17.02.2023 | 16:00

Алдьархайга тиэрдибэтин

Ыт кыһалҕата намыраабат, кыыллар дьоҥҥо саба түһүүлэрэ салҕанар. Ону тэҥэ, хаһаайыннаах ыттар босхо сылдьар, көҥүл көччүйэр түгэннэрэ аҕыйаабат. Хайа да хааччахха хаайтарбат, бүтэр уһуга биллибэт, ханнык да ыстараап ыксаппат үлүгэрэ.
Алдьархайга тиэрдибэтин
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

 

Приюкка – 1342 ыт

Кырдьык, куоракка бэйдиэ ыт аҕыйаабыта харахха быраҕыллар. Анал биригээдэлэр үлэлииллэрэ көдьүүстээҕэ билиннэ. Ол эрээри бэйдиэ ыттар син биир бааллар.

Олохтоох дьаһалта иһитиннэрбитинэн, ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куоракка 95 дьэллик ыт (ол иннинээҕи нэдиэлэҕэ – 75) тутуллубут. Сыл саҕаланыаҕыттан барыта 411 бэйдиэ сылдьар кыыл быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа илдьиллибит. Онон бэйэтэ да кыараҕас приюкка 1342 ыт олорор. Оччо элбэх кыылы иитии бүддьүөт харчытыгар охсуулааҕа чуолкай. Бэлиэтээн эттэххэ, 2022 сылга киин куоракка дьэллик ыттары кытта үлэҕэ 46 мөл. солк. ороскуоттаммыт. Бу туһунан баһылык Евгений Григорьев Тулагы Киллэм нэһилиэнньэтин иннигэр отчуоттууругар иһитиннэрбитэ.   

“Харчыны халлааҥҥа кутан”, “Бу кэриэтин “дьаһайан” кэбиспэккэ” диэччилэр эмиэ суох буолбатахтар. “Кыыллары моруу гынан”, “барахсаттары сордоон” диэн аҥаардастыы аһынааччылар да бааллар. Ол эрээри 2018 сыллаахха ахсынньы 27 күнүгэр тахсыбыт элбэх мөккүөрдээх, ону сэргэ итэҕэһэ-быһаҕаһа элбэх 498 №-дээх “Кыылларга эппиэтинэстээх буолуу туһунан” федеральнай сокуон ирдэбилэ кытаанах.

Быаларын соспутунан, «хаалтыстарын» кэппитинэн

Олохтоох дьаһалта иһитиннэрбитинэн, ааспыт нэдиэлэ устата босхо сылдьар ыттары бэрэбиэркэлиир 20 эриэйдэ ыытыллыбыт, 7 кэһии бэлиэтэммит, административнай кэһии туһунан 6 боротокуол толоруллубут.

Мантан саас ыттарбыт “сыбаайбалара” саҕаланыаҕа. Сытыы кыһалҕа хайдах да гынан биирдэ саба тутан быһаарыллар кыаҕа суох. Дьон ыттарын көҥүл ыыта олороллорун тухары хартыына уларыйара саарбах. Ол курдук, сорох кыыллар сыаптарын, бааллан турбут быаларын соспутунан сылдьаллар. Сэрэйдэххэ, куотан босхо бараллар. Ол быыһыгар хаһаайыннаахтара биллэр “хаалтыстаах” ыттар сыбыытыыллар. Бу барыта хаһаайын эппиэтинэһэ суоҕун көрдөрөр. Маннык сыһыан алдьархайга эрэ тиэрдибэтин...

Статистика кэпсииринэн, 2022 сылга киин куорат 627 олохтооҕо ыкка ытыртаран, балыыһаҕа көрдөрө тиийбит. Онтон 350-на – хаһаайыннаах, 277-тэ – көрүүтэ-истиитэ суох ыт. 

Дьоҥҥо куттал суоһуо суохтаах!

Ыт үөрүнэн сырыттаҕына өссө кыыллыйар. Быраҕыллыбыт, дьонтон кэлэйбит эбэтэр көҥүл барбыт кыыллар куорат устун сырсыакалаһаллара нэһилиэнньэҕэ улахан кутталы үөскэтэр. Манна диэн эттэххэ, араас сыстыганнаах ыарыыны таскайдыыллара да үтүөнү аҕалбат.

Бу сыл саҕаланыыта, тохсунньу 7 күнүгэр, “Үрдэл” пааркаҕа алабай боруодалаах ньирэй саҕа сүүнэ улахан ыт дьахтарга саба түспүтэ. Дьон көмүскэспэтэҕэ буоллар, улахан иэдээн тахсыахтааҕа. Хаһаайына көстүбүтэ, дьыала силиэстийэлиир уорганнарга тиэрдиллибитэ.  Бу быһылаан куорат олохтоохторун атыйахтаах уулуу аймаабыта.

Иллэрээ күн Пригороднай бөһүөлэгэр ииримтийбит кыыллар ыт оҕотун ытыра, таптаабыттарынан төкүнүтэ, соһо сылдьан түөрт өттүттэн тырыта-хайыта тыытар видеолара тарҕаммыта. Олохтоохтор: “Иэдээн! Аны дьоҥҥо, оҕолорго саба түстүннэр? Хайдах буолабыт?” – диэн аймаммыттара. Онто да суох ааһан иһэр дьоҥҥо ырдьыгыныыллар диэбиттэрэ. Анал бөлөх суһаллык Пригороднайга тиийбитэ. Олохтоох дьаһалта уонна Бэтэринээрийэ департаменын инспектора уулуссалары кэрийбиттэрэ. Онно бэйдиэ ыттары тутар сулууспа, Гражданскай оборона уонна ыксаллаах быһыы-майгы управлениета кыттыспыта. Ол түмүгэр икки ыты тута туппуттара, сорохтор суоллара сойо охсубут этэ. Баҕар, хаһаайыннара баайбыт буолуохтарын сөп.

Эмиэ ити күн Мархаҕа босхо барбыт ыттар сылдьалларын туһунан суһал иһитиннэрии киирбитэ. Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департаменын салайааччыта Владислав Слепцов кэпсээбитинэн, сарсыардаттан хас да ыт тутуллубут. Уопсайынан, суһал иһитиннэрии киирдэҕинэ, тустаах биригээдэ этиллибит сиргэ түргэнник тиийэр.

Санатан эттэххэ, былырыын Көрүүтэ-истиитэ суох кыыллары быстах кэмҥэ тутар пуун приют буолбута. “Помоги выжить” пуонда приют өҥөтүн сыаналарын санатар. Хаһаайын кимэ билиннэҕинэ, ытын ыларыгар, ол ороскуотун бэйэтэ уйунар:

Ыты тутуу уонна тиэйэн илдьии – 1500 солк.;

Пууҥҥа биир күн – 350 солк.;

Маркировкалааһын (микрочип кэтэрдии) – 400 солк.;

*2021 сылтан сыана уларыйа илик

Аадырыһа: Дьокуускай куорат, Очиченко уул., 57

 

Үлэ күүһүрэр

Куорат уокуруктарыгар бэйдиэ сылдьар ыттары тутуу үлэтэ кэнники кэмҥэ өссө күүһүрдэ. Ол курдук, “Помоги выжить” аһымал пуондатын икки биригээдэтэ, бэйдиэ ыттары тутууга үлэлиир сулууспа үс биригээдэтэ, ИП Огонеров икки биригээдэтэ тахсаллар. Олунньу 3-9 күннэригэр аҥаардас Сайсары уокуругар управа үлэһиттэрэ тустаах бэдэрээтчити кытта үлэлээн, 19 ыты туттулар. Бу туһунан уокурук телеграм-ханаалыгар иһитиннэрбитэ.

 

Ыстараабынан ытарчалыы ыларга!

Мунньахтарга, уопсастыбаннаһы, нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэргэ эппиэтинэһэ суох хаһаайыннарга ыстараап кээмэйин улаатыннарыы туһунан этии үгүстүк иһиллэр. Ботуччу буоллаҕына эрэ куттаныахтара, онуоха диэри балаһыанньа уларыйыа суоҕа диэн санаа баар. Билиҥҥитэ дьиэ кыылларын иитии, көрүү-харайыы быраабылаларын кэһии иһин административнай эппиэтинэскэ тардыллыахха сөп.

Бастаан сэрэтии эбэтэр 1000-1500 солк. ыстараап, онтон иккистээн тутулуннахха, 3000-5000 солк. тиийэ халбаҥныыр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэтэринээрийэҕэ департаменын тустаах салааларын судаарыстыбаннай инспектордара боротокуол толороллор.

Этиллибит департамент пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 2023 сыл олунньу 1-8 күннэригэр судаарыстыбаннай инспектордар олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын, административнай хамыыһыйалары, куорат уокуруктарын үлэһиттэрин уонна полицияны кытта холбоһуктаах 25 эриэйдэҕэ сылдьыбыттар. Маннык тэрээһиннэр Үөһээ Бүлүү, Нам, Өлүөхүмэ, Усуйаана улуустарыгар, Жатайга уонна Дьокуускай куоракка ыытыллыбыттар.

Ити биир нэдиэлэ чахчылара кэпсииллэринэн, ыттаах дьон 6000 солк. уопсай суумаҕа ыстарааптаммыттар, 5 киһиэхэ сэрэтии бэриллибит.

Билиҥҥи туругунан икки боппуруос күөрэйэн тахсар. Ыттаах дьон сокуону баардылаабаттар, улахаҥҥа уурбаттар, бэйэтэ да судургу быраабыланы аанньа ахтыбаттар, долоҕойдоругар тохтоппоттор дуу? Эбэтэр ыстараап кээмэйин мыыналлар дуу?

 

Ханна үҥсэбит?

Күндү куорат олохтоохторо! Бэйдиэ сылдьар ыттары Дьокуускай куорат Биир кэлим дьуһуурунай диспетчерскэй сулууспатыгар суһаллык биллэриҥ! Төл.: 44-42-51.

Маны сэргэ, дьэллик ыттары Дьокуускай куорат Муниципальнай салайар киинин чат-ботугар аадырыһы ыйан, хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа уһулан ыытыахха сөп: 8(914) 261-06-98. Эбэтэр https://t.me/mtsuykt телеграм-ханаалга.

 

Хаартыскалар куйаар ситимиттэн ылылыннылар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...