24.03.2023 | 18:00

Ааммыт куруук аһаҕас

Саха сирин волонтердарын кытары үлэлиир киин – таһаарыылаахтык үлэлиир уопсастыбаннай хамсааһын. Бүгүн биһиги бу тэрилтэ салайааччыта Айыллаан Винокуровы кытта кэпсэттибит.
Ааммыт куруук аһаҕас
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

— Айыллаан, бу дуоһунаска хаһааҥҥыттан үлэлиигиний?

— М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет педагог-психолог идэтин бүтэрэн баран, 2017 сыл олунньутугар Волонтердары кытта үлэлиир кииҥҥэ салайааччынан анаммытым.

— «Саха сирин волонтердарын кытары үлэлиир киин» хаһааҥҥыттан тэриллэн үлэлиирий?

— Биһиги кииммит СӨ Ыччат министиэристибэтин көҕүлээһининэн 2011 сыллаахха 2012 сылга ыытыллыбыт «Азия оҕолоро» оонньууга волонтердары үлэлэтэр сыаллаах тэриллибитэ. Санатар буоллахха, бу соторутааҕыта Кемероваҕа буолан ааспыт кыһыҥҥы оонньууларга биһиги Кииммит биир тыһыынча волонтеры ыытан үлэлэттэ.

— Бүгүҥҥү күҥҥэ киин үлэлиир сүрүн хайысхалара ханныктарый?

— Өрөспүүбүлүкэҕэ баар туох баар волонтерскай хамсааһыны, добровольчествоны түмэр, сомоҕолуур, көмөлөһөр сыаллаахпыт.

Сүрүннээн биэс хайысханан үлэлиибит – бастатан туран, социальнай хайысхалаах волонтерскай үлэ, кырдьаҕастарга, аҕам саастаах соҕотох олорор дьоҥҥо, элбэх оҕолоох ыалга көмөнү тэрийэбит. Иккис хайысхабыт – медик-волонтердар. Бу хамсааһын 2017 сылтан үлэлиир. Үһүс хайысхабыт – Кыайыы волонтердара. Манна патриотическай хабааннаах үлэ ыытыллар. Кинилэр эмиэ 2015 сылтан үлэлииллэр, туспа Арассыыйа таһымыгар тахсаннар, киэҥ хабааннаах уопсастыбаннай үлэни толороллор. Төрдүс хайысхабыт иитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар улахан тэрээһиннэри көҕүлүүбүт. Ол курдук, ыһыахтан саҕалаан, туох баар улахан спортивнай тэрээһиҥҥэ барытыгар биһиги волонтердарбыт үлэлииллэр. Билигин аҕыйах хонугунан  «Муус устар» ыччат бэстибээлэ үһүс төгүлүн ыытыллаары турар, манна биһиги сүүс волонтеру бэлэмнээтибит.

— Хамаандаҕар хас киһи баарый?

— Хамаандабыт сүрдээх халыҥ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 16 тыһыынчаттан тахса киһи волонтер аатын сүгэр. Кинилэр бары араас хайысхаҕа арахсан, буолар тэрээһиннэргэ, быһыыга-майгыга барытыгар кытталлар.

— Волонтер диэн кимий?

— Кырдьык, үгүс дьон волонтер диэн кимин ситэн өйдөөбөт. 2018 сылтан, дойдубут Аҕа баһылыга Владимир Путин ыйааҕынан, доброволец да, волонтер да биир суолталаахтар. Ол эбэтэр, судургутук быһаардахха, волонтер диэн бэйэтин баҕа өттүнэн дьоҥҥо уонна тэрилтэлэргэ көмөлөһөр киһи.

— Хайдах хаачыстыбалаах киһи волонтер буолуохтааҕый?

— Волонтер – үрдүк эппиэтинэстээх, аһыныгас сүрэхтээх, үтүө санаалаах киһи. Атын дойдулартан кэлбит хамаандалары көрсүү, биирдиилээн дьоҥҥо көмө да буоллун – кини тус бэйэтигэр улахан эппиэтинэһи сүгэр. Иккиһинэн, волонтер бэйэтэ баҕаран туран көмөлөһүөхтээх, ол эбэтэр ким даҕаны кинини күһэйиэ суохтаах уонна үлэтин ис сүрэҕиттэн оҥоруохтаах. Үһүс саамай ирдэнэр хаачыстыба – сүрэхтээх уонна тулуурдаах буолуу.

— Эн санааҕар, биһиги куораппытыгар чахчы элбэх киһи волонтердуон баҕарар дуо?

— Уопсайынан, Дьокуускай да куоракка буоллун, өрөспүүбүлүкэҕэ да буоллун бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү урут-уруккуттан хааммытыгар баар. Былыр-былыргыттан хардарыта көмөлөсүһэн, өйөнсөн, норуот, омук быһыытынан симэлийбэккэ, үйэлэри уҥуордаан кэллэхпит.

Волонтердуу хаачыстыбаны – аһыныгас сүрэҕи, хаһан баҕар көмөҕө кэлэргэ бэлэм буолууну биһиэхэ тыйыс айылҕабыт, олохпут-дьаһахпыт иитэн таһаардаҕа диэххэ сөп.

Оттон волонтер буоларга туох даҕаны хааччах суох. Ким баҕар, туох үөрэхтээҕиттэн, итэҕэллээҕиттэн, олоххо көрүүтүттэн тутулуга суох, волонтер буолар кыахтаах. Холобура, 2020 сыллаахха аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт коронавирус ыарыы турбутугар ким даҕаны туора турбакка, бары көмөҕө туруммуппут дии – ким эрэ аҕам саастаах дьоҥҥо ас таспыта, эпм-томп буларга харчынан о.д.а. көмөлөспүтэ. Ити сыл аҥаардас Дьокуускай куоракка хас эмэ тыһыынчанан волонтер эбиллибитэ. Ойуур баһаара, халаан уута турбуттарыгар биир оннук буолбута – эмсэҕэлээбиттэргэ, уоту, ууну кытта охсуһааччыларга харчынан көмөлөспөтөх, ас, таҥас, туттар тэрил тиксэрбэтэх, туора турбут киһи суоҕун кэриэтэ этэ. Тыһыынчанан волонтер уоту умуруорууга  көмөлөспүтэ, биирдиилээн дьон ыстаапка кэлэн илии-атах буолбуттара. ЛНР уонна ДНР Арассыыйа састаабыгар киирбиттэригэр төһөлөөх элбэх гуманитарнай көмө оҥоһулунна?! Күн бүгүҥҥэ диэри анал байыаннай дьайыыга бэйэлэрин кылааттарын киллэрэ сылдьар волонтердары, биирдиилээн дьону тыһыынчанан ааҕыахха сөп. Күннэтэ биһиги ыстааппытыгар сүүһүнэн киһи кэлэн көмө оҥорон барар. Дьокуускай куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы #МЫВМЕСТЕ аахсыйа иитинэн «Якутия с тобой!» уопсастыбаннай хамсааһын ыстаабыгар 700-тэн тахса киһи кэлэн көмөлөстө. Ол иһин билигин волонтердар хамсааһыннара биир саамай дьайыылаах уонна   далааһыннаах диир оруннаах.

— Улуустары кытта хайдах үлэлиигит?

— Арассыыйатааҕы #МЫВМЕСТЕ аахсыйа чэрчитинэн хас биирдии улууска ыстааптар тэриллэн үлэлии олороллор. Кинилэр анал байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр улахан болҕомтону уураллар, көмөнү тиһигин быспакка ыыталлар. Биһиги сүрүннээн улуустааҕы ыччат исписэлиистэрин итиэннэ волонтердар түмсүүлэрин кытта үлэлиибит. Билигин социальнай волонтерство ордук киэҥник тарҕанна. Манна ыччат дьон баҕа өттүнэн көмө оҥорор, кыттар буолбута хайҕаллаах. Ол аата биһиги ыччаппыт кыраҕа, кыаммакка көмөлөһөр уйаҕас сүрэхтээх, ыарахантан, уустуктан толлубат күүстээх санаалаах. Түгэнинэн туһанан кинилэргэ  махталбын биллэрэбин.

— Владимир Путин былырыын анал байыаннай эпэрээссийэ буоларын туһунан эппитигэр, эйиэхэ бастакы уочарат туох санаа киирбитэй?

— Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал байыаннай дьайыы туһунан биллэрбитигэр, биллэн турар, нэһилиэнньэ улаханнык аймаммыта. Онон биһиги, волонтердар, тутатына көмөҕө туруммуппут.

— Билигин анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сүрүннээн туох үлэни ыытаҕыт?

— #МЫВМЕСТЕ аахсыйа чэрчитинэн анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөбүт: хаар күрдьүү, мас киллэрии курдук дьиэ ис-тас үлэтиттэн саҕалаан, маҕаһыынтан бородуукта атыылаһыы, оҕолору атаарыы, массыына наада буоллаҕына, ону булан биэрии, аптекаҕа сылдьыы о.д.а. Бүгүҥҥү күн туругунан биһиги волонтердарбыт 3 500 кэриҥэ сайаапканы толордулар. Ону тэҥэ, «Якутия с тобой!» уопсастыбаннай хамсааһын гуманитарнай көмөнү хомуйар. Кинилэр Орджоникидзе уул., 10 дьиэтигэр бааллар. Манна ис таҥастан саҕалаан квадрокоптерга тиийэ аҕалан туттарар, бэйэлэрин кыахтарынан көмө оҥорорго дьулуһар дьон элбэх.

— Аны биэс сылынан бэйэҕин хайдах көрөҕүн?

— Салгыы даҕаны үтүө дьыала хамсааһынынан дьарыктанар былааннаахпын. Баҕар, бу хайысхабынан саҥа таһымҥа тахсан үлэлии-хамсыы олорор буолуом.

— «Киин куорат» хаһыаппыт «Тэтим» рубриката ыччакка ананар. Онон волонтер буолар баҕа санаалаах эдэр дьоҥҥэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

— Ис сүрэххиттэн, тус баҕаҕынан волонтер буоларга санаммыт буоллаххына, бастатан туран, dobro.ru саайтка киирэн регистрацияны ааһыаххын эбэтэр биһиэхэ, Орджоникидзе уул., 10 дьиэтигэр, кэлэн билсиэххин сөп. Үлэлэһиэхтэрин баҕарар дьоҥҥо ааммыт куруук  аһаҕас.

— Айыллаан, кэпсэтииҥ иһин махтанабын, ситиһиилэри баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...