29.03.2024 | 16:00

Ааҕыҥ, туһаныҥ

Ааҕыҥ, туһаныҥ
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Куорат олохтоохторун, тыа да дьонун долгутар үгүс ыйытыы элбэх. Олороруҥ, тыыннааҕыҥ тухары элбэҕи билиэхтээххин-көрүөхтээххин, онуоха барытыгар сөптөөх хоруйу ыларга тустаах тэрилтэлэр, үлэһиттэр биһиэхэ көмө, сүбэ буолаллар.
Биһиги хаһыаппыт сүрдээх наадалаах “Ыйынньык” рубрикабытыгар, ааҕааччыларбытыгар көмө буолаарай диэн, эһиэхэ аналлаах матырыйаал бэлэмнээтибит.

Тулаайах оҕону иитэ ылыан баҕалаах дьон ханна тиийиэхтэрин сөбүй?

Эппэкиин буолуон баҕалаах гражданин олорор сиринэн Эпиэкэ уонна бэпэчиитэлистибэ уорганыгар маннык докумуоннары көрдөрөр:

а) эппэкиин буолуон баҕарарын туһунан көрдөһүү сайабылыанньа;

б) эппэкиин буолуон баҕатын биллэрбит киһи үлэлиир сириттэн ыспараапка ылар, манна дуоһунаһа уонна кэнники 12 ыйга орто хамнаһын кээмэйэ уонна (эбэтэр) бу киһи дохуотун бигэргэтэр атын докумуон ыйыллар, эбэтэр кэргэнин үлэлиир сириттэн ыспараапка, дуоһунаһын, орто хамнаһын кэнники 12 ыйдааҕы дохуотун ыйан туран уонна (эбэтэр) кэргэнин дохуотун бигэргэтэр атын докумуон;

в) олорор  сиринэн дьиэ (кыбартыыра) туһунан выписка, дьиэни бас билэрин бигэргэтэр эбэтэр бэйэтин бас билиитигэр баарын туоһулуурун бигэргэтэр докумуон, уонна олорор сириттэн үп сирэй счетун куоппуйата;

г) оҕону иитэ ылыан баҕарар гражданин сууттамматаҕын, холуобунай дьыалаҕа эриллибэтин туһунан РФ Дьиэ кэргэн кодексатын 146 ыстатыйатын 1 пуунугар көрүллэр Ис дьыала уорганнарыттан ыспараапка;

д) гражданин доруобуйатын туругун туһунан медицинскэй түмүк, РФ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бигэргэммит бэрээдэгинэн;

е) эр-ойох буолуу туһунан сибидиэтэлистибэ куоппуйата (өскөтүн гражданин кэргэннээх буоллаҕына);

ж) дьиэ кэргэҥҥэ баар 10 саастарын туолбут оҕолор, ону таһынан саастарын сиппит дьон оҕону иитэ ыларга суругунан сөбүлэҥнэрэ;

и) РФ Дьиэ кэргэн кодексатын 127 ыстатыйатын 4 пуунугар бигэргэммит, оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитэ ыларга баҕалаах дьон бэлэми ааспыттарын сибидиэтэлистибэлэрин куоппуйата эбэтэр атын докумуоннар (оҕолор чугас аймахтарыттан ураты, эппиэкэлээхтэр (попечителлэр), кинилэргэ сүктэриллибит эбээһинэстэрин толорууттан ууратыллыбатах, оҕоломмот эбэтэр иитэ ылбатах сирэйдэр).

к) автобиография;

л) биэнсийэлээх буолары туоһулуур дастабырыанньа, Арассыыйа Федерациятын биэнсийэ пуондатын территориятааҕы уорганыттан эбэтэр биэнсийэнэн хааччыйыы атын уорганын ыспараапката (сүрүн дохуотунан булгуччулаах страховкалааһын эбэтэр атын биэнсийэ төлөбүрдэрин ылар дьон).

Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыыга сайабылыанньаны ылыы туһунан

Ким ылыан сөбүй?

— СӨ сиригэр-уотугар олорор РФ гражданнара:

— Эдэр дьиэ кэргэн, ону тэҥэ биир эбэтэр онтон элбэх оҕолоох, кэргэниттэн биирдэрэ РФ гражданина буолбатах эдэр дьиэ кэргэн.

— Толорута суох дьиэ кэргэн, биирэ РФ гражданина буолуохтаах.

Сүрүн ирдэбиллэр:

— Кэргэнниилэр иккиэн 35 саастарын ааспатах буолуохтаахтар;

— Манна эдэр ыал дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарарга наадыйарын билинии (уопсай иэннээх олорор дьиэнэн хааччыллыыта биир киһиэхэ 9 кв.м итэҕэһэ суох);

— Кирэдьиит ыларга дохуота көҥүллүөхтээх, эбэтэр атын үптээх- харчылаах, дьиэ сыанатын төлүүргэ сөптөөх, бэриллэр социальнай төлөбүр кээмэйин куоһарар дохуоттаах;

— Сайабылыанньаны биэрэр кэмигэр бу тэрээһиҥҥэ кыттарыгар Дьокуускайга бастайааннай регистрация баар буолуохтаах;

— Урут атын бырагыраамаларга кыттыбатах буолуохтаах.

Докумуон биэрэригэр иэс сүрүн сууматын уонна олорор дьиэ кирэдьиитин бырыһыанын төлүүргэ, ол иһигэр ипотечнай, кирэдьиит дуогабарын суруйуу кэмигэр эдэр ыал сүрүн ирдэбилгэ барытыгар сөп түбэһиэхтээх.

Болҕойуҥ! Электроннай сайабылыанньаны биэрбиккит уонна бэрэбиэркэ кэннэ муниципальнай өҥөнү оҥоруу ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, сайабылыанньа биэрбит киһи тус кабинетыгар e-yakutia.ru     Дьокуускай куорат Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамена оригиналлары уонна докумуоннар куоппуйаларын сибиэркэлээһини ыытыахтара.

“Эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыы” бырагыраамаҕа учуокка туруон баҕалаах кыттааччылар Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент сайтыгар эбэтэр 8 (4112) 22-60-18 төлөпүөнүнэн сиһилии билсиэххитин сөп.

Тулаайах, төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор үөрэх тэрилтэтигэр киирдэхтэринэ, ханнык чэпчэтиилэр хаалалларый?

“Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор социальнай өйөбүлгэ эбии мэктиэлэрин туһунан” 21.12.1996 с. 159-с №-дээх Федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, тулаайах  эбэтэр төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор бүддьүөт миэстэтигэр күнүскү үөрэххэ (очно) үөрэнэр буоллахтарына, үөрэтии кэмигэр толору судаарыстыбаннай  хааччыйыынан үөрэхтэрин бүтэриэхтэригэр диэри хабыллаллар.

Судаарыстыба толору хааччыйыытыгар босхо аһылык, босхо таҥас-сап кэмпилиэгэ, атах таҥаһа уонна сымнаҕас инвентарь, олорор дьиэҕэ (общежитие) төлөбүрэ суох олоруу, ону таһынан босхо медицинскэй хааччыйыы уонна оперативнай эмтээһин, ол иһигэр диспансеризация, чэбдигирдэр лааҕырдарга путевка, (санаторнай-курортнай тэрилтэлэргэ медицинскэй көрүү-истии), эргиччи медицинскэй көрүү-истии киирэллэр.

Судаарыстыбаннай хааччыллыыны сэргэ судаарыстыбаннай социальнай истипиэндьийэ төлөнөр, бу 2012 сыл ахсынньы 29 күнүнээҕи “Об образования в Российской Федерации” 273 нүөмэрдээх Федеральнай сокуонунан көрүллэр, үөрэх босуобуйатын уонна үөрэх тэрилин атыылаһарга сыл аайы босуобуйа төлөнөр. Үөрэх босуобуйатын уонна тэрилин атыылаһарга Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатынан олохтоммут бэрээдэгинэн үс ыйдаах судаарыстыбаннай социальнай истипиэндьийэ кээмэйинэн төлөнөр.

Социальнай өйөбүл эбии гарантияларынан куорат тырааныспарыгар (такситтан ураты) босхо айан эбэтэр уопсастыбаннай тырааныспарга айан сыанатын толуйуу, эбэтэр олорор сириттэн уопсастыбаннай тырааныспарынан үөрэнэр сиригэр айан (сайыҥҥы каникул кэмигэр сылга биирдэ) буолаллар.

Кыра дохуоттаах дьиэ кэргэҥҥэ судаарыстыбаттан өйөбүл

Дьиэ кэргэн биир чилиэнин дохуотугар олох олорор алын кээмэй тиийбэт буоллаҕына, биир кэлим босуобуйаттан ураты атын өйөбүл миэрэлэринэн туһаныахтарын сөп.

Федеральнай өйөбүл миэрэлэрэ:

- оҕолорго 0 саастан 17 сааһыгар диэри уонна хат буолан эрдэ учуокка турбут дьахталларга биир кэлим босуобуйа;

- Социальнай хантараак: судаарыстыба эбии үөрэниигэ, үлэни көрдүүргэ, биисинэһи арыйыыга, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга эбэтэр олох ыарахан быһыытын-майгытын туоратыыга үп аныыр;

- ОДьКХ субсидията: хомунаалынай өҥө ороскуота дохуоттаах чаастан улаатар буоллаҕына.

 

Региональнай өйөбүллэр:

- Аадырыстаах материальнай көмө: регион олох араас быһыытыгар-майгытыгар түбэспит дьоҥҥо чопчу көмө оҥорор, холобура, эмтэниигэ, чинчийиини ааһарга, реабилитацияҕа, уоттан эбэтэр халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ;

- биэнсийэҕэ тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри регионнааҕы социальнай эбии төлөбүр;

- Саҥа төрөөбүт оҕоҕо аналлаах босхо кэмпилиэк, оҕо аһылыгын 3 сааһыгар диэри биэрии;

- Элбэх оҕолоох ыалларга оскуола уонна спорт форматын атыылаһарга компенсация;

- Оскуолаҕа итии аһылыкка уонна оҕо саадын өҥөтүн төлөбүрүгэр компенсация.

Санатан эттэххэ, биир кэлим босуобуйа 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕын толоруу чэрчитинэн, ыаллары кэлимник өйөөһүн тиһигин үөскэтии систиэмэтинэн киллэриллибитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...