Аллараа Бэстээх – Благовещенскай хайысханан поезд сырыыта саҕаланар
«Пассажирдары таһарга наадыйыы үрдээбитин учуоттаан, атырдьах ыйын 24 күнүттэн 317/318 №-дээх саҥа поезд Аллараа Бэстээх – Благовещенскай хайысханан сырыытын саҕалыыр», — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Поезд күн өрүү-өрүү сылдьыаҕа, атырдьах ыйыгар – четнай чыыһылаларга, балаҕан уонна алтынньы ыйдарга – нечетнай чыыһылаларга, сэтинньи ыйтан саҕалаан сыл бүтүөр диэри — четнай чыыһылаларга. Атын күннэргэ пассажирдары поезд Аллараа Бэстээх – Тыында хайысханан таһыаҕа.
Айан уһуна – 1 суукка уонна 16 чаас, төннөн кэлиигэ – 1 суукка уонна 17 чаас. Поезд Аллараа Бэстээхтэн олохтоох бириэмэнэн 17.00 чааска хоҥнор, Благовещенскайтан – 16.53-кэ.
Итини таһынан, алтынньы 18 күнүттэн поезд Аллараа Бэстээх – Владивосток уонна Аллараа Бэстээх – Благовещенскай хайысхаларынан күн аайы сылдьыаҕа. Ити кэмҥэ диэри Нерюнгриттан Тыындаҕа диэри суол өрөмүөнэ түмүктэнэр.