Алаас тэҥэ суолталаах тутаах туона түстэннэ!
Мустубут дьону Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ. Тутаах болуоссат – дойду бэрэсидьиэнин бигэргэтиитин ааспыт Дьокуускай куорат маастар-былаанын иһинэн олоххо киирбит бастакы тутуу буоларын бэлиэтээтэ. Ил Дархан куорат былаастарыгар Ленин проспегын анараа өттүн урукку аатынан хаалларан баран, саҥардыллыбыт өттүн Өрөспүүбүлүкэ болуоссатынан ааттыылларыгар этии киллэриэҕин биллэрдэ. Сэргэ ойдон түспүт алмааһын оннугар өрөспүүбүлүкэ дьаралыгын олордор оруннааҕын эттэ. “Алмаас – биһиги баайбыт, ол эрээри сүрүн баайбыт буолбатах. Ол оннугар өрөспүүбүлүкэ гиэрбэтэ турара сөптөөх дии саныыбын”, – диэтэ кини.
Бырааһынньыгы Клавдий, Герман Хатылаевтар кыттыылаах дьоҕус туруоруу, Саина тыыннаах толоруутугар “Здравствуй, Якутск” ырыа киэргэттэ. Тэрээһин муҥутуур чыпчаала, биллэн турар, уоттаах-күөстээх, муусука доҕуһуоллаах фонтан буолла. Сахалыы-нууччалыы ырыа арааһа иһилиннэ. Дьон халыҥ халҕаһата хойукка диэри история бэлиэ түгэнин үйэтитэн хаартыскаҕа түһэ, уста сырытта. Көхтөөх өттө – үҥкүүлээн тэйдэ.
Саха киһитигэр аан дойдута, олоҕу анаарыыта биһигин ыйаабыт бэлиэ сириттэн – алааһыттан саҕаланар. Бу өйдөбүлгэ тирэҕирэн, болуоссат бырайыагын “алааска” дьүөрэлээн оҥорбуттарын истибит буолуохтааххыт.
“Болуоссат хас биирдии оҥоһуга, бэлиэтэ – этэр этиилээх, суолталаах”, – дииллэр. Холобур, сэргэлэр үрдүлэригэр баар чороон – уйгу-быйаҥ бэлиэтэ. Оттон 4 сылгы төбөтө түөрт хайысханы көрдөрөр. Аныгы кэм сиэринэн араас уотунан күлүмнүү оонньуур, үрүҥ көмүс олбохтоох, халлааҥҥа харбаспыт 12 курустаал таас сэргэ “алааһы” тулалыыр. 12 сэргэ – 12 ый бэлиэтэ.
Сэргэлэр эркиннэрэ араас өҥүнэн суһумнуур, ортотугар күннээх сахабыт былааҕа көстөрө ис куту бөҕөргөтөр.
“Алаас” буолан баран, ортотугар “күөллээх” буолуохтаах. Ону дьэрэкээн уотунан өрө тыгар сырдык уулаах, муусука доҕуһуоллаах фонтанынан солбуйбуттар. Мантыбыт 20 м эргимтэлээх.
“Алаас” “халдьаайыта” эмиэ умнуллубатах. Аҕыс ый кыһыннаах, тоҕус ый тымныылаах хоту дойду томороон тымныытыттан ирбэт тоҥо логлоруттан тахсыбытыгар муус араҥата, сир баайа көстөн кэлбитин уобарастаан көрдөрбүттэр. Фонтаны үлэлэтэргэ туттуллар 60 носуоһу, 160-ча араас кээмэйдээх турбаны, быһата, тэхиньиичэскэй хааччыйыы тэриллэрин “халдьаайы” анныгар бэрт сатабыллаахтык “кистээбиттэр”. Кытыытын габионнаабыттар, ону таһынан эрклез диэн ураты моһуоннаах, анал өстүөкүлэнэн туһанан, “муустары” оҥорбуттар. Иһиттэн тыгар сырдатыы ону лаппа тупсаран биэрэр.
Тэрээһиҥҥэ чаас кэриҥэ эрдэлээн тиийбитим, бэрээдэги араҥаччылааччылар “тимир холуодаларын” хайыы үйэ туруоран, кэлбит дьону ол иһинэн аһардаллара. Сөп ээ, сэрэх наада.
Фонтаҥҥа олус чугаһаппат гына, туруоруллубут тимир күрүөлэри көрөөччүлэр бэлиэр толору иилии эргийэн тураллара.
Бүтүн өрөспүүбүлүкэ олоҕун тутаах, историческай түгэнин биир бэлиэ кыттааччыта – пустышкалаах кырачаан Нам Хамаҕаттатыттан кэлэн, эбэтэ Татьяна Иннокентьевнаны кытта тураллар. “Ийэбит итии чэй ыла барбыта”, – дэһэллэр.
Төһө да халлаан сөрүүдүйдэр, ити курдук кырачааннарын кэлээскэҕэ олордубут, ким санныгар сүкпүт, илиитигэр көтөхпүт эдэр да, эмэн да дьон элбэх.
Иккис кэпсэтээччим: “Тыаҕа сайылаан баран, балаҕан ыйын ортотугар киирээччибит. Сонун фонтаны көрөөрү кэлбиппит. Кэргэммин ыскаамыйаҕа олордон баран, дьон үмүөрүһэрин көрөн, кэнсиэр буолла дуу диэн, көрө бара сырыттым”, – диир. “Оччотугар иккиэҥҥитин түһэриим. Хайдах аҥаардыамый?” – диэт болуоссат кытыытыгар туруоруллубут ыскаамыйалар диэки хаамсабын. Онно, бэйэтэ да элбэҕэ суох ыскаамыйа туолбута быданнаабыт. Муусука олус улаханыттан киһи сатаан истиспэт үлүгэрэ. Ол да буоллар хос-хос ыйыталаһан билбитим: Светлана Егоровна, Григорий Семенович Григорьевтар эбит. Кинилэрдиин сэргэстэһэ олорор Ольга Васильевна, Сергей Николаевич Неустроевтар: “Соторутааҕыта кэлэн, тоҥмотубут”, – дэһэллэр.
Оскуола оҕолоро, устудьуоннар да элбэхтэр. Дьокуускай 27-с №-дээх оскуолатын 9-с “г” кылааһын үөрэнээччилэрэ Настя уонна Милена, тэлэбиисэринэн көрөрдөөҕөр “официальнай арыллыыта ордук” диэн, бу күнү күүппүттэрин эттилэр.
Элбэх дьон быыһыттан чахчыта да ис иһиттэн үөрбүт-көппүт, муусука абылаҥнаах дорҕоонугар куустаран, үҥкүүлээн ылар дьоһуннаах паараны көрөн, ыйыталаспытым, Өймөкөөн Сордоҥнооҕуттан сылдьар Винокуровтар эбит. “Оттон бу – уолбут – оскуола медалиһа”, – диэн дьоллоох аҕа киэн тутта үллэһиннэ.
Болуоссаттан тахсан иһэн РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа Анатолий Николаев билэр дьонунуун күө-дьаа кэпсэтэ турарын көрөн: “Cаҥа фонтаны чугастан көрдүҥ дуу, хайдаҕый?” – диэн ыйытабын. Онуоха Анатолий Павлович: “Уу, ити үлүгэргэ киһи хайдах чугаһыай? Ыраахтан да көрөн үөрэбит. Бэртээхэй!” – диэт, күлэн мичийэр.
Бары да болуоссат биллэ тупсубутун, астыммыттарын бэлиэтииллэр.
Хаартыскаҕа түһэртэн батыммыт, Дарьябын диэбит кэрэ аҥаар: “Кэбис, кэлин наҕылыччы кэлииһибин. Ити үрдүк сиргэ эҥин тахса сылдьыахпын баҕарбытым даҕаны, фонтаҥҥа да сатаан чугаһаабатым. Дьон кэтэҕин төһө өр көрөн туруомуй?! Хата, бу тэйиччи кэлэн (тохтобулга турара), ыраахтан да буоллар син көрдүм. Мантан күһүн фонтаны холбооботторо да буолуо. Халлаан тымныйда”.
Кини курдук, тутаах туона кэрэ көстүүтүн ыраахтан одуулааччы элбэх.
Дарья сиппэтэх баҕатыттан сиэттэрэн, манныгы быһаарар оруннаах. Ити этэр үрдүк сирэ – “халдьаайы” ото ускуустубаннай от (бүрүөһүн) буолбатах, тыыннаах, газон ото. Онон, силиһэ олохтоохтук ылсыан, кытаатыан наада буолан, 2 сыл тэпсилгэн оҥостубат ордук үһү. Онон эһиил сайын да “халдьаайы” устун хаамарбыт кыаллыбат. Хахха туруоруохтара биитэр сабыахтара. Бу туһунан болуоссаты билиһиннэрэр пресс-туурга СӨ кылаабынай архитектора Любовь Папок анаан бэлиэтээбит этэ. Болуоссат кытыытынан араас маһы, сибэккини олордуохтара, дьаралыкпыт иилиллиэ. Быһата, эһиил, дьэ, силигэ ситэн, тупсан, сириэдийэн тахсарын көрүөхпүт.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ