«Зима fest» куорат ыалларын ыҥырар
Ахсынньы 1 күнүгэр «Триумф» спорт уораҕайыгар куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын «Зима fest» дьиэ кэргэн бырааһынныга күүтэр, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта култуураҕа уонна духуобунаска управлениета.
Ол курдук, бу күн «Тундра» анимация тэрилтэтэ, «Чохоон», «Тооку» ханааллар видеоҕа устуохтара, ойуулуктары көрдөрүөхтэрэ. «Айар» кинигэ кыһата кыһыҥҥы уонна саҥа дьыллааҕы тиэмэҕэ оҕо кинигэтин быыстапкатын, остуол оонньууларын тэрийиэҕэ.
Улаатан эрэр оҕолор кииннэрэ көрдөөх оонньуулары, викториналары, маастар-кылаастары, флешмоб бэлэмниир.
Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дьиэтэ харыйа оонньуурун оҥорууга маастар-кылааһы ыытыаҕа.
«Зима fest» бэстибээл – аҥаардас аралдьытар эрэ аналлаах тэрээһин буолбатах, оҕо айар дьоҕурун сайыннарарга, саха култууратыгар, дьиэ кэргэн сыаннастарыгар иитэр кэлим бырайыак, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.