Алевтина ЭВЕРСТОВА: Иккис сылбын ковид ыарыытын кытта охсуһар быраас быһыытынан көрдөһүүм — вакциналаныҥ!
Алевтина Васильевна Эверстова киин куоракка киэҥник биллэр-көстөр. Кини Дьокуускай куорат Дууматын II-c, III-с, IV-c ыҥырыыларын 4 №-дээх Ойуунускайдааҕы быыбардыыр уокуругун дьокутаата, ХИФУ Мединститутун доцена, Дьокуускай куораттааҕы 1 №-дээх поликлиника кылаабынай бырааһа, РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, СӨ үтүөлээх бырааһа. Алевтина Эверстова – «Киин куорат» хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта.
– Алевтина Васильевна, эн 1990 сыллаахха СГУ медицинскэй факультетын бүтэриэххиттэн олоххун Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин доруобуйатын харыстабылыгар анаан кэллиҥ. Быраас буолар оҕо эрдэҕинээҕи ыра санааҥ эбит.
– Дьокуускай куорат миэхэ ураты суолталаах. Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан олорор уонна үлэлиир куоратым. Манна мин оҕолорум уонна сиэннэрим төрөөбүттэрэ. Куоратым барахсан кэлиҥҥи сылларга эрэллээхтик уонна тэтимнээхтик сайдан эрэриттэн долгуйа үөрэбин. Бу куоракка олорбуттан уонна үлэлиирбиттэн дьоллоохпун эрэ.
Быраас идэтин, бука, кимиэхэ эрэ көмөнү оҥорор баҕаттан талбытым буолуо. Эмчит буоларга олук уурбут өссө биир түгэн – ийэм ыалдьыбыта. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, дьаныһан туран чэпчэки атлетиканан дьарыктаммытым. Бэл, киин куорат сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбитим. Биир дьыл ийэм Клавдия Георгиевна Иннокентьева (Протопопова) атаҕын тоһутан, сыл аҥаара орон-тэллэх киһитэ буоларга күһэллибитэ. Мин инники дьылҕабар ити түгэн элбэҕи быһаарбыта. Ыал улахан оҕотун быһыытынан элбэхтик оҕоһутунан, дьиэһитинэн хаала үөрүйэх буолан, ийэбэр көрөр-истэр көмө киһи наадатын өйдөөбүтүм. Спорпун букатын бырахпытым уонна улааттахпына булгуччу быраас буоларга бигэтик быһаарыммытым. Онно саамай санаарҕаабыт, хомойбут киһинэн тренерим буолбута, миигин улахан спорка көрөр ырата туолбатаҕыттан. Оттон дьоҥҥо үтүөнү баҕарыы, куруук баарынан-суоҕунан көмөлөһөргө дьулуһуу курдук өйдөбүллэри мин, бастатан туран, ийэбин кытта ситимниибин. Кини 42 сыл оҕо уһуйаанын иитээччитинэн үлэлээбитин ааһан, бэйэтин үс оҕотун таһынан бииргэ төрөөбүт балтын түөрт оҕотун ииппитэ – биһиги халыҥ аймахха үтүө быһыы бастыҥ холобура.
– Оскуолатааҕы сылларыҥ туһунан өссө тугу кэпсиэҥ этэй?
– Төрөөбүт дойдум Ньурба эрээри, быыкаа эрдэхпинэ төрөппүттэрим куоракка көһөн кэлэннэр, манна 27 №-дээх оскуолаҕа үөрэммитим. Ол кэмнэрбиттэн биир саамай сылаас, сырдык өйдөбүлүм – бастакы учууталым Галина Николаевна Григорьева. Биһиги маҥнайгы кылааска 45 буолан киирбиппин кэпсээтэхпинэ, билиҥҥи оҕолор соһуйа истэллэр. Паартаҕа 3-түү буолан олорор этибит. Арай иккис чиэппэргэ арыый аҕыйатан, 35 буолан хаалбыппыт. Аны туран, оскуолаҕа 4 №-дээх Дьокуускай куорат үрдүнэн соҕотох сахалыы оҕо саадыттан киирбитим. Инньэ гынан нууччалыыбар балайда мөлтөх этим. Оскуолаҕа киирээт, Галина Николаевна уһуйуутунан сотору нуучча тылын уонна литературатын олимпиадаларыгар тиийэ кыттан, бириистээх миэстэлэргэ тиксэр буолбутум. Учууталбыт хаһан даҕаны ханнык да мэник оҕоҕо куолаһын үрдэппэт, мөхпөт этэ. Оҕолору кыахтаах, кыаҕа суох ыаллар оҕолоро диэн араарбытын өйдөөбөппүн. Үчүгэйдик үөрэннэхпитинэ, бэрээдэктээхтик сырыттахпытына, манньатын уруок кэнниттэн хаалларан Пушкин, Ершов остуоруйаларын ааҕара. Биир эмэ күн остуоруйа истибэккэ дьиэлээтэхпитинэ, олус хомойорбут, туохха сыыспыппытын таайа сатыырбыт. Оскуоланы бүтэрбиппит да кэннэ учууталбытын кытта сибээспитин быспаппыт, үөрэх, оҕону иитии боппуруостарыгар сүбэлэттэрэн кэллибит. 90-с сылларга Новокузнецкай куоракка кини быраатыгар тиийэн тохтообуттаахпын. Оччолорго бэйэм бырааппын итии туочукаҕа сулууспаҕа ыытаары гыммыттара.
– Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт эбиккин.
– Оннук. Баҕар, ол да иһин буолуо, бары даҕаны сөбүгэр дьиссипилиинэлээх, бэйэҕэ ирдэбиллээх буола улааппыппыт. Биһигини иитиигэ эһэлээх эбэбит улахан үтүөлээхтэр. Эһэбит Георгий Протопопов ыарыйдахпытына бэйэтэ эмтиирин өйдүүбүн. Кэлин билбитим, хас да көлүөнэ Протопоповтар аҕа ууһа өрөбөлүүссүйэ иннинэ таҥара дьиэтигэр сулууспалаабыттар. Онон дьон чөл туруктаах, күүстээх куттаах, чэгиэн эттээх-сииннээх буоларыгар дьүккүөр – өбүгэлэрбиттэн бэриллибит сорудах быһыылаах. Оттон эбэм Марфа Саввиноваттан кэрэни кэрэхсиир дьоҕуру бэриһиннэрбитим буолуо. Эбэбит быысапкалаах, куруһубалаах мурун соттор былааттарын, сундуугун малын билигин даҕаны бу баардыы өйдүүбүн. Эбэлээх эһэбит өссө биир үөрэхтэрэ – үчүгэйдик аһааһын.
– Оттон эмчиттэр «киһи – аһыыр аһын сиэркилэтэ» дииллэр. Ол аата "Умное питание" диэн бырайыаккыт букатын дириҥ силистээх эбит. Ол туһунан кэпсиэҥ дуо?
– ХХI-с үйэ — информационнай технология үйэтэ. Бу түгэн киһи аймах олоҕун бары өрүтүн таарыйарын ааһан, аһылыгар кытта быһаччы сабыдыаллаах. “Өйдөөх аһылык” диэн тугуй? Туһалаах, иҥэмтиэлээх, битэмиининэн, минералларынан баай, о.д.а. аһылык. Биллэн турар, хас биирдии киһи төрөппүттэриттэн ылбыт, оҕо эрдэҕиттэн илдьэ кэлбит үөрүйэҕинэн сөбүлүүр-сөбүлээбэт, ылынар-ылыммат астардаах. Дьэ ол астара киниэхэ төһө туһалаахтарый диэн буолар. Холобура, кэлиҥҥи кэмҥэ уойуу элбээтэ. «Өйдөөх ас» бырагыраама бастакы уочарат кинилэргэ туһуланар. Чопчу ханнык астан уойалларын, уотар астары тугунан солбуйуохтарын сөбүн билэллэригэр.
Бу «Өйдөөх аһылыгы» диетаны кытта бутуйар сыыһа. Аһылыктан аккаастанар, кытаанах хааччахтары ирдиир диета уонна хонтуруола суох аһааһын икки ардыларынан сылдьар «көмүс орто». Биһиги өбүгэлэрбит төрөөбүт, олорор айылҕаларыттан аһаан кэлбиттэрэ – иитэр сүөһүлэрин идэһэлэнэн, үрүҥ ас арааһын оҥостон, сир астаан, бултаан, балыктаан. Аһылык амтанын тупсарар тума быһыытынан эмиэ олорор сирдэрин ото-маһа туттуллара – күөх луук, чочунаах, кииһилэ, үөрэ ото, о.д.а. Хомойуох иһин, олохпут сайыннаҕын, аныгы технология кимэн киирдэҕин, айан-сырыы тубустаҕын аайы, ол үгэспит биһигиттэн тутулуга суох төрүөттэринэн сыыйа сыппаан иһэр. Холобура, өбүгэлэрбит курдук сибиэһэй эти-үүтү күннээҕи остуолга сиир билигин биир эмэ ыалга кыаллар суол буолла. Инньэ гынан элбэх киһи кэнсиэрбэлэммит, фастфуд аска көстө. Омос санаатахха, олох сайдыытын сиэринэн аска-үөлгэ үгэс эмиэ уларыйыахтаах, сайдыахтаах курдук эрээри, учуонайдар этэллэринэн, киһи бэйэтин айылҕатыттан атылыы аһы сиирэ куруук туһалаах буолбатах, сорох ардыгар буортулаах да буолуон сөп эбит.
– Коронавирус ыарыытыттан сылтаан дьэ дьиэҕэ ас арааһын астана-астана олоруу элбээтэ. Манна тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Дьиэҕэ олоруу кэмигэр арыый аҕыйаҕы аһыы үөрэниэххэ наада. Тоҕо диэтэххэ киһи дьиэҕэ оннук элбэх эниэргийэтин бараабат. Саахары отонунан, хатарыллыбыт, тоҥоруллубут фруктанан солбуйуохха сөп. Маҕаһыыҥҥа атыыланар полуфабрикат астан туттунар ордук. Маннык ас натрийынан баай буолан, дабылыанньаны таһаарар, киһи этин-сиинин үлүннэрэр. Арыгыттан аккаастанар наада, аһыы утах, бастатан туран, иммунитеты мөлтөтөр. Уопсайынан, аҕыйах уонна буортута суох аһылыгы тутуһар ордук.
– Дьэ, быраас быһыытынан биһиэхэ быһаар эрэ: вакцина ылааччы киһи элбиирин үрдүнэн COVID-19 ыарыыбыт таһыма намтаабат. Ити тугу кытта ситимнээҕий?
– COVID-19 ыарыыны утары айыллыбыт вакциналар көдьүүстээхтэрэ билиннэ эрээри, бу ыарыыттан 100% көмүскүүр кыахтара суох. Онон вакциналаммыт дьон төһө эрэ бырыһыаннара син биир кыратык да буоллар ыалдьар. Аны туран, вакцина көдьүүстээх буолара хас даҕаны фактортан тутулуктаах: быһыыны ылбыт киһи сааһыттан, олохсуйбут ыарыылааҕыттан-суоҕуттан, эрдэ COVID-19 ыалдьа сылдьыбыта, билигин ыалдьа сылдьара, о.д.а. Ол инниттэн вакцина ылбыт киһи туох-баар медико-санитарнай ирдэбили барытын тутуһара булгуччулаах. Холобура, элбэх дьонноох сиргэ сылдьартан туттунуу, маасканы кэтии, илиини сууна сылдьыы курдук ирдэбиллэр тулхадыйбакка тутуһуллуохтаахтар.
Биллибитин курдук, ханнык баҕар вакцина бастакы 14 күҥҥэ көдьүүһэ кыра, антитела биир-икки күнүнэн буолбакка, сыыйа үрдүүр. Ол курдук, биир дозалаах вакцина иммунитеты икки нэдиэлэнэн биирдэ үөскэтэр, икки түһүмэхтээх вакцина үчүгэй түмүгү иккиэннэрин эрэ ыллахха көрдөрөр.
Аны туран, вакцина төһө даҕаны уодаһыннаах ыарыыттан, өлүүттэн-сүтүүттэн көмүскээтэр, вируска хаттаан хаптарыыттан итиэннэ атын дьону сутуйууттан харыстыыр кыаҕа суох. Ол эбэтэр, вакцинация кэмигэр төһө кыалларынан дьонтон тэйиччи, булгуччу мааскалаах сылдьыы, сөтөллөргө, ытырдарга тоҥолоҕунан хаххаланыы, илиини чаастатык суунуу курдук судургу эрээри олус көдьүүстээх быраабылалары тутуһар булгуччулаах.
– Дьокуускай куорат Дууматыгар эн промышленнаска, предпринимательствоҕа, эргиэҥҥэ, тырааныспарга уонна инновацияҕа хамыыһыйаны салайаҕын. Бу ыарыынан сибээстээн билигин эргиэн үгүс тэрилтэтигэр QR-кодунан киллэрэр буоллулар. Бу дьаһалы предпринимателлэр хайдах ылыннылар?
– Дойду үрдүнэн хамсык ыарыытыгар сыстыбыт киһи ахсаана күн-түүн элбии турарынан өрөспүүбүлүкэбит салалтата маннык хааччахтары киллэрэрэ өйдөнөр. Култуура, спорт тэрилтэлэригэр, кафеларга, рестораннарга QR-кодунан киллэрии – бу кыһалҕаттан ылыллыбыт дьаһал буоларын предпринимателлэр билэллэр.
– Эн «Биир ньыгыл Арассыыйа» паартыйа эр киһи доруобуйатыгар туһуланар бырайыагын координатора буолаҕын. Ол туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Нуучча улуу микробиолога И.И. Мечников киһи 150 сылтан ордук олорор кыахтаах диэн турар. 1908 сыллаахха кини уһун үйэлэнии туһунан теориятынан Нобелевскай бириэмийэнэн бэлиэтэммитэ. Кини этэринэн, киһи үйэтин очоҕоһугар үөскүүр токсиннар кылгаталлар. Онон төһө кыалларынан сыалаах-арыылаах, туустаах-тумалаах, бурдук астан, гаастаах утахтан халты хаама сатыахха наада. Биһиги, сахалар, холобура, кымыс, быырпах курдук утахтарбыт уһун үйэлэниигэ бэйэбитигэр бэлэхпит.
Аан дойду үрдүнэн дьахтар уһун үйэлээҕинэн биллэр. ВОЗ чахчытынан, дьахтар орто үйэтэ – 74 саас 2 ыйга, онтон эр киһи орто сааһа 69 сыл 8 ыйга тэҥнэһэн турар. Ол иһин эр киһи доруобуйата ураты болҕомтоҕо наадыйар. Дьэ, дьахтар үйэтэ тоҕо уһунуй диэн ыйытыы үөскүүр. Онно, бастакынан, ген «буруйдаах». Беркли куораттааҕы Калифорнийскай университет уонна Макс Планк демографическай чинчийиилэргэ институтун киһи өлүүтүн чинчийэр баазаларыгар 40 араас дойду статистиката хараллан сытар. Онно көстөрүнэн, хайа да сылы ыл, саҥа төрөөбүт кыыс оҕо хара төрүөҕүттэн уол оҕотооҕор уһун үйэлэнэр сибикилээх төрүүр эбит. Ол эбэтэр, эр киһи төрүөҕүттэн кылгас үйэлэнэргэ ананан төрүүр курдук. Ону Лондон университетын колледжын профессора Давид Джемс эр киһи эмбриона дьахтар киэнинээҕэр чаастатык өлөрүнэн быһаарар. Биллэрин курдук, дьахтар ХХ хромосомалар паараларыттан турар, оттон эр киһи – XY. Бу хромосомалар гентэн тураллар. X-хромосомалар арыый бөдөҥ кээмэйдээх буоланнар, арыый элбэх гени илдьэ сылдьаллар. Оттон Y-хромосомалар кыра буоланнар, аҕыйах гени батараллар. Онон, эр киһи соҕотох X-хромосоматыгар кыһалҕа үөскээтэҕинэ, улахан ночооттоох буолан тахсар, оттон кыыс оҕоҕо "саппаас" X-хромосомалаах буолан, үөскээбит кыһалҕалартан улахан охсууну ылымыан сөп.
"Кыыс оҕоҕо X-хромосоматыгар генетическэй мутация баара билиннэҕинэ, киниэхэ саппаас хромосомалааҕа туһалыыр. Оттон уол оҕоҕо оннук саппааһа суох", – диэн биэлиэтиир Давид Джемс.
Аны туран, Эксетера университетыттан Лорна Харрис: "Уол оҕо 20-30% ийэ иһигэр сылдьан улахан срокка өлөр. Эбэтэр уол оҕо 14% болдьоҕун иннинэ төрүүр. Итиэннэ уол оҕо ийэ иһигэр үөскүөҕүттэн кыыстааҕар кэтит уҥуохтаах, бөдөҥ-садаҥ буолан, төрүүрүгэр эчэйии ылар кутталлаах", – диирэ оруннаах. Онон, этиллибитин курдук, эр киһи кылгас үйэлэнэригэр бастакы төрүөт – хромосомалара.
Иккис төрүөт – гормон. Оҕо кыыһыттан-уолуттан тутулуга суох хороччу улаатан эрэр кэмигэр улахан гормональнай уларыйыыны ааһар. Ол курдук, тестостерон диэн ааттаах эр киһи гормона уҥуох, былчыҥ матырыйаалыгар эппиэттээх, эр киһи дьахтардааҕар улахан уҥуохтааҕа, бөдөҥө-садаҥа, куолаһа суона барыта тестостеронуттан тутулуктаах. Дьэ ол тестостерон элбиир кэмэ – эр киһиэхэ саамай өстөөх саас. Эр дьон оту-маһы тосторута тыыта сылдьар, охсуһуу эҥээрдэнэр, массыынаны-матасыыкылы айааһыырга холонор саастарын экспертэр тестостерон таһымныыр кэмин кытта ситимнииллэр. Ол эрээри итиннэ барытыгар эр киһи гормонун буруйдуур сатаммата чахчы. Оттон дьахтар гормона - эстроген - "антиоксидант" оруолун толорор. Бу гормон киһи организмыттан туох-баар буортулаах веществоны барытын үтэйэн таһаара сатыыр аналлаах. Ол курдук, Испания учуонайдара эстроген киһи үйэтин уһатар геннэр көхтөрүн үрдэтэр диэн бэлиэтээбиттэрэ биллэр.
Эстроген итини сэргэ организмтан холестерины таһаарар, ол эбэтэр сүрэх ыарыытын биир төрүөтэ суох оҥоһуллар. Онон эстрогена аҕыйах эр дьон сүрэх ыарыытыттан кылгас үйэлэниэхтэрин сөп.
Эр киһи үйэтин кылгатар үһүс төрүөт – кини дьарыга уонна олоҕун ис хоһооно. Сэрии, араас ыксаллаах быһыы-майгы буола турар территорияларыгар эр дьон олоҕо, үйэтэ ордук кылгаһа биллэр. Оттон мөлтөх медициналаах дойдуларга дьахтар аймах кылгас үйэлээх буолар эбит.
Аны туран, дьахтар уонна эр киһи үйэтин орто саастара олус улаханнык араастаһар дойдулара баар. Бу түгэни эр дьон арыгынан, табаҕынан, наркотигынан кэбэҕэстик үлүһүйэрин кытта ситимнииллэр. Холобура, Арассыыйаҕа эр дьон ортотунан дьахтар аймахтан 13 сылынан кылгас үйэлээхтэрэ биллэр. Ону, бастатан туран, эр дьон арыгыны батыһарын кытта ситимнииллэр.
– Алевтина Васильевна, түмүккэ «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар тугу этиэҥ этэй?
– Быраас, иккис сылбын күннэри-түүннэри бу ковид ыарыытын кытта охсуһар киһи быһыытынан биир көрдөһүүлээхпин – вакциналаныҥ! Төһөнөн түргэнник коллективнай иммунитеты үөскэтэбит даҕаны (нэһилиэнньэ 80% ордук), соччонон түргэнник урукку олохпутугар төннүөхпүт.