25.08.2023 | 10:00

Александр Дмитриев-Таммах: Тылга улахан суолтаны уурабын

Александр Дмитриев-Таммах:  Тылга улахан суолтаны уурабын
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ бассаап ситиминэн аҕам саастаах киһи куорат пааркатыгар «Зал иһин толорор музыка» диэн тыллардаах сэбиэскэй кэмнээҕи хит-ырыаны толорорун элбэх киһи сэҥээрэ, хайҕыы көрдө, иһиттэ. Бу ырыа алыптаах дорҕоонугар уйдаран, хас даҕаны көлүөнэ саха дьонун оҕо, эдэр саастара аастаҕа...

Ырыа матыыбын ааптара уонна толорооччута композитор, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Аллараа Халыма улууһун бочуоттаах гражданина Александр Иванович Дмитриев-Таммах – бүгүн «Киин куорат» хаһыат «Кэрэ эйгэтэ» рубрикатын ыалдьыта.

– Александр Иванович, бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. Ырыаҕын бары билэбит, оттон бэйэҕин үгүстэр саҥа көрдүбүт. 

Үтүө күнүнэн, «Киин куорат» хаһыат ааҕааччылара! Мин кыра сааһым кэрэ айылҕалаах Марха өрүс үрдүгэр Дьаархан нэһилиэгэр ааспыта. 1973 сыллаахха Ньурба маҥнайгы нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. Ол кэннэ Дьокуускайдааҕы Музыка училищетын вокальнай салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Аармыйа кэнниттэн атын үлэлэргэ холонон баран, музыкабын, кэрэ эйгэбин суохтаан, иккиһин Музыкальнай училищебар аны хоровой салааҕа үөрэнэ киирбитим.

Отут сааспар сахаттан бастакы идэтийбит композитор Захар Константинович Степанов сүбэтинэн Уфа куоракка композиторскай отделениеҕа туттарсан киирбитим. Күнүскү үөрэҕи 35 сааспар бүтэрэн, култуура министиэристибэтин ыйыытынан Аллараа Халымаҕа үлэлии барбытым.

Уонна күн бүгүнүгэр диэри онно олоробун, үлэлиибин.

– Олоҕуҥ аргыһын Уфа куоракка көрсүбүт эбиккин дии.

Оннук. Кэргэним Ольга Васильевна Оренбург уобалаһын Орск куоратыттан төрүттээх, Уфа куоракка институкка бииргэ  үөрэммиппит. Кини теория салаатын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Бастакы кыыспыт Арина Уфаҕа күн сирин көрбүтэ, Аллараа Халымаҕа кэлэн баран Сандар, Юлия, София, Эрчимир уонна Илья күн сирин көрбүттэрэ.

Арина Санкт-Петербурга Герцен аатынан университет клиническэй психолог салаатын кыһыл дипломнаах бүтэрбитэ. Сандардаах Юлия Обнинскайга Атомнай энергетика институтун бүтэрэн, онно олороллор,  үлэлииллэр. София Казань куорат Энергетическэй университетын бүтэрэн, эмиэ онно олорор, үлэлиир. Эрчимир Набрежные Челны университетыгар 4 кууруска таҕыста. Кырабыт быйыл Обнинскайга оскуоланы бүтэрдэ. Оттон биһиги, төрөппүттэр, Черскэйдээҕи Оҕо искусствотын оскуолатыгар үлэлиибит. Кэлэктииппит дьоҕус, олус иллээхпит. Оҕолору кэрэ эйгэҕэ угуйарга, уһуйарга бары биир сомоҕо буолан дьаныһабыт.

Александр Дмитриев-Таммах эрэнэр эркинэ — дьиэ кэргэнэ

– «Кэрэ эйгэтэ» рубрика дьоруойа «кэрэ» диэн тылы хайдах ылынаҕын?

Айар үлэнэн дьарыктанар киһи дууһата үксүн кэрэ буолар. Кэрэ санааҕа уйдаран, кэрэ дьулуурга угуйуллан айар үлэтин оҥорор дии саныыбын. Дууһаҕа кэрэ турук олохсуйдаҕына, киһи онтун харыстыахтаах, сайыннарыахтаах. Уонна онно олоҕуран кэрэ айымньылар тахсаллар.

– Айар үлэ өбүгэттэн утум дуу, үөрэх сабыдыала дуу?

Айар үлэ эйгэтигэр киирэргэ, дьиҥинэн, айылҕаттан бэрдэрии да, өбүгэттэн ситим да баара буолуо. Ол гынан баран үөрэх суолтата улахан дии саныыбын. Үөрэх киһи өйүн-санаатын сааһылыыр, үлэтин-хамнаһын торумнуур. Үрдүк таһымҥа тахсарыгар үктэл буолар. Музыка ымпыгар-чымпыгар үөрэнэр кэммэр аан дойду музыкатын барытын ырытан, хас биирдии маастар интонациятыгар тохтоон, тоҕо маннык суруйбутун анаарар, ырытар этибит. Ол миэхэ улахан сабыдыалы оҥорбута уонна билигин даҕаны көмөлөһөр дии саныыбын.

– Уфаҕа Искусство институтугар сахалартан кимнээх үөрэммиттэрэй?

Композитор быһыытынан ССРС норуодунай артыыһа профессор Загир Гарипович Исмагиловка үөрэммитим. Киниэхэ Саха сириттэн Алексей Сазонов, Владимир Ксенофонтов, Полина Иванова, Пантелеймон Старостин мин иннибинэ үөрэнэн бүтэрбиттэрэ.

– Уустук үөрэх этэ дуо?

Профессорбыт бастакы да куурустары, бэһис да куурустары бииргэ үөрэтэр ньымалааҕа. Кууруспар иккиэ этибит эрээри, үксүн соҕотоҕун үөрэммитим. Онон атын куурустардыын ким тугу айбытын бары бииргэ ырытыһан, истиһэн үөрэнэрбит. Профессор атын устудьуоннарга «Учитесь у Дмитриева. У него ярко выраженная мелодия» диэн этэр буолара. Соҕотох саха этим. Үксүлэрэ татардар, башкирдар. Үөрэх уустук баҕайы этэ. Түүннэри музыка суруйаҕын. Сарсыарда үөрэххэр бараҕын. Онон олус ылсыһан туран үөрэммитим. Ол түмүгэ билиҥҥэ диэри айар үлэбэр үтүө эрэ өрүтүнэн дьайар.

Иллээх-эйэлээх кэлэктиип

Айар үлэҕэ хайдах кэлбиккиний?

Оттон кыра эрдэхпиттэн ырыа ыллаан, хоһоон да суруйан, оскуола иһинэн кэнсиэртэргэ кыттыыттан кэллэҕим дии. Ырыа айа сатыыр этим. Киһи бэйэтигэр баара оҕо эрдэҕинэ баҕа санаа буолар эбит дии саныыбын.

– Айар үлэттэн ураты дьарыгыҥ?

– Сэттэ оҕо аҕата буолабын. Урукку кэмҥэ иллэҥ кэмиҥ дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо иитиитигэр ананар эбит буоллаҕына, билигин, оҕолорбут улаатан бартарын кэннэ, иллэҥ кэммин айар үлэбэр аныыбын.

Киһи сатыырын киһи сатыахтаах диэн санааттан барытыгар ылсыһан иһэбин. Тэлэбиисэр өрөмүөнүттэн саҕалаан, унтуу улларан, бэргэһэ да тигэн көрбүттээхпин. Сарсыарда 3-4 чааска тураммын күөгүлээн балыктыыр биир умсугуйар дьарыгым.

– Александр Иванович, хоһоон ырыа буоларыгар туохха ордук болҕомтоҕун уураҕын?

– Ырыа суруйарбар тылга улахан суолтаны уурабын. Хоһоону ырытабын, үөрэтэбин. Ырыаҕа барсар эрэ буоллаҕына ылсабын. Холобура, урукку өттүгэр алтыһа сылдьыбыт поэттарым Бүөтүр Тобуруокаптан, Михаил Тимофеевтан элбэххэ үөрэммитим. Дьиэлэригэр сылдьан, хоһоон тылларын бииргэ ырытыһан, ааҕан, элбэхтик алтыһан ааспыттааҕым.

Кэнники сылларга Анатолий Старостин-Сиэн Кынат элбэххэ үөрэттэ. Кини хоһоонноро киэҥ, дириҥ суолталаахтар. Бассаап нөҥүө Ирина Колодезникова-Ымыыны кытта билсэн, кини хоһоонноругар 50 ырыалаахпыт. Ону тэҥэ Индиана Феофанова бэрт үчүгэй хоһооннордоох. Кини айымньыларынан 21 ырыаны айан, ырыанньык таһаартарбыппыт. Нам Хомустааҕыттан Алексей Татаринов-Удьурҕай, Сунтаартан Екатерина Львова-Долгууна, Бүлүүттэн Ульяна Ива хас биирдиилэрэ ураты буочардаах хоһоонньуттар, барыларын кытта эмиэ бассаап нөҥүө айабыт-тутабыт.

Түгэнинэн туһанан алтыһар, биир айылгылаахтарбар махталбын тириэрдэбин.

– Александр Иванович, оҕолору кэрэ эйгэҕэ уһуйааччы буоларыҥ да быһыытынан олох бу буруолуу сылдьар кинигэҥ туһунан сырдата түс эрэ.

Училищеттан саҕалаан (вокальнай, хоровой) институкка (композиторскай) тиийэ муусука араас таһымнаах оскуолатыгар үөрэнэн, олохпун оҕону кэрэ эйгэтигэр иитиигэ анаан кэллим. Оҕо ырыаларын суруйартан улахан дуоһуйууну ылабын. Айа олорон кинилэрдиин тэҥҥэ ыллаһар, үөрэр-көтөр курдукпун.

Быйыл сайын 56 ырыалаах оҕолорго аналлаах ырыанньык таһаартардым.

Түмүкпэр «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар мэлдьи кэрэни кэрэхсээҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Кэрэ санааны, кэрэ туругу дууһаҕытыгар тута сылдьыҥ. Ол туруккутун иитийэхтээн, элбэтэн, дьоҥҥо элбэх кэрэ дьайыылары, өйү-санааны, кэрэ сабыдыалы оҥорорго кыһаллыҥ. Оччоҕуна биһиги олохпут өссө күндүтүйүө, кэрэтийиэ, дьоммут-сэргэбит олоҕо чэпчиэ. Мин бэйэм мэлдьи оннукка дьулуһабын. Кэрэ санаа ханнык да ыар санааны кыайар күүстээх. Онон кэрэни өрө тутуҥ, кэрэ айылгылаах буолуҥ.

– Александр Иванович, истиҥ сэһэргэһииҥ иһин махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...