Ахтан-санаан ааһыаҕыҥ, ол сэрии ыар сылын...
Улуу Кыайыыны уһансыбыт сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрин хорсун быһыыларын ыччат көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэрэ – кини ытык иэһэ.
Эрэлбит өрүү тыыннаах
Светлана Самсонова, Кэбээйи улууһа, Мукучу нэһилиэгэ: - Бу ахтыыны эбэбэр, тыыл бэтэрээнэ Евдокия Кузьминична Михайловаҕа аныыбын. 1945 сыл от ыйын өҥүрүк куйааһа. Сырылатан куйаас да куйаас... Суол төрдүгэр чарапчыланан, ырааҕы кыҥастаһан, саха дьахтара турар. Хараҕа ууламмытын бобуонньуктуу бааммыт былаатын уһугунан соттор. Кини ол айан аартыгын күннэтэ эрэнэ кэтэһэр. Ити суолунан сэриигэ аттаммыта баар-суох таптыыр киһитэ, олоҕун доҕоро. Эдэр дьон саҥа ыал буолан, эн-мин дэһэн олорон испиттэрэ, оҕо-уруу төрөппүттэрэ. Инники олохторугар ыраас ыра санаалаахтара, кинилэр саҕа дьоллоох дьон бу күн сиригэр суоҕун тэҥэ этэ. Кээтии Байбалынаан үс эмдэй-сэмдэй оҕолорун, көмүс чыычаахтарын кытта иллээхтик да олорбуттара. Бу күн сирэ кинилэр үөрүүлэрин үллэстэрэ, тапталларын уруйдуура. Үрдүк мэҥэ халлаантан күн чаҕылыччы тыгара, күөрэгэй чыычаах көй салгыҥҥа уйдаран дьырылыы туойара. Онтон эмискэ сир-дойду үрдүнэн сүллэр этиҥ сааллыбыта, хара былыт халыйбыта. Сэрии... Сэрии буолбут диэн ыар сурах алаастары тилийэ көппүтэ. Эдэр, эрчимнээх уолаттар, туруу эр дьон саа-саадах тутаннар, Ийэ дойдуларын көмүскүү сэриигэ аттаммыттара. Кытаанах, аас-туор олох саҕаламмыта. Кээтии оҕолорун аһын-таҥаһын булар туһуттан, хара сарсыардаттан хойукка диэри холкуоска үлэлиирэ, кыайыыны уһансара. Үс оҕоттон улаханнара Ньукуу уол ийэтигэр көмөлөһөн, ыарахантан толлубакка, саппай уопсан тэбис-тэҥҥэ үлэлиирэ. Кээтии уолун аһыннар даҕаны, хайаахтыай? Хара үлэни кыайар-хотор өттүлэрэ сэриигэ бэбиэскэ тутан барбыттара. Тыылга эмээхсин, оҕонньор, оҕо-дьахтар эрэ хаалбыта. “Бары күүһү – фроҥҥа!” диэн бигэ санаанан охтон түһүөхтэригэр диэри үлэлииллэрэ. Сэрии... Аҥаардас бу биир тылтан мин дьик гына түһэбин. Төһөлөөх дьылҕаны түҥнэрбитэ буолуой, бу уодаһыннаах уот сэрии? Ама да ааспытын иһин, амырыын кэм этэ. Сут-кураан, аччыктааһын ааҥнаабыта, үгүс киһи хоргуйан өлбүтэ. Кээтии оҕолорун инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан үрүҥ тыыннарын өллөйдөөн, өлөр суолтан быыһаабыта. Саха дьахтара кытаанах санаалаах, тулуурдаах, кыайыыга эрэллээх буолан өлүүнү кыайбыта. Кини билигин да кэтэһэр ити айан аартыгынан суол буорун бурҕатан доҕоро Байбал ахсым атынан көтүтэн кэлэрин. Эрэнэр хорсун буойун төрөөбүт-үөскээбит алаһа дьиэтигэр эргиллэн сэргэҕэ атын баайыа диэн... Кыайыы! Өрөгөйдөөх Кыайыы! Туойуоҕуҥ дьол туһунан, ыллыаҕыҥ эйэ ырыатын. Хоодуот-хорсун буойуттар Германияҕа тиийэннэр, кыайыы былааҕын өрө анньаннар, эрэйдэрэ тилиннэ. Кэтэһиэҕиҥ, доҕоттоор, саха саллаата кыайыы кынаттанан Өлүөнэ өрүс кытылыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэрин! Оччоҕуна ыллам ырыа ылланыа, добун тойук доллоһуйуо! Кээтии эргиллии үөрүүтүттэн көмүскэтин уута халыс гыныа, хараҕыттан уу-хаар баһыа, доҕорун кууһан таалан туруо. Ийэ айылҕа хамсыы-хамсыы тыллыа, хатыҥ чараҥ суугунуо, күммүт күлүм аллайыа. Хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх чээлэй күөххэ үктэниэ. Ити аата, олоххо эрэлбит өрүү тыыннаах.
Эйэлээх олоҕу турууласпыттара
Надежда Ивановна Парникова, Бүлүү куората: - Биһиги аҕабыт Иван Васильевич Михайлов 1923 сыллаахха Бөкчөҥөө нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэбит Евдокия Кириковна Дмитриева 1923 сыллаахха Чернышевскай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо саастара, оччотооҕу оҕолор курдук, холкуос араас үлэтигэр аастаҕа. Ол сырыттахтарына сэрии саҕаламмыт. Аҕабыт 1943 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллан, Забайкальскай фронт састаабыгар киирэн, 629 ст. 210 сд. Японияны утары сэриигэ барар. 1950 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлэн, ийэбитин көрсөн, ыал буолан, 7 оҕону төрөтөн улаатыннартаабыттар. Аҕабыт элбэх саҥата суох, көрсүө-сэмэй киһи этэ. Кини хаһан да сэриигэ сылдьыбытын ыһа-тоҕо кэпсээччитэ суох. «Туох үчүгэйдээҕи баран...» - диэччи. 1946 сыл тохсунньу 15 күнүгэр КНР куоратыгар Чон-Чунҥа хаһаарыма иннигэр түспүт хаартыскатын Мария Алексеевна Мандароваҕа, таптыыр кыыһыгар ыыппытын, олунньу 26 күнүгэр туппут эбит. Кыыс ыарыһах буолан, уола кэлэригэр тиийээхтээбэтэх. Кэлин бу суругун кыыс быраата Николай Алексеевич Кузьмин биһиэхэ биэрбитэ. Кэнники да аҕабыт сэрии бэтэрээнэбин диэн өттөммөт этэ. Оччолорго маҕаһыыҥҥа диписиит табаарга уһун уочарат буолара.
Биһиги аҕабыт хаһан да бэтэрээммин диэн быһа ылбат этэ. Ийэбит эттэҕинэ, наар «ээ, абааһыны баран» диэн кэбиһэрэ. Үйэлээх-сааһыгар сылгыһытынан, кадровай булчутунан үлэлээбитэ. Дьиэтигэр сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо курдук кэлэн барара. Ол кэлэн отун-маһын барытын бэлэмнээн барара. Сайын атынан от оҕустарара. Аҕабыт ыһыгын иһитин ыытарын кэтэһэн да биэрэрбит. Иһитэ хаһан да кураанах буолбат этэ. Мэлдьи сир астаах буолара (дьэдьэн, сугун, ыт тиҥилэҕэ). Оҕолорбор диэн ыытаахтыыр буоллаҕа. Сайын ахсын луук бөҕөтүн хомуйан, ыраастаан (биһиги үлэбитин чэпчэтээри буоллаҕа), өлүү-өлүү баайан, куулга ыгыччы симэн ыытар буолара. Биэнсийэҕэ тахсан да баран Оргуул арыытыгар сытан эдэр сылгыһыттарга сүбэ-ама буолан көмөлөһөрө. Кыһынын түүлээхтээн туттарара. Кэлин, ыарытыйдар даҕаны, кырдьаҕастар звеноларыгар окко сылдьыһара. Ийэбит үйэтин тухары дайаарка ыарахан үлэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Төрөппүттэрбит «пятилетка» былааннарын аһара толороннор, элбэх грамотанан, сыаналаах бирииһинэн наҕараадаламмыттара. Верховнай сэбиэт уурааҕынан Үлэ бэтэрээнин мэтээлин туппуттара. Кинилэр биһигини үлэни таптыырга, дьону убаастыырга, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөргө үөрэппиттэрэ. Кыра эрдэхпититтэн пиэрмэҕэ ийэбитигэр көмөлөһөрбүт, улаатан баран кинини солбуйар этибит. Аҕабыт убайдарбытын биирдэ эмит бултууругар, оттууругар илдьэ сылдьара. Ийэлээх аҕабыт мөҕө, таһыйа сылдьыбыттарын өйдөөбөппүт. Иккиэн үөрэхтэрэ суох этэ, ол гынан баран биһигини дьиҥнээх айылҕа үөрэҕинэн үөрэппиттэр, ииппиттэр эбит. Ийэбит тыыл, үлэ бэтэрээнэ. Аҕабыт Иван Васильевич үлэ бэтэрээнэ, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, бэтэрээнэ. «Аҕа дойду сэриитин ll истиэпэннээх» уордьанынан, «Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн, кэлин элбэх үбүлүөйүнэй мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Төрөппүттэрбит чэпчэкитэ суох олорон ааспыт олохторо, хорсун быһыылара, тулуурдара оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр үйэ тухары үтүө холобур буолар. Билигин биһиги оҕолоро, сиэннэрэ аҕабыт Аҕа дойду сэриитигэр сылдьан, Ийэ дойдутун көмүскээн, ийэбит ыарахан үлэҕэ тыылга үлэлээн, бу эйэлээх олоҕу аҕалсыбыттарынан киэн туттабыт!
Умнубаппыт, киэн туттабыт
Екатерина Васильевна Михайлова, Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Төҥүлү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо: - Аҕам Василий Дмитриевич Стручков 1911 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Араҥас нэһилиэгэр бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини эдэр сааһыттан Балыктаах артыалыгар хара үлэттэн олоҕун саҕалаабыт. Барыны кыайар, дьону түмэр дьоҕурун бииргэ үлэлиир доҕотторо таба көрөн, 1931-33 сылларга хонуу биригэдьииринэн талыллан үлэлээбит. 1934-37 сылларга Ааллаах Үүҥҥэ түөрт көлөнөн айаннаан, кыһынын таһаҕас таһыытыгар, сайынын окко үлэлээбит. Онтон 1938-40 сылларга салайар үлэҕэ анааннар, пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн бэрткэ табыллан үлэлээбит. 1942 сыллаахха бэс ыйын 25 күнүгэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Ити сыл үс ый устата байыаннай үөрэххэ үөрэнэн баран, ахсынньы ыйга 4-с Украинскай фроҥҥа таанканы утары ытар 52 мм-х пушкаҕа иитээччинэн сэриилэспит. 1943 сыллаахха Украинаны, 1944 сыллаахха Белоруссияны босхолооһун иһин, икки сылтан ордук кэм устатыгар сэриилэспит. Элбэх төгүл немецтэр тааҥканан кимэн киириилэрин урусхалласпыт. Кини өстөөх түөрт тааҥкатын үлтүрүппүт. 1945 сыл бэс ыйын 15 күнүгэр дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбит. Кэлиэн иннинэ төрөппүттэригэр «өллө» диэн иһитиннэрии кэлбит. Ол киһилэрэ тыыннаах эргиллэн кэлбитигэр, дьонноро соһуйуу, үөрүү бөҕө буолбуттар. Хомойуох иһин, бииргэ төрөөбүт убайдаах быраата сэрии толоонугар хаалбыттар.
Аҕабыт сэрииттэн кэлээт, 1945-54 сылларга диэри эмиэ хонуу биригэдьииринэн үтүө суобастаахтык үлэлээбит. Онтон, үөрэҕэ суоҕунан сибээстээн, салайар үлэттэн тохтоон, 1955 сылтан 1985 сылга диэри Максим Горькай аатынан холкуоска, кэлин сопхуоска күүһүн харыстаабакка эҥкилэ суох үлэлээбитэ. 1967 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсыбыта. 1969 сыллаахха Коммунистическай үлэ ударнигын аатын ылбыта. Бастакы кэргэнэ Татыйаастыын 1926 сыллаахха холбоһон, 24-тэ оҕоломмуттарыттан, уоллаах кыыс эрэ хаалбыттар. Татыйаас 1953 сыллаахха ыалдьан өлбүтүн кэннэ, 1954 сыллаахха Чурапчы кыыһын Екатерина Саввична Кычкинаны, биһиги ийэбитин кэргэн ылбыт. Ийэбитинээн бииргэ олорон, 6 оҕону төрөппүттэр. Билигин 28 сиэн, 67 хос сиэн, 6 хос хос сиэннэрдээхтэр. Кыайыы 35 сылынан 9 герой куораттарын көрдөрбүттэригэр сүргэтэ көтөҕүллэн кэлбитэ. Сиэттэригэр кыратыттан улаханыгар диэри барыларыгар тэҥ кроссовка кэһии аҕалбытын сиэттэрэ билиҥҥэ диэри истиҥник саныыллар. Аҕабыт хорсун быһыыта, үтүө суобастаах үлэтэ биһиэхэ үтүө холобур, киэн туттуу буолар. Аҕабытыгар, эһээбитигэр, хос эһээбитигэр, хос-хос эһээбитигэр ыраас халлааммыт, эйэлээх олохпут иһин муҥура суох махтанабыт! Умнубаппыт, кининэн киэн туттабыт!