«Звезднай» дьоҕус оройуон поликлиниката 3 №-дээх поликлиника ноҕуруускатын намтатыахтаах
3 №-дээх поликлиника кылаабынай бырааһа Светлана Давыдова иһитиннэрбитинэн, бырайыакка этиллэр симиэнэҕэ 600 киһи оннугар поликлиника билигин күҥҥэ 1,5 тыһыынчаҕа тиийэ киһини көрөр. Онон 11 тыһыынча кэриҥэ нэһилиэнньэлээх «Звезднай» дьоҕус оройуон туспа поликлиникалаах буолара уонна ол поликлиника суһаллык үлэҕэ киррэрэ - тыын суолталаах боппуруос.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай куораттааҕы 3 №-дээх балыыһа уонна «Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека агентствота» (РИА) саҥа поликлиника бырайыагын оҥорон бэлэмнээбиттэр. Бырайыак уратытынан манна ыарыһахтар эмтэнэ эрэ буолбакка, чөлгө түһэ уонна реабилитациялана киириэхтэрэ, ону кытта дьахтар доруобуйатыгар дьоһун болҕомто ууруллуоҕа.
Билигин 3 №-дээх поликлиника «Звезднай» поликлиникатыгар үлэлиэхтээх каадырдары бэлэмнээһининэн, саҥа салаалары арыйар кыаҕы биэрэр медицинскэй лицензияны ылыынан дьарыктанар.
Санатар буоллахха, «Звезднай» поликлиниката уопсайа 10 тыһ. кв.м. иэннээх үс мэндиэмэннээх дьиэлээх буолуоҕа. Тутууну "СОПФ Инфраструктурные облигации» ХЭУо ыытар, диэн иһитиннэрэр куорат 3 №-дээх балыыһатын пресс-сулууспата.