосту-туора уларытар баламат санааттан эмиэ буолбатах. Санааларынан сиппит-хоппут төрөппүттэр гендернэй иитиигэ баҕараллар. Ийэлэр, аҕалар баҕарар буоланнар, тэрилтэлэрбит үлэлии тураллар.

Уопсайынан, Арассыыйаны ылан көрөр буоллахха, билигин дойдубут үрдүнэн 500-тэн тахса гендернэй иитиилээх оскуола үлэлии турар. Ыраахтааҕы Николай II саҕаттан кыргыттары уолаттартан арааран үөрэтэллэр этэ. Ол инниттэн даҕаны бу көстүү киэҥник тарҕанан турар.

Айылҕа хара маҥнайгыттан киһини “дьахтар”уонна “эр киһи” гына айан таһаарбыт. Тоҕо эрэ бэйэтэ-бэйэтиттэн төрүү-ууһуу сылдьар, үөскээн иһэр кыыһа/уола биллибэт харамайы айан таһаарбатах. Киһини соҕотохтуу тыыннаах сылдьар гына айан таһаарыан сөп этэ. Онон айылҕабытынан тус-туспабыт диибин.

– Уһуйааҥҥа уолу кыыстан туспа тутуу түмүктэрэ хайдах диэххин сөбүй? Туох туһалаах дии саныыгын? Хайаларын сайдыыта, үөрэҕи ылыныыта баһыйар буоларый?

Уһуйааны көрөр буоллахха, уолу-кыыһы туспа араарыы иитээччилэргэ үлэлэригэр наһаа улахан чэпчэтии буолла. Кырачаан уол уонна кыыс таҥнар таҥастарынан эрэ атылыы буолбаттар, оонньуур оонньуурдара, тэтимнэрэ, бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһар майгылара, бэл, аһыыр астара кытта ураты. Манна уһуннук-киэҥник наһаа элбэҕи кэпсиэххэ сөп.

Быйыл күһүн кыргыттар оскуолаларын аһар былааннаахпыт. Уол оскуолатын арыйбыт буоллахпытына, кыыс оскуолата баар буолуохтаах диэн санааттан.

Кыыс оҕо диэн дьиэ хайаайката, алаһа дьиэтин тутан олорор тутаах киһи буолан, эр киһитээҕэр кыахтаах буолар. Холобур, 7 сааастаах кыыһы уонна уолу тэҥнээн көрдөххө, эт-хаан ситиитинэн, өйүнэн-санаатынан кыыһа 1,5 сыл баһыйан тахсар. Орто оскуолаҕа кылааска саамай чобуо, саамай түргэн-тарҕан, учууталын кытта бастаан уопсай тыл булар, кылаас старостата буолан лидер буола охсор – наар кыыс оҕо. Ол иһин уолу хаалынньаҥ диэн кэбиһэллэр. Туох барыта үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах буолар...

Аан дойду сайдыылаах дойдуларын салайааччылара оҕолорун, сиэннэрин барытын билигин даҕаны гендернэй иитиинэн улаатыннаран таһаараллар. Кинилэр акаары буолбатахтар, билэр буолан инник гыналлар.

Баҕалаах төрөппүт сыллата эбиллэр

Кыра оҕоҕо уһуйаантан саҕалаан “симпатия” үөскүүр. Уол ханнык эрэ кыыһы оҕолуу ыраастык сөбүлүү көрөр, астынар буолар. Кыыс эмиэ үчүгэй уолга болҕомтотун хатыыр. Бу барыта айылҕа сокуонунан салаллар. Онтон оскуолаҕа тахсан бу сөбүлүү көрөллөрө өссө күүһүрэр. Сөбүлүүр киһитин хараҕар үчүгэйдик көстө сатыыр.

Оскуолаҕа физкультура уруогар кыыска эт-хаан өттүнэн баһыйтарар уол элбэх буолар. Оҕо ону мээнэ көрөн турбат, күлүү гыныан, ыыстыан сөп. Мантан уолаттар уйулҕаларыгар охсууну ылаллар. Оттон, холобур, биһиги оскуолабытыгар уол уолу кытта тустар, уол уолу кытта сырсар, ол иһин, хоттордоҕуна да, улаханнык наадыйбат.  

– Төрөппүттэр баҕа санааларынан үлэлиибит диэтиҥ. Гендернэй иитиигэ талаһар ийэ, аҕа төһө баарый?

Сыл аайы баҕалаах ахсаана эбиллэн иһэр. Биһиги уһуйааннарбыт уонна оскуолабыт үөрэхтээһин толору ирдэбиллэригэр эппиэттиир лицензиялаах буолан, судаарстыбаттан кыра өйөбүл ылабыт. Ол эрэн судаарыстыбаннай оскуола үбүлэнэрин курдук толору үбүлэммэппит. Ол иһин син күчүмэҕэйдэрдээх. Ол эрэн төрөппүт баҕалаах, уолу-кыыһы туспа иитии,  онтон оскуолаҕа үөрэтии үтүө сабыдыалларын өйдүүр.

Онлайн үөрэхтээһини былырыын киллэрбиппит

– Бу “карантин” кэмигэр туох-хайдах дьаһанныгыт, онлайн үөрэхтээһиҥҥэ киирдигит дуу?

Онлайн үөрэхтээһини мин былырыын киллэрбитим. Казахстантан аҕалбытым. Платформаҕа үлэлиир уустук эрээри, баһылыахха сөп. Билигин үгүс төрөппүт мух-мах барбыта өйдөнөр, тоҕо диэтэххэ, ыраахтан үөрэтии ньыматыгар көһөргө аччаабыта биир сыл бэлэмнэнии барыахтаах этэ. Маны мин бэйэм оскуолам холобурунан этэбин. Ыраахтан үөрэтиигэ үс өрүт үһүөн бэлэм буолуохтаахтар – төрөппүт, оҕо уонна учуутал. Үс ситим тэҥинэн үлэлиир. Биир эмэ ситим быһыннаҕына, онлан-үөрэх хайдах да үлэлиир кыаҕа суох.

Билиҥҥи оҕо аан дойду дьонун, атын омуктары кытта тэҥ таһымнаах буоларыгар англия тылын уонна IT-технологиялары баһылыахтаах. Онто суох оҕо ырааппат буолла. Элбэх сири кэрийэн үөрэнэбин, оскуолаларга, уһуйааннарга сылдьан уопут ылабын. Соҕуруу Кореяҕа, Казахстаҥҥа, Японияҕа уһуйаан кырачаан оҕотугар кэлэн английскайдыы тугу эрэ ыйыттахха, тута иилэ хабан ылан лабырҕаччы кэпсэтэн барар. Тылы баһылаабыт таһымнара оннук үчүгэй.

IT-технологияҕа эмиэ хаалсыбаттар. Оттон биһиги, сахалар, аспыттара, айбыттара-туппуттара син баар, ол үчүгэй бөҕө. Ол эрэн биирдиилээн эрэ дьон дьарыктанар хайысхатын курдук. Маассабай буолуон баҕарабын. Элбэх араҥаны – элбэх төрөппүтү, оҕону хабар сайдыылар кэлэллэрин күүтэбин. Биирдиилээн айтишниктар ситиһиилэринэн киэн туттан баран тохтоон хаалбакка, кимэн киирэн иһиэхтээх этибит.

Ийэ тыл - күлүүс

Англия тылын уһуйаантан саҕалаан үөрэтиэххэ наада. Онно хайаан да саха тылыгар тирэниэхтээхпит. Төрөөбүт тыл  диэн – күлүүс. Ийэ тылын билэр, иҥэриммит оҕо илиитигэр бары ааны барытын арыйар күлүүһү тута сылдьар киһиэхэ тэҥнээх.

Оҕо инникитэ, дьылҕата төрөөбүт тылы билэриттэн быһаччы тутулуктааҕын, бастатан туран, төрөппүт өйдүөн наада. Манна диэн эттэххэ, биир да маргинал тойон-хотун ырааппатаҕа, өрө тахсыбатаҕа, оттон ийэ тылын сүтэрбэккэ илдьэ сылдьар салайааччы ситиһиилээх буоларын олохпут көрдөрөр.

Саха оҕото нууччалыы сатаан саҥарыа суоҕа диэн куттанар олох сыыһа. Уулуссаҕа, тэлэбииһэртэн, интэриниэттэн, тулалыыр эйгэтиттэн барытыттан нууччалыы информация кутуллар. Ол иһин бу тылы син биир билэ улаатар. Биллэн турар, оҕо кыра киһи буолан, чэпчэки суолу талар. Ол иһин нууччалыыга иэҕиллэн хаалар.

Оҕону төрөөбүт тылыттан тэйитии – кэскилин сарбыйыы.

Ырыабын илдьэ сылдьабын

– Ырыаттан тэйэ быһыытыйдыҥ дуу, кэнсиэртээбэтэҕин да ыраатта...

Мин хас да сылы быһа ыллаабакка сылдьан баран, ханнык эмэ кэнсиэркэ таҕыстахпына, син биир уруккум курдук ырыа тахсар. “Распевка” эҥин диэҥҥэ уруккуттан наадыйбат этим.

Мин ырыаһыппын – дьылҕабынан. Тоҕо диэтэххэ, эһэм, хос-хос эһэм даҕаны бары удьуор тойуксуттарбыт. Холобур, мин уолум тойук таһааран тойугулуу сылдьыбатаҕын да иһин, тойуксут. Генетическэй диэн саамай күүстээх ситим баар. Дьоҥҥун, өбүгэлэргин кэтэ сылдьаҕын. Ыллаабатаҕым да эбитэ буоллар, ырыаны илдьэ сылдьар буолуом этэ.

Мин Саха государственнай университетыгар Саха култууратын уонна филологиятын салаатыгар үөрэммитим. Туттарсан киирэр эксээмэммэр “Кэнчээри” ансаамбыл уонна Толя Бурнашов” диэн билиэт тардан ылбытым. Арааһа, бэйэтин туһунан кэпсээн үрдүк үөрэххэ киирбит киһи суох буолуохтаах. Оҕо эрдэхпиттэн оннук күүскэ ыллыы-туойа сылдьыбытым...

Тастан киирии барыта сыһыарыы эрэ... Ол аата 300 мөлүйүөн доллар сыаналаах чааһынай сөмөлүөтүнэн баҕарбыт сиригэр көтөн тиийэн сынньанар кыахтаах киһи олоҕор дьоло суохтук сананыан сөп. Алааска, отууга оһох оттон олорор киһи бэйэтин саамай дьоллооҕунан ааҕыныан сөп. Киһи ис туругунан сирдэтиниэхтээх. Ис туругар уу-нуурал буоллаҕына, дьол диэҥҥэ тиийэр эбит.

 Оҕо иитиитэ диэн сибэкки олордуутун курдук түмүгү сыл иһигэр тоҕо биэрэр үлэ буолбатах. Билиҥҥи үлэм түмүгүн 15-хас сылынан көрүөхпүн баҕарабын. Үчүгэй номоҕон сирэйдэх-харахтаах, ис киирбэх таҥастаах-саптаах, төрөөбүт тылынан санаатын барытын сатаан сааһылаан этэр, 4-5 омук тылынан холкутук кэпсэтэр, холоонноох ойохтоох, элбэх оҕолоох, күрүөлээх-хаһаалаах, тупсаҕай дьиэлээх-уоттаах туруу ис сотолоох эдэр уолаттар, эр дьоннор баар буолалларын харахпар көрөбүн. Билигин киһи бөҕөтө кэлиэ-барыа, тастан кэлбит дьон, уолаттарбытын, эр дьоммутун көрөн, бэйэлэрин биһиги сирбитигэр-уоппутугар “ыалдьыт” эрэ курдук сананыахтаахтар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...