Аҕабыт сырдык кэриэһигэр
Анастасия Илларионовна Петрова, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, РФ наукатын, үөрэҕириитин «За милосердие и благотворительность» бэлиэтин хаһаайына, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах учуутала:
- Биһиги аҕабыт Илларион Иннокентьевич Алексеев 1912 сыллаахха Таатта улууһугар Игидэй (Дьиэрэннээх) нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕабыт өттүттэн төрүччүтүн таһаардахха, киһи билэринэн, былыргы төрүппүт Саһыл Мөйдүкээнтэн саҕаланар. Кини үс уол оҕотуттан Тиһиктээх Бөҕө (Амыдай алаас, Ньимиидэ), Тэлгэһэ (Баайаҕа нэһилиэгэ), Бөҕө Модьукаан (Игидэй нэһ.) тарҕанан тэнийбиттэр. Тииһиктээх Бөҕө биэс оҕотуттан ортоку уолтан – Дыгаһаттан төрүччүбүт ааҕыллар. Дыгаһа Кырыытынай Уоһук диэн уолуттан Ороһу Баһылай төрөөн Оруоһуттары төрүттүүр. Баһылай биир уолуттан Чолобуут Өлөксөй 1777 сыллаах төрүөх, кинээс буолар. Чолобуут биэс оҕотуттан Туһалыыр Уйбаан (олоҥхоһут) төрөөн, биэс оҕотуттан ортоку оҕо Лэгэнтэй (1869-1936) биллэр олоҥхоһут төрүүр.
Дьэ, бу Лэгэнтэй үс оҕотуттан Ылдьаана, Мхээлэ кэнниттэн кыралара биһиги аҕабыт Дарыбыан буолар.
Биһиги аҕабыт Дарыбыан ийэбитинээн Алексеева (Аргунова) Анна Николаевналыын 14 оҕоломмуттарыттан сэттэ оҕо хаалан ыал-күүс буолан, Алексеевтар халыҥ сыдьааннарын тэнитэллэр. Билигин түөрт эрэ буолан хааллыбыт. Биһиги аҕабыт Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ этэ. 1942 сыллаахха иккис хомуурга убайынаан Мэхээлэлиин тэҥҥэ сэриигэ ыҥырыллан бараллар. Мэхээлэ Ленинград, Прибалтика, Кенингсберг туһаайыыларынан сэриилэһэн, «Кыһыл Сулус» уордьан кавалера этэ. Онтон биһиги аҕабыт Илларион Иркутскай уобалас Мальта станциятыгар сборга сытан баран, Уралга баар сэрии сэбин оҥорор собуокка утаарыллар. Онно наһаа уһаабат, доруобуйатынан сыыйыллан Илиҥҥи фроҥҥа резервэҕэ сытар. «За Победу над Японией» уо.д. а. наҕараадалаах дойдутугар 1946 сыллаахха эргиллэн кэлэр. Сэрии кэннэ килбиэннээх үлэлэрин иһин ийэбинээн иккиэн «За доблестный труд в ВОв» мэтээллэрдээхтэр. Элбэх мэтээл аҕабыт түөһүн киэргэтэллэрэ. Ону кыра оҕолор аахайан көрбөт буоллахпыт, өссө сорҕотун оонньоон сүтэрбит да буоллахпытына көҥүлэ. Сэриигэ ыҥырылларыгар убайым 3 саастаах хаалбыт. Онтон эргиллэн кэлбитин кэннэ, мин 1946 сыллаахха төрөөбүтүм.
Аҕам миигин «Кыайыы бэлэҕэ» диэн таптаан ааттааччы. Аҕабыт сэрииттэн кэлбитин кэннэ, үөрэҕэ да суох буоллар, сытыы-хотуу эдэр киһини нолуогабай агент оҥороллор. Онтон холкуоска үлэлээн, үп салаатыгар конюхтаан, кэлин дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа ууһунан үлэлээн биэнсийэҕэ тахсар. Аҕабыт ыҥырыкка сылдьар дэгиттэр уус, барыга бары сатабыллаах, мындыр өйүнэн тугу да сатаабатаҕа суох буолааччы. Дьиэ, оһох, түннүк, аан баайыыта кини илиитин иһинэн буолан, куруук ыҥырыкка сылдьааччы. Киһи сөҕөрө ол эрэ буолбатах, аны тимир, көмүс ууһа этэ. Быһаҕы сөбүлээн сакаастыыллара. Дьиэтигэр, дьоҥҥо оҥорбут быһахтара араас дьэрэкээн өҥнөөх (бэйэтэ сүлүүдэ диэн ааттыыра) кэрэ уктаах буолара, удьурҕайы этэ да барбаккын. Саа уоһа туох эрэ дьиэктэммитин эмиэ көннөрөрө. Мин кыыс да буолларбын, ыал улахан оҕото буолан, аҕам уһанарыгар күөт күөттээччибин. Патефону, чаһыны өрөмүөннүүрүн билигин кэлэн сөҕөҕүн, бу мындырын көр. Түннүк араамата, түннүк, аан холуодатын сакааһа элбэх буолааччы. Туттар матырыйаала, уһанар тэрилэ барыта толору буолара. Оччолорго хайдах буларын сөҕөбүн эрэ.
Аҕабыт барахсан улахан дьиэ кэргэнин суос-соҕотоҕун аҥаардас тарбаҕын талаанынан, мындыр өйүнэн иитэн киһи-хара оҥортоотоҕо. Кыаммат, элбэх иитимньилээх, ыарыһах кэргэннээх ыал хантан хотуобай миэбэллэниэй. Дьиэ дэгиттэр тэрилин бэйэтэ оҥороро. Оҕолоругар ыал буоллахтарын аайы, туох баар дьиэ тээбиринин оҥорон үөрдэрэ. Араас остуоллары, олоппостору, иһит ыскааптарын, этажеркалары, хомуоттары, тумбалары, таҥас гардеробтарын оҥортообута. Матырыйаала үксэ бэс уонна фанера буолара. Мастарыскыайа эргэ кыра дьиэбит этэ. Аҕабыт сыратын ууран, кыһаллан оҥорбут маллара биһиэхэ, оҕолоругар, күндүттэн күндү бэлэх буолар. Кэнэҕэски ыччаттарыгар үтүө өйдөбүнньүк буоллун диэн, оҕолоро бары баччаҕа диэри кэриэстээн илдьэ сылдьабыт. Ким балкоҥҥа, ким күүлэҕэ туттар мал буолан туһалыы тураллар. Мин аҕам оҥорбут иһит ыскаабын, сундуугун Үөһээ Бүлүүнэн соһо сылдьабын. Сиэннэрбэр кэпсиибин, сөҕөллөр аҕай. Ити курдук өбүгэ сибээһэ быстыбат. Бырааттарым, балтым эмиэ ити сиэри тутуһан, өбүгэ үгэһин салҕаан, кэриэстээн илдьэ сылдьалларыттан үөрэбин. Убайбыт бокуонньук аҕатын кэриэһэ билигин хос сиэннэргэ тиийдэ. Көр, оннук үйэлээх дьиэ тээбиринин хаалларда. Аҕабыт барахсан үтүө талаана ыччаттарыгар бэриллэн, дьиэҕэ-уокка сатабыллаах киһи элбэх. Олоҥхоһут удьуора эмиэ элбээн, тэнийэн иһэриттэн үөрэбит эрэ.
Аҕам бырааһынньыктарга, үөрдэҕинэ-көттөҕүнэ, олоҥхолоон үөрдээччи. Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүн көрсө аҕабытын, эһээбитин, хос эһээбитин сылаастык санаан ааһарбыт – биһиги, ыччаттара, ытык иэспит. Аҕабыт баара-суоҕа 66 сааһыгар 1978 сыллаахха ыарахан ыарыыттан өлөн туораабыта хомолтолоох. Оччолорго туох да чэпчэтии суох, саҥа дьэ сэрии кыттыылаахтарын чиэстээн, ол-бу көрсүһүү тэрийэн эрэр кэмнэрэ этэ. Ол тэрээһинтэн чиэстэнэн, кыра илии тутуурдаах үөрэн-көтөн кэлэр мөссүөнэ билигин да харахпар көстөр. Оо, саатар өссө уонча сыл олорбута буоллар дуу, дэлэлээх далбарга тиксиэҕэ хааллаҕа. Биһиги сүрэхпитигэр сөҥөрө сылдьар улахан тапталбыт көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан барыаҕар эрэнэбин. Сиэннэрэ, хос сиэннэрэ сыл аайы Кыайыы күнүн бырааһынньыгар тапталлаах эһээлэрин мэтириэтин тутан, «Бессмертный полк» параадка киэн тутта хаамсаллара биһиги сүрэхпитин дьолунан толорор. Эһээлэрэ Илларион Иннокентьевич Алексеев ситэ олорботох олоҕун кэнчээри ыччаттара салгыыллар.