02.09.2022 | 14:00

Агро-оскуола — сайдыы суола

Репортаж
Агро-оскуола —  сайдыы суола
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар Дьокуускай куорат педагогическай үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтара ыытылынна. Тэрээһин кэмигэр Хатас уонна Тулагы нэһилиэктэрин оскуолалара,  Хатастааҕы "Ситим" оҕо айымньытын дьиэтэ быыстапкалары тэрийдилэр.

Сайдыылаах тулагылар 

П.И. Кочнев аатынан Тулагы агро-оскуолата быыстапкаҕа бүтүн кэлэктиибинэн кыттар.
Бурдук астан саҕалаан эт аһылыкка тиийэ аҕалбыттар. Кэлбит ыалдьыттары алгыстаах алаадьынан күндүлээтилэр. 
Оскуола «Хас биирдии киһи олоҕо – оскуола историята» диэн девиһинэн салайтаран үлэлиир-хамсыыр, үөрэнэр.
Быйыл оскуола биирдии гектар сиргэ хортуоппуй уонна хаппыыста олордубут. Кэлэктиип мантан күһүн өлгөм үүнүүнү хомуйарга бэлэмнэнэр. Оттон оҕолор кыһын бэйэ үүннэрбит хортуоппуйун, хаппыыстатын сиэхтэрэ.
Хаппыыста Тулагыга, чахчы, сөбүлээн үүнэр!
Ханнык саха сандалыта эт, балык аһа суох буолуой?! Хаартыскаҕа куурусса этиттэн кэтилиэт, тиэптэл, шашлык көстөр. Бэлиэтээн эттэххэ, оскуола бэйэтэ ынах, сылгы, куурусса иитэр. Кууруссаларын этиттэн бородууксуйа «Сделано в Якутии» диэн бэлиэлээх.
Барыта бэйэ илиитин иһиттэн – дыраһыыҥкыга тиийэ!
Бу курдук үөрэнээччилэр кыһын устата тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах дакылааттары суруйаллар, сайын ону практикаҕа үөрэтэллэр.
 Оскуола эмблемэлээх торт.
Быыстапка киэргэлэ – духуопкаҕа буспут куурусса

 

Хатас оскуолата – тыа хаһаайыстыбатын лабораторията

П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын хайысхата киэҥ: мүөттээх ыҥырыаны иитии, медиаоскуола, флористика уонна, биллэн турар, тыа хаһаайыстыбата.
Оҕолор 5-с кылаастан агробизнес кылааһыгар үөрэнэр кыахтаахтар. «Успех каждого ребенка» федеральнай бырайыак иитинэн оскуолаҕа 2019 сылтан «Агрокуб» научнай-үөрэтэр лаборатория үлэлиир. Оҕолор манна эти харайыы ньыматын толкуйдаабыттар! Сыаната баара-суоҕа 350 солк. Бэлиэтээн эттэххэ, оскуола эмиэ бэйэтэ сылгы иитэр.
Тохсус уонна онус кылаас үөрэнээччилэрэ «Зеленый Север (Green North)» гидропоннай микрозеленнары оҥороллор. Инньэ гынан үүнээйини, оҕуруот аһын оннооҕор Уһук хоту сир усулуобуйатыгар сылы эргиччи үүннэриэххэ сөп.
Мүөт минньигэс уонна доруобуйаҕа туһалаах аһынан биллэр, ол иһин оскуола ыҥырыалары иитэр. Атыыга хамаҕатык барар, сыаната да удамыр.
Регина Слепцова уонна Виолетта Васильева in vitro диэн ааттаах хортуоппуйдара.
Онус кылаас оҕолоро айылҕа отуттан-маһыттан уоҕурдуулары оҥорбуттар. Хатас олохтоохторо, дьэ, абыраммытар! Кэнэҕискитин куорат маҕаһыыннарыгар атыылыыр былааннаахтар.

Хатас «Ситим” айымньы дьиэтин оҕолорун үлэлэрэ

Илдьэ сылдьарга табыгастаах дуобаты оҥорбуттар. Акрилынан кырааскалаабыттар, көбүөрүн илиинэн тикпиттэр, фигуралары мастан кыспыттар.
Ат симэҕин тигэллэр.
Сылгы сиэлиттэн үс олоҥхо дойдута.
Кыл, сиэл иһиттэр.
«Сүүтүкчээн” оҕо иискэ үөрэнэр куруһуогун үлэлэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....