25.08.2022 | 14:00 | Просмотров: 668

Александр Захаров – «Эколидер» номинация кыайыылааҕа

Дьокуускай куорат Строительнай уокуругун олохтооҕо Александр Захаров «Киин куорат күөх кубога» куонкурус «Эколидер» номинациятын кыайыылааҕынан буолла. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кыайыылаах кэпсээбитинэн, кини дьиэ кэргэнэ түөрт сыл устата сквери көрөр-харайар.

«Сквергэ 75 акация, 15 хатыҥ, 8 боярышник, 1 рябина уонна 1 улахан тирэх мас үүнэн тураллар. Бастакы сылбытыгар көрөр-харайар уустуктардаах этэ, акацияларбыт кып-кыралара, сууккаҕа иккитэ уу кутарбыт. Биир кутууга 100 лиитэрэ кэриҥэ уу барара. Уубутун уолбунаан 4 этээстэн таһарбыт. Территорияны ыраастааһыҥҥа куруук субуотунньуктуубут», - диэн кэпсээтэ Александр.

Сквергэ киирэр сири, гараас иннин Захаровтар дьиэ кэргэттэрэ эмиэ бэйэлэрэ киэргэппиттэр.

«Биһиги холобурбутун батыһыҥ, оччоҕо куораппыт кэрэтийиэҕэ уонна чэчирээн иһиэҕэ», - диэтэ «Эколидер» номинация кыайыылааҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.