29.04.2022 | 15:00

Аҕа тыына

(Оҕолорго кылгас дьүһүйүү-сценка)
Аҕа тыына
Ааптар: Гизелла Попова, Дэбдиргэ, Таатта
Бөлөххө киир

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, бөдөҥ уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай деятель, саха саарына П.А. Слепцов-Ойуунускай уонна кини кыыһа Сардаана Платоновна Ойунская тустарынан дьүһүйүү-сценканы бэчээттиибит. Ааҕыҥ, сэргээҥ.

Сцена иннигэр тимир орон. Саха ыалын утуйар хоһо. Имик-самык чүмэчи уотугар дьахтар утуйа сытар оҕотун аттыгар олорор күлүгэ көстөр. Кыыс оҕо баттаҕыттан быа лиэнтэлэри оргууй сүөрэр. Имэрийэр. Сыллыыр. Киҥинэйэн, симиктик туойар. Тахсан барар.

(Буурҕа тыаһа. Хамсыы турар лаампа уота. Хараҥарар.)

Сцена кэлин өттүгэр кыһыл байыастар Ойуунускайы үүрэн иһэллэр. (Прожектор сардаҥатыгар хаар кыырпахтара көстөр)

 

Хоһоон ааҕааччы:

Эй,

Мин ытык ийэм

Дьэбдьэкиэй,

Уолгун олоҥхоҕо уһуйбут удаҕан хотун

Уонна олоҥхону суруйарбар

Чүмэчи уотунан санаабын саргылаабыт

Истиҥ доҕорум, илистэ сылайбыт кэргэним,

Миигин биир боруҥуй сарсыарда ыттылар.

Кыһын этэ,

Тулам хаар этэ,

Илиибэр хандалы тыаһыыра,

Төбөбөр олоҥхо тыллара бааллара.

Иннибэр саллааттар турбуттара,

Эмискэ миигин ыппыттара,

Саалара уотунан тыбыырбыттара…

 

(Хас да саа тыаһа иһиллэр. Буурҕа тыаһа күүркэйэр. Дүҥүр тыаһа этиҥ тыаһын курдук улаханнык ньиргийэр. Кыыс оҕо часкыйар саҥата иһиллэр. Тыас барыта тохтуур).

 

Эмискэ ороҥҥо утуйа сытар кыыс хаһыытаабытынан оронугар олоро түһэр:

Сардаана: Аҕаа! (хаһыытаан, салгыны эҕирийэр курдук туттар. Оронтон турар, ол бу диэки көрүтэлиир).

Сардаана: Аҕаа! (Хос иһигэр хаайтарбыт курдук хараҥаҕа төттөрү-таары сүүрэкэлиир. Онтон сцена кытыытыгар тиийэн баран, прожекторынан куйуурдуу турар оҕону тыктарбыттарын көрөн тохтуур, икки илиитин уунан баран турар).

Сардаана: Аҕаа!

(Куйуурун сүкпүт оҕо көстөр. Оҕо балыктыыр, куйуурун ылан эрийэр, сцена ортотугар турар. Буурҕа тыаһа иһиллэр).

 

Оҕо: Эбэккээм! Көрдөһөр күттүөннээх, ааттаһар ахсааннаах… Үөрэхтэн матарым дьэ кэллэ, үтэлээ! Үтүөҕүн төлүөҕүм: үлэһит-хамначчыт иннигэр охсуһуом!.. Эбэккээм! Хамначчыт-дьадаҥы хараҕын уулара хаарга тохтубат: хабала айаҕар таммалыыр, харчылаах куртаҕар кутуллар. Мин ону иэстэһиэм! Эбэккээм, үтэлээ! Өрүһүй, үтэлээ!

(Оҕоҕо прожектор тыктарыллан бүтэр. Дүҥүр тыаһа иһиллэр. Ойуун таҥастаах киһи сценаҕа киирэн эрэрэ тыктарыллар).

 

Кыһыл Ойуун дүҥүрүн охсор, былаайаҕынан үөһэ ыйар, кутурар, өрүтэ мөхсөр. Кыыс оҕо кутталыттан оронугар тиийэн суорҕанын саптан олорор. Кыһыл Ойуун сцена иннин диэки саҥарбытынан кэлэр.

Кыһыл Ойуун:

Хааннаах далай ытыспынан

Хара норуот хараҕын аһан,

Көрбөт хараҕын көрдөрөн,

Көҥүлүн уотун уматыам дуо?

      Эрэй-буруй элбээтэ,

      Эрэй-буруй үксээтэ…

      Көрүҥ эрэ! Көрүҥ эрэ!

      Орто туруу аан ийэ дойдубун

     Одуулаан көрөн турдахпына,

Хара буруо ортотугар

Хааннаах хара моҕой кыыл

Икки атахтааҕы эриллэ сылдьан,

Эмэн эрэр!..

Эрэнэбин-итэҕэйэбин

Икки атахтаах

Эрэйэ-буруйа өлөрүн,

Өлөртөн өлбөт бэйэтин!

Өйүнэн өлбөт бэйэтин!

Дом эрэ дом!

(Дүҥүр тыаһа тохтуур. Ойуун тахсан барар. Кыһыл саллааттар, эдэр ыччаттар киирэллэр. Эрчимнээх муусука тыаhыыр. Бары бииргэ тэҥинэн ааҕаллар. Кыыс суорҕанын эһэн, оронун үрдүгэр туран, кинилэр диэки хайыһар.)

Кыһыл саллааттар, эдэр ыччаттар:

Дирбиэн-дарбаан күннэргэ

Дирбийэн-дарбыйан тураммыт

Көҥөр көҥүлү көрдүөхпүт!

Көмүс солону көмүөхпүт!

Тибиилээх тиһиктээх күннэргэ

Тибийэн-табыйан тураммыт

Баай дьон батталын барыахпыт,

Барбах дьон барҕарыахпыт!

(Дьон тахсан бараллар. Кинилэр кэннилэриттэн кыыс эккирэтэн сүүрэр.  Онтон оронугар төттөрү кэлэн олорон эрэ ытыыр, айманар.)

Сардаана: Аҕаа! Аҕаа! Аҕаа!

(Хоһоон ааҕааччы киирэр. Ойуунускай курдук таҥастаах, ачыкылаах. Кыыс аттыгар кэлэн олорор, төбөтүттэн имэрийэр, ыксары кууhар, бигиир. Иккиэннэрин прожекторынан тыктарыллар).

 

Хоһоон ааҕааччы:

Сардаана!

Аанньалым барахсан,

Ирбэт мууска тыллыбыт ньургуһунум,

Куттаныма, мин өлө иликпин.

Кинилэри оонньуу оҥоһуннум,

Саллааттары албыннаатым.

Халлааҥҥа сата тааһа кыыраттым,

Саргылаах саҥабын тыал тыаһыгар холбоотум.

Буор эппин сир ийэҕэ төннөрдүм,

Эрэйтэн-муҥтан босхолоннум…

Хараҥа хаайыы халбарыс гынна,

Айыы чыычааҕа көҥүлгэ көттө,

Сардаана,

Харачаан харахтаах,

Кэрэ дьүһүннээх аанньалым оҕото…

Ыал буолар уруугар кэлиэҕим.

Хаар маҥан былаачыйалаах

Эн мичээрдии туруоҕуҥ, оттон мин

Ахта таптыырбыттан саҥата суох ытыаҕым…(оҕону сүүhүттэн сыллыыр. Утутардыы сытыарар. Суорҕанын көннөрөр. Сценаттан тахсан барар.)

 

Сардаана: (оргууйдук сибигинэйэн) Мин тилиннэриэм аҕаа! Тилиннэриэм! Мин аҕам аата тиллиэ диэн эрэнэбин ээ! Эрэнэбин! (Сытар, утуйар)

 

(Ойуунускай ырыа буолбут хоhооннорун муусуката иhиллэр. Күн тахсыытын курдук сцена сырдыыр. Сценка кыттыылаахтара бары киирэллэр. Хоhоон ааҕааччы эрчимнээхтик иннин диэки көрөн туран)

 

Хоһоон ааҕааччы: «Туох билэр, баҕар, кэнэҕэс, эрдэ турбут сэһэнэ, хойут турбут хоһооно, төрүүр ыччат номоҕо буолуоҕум. Оччоҕо көмүллүбүт көмүс буорбуттан аҕыс салаалаах ача күөх от үүнүөҕэ». Бу дьиҥ чахчы илбис тыл ийэтэ, айар тыл аҕата буолбут улуу убайбыт Ойуунускай күҥҥэ холоонноох сырдык, ыраас албан аата-суола, үс саха үөскүүрүн, түөрт саха төрүүрүн тухары, куруутун истиҥ-иһирэх, сылаас сымнаҕас тылларынан ахтылла-ааттана туруо!

 

Быыс сабыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....