24.04.2020 | 08:17

Ама да ааспытын иһин, ыар сыллар этилэр...

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

 Улуу Кыайыыны аҕалбыт, уоттаах сэриигэ сылдьыбыт хорсун буойуннарбыт, Улуу Кайыыны тыылга уһансыбыт сэрии, тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин ахсаана улам аҕыйаан, олохтон туораан иһэллэр.Билигин бу ытык көлүөнэни 1928-1945 сыллардаахха төрөөбүт «Сэрии кэмин оҕолоро» солбуйдулар. Бу көлүөнэ арыый саастаах өттө, кырыктаах сэрии бара турар сылларыгар, уончалаах чороччу улаатан эрэр кырачаан кыргыттар уонна уолаттар, тыылга хаалбыт кырдьаҕас дьону, дьахталлары кытта тэбис-тэҥҥэ сылдьан, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлэспиттэрэ. Үүнэр көлүөнэҕэ этэр кэс тыллара: «Аныгы көлүөнэ биһиги курдук эрэйи-муҥу көрбөтүн, аччыктааһын кыһалҕатын билбэтин, кинилэр үрдүлэригэр өрүү эйэлээх ыраас халлаан туруохтун!» дэһэллэр.

                        Олохтон барыар диэри кэтэһээхтиирэ

Валентина Васильевна Васильева, Дьокуускай куорат олохтооҕо: - Мин ийэм Мария Прокопьевна Филиппова 1927 сыллаахха кулун тутар 8 күнүгэр Дьөҥкүүдэ эбэ Хотун кытыытыгар турар Кураан Түгэҕэ диэн сиргэ күн сирин көрбүт. Төрөппүт ийэлээх аҕата Сата диэн сиртэн төрүттээхтэр эбит. Аҕата Данил Алексеев  (Хара Тайыла), ийэтэ Марыына, биэс оҕолоохторо үһү. Дьылҕа Хаан ыйааҕынан, эрдэ өлөннөр, оҕолоро бары ыалларынан иитиигэ барбыттар. Ийэм эрэйдээх эрдэ тулаайах хаалан, ийэ сылаас тапталын билбэтэх. Прокопий Алексеевич Филиппов (Хаптаҕай) диэн ыалга иитиллибит. Манна даҕаны, иитийэх ийэтэ Кэтириинэ эрдэ өлөн, ийэ тапталын уһуннук билбэтэх. Иитиллибит аҕата Хаптаҕай Михаил диэн биир уоллааҕа сэрииттэн төннүбэтэх, сураҕа суох сүппүт, кэргэннээх уола тулаайах хаалаахтаабыттар. Ийэм убайынаан олус иллээхтэрэ үһү.

   Кырыктаах Аҕа дойду сэриитин дуораана, төһө да сыл аастар, оччотооҕу оҕо өйүттэн, сүрэҕиттэн ааһан биэрбэтэҕэ: “Сэриигэ баран сураҕа суох сүппүттэр көмүллүбүт сирдэрэ син көстөн кэлэр эбит, баҕар, ханна эрэ хаалан хаалбыта дуу, саатар ханна көмүллэн сытаахтыырын сураһан киһи булуо эбитэ дуу”, - диэн наар убайын саныыра, баҕар, туох эмэ сурах кэлиэ диэн, хас Кыайыы бырааһынньыга чугаһаатар эрэ, ахтара, саныыра элбиирэ. Ол курдук, санаа баттыга оҥостон, олохтон барыар диэри ээр-сэмээр кэтэһээхтиирэ. Баҕар, хаһан эрэ булуохтара диэн эрэллээҕэ: “Бу таайгыт, кэргэнин өттүнэн ирдэһэр киһи суох”, - диэн, биһиэхэ харыстаан ууруна сылдьар убайын хаартыскатын көрдөрөр этэ.

                            Үлэҕэ эриллэн, үөрэхтэн маппыта

Ити сыллар оҕолоро аас-туор, аччык эҥээрдэнэн, сэриигэ барбыттары солбуйан, сарсыардаттан бааһына бараммат хара үлэтигэр оҕус сиэтэн буһаллара-хаталлара, илийэллэрэ-тоҥоллоро, онуоха ичигэс таҥас кэлээхтиэ дуо, нэк буолбут таҥас дуомун абырахтанан, арыт уларсыһан, тоҥор кыһалҕатыттан тыын салҕаналлара. Ол саҕана: “Ким үлэлиир – ол аһыыр”, - диэн сокуону чуолкайдык өйдүүллэрэ. Улахан дьон оннугар үлэлииллэрин, кинилэр кэннилэриттэн кэлэр кыралар иннилэригэр эппиэтинэс сүгэллэрин бигэтик билэллэрэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии арыый иннинэ, сэрии сылларыгар, сэрии кэннигэр төрөөбүт көлүөнэ дьон олохторо, барыларын да кэриэтэ маарыннаһар.

   Дойдубут саҥа социалистическай уопсастыбаны тутан, холкуостар тэриллэн, тыа сирдэрэ дьэ сүһүөхтэригэр туран эрдэхтэринэ, уоттаах сэрии саҕаланан, үлэни кыайар-хотор, этэргэ дылы, бууттарын этэ буспут, холлорун этэ хойдубут, тоҥ мутугу тосту охсор, ириэнэх буору илдьиритэ үктүүр саастарыгар сылдьар уолаттар, эр дьоннор хотуурдарын, атырдьахтарын ходуһаҕа хаалларан, Ийэ дойдуларын көмүскүү, саа-саадах тутан, кырыктаах сэриигэ барбыттара. Сэрии алдьархайдаах сыллара, аны сут-кураан мэҥэһиктэммиттэрэ. Ама да ааспытын иһин, ыарахан дьыл-кэм ааспыта диэн, ийэм эрэйдээх санньыардык кэпсиирэ. Оҕонньор, эмээхсин, оҕо-дьахтар сэриигэ барбыт дьоннорун солбуйан, холкуос, кэтэх хаһаайыстыбаларын тутан хаалбыттара, хоргуйууттан ордубуттар сэрииттэн төннөн кэлиэхтэригэр диэри барытын тутан олорбуттара. “Сэрии сылын оҕолоро, биһиги, борбуйбутун көтөҕөөт, үлэҕэ эриллэммит, үөрэхтэн маппыппыт, сорох муҥнаахтар, эдэркээн бэйэлээх оҕо дьон, аас-туор олохтон, эрдэ суорума суолламмыттара”, - диэн харах уулаах олорон кэпсиирэ ийэм.

                       Хотонугар хоммот эрэ этэ

- Ол саҕанааҕы оҕолор үөрэххэ, билиигэ тардыһыылара күүстээх, эрдэ ситэн-хотон, улахан дьону солбуйан, ханнык да үлэттэн туора турбакка, ыарахан үлэни барытын толороллор эбит. Ийэм эрэйдээх кыра эрдэҕиттэн, аччыктаабат кыһалҕатыттан, бэйэтэ этэринэн: “Бачча элбэх оҕо төрүүр ыйааҕа тардан буолуо...”, - хоргуйан өлбөт туһугар холкуос ыарахан үлэтигэр аҥаар кырыы сылдьыбыт. Тулаайах буолан, 13 сааһыттан холкуос үлэтигэр эриллибит. Улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбит – маҥнай оҕус сиэтээччинэн, сайынын бугул түгэҕэ харбааччынан. Онтон, арыый элбэх нуорма лэппиэскэ (400 г) уонна кыра курууска суорат биэрэллэрин иһин, от угааччынан тылламмыт. Кыратыттан хоһуун үлэһит буолан, хайҕанара, ханнык да эр киһи үлэтиттэн иҥнэн, толлон турбата үһү. Сытыы-хотуу кыысчааны таба көрөннөр, комсомолга ылбыттар. Ол саҕана комсомол буолуу – олох умнуллубат биир бэлиэ түгэнэ буолара. Туох ыарахан, кыайтарбатах үлэҕэ комсомоллары ыыталлара. Оннук-маннык диэн аккаастаныы суох буолара. Онон 14 саастаах кыысчааны ыанньыксыттата ыыталлар. Ыанньыксыкка 25 ынах тиксэр. Им-балай хараҥа, сииктээх хотону тымтыгынан сырдатынан ынахтарын ыыра, ис-тас үлэтин барытын бэйэтэ илиинэн толороро, саас сүөһү төрүүрүн саҕана, хотоҥҥо түүннэри көрөн-истэн, хонон кэриэтэ, сылдьара. Ийэм 20 сыл ыанньыксыттаабыт.

   Аны санаатахха, эдэркээн кыыс олус да ыарахан үлэҕэ сылдьыбыт. “Хата, сайынын от үлэтигэр ыытан абырыыллара. Төһө да ыараханын иһин, айылҕаҕа сылдьарым үөрүү этэ”, - диирэ. Кыра оҕону киһиргэтэн, “Дьэ, хоһуун оҕо”, “Маайабыт үлэһит бастыҥа”, “Тэҥнээҕэ суох үлэһиппит” диэн хайҕыыллара. “Тоойуом, сынньана түс”,- диэн этэн көрөллөрө даҕаны, улахан дьонтон хаалсымаары, сынньанан олорбокко үлэлиирим диэн кэпсиирэ. 1947-1948 сылларга улахан кураан буолан, ойуур уота турара, аны аһыҥа ыһан кэбиһэн, олору утары охсуһуу түбүгэр түһэллэрэ. Дьэ, ити курдук устар сайыны быһа от үлэтэ күргүөмнээхтик барара. Ийэм олус чэнчис буолан, холкуоска ыанньыксыттыырыгар хотонун муостатын килбэччи сууйан, ыраастык тутарын, хотон истиэнэтигэр мас хопто ыйаан, ону хаһыатынан сабан, быгар кытыытын оһуор кырыйан киэргэтэн, илиинэн аһатар тарбыйахтарын суоскатын онно уурарын: “Маайа хоһууна, чэнчиһэ сүрдээх, сииктээх хотоҥҥо төһө өр туруоҕун, хотонун сууйарын эмиэ, соторунан сүрэҕэлдьиир инигин»,- дэһэрбит даҕаны, сүрэҕэлдьээбэт этэ, наар сууйара, киэргэтэрэ диэн кырдьаҕастар сөҕө-махтайа кэпсииллэрин истэрим. “Сарсыарда барыларыттан арыый эрдэ кэлэн, хаһыаппын сотору-сотору уларытарым, хотон сиигэ таммалаан, түргэнник сытыйара, аны, хаһыат да көстөрө күчүмэҕэй соҕус этэ. Оо, хараҥа хотоҥҥо маҥхайан үчүгэйдик да сырдаан көстөрө”, - диэн ийэм астына кэпсиирэ.

                           Таҥара бэлэҕэ – элбэх оҕолонуу

- Ийэм ситиһиилээх үлэтинэн Москва куоракка күүлэйдии барарыгар путёвка биэрбиттэрин, кэргэн тахсар буолан, барбакка хаалбыт. Бииргэ төрөөбүт улахан убайа Гаврил Данилович Алексеев - Хабырыыс сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлэн, кэргэннэнэн, оҕо-уруу тэнитэн, Өлүөхүмэҕэ олохсуйбут этэ. Онтон төрөөбүт түөлбэтигэр Ньурбаҕа көһөн кэлэн, ийэбин хойут булан ылбыта. Ол 60-с сылларга биирдэ этэ. Тулаайах буолан, тус-туһунан иитиллибиттэрин содула буоллаҕа. Хабырыыс элбэх оҕолонон, сиэннэнэн, хос сиэннэнэн, дьоллоох олоҕу олорбута.     “Оҕо диэн киһиэхэ туохха да бэриллибэт күндү баай. Оҕо – ыал ымыыта, олоҕу салҕааччы буоллаҕа. Ким элбэх оҕолоох – ол дьоллоох, инникигэ эрэллээх. Мин соҕотоҕун иитиллибит буолан, бырааттаныахпын, балыстаныахпын олус баҕарарым. Ол да иһин буолуо, таҥара көрөн, аһынан, элбэх оҕону бэлэхтээтэҕэ”,  - диэн ийэм үөрэрэ. Ийэм биир да оҕотун бэйэтиттэн араарбатаҕа, ииттэ ылаары, көрдүү сатааччылар да бааллара. Ийэм эрэйдээх, иитийэххэ барбыт дьонугар, балаҕан биир муннугар соҕотоҕун утуйар буолан, хараҥаттан олус куттанара үһү: “Хаһан даҕаны көмүлүөк оһох уота умуллубатыгар баҕарарым”,- диирэ. Элбэх оҕолооҕуттан астынан: “Мин оҕолорбунан баайбын, эһигинэн дьоллоохпун”, -диэн астынара.

                         Ийэм дьоллоох олоҕу олорбута

- Ийэҥ эйэҕэс мичээриттэн, сылаас, сымнаҕас илиититтэн, үтүө санаатыттан, истиҥ сүбэтиттэн, кини тапталыттан ордук күндү, ама, туох баар буолуой бу сир үрдүгэр?! Биһиэхэ төһөлөөх сыратын биэрбитэ буолуой? Дьиэтин түбүгүттэн ордон, сарсыарда эрдэ туран, уу-чумпуга истиҥ иэйиилээх олорон, санаата көнньүөрэн, муннун анныгар дорҕоон таһааран, ыллыы-ыллыы, оҕолоругар таҥас тигэрэ. Түүлээхтэн саҕалаан, атах таҥаһыгар тиийэ барыбытын бэйэтэ таҥыннартыыра. Ону таһынан сиэннэригэр, хос сиэннэригэр эмиэ тигэрэ. Сарсыарда аайы килиэп, күөрчэх, бөрүөк, бэрэски, алаады минньигэс сытыттан уһуктарбыт. Барыанньа арааһа, быырпах, чохоон, суорат, сүөгэй тиһигин быспакка остуолга өрүү баара.

Ийэм барахсан, сааһырдым диэн санаарҕаабакка, нэһилиэгин уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Хаҥалас, Чаппанда музейдарыгар ат чаппараактарын тигэн, көнтөс баайан бэлэхтээбитэ. Нэһилиэк ыһыахтарыгар быырпах оҥороро, олорор түөлбэлэринэн күрэхтэргэ, асчыт буолан, аһылык, иистэнньэҥ буолан, иис быыстапкаларыгар наар кыттара.

Ол да иһин, дьон этэринии, дьоҥҥо үтүө, дэлэгэй сыһыанынан дьоллоох, дьоһун киһи Ийэм барахсан, Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгин бочуоттааҕа, дьоруой ийэ, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, II группалаах инбэлиит  Мария Прокопьевна Филиппова, бэйэтэ этэринии, элбэх оҕолонон, сиэннэрдэнэн, хос сиэннэрдэнэн, дьоллоох олоҕу олорбута.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...