07.02.2022 | 22:00

Ананар киниэхэ барыбыт таптала!

Ананар киниэхэ барыбыт таптала!
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр 2022 сылы Ийэ сылынан биллэрбитэ.  Ийэҕэ аналлаах ырыа, хоһоон, айымньы үгүс. Оттон бу сырыыга  аан дойду аанньалларыгар тапталы уонна махталы көрдөрөр пааматынньыктары сырдатыахха.     

2012 сыллаахха Сайсары күөл үрдүгэр Ийэ скверин үөрүүлээх аһыллыыта буолбута. Үлэ ааптара – Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга Афанасий Романов. 6 миэтэрэ үрдүктээх пааматынньык Аҕа дойду Улуу сэриитигэр оҕолорун сүтэрбит ийэлэри үйэтитэр аналлаах. Манна дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар, оҕо аймах, ыччат тоҕуоруһа мустар.  

 

Зеленоградка “Куоракка сынньалаҥ” диэн бырайыагынан оҕолоох ийэ скульптурата баар. Скульптор Сергей Манцерев бу үлэтигэр дьиҥнээх дьону үйэтиппит. Ол курдук бырайыак үбүлээччитэ – миэбэл фабрикатын дириэктэрэ Михаил Кравченко ийэтин кытта түспүт хаартыската бэртээхэй композицияҕа кубулуйбут.  

 

Калугаҕа ийэҕэ аналлаах монумент баар. Урут бу сиргэ туох да суох үһү. Билигин куорат биир кэрэ скверигэр күн аайы дьон тоҕуоруһар. Оҕолоох ийэ пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уураллар, хаартыскаҕа сөбүлээн түһэллэр. Ааптар Светлана Фарниева кэпсээбитинэн, бу скульптура прототиба – Калуга олохтооҕо, икки уол иһирэх ийэтэ. Оҕо – хомуур уобарас. Оонньуурдар эмиэ боруонсаттан кутуллубуттар. Композицияны дьиэ кэргэн символын көрдөрөр уйаларыгар олорор холууптар ситэрэллэр.   

 

Тюмень куорат перинатальнай киинин таһыгар турар пааркаҕа үс оҕолоох хат дьахтар скульптурата баар. Үөрүүлээх аһыллыыта Оҕо көмүскэлин күнүгэр анаммыт. Бастакы бырайыагынан аҕа уобараһа баар буолуохтаах эбит. Тиһэх уһугар ийэни оҕолорун кытта хаалларарга быһаарбыттар.  

 

Новосибирскайга Ийэ скверигэр 2006 сыллаахха “Ийэ уонна оҕо” пааматынньык туруоруллубута. Мраморын Казахстантан аҕалтарбыттар.

 

Кореновскай киин библиотекатын иннигэр “Ийэ таптала” диэн скульптура баар. Бу бырайыак нэһилиэнньэ күүһүнэн олоххо киирбит. Куорат олохтоохторо бүттүүн түмсэн, сыл иһигэр мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ харчыны хомуйбуттар.

 

Ростов-на-Дону куоракка ийэҕэ анаммыт пааматынньык Театральнай болуоссакка турар. Композицияҕа көстөр ийэ биир илиитинэн оҕотун кууспут, иккис илиитигэр холуубу тутан олорор. Бу ийэ оҕоҕо аан дойдуну бэлэхтиир диэн ис хоһоонноох. 

 

Саха норуота Ийэҕэ ураты сыһыаннаах. Ону Арассыыйаҕа бастакынан өссө 1993 сыллаахха Саха сиригэр Ийэ күнэ олохтоммута туоһулуур. Оттон саха скульптора Арассыыйа атын куоратыгар ийэҕэ аналлаах пааматынньыгы туруорбута – бу ураты көстүү.

2001 сыллаахха Гагарин куоракка бастакы космонавт ийэтэ Анна Тимофеевна Гагаринаҕа аналлаах пааматынньык аһыллыбыта. Ийэ сибэкки тутан олороро уонна ыскамыайкаҕа синиэл ыйанан турара Юрий Алексеевич дьиэтигэр кэлбитин кэрэһилиир. Пааматынньык ааптара – саха биллиилээх скульптора Эдуард Пахомов. Бу үлэтин иһин Эдуард Пахомовка Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ анаммыта.

 

Кемерово куоракка ийэ оҕотугар истиҥ тапталын, кини сылаас уонна сымнаҕас илиитин көрдөрөр “Биһик” диэн пааматынньык баар. Оҕо барахсан ийэтин ытыһыгар бигэнэн, минньигэс бэйэлээхтик утуйан буккуруу сытарын көрбүт эрэ барыта кэрэхсиир. Скульптура 1-кы №-дээх төрүүр дьиэттэн чугас турар.  Үлэ ааптардара Юрий Черносов уонна Павел Барков ийэ илиитинэн кини оҕотугар муҥура суох тапталын көрдөрбүттэр.  

 

Новочебоксарскайга оҕо балыыһатын уонна паарка таһыгар ийэҕэ аналлаах пааматынньык турар. Оҕотун көтөҕөн олорор ийэ инникигэ эрэли, үтүө санааны, истиҥ тапталы көрдөрөр.

 

Евпаторияҕа төрүүр дьиэ таһыгар баар сквери саҥа төрөөбүт оҕотун көтөхпүт ийэ скульптурата киэргэтэр. Үлэ ааптара – Алексей Шмаков.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...