28.07.2023 | 16:00

Адаптивнай спорка болҕомто күүһүрүөҕэ

Хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр Кыыс Аммаҕа киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин 24 улууһуттан 816 спортсмен кыттыылаах СӨ Адаптивнай спорка “Дьулуур” XIV-с Спартакиадата үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбытын туһунан сырдатан турабыт.
Адаптивнай спорка болҕомто күүһүрүөҕэ
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Быйылгы Спартакиада саҥа ааттары билиһиннэрбитин таһынан, Саха сиригэр спорт адаптивнай көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэ салалтатын кыраҕы болҕомтотун уурбут тирэх быһыытынан историяҕа хаалара саарбахтаммат.

Ол курдук, Ил Дархан Айсен Николаев Паралимпийскай уонна Сурдолимпийскай оонньуулар, аан дойду чемпионаттарын медалистара, Арассыыйа спордун үтүөлээх маастардара Анастасия Диодоровы, Степанида Артахинованы,  Владимир Балынеһы, Прокопий Николаевы, Владимир Бородины, Василий Стрекаловскайы, Алена Дмитриеваны, уһулуччулаах спортсменнары кыайыыларга кынаттаабыт тренердэр Борис Федоровы, Василий Стручкову, Василий Оленовы кытта анаан-минээн көрсөн, кэпсэтэн, инники соруктары билиһиннэрбитэ, оҕо спортоскуолатын үлэлэтэргэ уолдьаспытын туһунан ыйытыыларга хоруйдаабыта Адаптивнай спорка болҕомто ууруллуутун мэктиэтэ буолла.

Ньурбалар бэлэмнэниини саҕалаатылар

Быйылгы XIV-с Спартакиада өссө биир уратытынан улуустар баһылыктара бэйэлэринэн кэлэ сылдьыылара буолла. Ол иһигэр Ньурба улууһа бөлөҕөр бастаабытын таһынан, официальнайа суох ааҕыынан уопсай түмүккэ маҥнайгы бөлөх кыайыылааҕа Дьокуускай куорат хамаандатын кэнниттэн иккис үчүгэй көрдөрүүлэнэрин өтө сэрэйбит курдук, баһылык Алексей Михайлович Иннокентьев Спартакиада маҥнайгы күннэриттэн күрэхтэһиилэри көтүппэккэ көрдө-иһиттэ.

«Биһиги спортсменнартан сөҕө сылдьабыт. Чахчы олоххо дьулуурдаах, тулуурдаах дьон. Манна кэлбиттэрин да кыайыы быһыытынан сыаналыахха наада. Уонна, мин санаабар, Ил Дархан таһымыттан саҕалаан, адаптивнай спорт көрүҥнэригэр улахан суолта бэрилиннэ. Манчаары, Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын курдук Адаптивнай спартакиаданы олимпийскай цикл курдук түөрт сыллаах оҥордулар. Улуус баһылыктара, спортсменнар, уопсастыбаннас түмсэннэр, күүстээх хамсааһын тахсара буолуо. Уонна Арассыыйа Паралимпийскай спорка кэмитиэтин вице-бэрэсидьиэнэ кэлэн барбыта элбэҕи этэр. Онон доруобуйаларыгар хаарчахтаах дьоҥҥо судаарыстыба, өрөспүүбүлүкэ, улуустар өттүлэриттэн болҕомто күүһүрүөҕэ. Ньурба спортсменнара улуустарын, хамаандаларын туһугар күүскэ үлэлээн, биир дойдулаахтарыгар улахан үөрүүнү бэлэхтээтилэр. 2025 с. Тааттаҕа Манчаары оонньууларыгар кыттыахтаахпыт уонна, дьэ, дьиэбитигэр-уоппутугар 2027 с. Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньуулара ыытыллыаҕа. Бэлэмнэнии бара турар. Стадиоммут тутуута саҕаланна. 3000 киһи олорор чэпчэки атлетикаҕа манежтаах элбэх функциялаах спорт комплекса, барыта сэттэ улахан объект тутуллуоҕа. Ону сэргэ, социальнай объектар олоххо киллэриллиэхтэрэ. Тутуулары ыытарга 7,7 млрд солк. кээмэйдээх үбүлээһини өрөспүүбүлүкэ хамыыһыйата илии баттаата. Улууспутугар улахан хамсааһын тахсан, биллэр дьоммут-сэргэбит сомоҕолосто. Спортсменнарбыт бэйэлэрин ситиһиилэринэн холобур көрдөрдүлэр. Адаптивнай спорт сайдарыгар быһаарыныыны ылынан турабыт. Ол курдук, адаптивнай көрүҥнэргэ улахан комплексы тутан үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Тренердэри эбии үөрэххэ ыытарга сүбэлэстибит. Адаптивнай спорт федерациятын бэрэссэдээтэлинэн бэйэм солбуйааччым буолла. Онон бу таһыммытын түһэрбэккэ, дьоммутун-сэргэбитин, ыччаттарбытын адаптивнай спорка сыһыараммыт, олоххо, уопсастыбаҕа тэҥҥэ сылдьалларыгар, үлэлэһэллэригэр, күрэхтэһэллэригэр олук уурабыт дии саныыбын», — диэн кэпсиир Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев.

«Паралимпийскай уруок»

Спартакиада күннэригэр өссө биир кэрэ-бэлиэ түгэнинэн “Паралимпийскай уруок” буолла. Оҕо искусствотын оскуолатын аактабай саалатын толору спортсмен оҕолор муһуннулар. Паралимпиадалар уонна сурдолимпиадалар медалистара, Арассыыйа спордун үтүөлээх маастардара Владимир Балынец, Анастасия Диодорова, Степанида Артахинова, Алена Дмитриева бэйэлэрин көрүҥнэрин туһунан, хайдах күрэхтэспиттэрин, ситиһиигэ туох тиэрдэрин, видео-слайдалары көрдөрө-көрдөрө сиһилии быһааран кэпсээтилэр. “Паралимпийскай уруокка” спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, Адаптивнай спорт федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев, өрөспүүбүлүкэ Адаптивнай спорка киинин дириэктэрэ Ньургун Иванов, адаптивнай спорт үтүөлээх тренерэ Петр Давыдов кыттыыны ыллылар.

“Паралимпийскай уруогу” Арассыыйа Паралимпийскай кэмитиэтин вице-бэрэсидьиэнэ, церебральнай ыарыылаах спортсменнарга футболга аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс уонна боруонса призера, Арассыыйа чөмпүйүөнэ, Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара Иван Евгеньевич Потехин үүннээн-тэһииннээн, салайан ыытта. Паралимпийскай оонньуулар историяларын билиһиннэрдэ.

Уруок уруок курдук сүрдээх сэргэхтик, көхтөөхтүк барда. Аатырбыт паралимпиец уонна сурдолимпиец спортсменнарбыт ыйытыыларыгар табатык хоруйдаабыт оҕолорго өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаан истилэр. Инньэ гынан уруокка кыттыбыт оҕолор үгүстэрэ илии тутуурдаах, өттүк харалаах дьиэлээтилэр.

“Паралимпийскэй уруок” кэнниттэн маастар-кылаастар буоллулар. Степанида Артахинова оҕунан ытыыга таһырдьа ыыппыт маастар кылааһыгар, ардах түһэ турарын кэрэйбэккэ, элбэх оҕо кытынна. Остуол тенниһигэр Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын тренерэ Максим Слаботчуков “Дружба” спортивнай комплекска маастар-кылаас ыытта.

Бүлүүгэ көрсүөххэ диэри!

Спартакиада үрдүк тэрээһиннээхтик түмүктэннэ. Үгүс сүрэххэ-быарга иҥэр дьаһаллар ыытылыннылар. Олохтоохтор кичэллээхтик бэлэмнэммиттэрэ харахха быраҕыллар.

Сүрүн тэрийээччи, Амма улууһун баһылыга, бэйэтин кэмигэр мас тардыһыытыгар өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, спорт куттаах Степан Кузьмин санаатын үллэһиннэ: “Спартакиада “Дьулуур” диэн мээнэҕэ ааттамматах эбит. Бары даҕаны улахан тургутууну аастыбыт. Айылҕабыт, сибээспит, суолбут даҕаны долгута сырытта. Ол гынан баран биһиги бэйэбит тыйыс олоххо үөрэммит буоламмыт тулуйдубут. Бары үлэлэспит Аммабыт дьонугар-сэргэтигэр, күндү ыалдьыттарбытыгар, спортсменнарбытыгар, өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар махталбыт муҥура суох. Спартакиадаҕа ананан тутуллубут 14 объект бары сыалларын-соруктарын ситэн, саҥардыллан, өрөмүөннэнэн, оборудованиеларынан хааччылланнар, стадиоммут сүүрэр суола саҥа бүрүөһүннэнэн, силиктэрин ситэннэр, күрэхтэһиилэр харгыһа суох ыытыллыбыттарыттан, бары кэлбит спортсменнар ситиһиилэммиттэриттэн  үөрэбит!” .

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...