22.05.2020 | 11:24

Алаадьы араас көрүҥэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Жоржетта Ивановна Текеянова, Горнай улууһун Маҕарас бөһүөлэгэ, «Айтал» түөлбэ салайааччыта:

- Барыгытын самаан сайын кэлбитинэн эҕэрдэлиибин. Ньукуолун күнүгэр саха Далбар хотуттара алаадьы астыыр үтүө үгэстээхтэр. Ол сиэринэн мин эмиэ Ньукуолун күнүгэр бөлөнөхтөн алаадьыны, алгыс алаадьытын, уоһах алаадьытын уонна саламаат астыырбын ордоробун. “Арчы Дьиэтэ” духуобунай кииҥҥэ ыытыллар «Күн төгүрүк алаадьы» айыы аһын күөн-күрэҕэр үстэ кыттыбытым. Манна 18-23 алаадьы араас көрүҥүн астаан, ситиһиилээхтик кыттыбытым. Иккитэ «Сайдам Далбар Хотун» анал аакка тиксибитим, «Сиэри-туому утумнааччы» анал аат хаһаайкатабын. Сыл аайы Ньукуолун күн алаадьы арааһын астыыбын, дьиэ кэргэммин кус миининэн күндүлүүбүн. Ордук эттээх уонна итир сыа алаадьыта олус тотоойу, минньигэс буолар.  Онон бу күнү уратытык көрсөбүт.

«Айтал» түөлбэ салайааччытынан үлэлээбитим 25-с сылыгар барда. Сыл ахсын түөлбэ иһинэн «Дружная семейка» дьиэ кэргэн лааҕырын үлэлэтэбин. Дьыл кэмэ уларыйыытын, харах сөбүлүүр айылҕа кэрэ көстүүтүн хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэбин. Бэйэм ас астыырбын олус сөбүлүүбүн. Бу бэйэм астыыр алаадьым арааһыттан ырысыаппын кэрэ аҥаардарга анаан ыытабын. Тускутугар туһаныҥ. Дьиэ кэргэҥҥитин маннык алаадьы арааһын астаан күндүлээҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...