16.07.2024 | 18:57

1709 социальнай хантараак 2024 сылга Саха сиригэр түһэрсилиннэ

1709 социальнай хантараак 2024 сылга Саха сиригэр түһэрсилиннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин чахчытынан 2024 сылга Саха сиригэр 273,1 мөл. солк. суумалаах 1709 социальнай хантараак түһэрсиллибит. 
Хантараактар сүрүн хайысхалара: үлэ көрдөөһүн – 96, бэйэ дьыалатын арыныы – 367, кэтэх хаһаайыстыбаны тэринии – 91, олох очуруттан тахсарга туһуланар атын тэрээһиннэр – 1090, үлэлиир саастаах доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо анал бырагыраама – 28, биэнсийэлээхтэргэ анал бырагыраама – 37.

2024 сылга, социальнай хантараак бэйэ дьыалатын арыныы уонна кэтэх хаһаайыстыбаны тэринии хайысхаларыгар  судаарыстыбаннай өйөбүл сууматын кээмэйэ улаатарын учуоттаан туран, 2800 хантараагы түһэрсэр былаан баар. Бу сыалга уопсайа 648,5 мөл. солк., ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 343,7 мөл. солк. көрүллэн турар. 
Санатар буоллахха, 2024 сылтан социальнай хантараакка олоҕурар судаарыстыбаннай өйөбүл бэрээдэгэ уларыйан турар. Ол курдук, быйылгыттан бэйэ дьыалатын арыныан уонна кэтэх хаһаайыстыба тэриниэн баҕалаахтар урбаан эйгэтигэр дьоҕурдарын бэрэбиэркэлиир тургутугу ааһаллара булгуччулаах. Тургутугу ааспатахтар «Мой бизнес» кииннэргэ үөрэх ааһаллар. Ону сэргэ сайабылыанньа биэрээччи дохуотун ааҕыыга дьиэ кэргэн саамай чугас дьонноро эрэ учуоттанар – официальнай кэргэн уонна 23-гэр диэри саастаах оҕолор (орто эбэтэр үрдүк үөрэххэ үөрэнэр түгэннэригэр).


2024 сылтан социальнай хантараагынан урбаанынан дьарыктаныан баҕалаах үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр эмиэ туһанар кыахтаахтар, өскөтүн тус дохуоттара муҥутаан тиийинэн олоруу сууматын 1,5 төгүл аһарбат түгэнигэр. Ону сэргэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэс ыйын 11 күнүнээҕи дьаһалынан социальнай хантараагы түһэрсэргэ бастакы уочарат бырааптаах категориялар быһаарыллыбыттара - элбэх оҕолоохтор, оҕолоох дьиэ кэргэттэр уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ. Маны сэргэ «Мин бастакы хамнаһым» пилотнай бырайыак балаһыанньата бигэргэтиллибитэ. 
Санатар буолалахха, Ил Дархан 2023 сыл балаҕан ыйын 28 күнүнэҕи дьадайыыны утары дьаһаллар туһунан ыйааҕыгар кэлэр биэс сылга үлэтэ суох буолууну икки төгү аччатарга сорук туруорбута. Дойду баһылыга Владимир Путин дьадайыыны утары биир көдьүүстээх миэрэнэн социальнай хантараак буолуохтааҕын бэлиэтээн турар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. Хаартыска: Чурапчы оройуонун социальнай харыстабылга управлениета.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Олох салҕанар...
Сонуннар | 21.03.2025 | 16:00
Олох салҕанар...
Бу тула суруйуохпун баҕарбытым ыраатта. Хайдах эрэ уустук,  суруйарга ыарахан тиэмэ. Билигин олохпут чэпчэкитэ суох, анал байыаннай дьайыы салҕанан бара турар, сүтүк элбэх, хас биирдии дьиэ кэргэни, ыалы таарыйан айманыы, кэтэһии, эрэнии тохтообот.   Элбэх статуһу көрөбүн, элбэх киһини кытта алтыһабын. СВО саҕаланыаҕыттан бу тиэмэҕэ суруйар буолан, онно сыһыаннаах үгүс киһини...
Артемий Афанасьев: «Оччолорго сампаан үс арааһа атыыланара»
Дьон | 20.03.2025 | 10:00
Артемий Афанасьев: «Оччолорго сампаан үс арааһа атыыланара»
Бүгүҥҥү ыалдьытым – Реас Кулаковскайга үөрэммит, Саха сиригэр бастакынан «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» бачыымы тэрийсибит, хоту дойдуга аһаҕас халлаан анныгар бассейн оҥотторбут, бороболуохата суох төлөпүөн сибээһин олохтоспут, Совмиҥҥа киирэн «уотунан барар подвесной тимир суол» бырайыагын көрдөрөн, «улуу фантазер эбиккин» дэттэрбит – Артемий Викторович Афанасьев.   Ыалдьыппар тылы биэриэх иннинэ, ааҕааччыларбар кини туһунан кылгастык...
Дойдубут туһугар
Дьон | 15.03.2025 | 12:00
Дойдубут туһугар
Ийэлэр оҕолорун, кэргэттэрин туһунан кэпсиэхтэрин, санааларын этэн чэпчиэхтэрин баҕаралларын биһиги хаһан баҕарар ылынан, истэн, ааҕааччыларга тиэрдэбит. Бүгүн кэпсэппит ийэм Елена Егоровна Бережнова – кэргэнин уонна уолун анал байыаннай дьайыыга атаарбыт, биэс оҕолоох бэйэтэ туһунан дьоруой.   – Елена Егоровна, үтүө күнүнэн! Байыас ийэтэ уонна кэргэнэ буолар хайдаҕый? – Биллэн турар, олус...
Кыайыы Знамята Хатас нэһилиэгин устун айанныыр
Сонуннар | 14.03.2025 | 12:22
Кыайыы Знамята Хатас нэһилиэгин устун айанныыр
Сүгүрүйүөхпүт сүүс да сыл буолан баран Үтүөкэн дьоннорбут ааттарын чиэһигэр...   Улуу Кыайыы солбуллубат бэлиэтэ буолбут Кыайыы Знамята нэһилиэкпит устун айанныыр. Бу тэрээһин Е.П. Пермяков салайааччылаах Хатас нэһилиэгин дьаһалтата уонна В.А. Чепалов дириэктэрдээх Хатастааҕы “Тускул” КК көҕүлээһининэн ыытыллар.   Знамяны Улуу Кыайыы 70 сылыгар төлөннөөх хомсомуол сааһыттан дойду туһа диэн үлэлээбит-хамсаабыт Василий...