08.05.2021 | 15:00

Аҕа дойду Улуу сэриитэ. Сыыппаралар. Чахчылар...

Аҕа дойду Улуу сэриитэ. Сыыппаралар. Чахчылар...
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Бүгүн суруллар сыыппаралар уонна чахчылар биһиги эйэлээх олохпут түстэнэригэр төһөлөөх харах уута буолан халыйбыттара, төһөлөөх өлүү-сүтүү, аччыктааһын муҥун-сорун көрбүттэрэ буолуой? Биһиги сиэннэрбит, хос сиэннэрбит бу чахчылары билиэхтээхтэр, аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт хара дьайдаах сэриини умнуо суохтаахтар, эһэлэрбитигэр, аҕаларбытыгар, хорсун буойуннарга сүгүрүйүөхтээхтэр, үйэ-саас тухары махтаныахтаахтар.

* 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр сарсыарда 4 чааска сэрии саҕаламмыта уонна 1418 күннээх түүн салҕаммыта. Бастакы күн фашистар 1200 сэбиэскэй сөмөлүөтү, онтон 800-тэн тахсаны аэродромнарга суох оҥорбуттара. 
* 1998 сыллааҕы статистика этэринэн, Сэбиэскэй Аармыйа төннүбэт сүтүгэ 11 944 100 киһи этэ, ол иһигэр 6 885 000 киһи өлбүтэ, сураҕа суох сүппүтэ, 4 559 000 киһи билиэҥҥэ түбэспитэ. Сорох сибидиэнньэлэринэн, уопсай сүтүк – 29 592 749 киһи.
* Барыта 34 476 700 сэбиэскэй байыаннай сулууспалаах сэриилэспит. Аармыйаҕа уонна Флотка 492 тыһыынча дьахтар ыҥырыллыбыт.
* Сэрии сиэртибэтигэр 13,7 мөлүйүөн киһи эйэлээх нэһилиэнньэ дьоно киирэр, онтон өстөөх оккупаннарынан 7,4 мөлүйүөн киһи кыргыллыбыта, 2,2 мөлүйүөнэ Германияҕа үлэҕэ өлбүтэ, онтон 4,1 мөлүйүөн киһи оккупацияҕа аччыктаан өлбүтэ.
* Аҕа дойду Улуу сэриитин биир ынырыктаах түгэнинэн 880 күн устата барбыт Ленинград блокадата этэ. Бу 1944 сыл тохсунньу 27 күнүгэр төлөрүйбүтэ. Блокада кэмигэр аччыктааһынтан 800-тэн тахса киһи өлбүтэ. 
* Блокада кэмигэр үлэһиттэргэ нуорма килиэп 250 г этэ, сулууспалаахтарга, иитиллэн олорооччуларга уонна оҕолорго – икки бүк кыра. 
* Сэрии кэмигэр Сэбиэскэй Сойууска 1710 куорат, 70 тыһыынчаттан тахса дэриэбинэ, 32 тыһыынча собуот уонна фабрика урусхалламмыттара, күл-көмөр буолбуттара, 98 тыһыынча холкуос уонна 2890 МТС халаммыта – бу барыта 128 миллиард дуоллардаах хоромньу буолбута. Тэҥнээһин быһыытынан эттэххэ, Иккис аан дойду сэриитигэр Франция хоромньута 21 миллиард, Польша – 20 миллиард этэ.
* Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Сойууска 870 тыһыынчаттан тахса байыаннай тиэхиньикэ оҥоһуллубута: онтон 120 тыһыынча сөмөлүөт, 90 тыһыынча тааҥка, 360 уонна 300 тыһыынча пушка, итиэннэ миномет. 
* Сэриилэспит хас бэһис киһи наҕарааданан бэлиэтэммитэ. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа үрдүк ааты 11 681 буойун ылбыта, 2 532 киһи Албан аат уордьан толору кавалердара буолаллар.
* Аатырбыт диктор Юрий Левитан Аҕа дойду Улуу сэриитин биир чаҕылхай бэлиэтэ этэ. Кини куолаһа сэбиэскэй норуот бойобуой тыынын үрдэтэрэ, маны өстөөхтөр олох абааһы көрөллөрө уонна кини баһын туһугар 250 тыһыынча марка харчынан наҕараада биэрэргэ эрэннэрбиттэрэ (сорох дааннайынан 100 тыһыынча маарка). Сэбиэскэй былаас Левитаны хараҕын харатын курдук харабыллыыра уонна кини тас көрүҥүн туһунан сымыйа сураҕы тарҕатара. 
* Кыайыы күнүн бастакы бырааһынньыктааһын 1945 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр ыытыллыбыта. Оттон Кыайыы параада 1945 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Кыһыл болуоссакка биирдэ буолбута. 1947 сылга диэри ыам ыйын 9 күнэ сынньалаҥ күн этэ уонна кэнсиэринэн, салютунан түмүктэнэрэ. Ол эрээри бу кэнниттэн Кыайыы күнүн тэрээһиннэрин тохтоппуттара, ол курдук 17 сыл устата көннөрү үлэ күнэ буолара.
Бу кэннэ, дьэ, 1965 сылтан ыам ыйын 9 күнүн киэҥник бэлиэтиир буолбуттара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...