Аан дойду таһымнаах спорт миниистирэ
СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Николаевич Спиридонов Хаҥалас улууһун II Дьөппөнүттэн төрүттээх-уустаах. Аҕата Николай Николаевич “Якутскэнерго” электригинэн, ийэтэ Татьяна Петровна оҕо уһуйаанын иитээччитинэн үлэлээбиттэрэ. Аҕатынан эһэтэ Кэбээйи Мастааҕын киһитэ, Дьөппөҥҥө кэлэн олохсуйбут. Ийэлэрэ Бүлүү кыыһа. Аҕалара эт-хаан өттүнэн кыанар буолан спорду өйдүүр, тустууга чугас этэ. Дьиэлэригэр былчыҥ хачайдыыр тренажердары оҥорон туруортаабыт. Инньэ гынан, Леонид Николаевич спорка сыһыарбыт аҕатыгар махтанар.
Түөрт бииргэ төрөөбүттэртэн үһэ уолаттар, бары тустуунан дьарыктаммыттара. Биирдэ, бастакы кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, тустуу секциятыгар сылдьар убайа Женя “уолаттар миэстэлэһэн эрэллэр” диэн кэпсээн, бырааттарын эмиэ тустуунан дьарыктаналларыгар сүбэлээбит уонна секцияҕа илдьибит. Бастакы тренерэ Валерий Архипович Скрябин. Леня тустууну түргэнник ылыммыта. Ситиһиилэр иккис кылаастан кэлэн барбыттара. Улууһугар чөмпүйүөннээбитэ. Онтон Покровскайга үөрэнэр сылларыгар Хабаровскайдааҕы физкултуура институтун бүтэрэн кэлбит Олег Дмитриевич Лебедев илиитигэр киирбитэ. Сыллата көрдөрүүлэрэ үрдээннэр, өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илин уолаттарыгар бастаталаабыта. Сэттис кылааска Арассыыйа көбүөрүгэр тиийэн үһүс бириистээх миэстэлэммитэ.
Оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ этэ, ол иһин математика учуутала эдьиийэ Алена Николаевна сүбэтинэн 9-11 кылаастарга Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи физика-математика лицейигэр үөрэммитэ. Интэринээккэ олорон тустуунан дьарыктанарын тохтоппотоҕо. Университет тустууга саалатыгар Федот Архипович Соловьевка уонна аан дойду призера Петр Юмшановы бэлэмнээбит Будимир Григорьевич Яковлевка эрчиллибитэ. 1996 с. Дьокуускайга “Азия оҕолорун” оонньууларыгар 54 кг элбэх омук оҕолорун кытта тустубута, ол иһигэр кыайыылааҕы быһаарар бүтэһик киирсиилэригэр кытай уонна монгол уолаттарын кыайталаан, тустууну таптааччылары үөрдүбүтэ. Дьоҕурдаах бөҕөс тахсан иһэрин итэҕэтэн, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэриллибитэ. Арассыыйа уонна аан дойду ыччаттарыгар үрүҥ көмүс мэтээллэри ылаттаабыта. Ити ситиһиилэр кэлэллэригэр төһүү буолбут, Саха сиригэр кэлэн өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар үлэлэспит Павел Пинигин тренерэ Георгий Анатольевич Бураковка махтал тылларын аныыр.
Леонид оскуола кэнниттэн промышленнай идэни баһылыыр сыаллаах-соруктаах геолого-разведочнай институкка киирэн үөрэнэ сылдьыбыта эрээри, тустуунан дьарыктанарыгар мэһэйдииринэн, тренердэр физкултуурунай институкка үөрэнэригэр сүбэлээннэр, Дьокуускайдааҕы физкултуура институтун бүтэрбитэ, онтон үп-экономическай институту бүтэрэн, “экономист-менеджмент” идэтин баһылаабыта.
Улахан көбүөрдэргэ 2000-2012 сылларга тустан, үс Олимпийскай циклы толору, 31 сааһыгар диэри тустубута. Уон икки сыл усталаах-туоратыгар аан дойду, Европа, Арасссыыйа чөмпүйүөннэриниин, күүстээхтэрдиин күөнтэспитэ. Элбэх ыйдар усталарыгар уоннуу киилэни түһэрэрэ. Тустуутун 35 сааһыгар тохтоппута. “Билигин хайдах тулуйбуппун сөҕө саныыбын”,– диэн Леонид аһаҕастык билинэр. Оннук, улахан спорт – улахан үлэ.
Тренертэн элбэх тутулуктаах. Будимир Яковлевтыын өйдөһөн уһуннук үлэлээтилэр. Туох кыаллары-кыаллыбаты барытын оҥордулар. Будимир Григорьевич тренер быһыытынан Петр Юмшанов, Иннокентий Иннокентьев, Семен Семенов, Герман Устинов курдук Саха сирин күүстээх бөҕөстөрүн таһаартаабыта. Леонид Спиридонов Азия Кубогын кыайбыта. Казахстаҥҥа көһөннөр, 2003 с. Словакияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы түһүлгэҕэ олимпийскай путевканы ылбыттара. Хас да омук дойдуларын турнирдарыгар ситиһиилээхтик кыттыбыттара.
2004 с. Афинытааҕы Олимпиадаҕа тустууларын Саха сириттэн тиийэн тутан олорон көрбүппүт. 7 кг түһэрэн көбүөргэ тахсыбыта. Аан дойду ааттаахтарыныын күөн көрсүбүтэ. Маҥнайгы барыллааһын хапсыһыытыгар американец Макдональды 8:0 лаппа баһыйан иһэн, ситтэрэ сыһан, биир дойдулаах “ыалдьааччыларын” ыксатан, 9:7 кыайбыта. Аан дойду чөмпүйүөнэ болгарин Серафим Борзакову тилэхтээн охторон кыайан үөрдүбүтэ. Японеһы сыралаах киирсиигэ 3:2 хоппута. Аан дойду чөмпүйүөнэ, Сиднейдээҕи Олимпиада призера украинец Эльбрус Тедеевы 2:2 хотон истэҕинэ, бүтэһик сөкүүндэлэргэ харса суох түһүөлүүр Тедеевкэ биир баалы, Леонидка сэрэтии биэрэннэр, финалга Тедеев тахсыбыта. Ама да ааспытын иһин, абытай хапсыһыы этэ. Боруонса иһин Арассыыйа, Европа, аан дойду чөмпүйүөнэ Махач Муртазалиевтыын эмиэ күөмэй бүтэр ыһыылаах-хаһыылаах, иэдээннээх тэҥ киирсиигэ 2:1 баһыйтаран, төрдүс миэстэлэммитэ. Сир-халлаан хараҥарарга дылы гыммыта.
2008 с. Пекиннээҕи Олимпиадаҕа тустуулары эмиэ тутан олорон көрбүппүт. Хайаан да олимпийскай мэтээли ыларга сананаммыт, Эдьиий Дорабытын илдьэ сылдьыбыппыт. Көрбүөччү, ичээн эдьиийбит: “Барытын оҥордум, аны бэйэтиттэн тутулуктаах”,– диэбитэ. Барыллааһын хапсыһыыларга кытай бөҕөһө, Европа призера азербайджанеһы, онтон эмиэ иэдээннээх хапсыһыыга Арассыыйа, Европа, аан дойду чөмпүйүөнэ Ирбек Фарниевы кыл-мүччү хоппута эрээри, бырда улаханнык быстыбыта туораттан көстөрө. Ону билбит курдук, ситэ сынньаппакка, баара-суоҕа 15 мүнүүтэнэн көбүөргэ ыҥырбыттара. Биир даҕаны түгэни мүччү туппакка кэтии олорор дьон, биһиги, соһуйан эрэ хаалбыппыт. Финалга тахсар иһин хапсыһыыга Европа уонна аан дойду призера украинец Андрей Стадникка тэҥ киирсиигэ баһыйтарбыта. Боруонса мэтээли былдьаһыыга Индияттан Сушил Кумардыын хайалара да баал ылсыбаккалар, атахтан ыларга сэрэбиэй Леонидка түбэспитигэр, биһиги кыайыы кэлбитин курдук санааммыт, үөрүү бөҕө буолбуппут. Сушил Кумаар эрдэттэн бэлэмнээбит, атаҕын ыллара сылдьан, урут ким да тутта илик “кыптыыйдааһын” албаһынан Леониды арыый да урутаан охторбута. Эдьиий Дора өтө көрбүт курдук эппит эбит. Ити түгэн кэнниттэн Леонид биһиэхэ буфекка аһыы олордохпутуна кэлэн Сушил Кумаары күүһүн-уоҕун, туттубут албаһын сөҕөн, киэҥ көҕүстээҕин, үрдүк култууралааҕын көрдөрбүтэ.
Бу туһунан Леонид Николаевич маннык ахтар: “Сахам норуотугар Олимпиада мэтээлин аҕалар баҕа санаа баара. Аан дойдуга миэстэлэспит дьону кытта тустан, кыайталаан, кыах баар курдуга. Табыллыбатаҕа. Олимпийскай мэтээл кэлбэтэ. Ол эрээри баҕа санаа баар буола сылдьыбытыттан дьоллоохпун. Үлэбит, сырабыт таах хаалбата. Тоҕуллубут көлөһүн олоххор үчүгэй өттүнэн атынынан эргийэр. Сыал-сорук туруорунан үлэлиибин, олоробун. Онуоха тустууларым көмөлөһөллөр”.
Леонид Николаевич тустуутун тохтотон баран Олимпийскай солбук училищетын салайбыта, спорка үрдүкү маастарыстыба оскуолатыгар дириэктэри солбуйааччынан, өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын кытта үлэлээбитэ, баар билиитинэн-көрүүтүнэн, мунньуммут уопутунан көмөлөспүтэ, сатабылынан үллэстибитэ. “Олимпиада хас биирдии бөҕөстөн киэҥ билиини-көрүүнү эрэйэр. Күүскэ дьарыктаннаххына, үлэлээтэххинэ эрэ ситиһии кэлэр. Режими тутуһар, сөпкө сынньанар, бэриниилээх киһи ситиһэр. Сорохтор түргэнник оҥоро, бүтэрэ-оһоро сатыыллар, түргэнник кыайа эрэ охсуохтарын баҕараллар. Ол табыллыбатаҕына, санааларын түһэрэллэр. Оннук буолуо суохтаах. Дьүккүөр, дьулуур, тулуур эмиэ быһаараллар”.
Олимпиадаттан икки кыһыл, икки үрүҥ көмүс мэтээллэри аҕалтаабыт бөҕөстөрбүт Роман Дмитриеви, Павел Пинигини, Александр Иванову саха тустуутун лидердэринэн ааҕар, холобур быһыытынан киэн тутта ааттыыр. Тустуу диэн билии-көрүү, улахан кинигэ диэн этэллэрин үчүгэйдик өйдүүр. Киэҥ билиилээх-көрүүлээх, үөрэҕи ылынар спортсменнар аан дойду, Олимпиада үрдэллэрин дабайаллар диэн сыаналыыр. Аҥаардас былчыҥ эрэ быһаарбат. Роман Дмитриев “Наука побеждать” кинигэтин ааттаабыта түбэспиччэ буолбатах. СӨ маҥнайгы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев “Знанием победишь” этиитин Леонид Спиридонов өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэринэн сылдьар.
Леонид Николаевич өрөспүүбүлүкэ спордун салайан олорбута балтараа сыл буолла. Бастакы сылларга ыарахан этэ диэн билинэр. Боппуруостары быһаарыы үгүс бириэмэни эрэйэрэ. Бытаарыы баара. Инньэ гынан, сарсыарда 8 чаастан киэһэ хойут 23 чааска диэри үлэлиирэ. Билигин үлэлиир тэтимим балачча түргэтээтэ диэн билинэр. Үгүс хайысхалаах үлэ ыытыллар. Спартакиадалары ыытыы концепцията оҥоһулунна. Өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин Спартакиадалара сөргүтүлүннэ. Адаптивнай спорт, Манчаары спартакиадаларын, национальнай көрүҥнэр, оҕо спордун бырагыраамалара, спортивнай тутуулар, 2030 с. диэри стратегическай былаан ылылыннылар.
Эһиил сайын VIII-с «Азия оҕолоро» НИСО үрдүк тэрээһиннээхтик ыытарга бэлэмнэнии күүскэ барар. Билигин өрөмүөннэр үгэннэрэ. Сайсарыга улахан спорт комплекса, Хатаска спорт саалата тутуллаллар. 2022 с. Владивостокка VII-с Сайыҥҥы, 2023 с. Кемеровоҕа II-с Кыһыҥҥы оонньуулартан Сахабыт сирин спортсмен оҕолоро мэтээллэри аҕалтаабыттара. Дьокуускайга бүтэһик Оонньуулар 2016 с. ыытыллыбыттара. Ити кэм устата таһым сүрдээҕин үрдээтэ. Үбүлээһиҥҥэ даҕаны Арассыыйа улахан көмөнү оҥорор. Ил Дархан сорудаҕынан, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн киэҥ өрүттээх үлэ ыытыллар. Эрчиллэр-бэлэмнэнэр түмсүүлэргэ, күрэхтэһиилэргэ барыыга-кэлиигэ, экипировкаҕа хайа да кэмнээҕэр элбэх кээмэйдээх үбүлээһин көрүллүбүтүттэн миниистир Леонид Спиридонов астынар. М.Е. Николаев ырааҕы көрөн көҕүлээн тэрийбит “Азия оҕолоро” оонньууларын суолтата улахан. Аан дойду бүттүүнэ болҕомто уурар, сэҥээрэр.
Физкультурнай хамсааһын үбүлүөйдээх 100 сыла Леонид Спиридонов миниистирдиир кэмигэр түбэспитинэн бэйэтин дьоллооҕунан ааҕар. Кырдьыга да оннук. 1923 сылтан элбэх киһи өрөспүүбүлүкэ спордун салайан кэллэ. Бэрэссэдээтэллэр, миниистирдэр мэтириэттэрэ министиэристибэ көрүдүөрүгэр кэккэлээбиттэрэ болҕомтону тардар. История кэрэһилииринэн, Леонид Спиридонов өрөспүүбүлүкэ спордун 36-с салайааччыта. Саха АССР бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэллэрэ Платон Алексеевич Ойуунускай, Николай Васильевич Бубякин, Ананий Кононович Андреев, Николай Семенович Емельянов; бырабыыталыстыба эппиэттээх үлэһиттэрэ Михаил Васильевич Мегежекскэй, Семен Николаевич Донской-II, Николай Дмитриевич Субуруускай өрөспүүбүлүкэ спордун салайааччыларынан күүскэ үлэлээбиттэрин Леонид Николаевич бэлиэтиир, махтанар. Сүүс сыл иһигэр физкултуура уонна спорт эйгэтигэр элбэх оҥоһулунна. Спорка бэриниилээх, спорду дириҥник өйдүүр, ис-сүрэхтэриттэн ылынар дьон салайдылар диэн үрдүктүк сыаналыыр. Ахсынньы саҥатыгар Саха сирин халыҥ дэлэгээссийэтэ Москваҕа тиийэн 100 сыллаах үбүлүөйдээх дьаһалларга сылдьан, бэлиэтэһэн, көрөн-истэн кэллэ.
Ахсынньы ый 13-15 күннэригэр Дьокуускай куоракка Саха сиригэр физкултуурунай хамсааһын төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх дьаһаллар, СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка үлэһиттэрин III сийиэһэ, 2023 сыл спорка лауреаттарын чиэстээһин ыытыллыахтара, быыстапкалар туруоруллуохтара. Улуустартан, куораттартан спорт бэтэрээннэрэ, физкултуура уонна спорт үлэһиттэрэ, бастыҥ спортсменнар, салайар эйгэ үлэһиттэрэ кыттыахтара.