Алексей Пинигин: «Хамаанда үлэтэ элбэҕи быһаарар»
Биллиилээх меценат, дьон-норуот биһирэбилин ылбыт, Туймаада ыһыаҕын биир саамай күүтүүлээх-кэтэһиилээх күөн күрэһэ – "Дыгын оонньууларын" быйыл бэһис төгүлүн спонсордыыр «Прогресс» тутуу хампаанньатын төрүттээччитэ уонна салайааччыта Алексей Пинигин – «Киин куорат» хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта.
СӨ бочуоттаах тутааччыта, СӨ бочуоттаах архитектора, СӨ үөрэҕириитин туйгуна о.д.а. үрдүк судаарыстыбаннай наҕараадалар туһааннаахтара Алексей Семеновиһы кытта олимпийскай чөмпүйүөн Байбал Пигининниин аймахтыы буолалларын-суоҕун, аатырбыт киинэ артыыһа Борис Щербакову кытта дьиэ кэргэнэ туох ситимнээҕин, тэрилтэтин тоҕо «Прогресс» диэн ааттаабытын, айылҕалаах эдьиийэ олох ханнык түгэннэригэр көстөн ааһарын, өбүгэ, оҕо, эдэр саас, үөрэх, үлэ, дьиэ кэргэн тула кэпсэтэбит.
Суолбун солуур өбүгэлэр
— Төрөппүттэрим иккиэн төрүт-уус чурапчылар. Ийэм Амма эбэ кытылыгар турар Мырыла нэһилиэгиттэн төрүттээх, аҕам – Хадаар нэһилиэгиттэн. Олимпиада чөмпүйүөнэ Байбал Пинигинниин араспаанньабыт биир эрээри, тус-туһунан Пинигиннэрбит. Кини Мэҥэ Хаҥалас Хорообутун Пинигиннэрин сыдьаана. Ол гынан баран аны аймахтыыбыт, ийэтин өттүнэн.
Кинилэр Төҥүргэстээх алааска олорбуттар, мин аҕам ийэтинэн – ол алаас үрдүгэр баар Долборуктаахха. Биир алааска олорбут буолан баран, дьэ, төрдү-ууһу үөрэттэххэ, олох атыннык ыйан биэрэр.
Аҕам өттүнэн татаар омуктаахпын. Амма Соморсунугар атыыһыт Расторгуев кыыһа Расторгуева Аана – аҕам эбэтэ. Ийэм өттүнэн аата ааттаммат айылҕалаах эдьиийдээхпит туһунан истэрим.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр таайым снаряд түспүт сиригэр бииргэ сэриилэһэ сылдьар доҕотторунуун саһан олордохторуна, көрдөҕүнэ, эдьиийэ маҥан аттаах кэлэн, «миигин сырсыҥ» диэбит. Уолаттар хап-сабар сырсыбыттар, аҕыйах кэминэн ол олорбут сирдэригэр снаряд иккистээн түспүт. Онон өлөр өлүүттэн быыһаммыттар.
Иккис түбэлтэ Мамаев курган аннынан уоттаах сэрии үгэнигэр буолбутун истибитим. Арай көрдөҕүнэ, эмиэ маҥан аты мииммит эдьиийэ тиийэн кэлбит. Уонна ыҥырбыт. Онно илиитин өрө ууммутугар, буулдьа түөрт тарбаҕын быһа көтөр. Онон сэрииттэн доруобуйатынан сыыйыллан кэлэн, өлөр өлүүттэн быыһаммытым диирэ. Үйэтин моҥоон, уһуннук олорон барбыта.
Онон өбүгэлэрбит төһө да быдан дьылларга күн сириттэн күрэммиттэрин иһин, куруук араҥаччылыы, күннэтэ көрө-истэ сылдьаллар.
«Сөптөөх хайысханан сырыттахха, суолгун солоон биэрэллэрэ, аартыккын арыйан иһэллэрэ баар суол»,– диэн кырдьаҕас таайым этэр буолара.
Өбүгэ ситиминэн
Былыр-былыргыттан төрөөбүт удьуорунан киэн туттар уруу-аймах ордук тирэхтээх, эркиннээх, күүстээх, кыахтаах буолар. Бүгүҥҥү олоххун кинилэр эмиэ сайыннараллар, үүннүүллэр-тэһииннииллэр, ыйан-кэрдэн, салайан биэрэллэр. Ону сөпкө өйдүөххэ, сааһыланыахха эрэ наада. Ааспыты ытыктыыр киһи бэйэтин албыннаппат, омугун, дойдутун түһэн биэрбэт, кэскиллээх, баай дууһалаах буолар диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Алексей Семенович төрүттэрин туһунан баай ис хоһоонноох кэпсээннээх:
– Аҕам өттүнэн аймахтарым баай дьон эбит. Сэбиэскэй былаас буолбутугар баайдарын былдьаппыттар. Элбэх көмүстээхтэрэ үһү. Оттон ийэм Баай Улахан Хааскы диэн эһэлээх эбит. Кини кэргэнэ, ол аата ийэм эбэтэ Оҕуолуйа Баай диэн Боотуруускай улуус кулубатын кыра кыыһа. Чоочо баайы кытта тэҥнээх кыахтаах киһи эбитэ үһү. Сүөһүнэн, сылгынан байбыт. Сайын, кураан буоллаҕына, сүөһүлэрин хочоҕо таһаарар эбит. Күһүн Одьулууҥҥа үүрэн киллэрэр. Бастакы сүөһүтэ хотоҥҥо кэлэн киирэригэр, дэриэбинэттэн сэттэ килэмиэтир баар хочоттон бүтэһик сүөһүтэ саҥа араҕара үһү диэн кэпсиирэ ийэм. Ийэбиттэн: «Сылгыта төһө буолуой?» – диэн ыйыттахпына, ахсаанын да билбэт элбэх сылгылааҕа үһү диэбиттээх.
Төрүттэргин, өбүгэлэргин билэр, кинилэр олорон ааспыт олохторун ытыктыыр буоллаххына, куруутун көрдөһө-ааттаһа, махтана сырыттаххына, хайа да үйэҕэ күүс-көмө, бөҕө-тирэх буолаллар. Онон билигин оҕолорбор, сиэммэр өбүгэлэрин туһунан тириэрдэ, кэпсии сылдьыахтаахпын бигэтик өйдүүбүн. Оччоҕуна утум ситимэ күүһүрүө, өбүгэ көмүскэлэ, араҥаччыта баар буола туруоҕа диэн эрэллээхпин. Ыччаттарбытыгар былыт саппыт былыргытын сэгэтэр, сырдыгы тыктарар – биһиги көлүөнэ дьон ытык иэспит буоллаҕа.
Ыал – оҕо үктэнэр тирэҕэ, дайар салгына
Төрөппүттэрбитигэр Семен Семенович, Валентина Дмитриевна Пинигиннэргэ бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт. Мин саамай улаханнарабын. Балтылаахпын уонна бырааттаахпын.
Ийэлээх аҕабыт ыал буолан олорбуттара биэс уон сыллаах кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэрэ. Хомойуох иһин, күн күбэй ийэм айаннаабыта. Аҕам, аҕыс уонун ааспыт кырдьаҕас, билигин иэримэ дьиэбит уотун саҕааччы.
Дьоммут иккиэн үлэни өрө туппут дьон. Ийэбит Ленинград куоракка устудьуоннуу сылдьан миигин күн сирин көрдөрбүт. Култуура институтугар үөрэммитэ. Киин телевидение «Утро» биэриитин ыытааччыта Борис Щербаков, элбэх киинэҕэ уһуллубут биллиилээх артыыс, ийэбиниин бииргэ устудьуоннаабыттар. Үөрэҕин бүтэрэн кэлэн баран бастаан аҕабыт дойдутугар Чурапчы Хадаарыгар олохсуйбуттар. Ийэбит онно кулуупка үлэтин саҕалаабыт.
Аҕабыт Саха судаарыстыбаннай университетын БГФ бүтэрбитэ. Эдэр сааһыттан салайар дьоҕурдаах буолан, студпрофком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Үөрэҕин бүтэрэн баран учууталынан, сэбиэт бэрэссэдээтилинэн үлэлээн баран, Чурапчы оройуонун спорт кэмитиэтин салайбыта. Наар күрэхтэһиигэ хамаанда хомуйан, спортсменнары атын оройуоннарга илдьэр-аҕалар түбүккэ сылдьыбыта. Ийэбит Дириҥҥэ көһөн кэлбиппитигэр тыйаатырга режиссёрунан үлэлээбитэ. Ити кэмнэргэ тыйаатыр норуодунай ааты ылбыта. Онтон Чурапчыга тыйаатырга режиссёрдаабыта. Ол саҕана эмиэ норуодунай аакка тиксибиттэрэ. Онон өрөбүл күннэргэ ийэбит тыйаатырга испэктээк туруора, артыыс буолан оонньуу эбэтэр дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлии, аҕабыт күрэхтэһиилэри ыыта бараллара үгүс буолара. Ийэм кэнники музейга отучча сыл устата краевед быһыытынан үлэлээбитэ. Чурапчы историятын, дьонун-сэргэтин, төрдүлэрин-уустарын элбэҕи билэрэ. Бу үлэтэ барыта «Култуура үтүөлээх үлэһитэ», «Сойуус култууратын туйгуна» үрдүк наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ.
Балтым эмиэ култуура үтүөлээх үлэһитэ. Быраатым бэйэм курдук тутааччы, өрөспүүбүлүкэ улуустарынан бэрт элбэх хочуолунайы тутан кэллэ.
Ийэбитиниин үс киһи «Үтүөлээх үлэһит» ааты сүгэрбитинэн киэн туттабын.
Онон төрөппүттэрбит Семен Семенович, Валентина Дмитриевна Пинигиннэр тапталларынан, сүмэлээх сүбэлэринэн, арчылаах алгыстарынан олохпут устата биһиги, оҕолоро, уолбат утахтанабыт.
Төрөппүттэрбит «Золотые семьи Якутии» диэн кинигэҕэ киирбиттэрэ бэйэлэрин кэмнэригэр сөптөөх суолунан олорбуттарын туоһута диэн толкуйдуубун.
Уопсай дьиэ олбуоруттан
Оҕо сааһым Чурапчыга кыбаарталга ааспыта. Онно, дьэ, уопсай оҕолоро мустаммыт, уһун күнү быһа оонньоон тахсарбыт. Футбол диэн, былаах былдьаһыыта диэн, үспүйүөннээх, милииссийэлээх диэн элбэх буоллаҕа. Сэриилэһэн да көрөрбүт, рогаткалаһан да ыларбыт. Ол тухары хамаанданан, этэрээккэ арахсан, күммүтүн да билбэккэ хааларбыт. Аны «первай» кыбаарталлары кытта уолаттар киирсии бөҕөтө. Онтон оскуолаҕа тиийэн спорт көрүҥнэригэр күрэхтэһии. Онно эмиэ кылаас старостата, учком бэрэссэдээтэлэ буоларым, устудьуоннуур сылларбар эмиэ бөлөхпөр староста, профком этим, тутар этэрээти салайарым. Ити курдук, салайар, тэрийэр үлэ диэни оҕо эрдэхтэн сүһүөх-сүһүөҕүнэн билэн кэлбиппин быһыылаах. Хас биирдии кыра да, улахан да тэрээһин киһини элбэххэ үөрэтэр, кылаанныыр, сайыннарар.
Чурапчы – спорт туоната
Хайа баҕарар дойду тус-туспа уратылардаах, бэйэтин киэбигэр-таһаатыгар сөптөөх дьонноох-сэргэлээх, сиэрдээх-туомнаах.
Чурапчыга уолаттар бары тустуунан дьарыктанан сайдабыт. Тустуу диэн бастакы көрүҥ. Бэйэм эмиэ тустуунан дьарыктаммыт киһибин. Дьарыктаммыт киһи барыта кыайыылаах буолуохтаах диэн буолбатах. Тустуу оҕо эт-хаан өттүнэн сайдыытыгар, илиитэ, атаҕа, сиһэ бөҕөх буоларыгар, сымса, сытыы, сылбырҕа туттууга биэрэрэ элбэх. Онон уол оҕо эр киһи буолан тахсарыгар спорт бастакы учуутал буолар. Кэтээн да көрдөххө, спорт оскуолатын бүтэрбит уолаттар бары дьиҥнээх эр киһи буола үүнэллэр.
Сорох дьон сыыһа толкуйдуур. «Ээ, ол тустуу туохха наадалаах буолуой? Кулгаахтара пельмень, атахтара маадьаҕар»,– диэччилэр бааллар.
Оттон толкуйдаан көрдөххө, спорка сыстыбатах, билигин уулуссаҕа көрөр дьарамай көрүҥнээх, уһун баттахтаах уолаттарга туһаайан, боростуойдук эттэххэ, «таптыыр кыыһын көмүскэһэр кыахтаах дуо?», «сатаан оҕо оҥорор эр киһи буолар дуо?» диэн ыйытыылар үөскүүллэр. Оттон спорка сыстыбыт уол олоҕор сыаллаах, дьулуурдаах, ону тэҥэ сайдыылаах буолар.
«В здоровом теле – здоровый дух» диэн этии курдук, доруобай киһи билигин өй-санаа өттүнэн сайдар. Кыаммат киһи үөрэҕэр да мөлтөх буолар.
Биир кэмҥэ алмааһы кырыылыыр собуокка үлэлии сылдьыбыттааҕым. Омос көрдөххө, олорон эрэ үлэ. Дьэ онно эт-хаан, өй-санаа өттүнэн доруобай эрэ уолаттар итинник уһуннук, хамсаабакка олорон алмааһы кырыылааһын курдук күүстээх үлэни толороллорун көрөн итэҕэйбитим. Доруобай, чөл эттээх-сииннээх, дьулуурдаах эрэ киһи үрдүк хамнаһы аахсар үлэтэ.
Онон спорт киһини элбэххэ сирдиир, такайар, сайыннарар.
Төрөппүт кэс тыла
Дьоммут иккиэн үрдүк үөрэхтээх, оччолорго ааттыылларынан интеллигент ыал буолан, биһиэхэ, оҕолоругар, үөрэх наадатын туһунан оҕо эрдэхпититтэн этэллэрэ.
Мин 10-с кылаас кэнниттэн СПТУ-га киирэммин, суоппар быраабын ылбытым. Онтон икки сыл Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр суоппардаабытым. Аармыйаттан хайаатар да үөрэниэхпин наада диэн бигэ санаалаах кэлбитим. «Экономист идэтин баһылыырбар математикаҕа дьарыктыаҥ дуо?» диэн учууталым Анна Егоровна Гордееваттан ыйыталаспыппар, үөрүүнэн сөбүлэспитэ. Онон учууталым көмөтүнэн үрдүк үөрэх эксээмэннэрин туттаран, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар күнүскү үөрэх устудьуона буолбутум.
Икки бөлөҕүнэн биэс уонтан тахса буолан үөрэммиппит. Миигин бөлөхпөр старостанан талбыттара, студпрофкомҥа киирбитим, аны сайынын тутар этэрээккэ тэрийии үлэтэ саҕаламмыта. Бу барыта миэхэ улахан оскуола буолбута саарбаҕа суох. Билиҥҥи үлэбэр хамаанда тэринэн бу үлэлии олордоҕум дии. Көр, ол оччоттон хамаанда тэриниитэ, били, уопсай дьиэ олбуоруттан саҕалаан.
Онон киһи олоҕун устата, оҕо сааһыттан хайдах, туох оонньууруттан саҕалаан, олоххо үөрэнэр эбит дии саныыбын.
Тутар этэрээккэ үс сыл тухары аҕыс килэмиэтирнэн тайыыр күрүө, кыстык хотонун бэлэмэ, эпсиэйэ, штукатурката, дьиэ тутуутугар ситэрии үлэлэри оҥоруу о.д.а. Тутуу ымпык-чымпык үлэтигэр бастакы сүрэхтэниибин итиннэ ааспытым.
Экономист идэтин баһылаан баран кэлин кэтэхтэн юрист, онтон инженер үөрэҕэр үөрэнэн, дьонум кэс тылларын бэйэм холбор толордум диир кыахтаахпын.
Үлэ саҕаланыыта
Дьокуускайдааҕы Көтөр фабрикатын атыы-эргиэн тэрилтэтигэр биллэриинэн тиийэммин үлэҕэ киирбитим. Онтон үс сыл үлэлээн бараммын, Чурапчыга алмаас кырыылыыр «Туймаада-Даймонд» тэрилтэ собуотугар, онтон Дьокуускайдааҕы собуокка үлэлээбитим.
Ол сылдьаммын бэйэ дьыалатын тэринэр санааҕа кэлбитим.
Бастаан өрөмүөн үлэтиттэн саҕалаабытым. Онтон 12-16 кыбартыыралаах дьиэлэри тутууну ылсыбытым, сыыйа таас дьиэлэргэ киирэн, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии олоробут.
Онон бу билиҥҥи улахан тэрилтэ биирдэ баар буолан хаалбатаҕа. Итинник уһун-киэҥ үлэттэн, сыраттан тахсыбыта.
Хамаанда үлэтэ элбэҕи быһаарар
Төрөөбүт дойдуга таптал, иитиллибит, киһи буолбут сиргэ махтал, ытыктабыл, сүгүрүйүү уонна дьоҥҥо көмө оҥорортон астыныы, дуоһуйуу – олоҕу хамсатар күүстэр. Спорка «Дыгын оонньууларын» генеральнай спонсорын быһыытынан быйыл бэһис сылбыт. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллар тэрээһиннэртэн итини сэргэ «Манчаары оонньууларын», «Хаар айан» күрэхтэрин ааттыахха сөп. Араас таһымнаах күрэхтэһиилэртэн саҕалаан, спортсменнар дьарыкка барар-кэлэр авиабилиэттэригэр тиийэ көмө көрдүүллэр. Элбэх киһи кэлэр. Култуура, үөрэх тэрилтэлэрин куонкурустарыттан, быыстапкаларыттан саҕалаан, өрөмүөннэригэр тиийэ көмөлөһөбүт. Кинигэ, киинэ тахсыыта, атын даҕаны бырайыактар «Прогресс» тутуу хампаанньатын аатын элбэхтик ааттатар буоллулар.
Тиһигин быспакка бииргэ үлэлэһэр нэһилиэктэрдээхпит, ыччат министиэристибэтин, СӨ эбээннэрин сойууһун кытта эмиэ ыкса сибээһи тутабыт.
Оттон биирдиилээн кыһалҕалаах дьоҥҥо көмө, спортсменнар, култуура үлэһиттэрин бырайыактарын үбүлээһин эмиэ баар бөҕө буоллаҕа. Онон «спонсорство», «меценатство» диэн тыллар биһиги «Прогресс» хампаанньабытыгар чаастатык иһиллэллэр.
Бу барыта биһиги тэрилтэбитигэр киэҥ билиилээх, үрдүк таһымнаах, эппиэтинэстээх, киһи быһыытынан үрдүк хаачыстыбалаах сөптөөх каадырдар түмсэн үлэлииллэринэн, күүстээх хамаанда таҥыллыбытынан ситиһиллэр. Тэрилтэбит сүрүн састааба – эдэр ыччат. Онон ситиһиибит төрдүн сөпкө таҥыллыбыт хамаандаҕа көрөбүн. Хамаандабыт, ол аата тэрилтэбит мээнэҕэ «Прогресс» диэн ааттамматаҕа, биир сиргэ турбакка, саҥаттан саҥа чыпчааллары дабайыыга, биллэн турар, ыччат дьон билиитигэр, кыаҕар, күүһүгэр эрэнэбит!
«Дыгын оонньууларын» генеральнай спонсора
«Дыгын оонньууларыгар» быйыл бэһис төгүлүн генеральнай спонсор быһыытынан кыттаары олоробут.
Бу төрүт оонньуубутун саха норуота баарын тухары илдьэ сылдьыахтаахпыт. Манна хапсаҕайбыт, маспыт тардыһыыта, сырама тааһы көтөҕүү, тутум эргиирбит о.д.а. бары киирэллэр. Бу эдэр ыччаппыт эт-сиин, күүс-уох, өй-санаа өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах буола үүнэригэр төһүү күүс буолар көрүҥнэр.
Бачча сылларга «Дыгын оонньууларыгар» спонсордаатыҥ, онон федерация салайааччыта буолуоҥ дуо диэн этиилээх тахсыбыттарыгар, үөһэ эппитим курдук оҕо, эдэр эрдэхпиттэн спорка чугас буоламмын, сөбүлэспитим. Уонна оттон сахабыт төрүт оонньуутугар эдэр спортсменнар тахсан чемпион буолалларын көрөн, оҕолорбут кинилэри кумир оҥостон батыһаллара, сэҥээрэллэрэ, холобур туталлара туһаттан атыны аҕалбата чуолкай.
Быйылгы Туймаада ыһыаҕар оҕолорго анаан «Бэргэн оонньуулара» диэн саҥа күрэхтэһии ыытыллаары турар. Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата көҕүлээн ыытар. Генеральнай спонсорынан «Молочный дождик» үүт собуота буолар. Дьэ, бу үчүгэй. Киһи биһириир. Аны аҕыйах сылынан «Дыгын оонньууларыгар» бу күрэх кыайыылаахтара кытталларын көрүөхпүт турдаҕа.
Историяны сэгэттэххэ, 2020 сыллаахха «Дыгын оонньууларыгар» аан бастакы 1 000 000 суумалаах уу харчынан бириэмийэни Леонид Филипповка туттарбыппыт. 2021 сылга – Егор Филипповка, 2022 сылга – Алексей Уваровскайга, 2023 сылга – Вячеслав Дьяконовка. Оттон быйылгы биир мөлүйүөн суумалаах бириис хаһаайына аҕыйах хонугунан биллиэ турдаҕа.
Манна устудьуоннуу сырыттахпына үөрэппит учууталларым эппит этиилэрэ улахан оруоллаах. Экономист идэтигэр үөрэнэрбэр: «Эһиги инникитин бизнес эйгэтигэр үлэлиир буоллаххытына биири өйдүөххүтүн наада. Урбаанньыт репутациятын уонунан сылларга оҥостор. Ол кэнниттэн репутация эһиэхэ үлэлиир»,– диэн эппиттээхтэрэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ олорон толкуйдаан көрдөхпүнэ, идэбин, учууталларбын уонна олоҕум суолун сөпкө тайаммыт эбиппин диэн бигэ санаалаахпын.
Дьиэ кэргэн – киһиэхэ саамай тирэҕэ, күүһэ уонна таптала
Удьуор утум салҕанан барарыгар, өбүгэ үгэстэрэ үйэтийэ туралларыгар биэс оҕобор аҕа, сиэммэр эһээ быһыытынан болҕомтобун уурабын.
Уолум спорка сыстаҕас. Сэттэ сааһыттан сарсыарда аайы «Юность» стадиоҥҥа батыһыннара сылдьар этим. Оскуолаҕа нуучча кылааһыгар үөрэммитэ эрээри, төрөөбүт тылынан холкутук саҥарар, кэпсэтэр.
Аны Нерюнгри куоракка футбол оскуолатыгар үөрэммитэ. Билигин Москваҕа устудьуоннуур. Москва куорат футбол хамаандатын чилиэнэ. Нууччалыы иитиилээх, нууччалыы тыллаах дьон ортотугар сырыттар да, сахатын хайа да түгэҥҥэ өрө тутар. Төрөөбүт тылгынан кэпсэппэт, өйдөөбөт буоллаххына, өбүгэлэр ситимнэрэ мөлтүүрүн өйдүүр. Маны оҕолорбор аҕа быһыытынан тириэрдэ сатаан кэллим.
Бэйэбин кытта биир кыыһым үлэлэһэр. Оҕолор бэйэлэрин тэтимнэринэн үөрэхтэнэн, үлэлээн-хамсаан, дьиэ-уот тэринэн олороллор.
Оттон мин саамай сынньанар, дуоһуйар сирим – дьиэм. Кэргэним, оҕолорум, сиэним, аҕам, бииргэ төрөөбүттэрим аттыбар баалларыттан ордук киһиэхэ туох наада үһүө?!
* «Прогресс» ХЭУо аҥаардас 2019-2023 сылларга уон түөрт мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ суумалаах араас хабааннаах көмөнү оҥорбут.
* Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар үс миллиард тоҕус сүүс түөрт уон тоҕус мөлүйүөн суумалаах үлэни кэмигэр уонна үрдүк хаачыстыбалаахтык толорбут.
* Хаһыс да сылын Туймаада ыһыаҕын "Дыгын оонньууларын" муҥутуур кыайыылааҕар биир мөлүйүөннээх бирииһи олохтоон кэлбитин иһин норуот махтала, таптала, ытыктабыла тулхадыйбат. Өбүгэ үгэстэрин сөргүтүүгэ, сайыннарыыга, тарҕатыыга бу сүҥкэн кылаат.
Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан