Ленин пааматынньыгын өрөмүөнэ түмүктэннэ
Ленин пааматынньыгын өрөмүөнэ түмүктэммитин туһунан докумуон алтынньы 31 күнүгэр баттанна, диэн иһитиннэрэр култуура уонна духуобунас министиэристибэтэ.
Реставрация үлэтэ 2022 сыллаахха саҕаламмыта. СӨ Судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспатын сакааһынан өрөмүөн үлэтинэн «Уран» дизайн-устуудьуйа дьарыктаммыта. Устуудьуйа пааматынньык акылаатын, постаменын, трибунатын уонна скульптураны бэйэтин саҥардан оҥордулар.
Санатар буоллахха, «Памятник В. И. Ленину, ск. Стручков Ю.Д., арх. Миловидов Н.Н.» култуура эбийиэгин акылаата Дьокуускай куоракка 1957 сыл алтынньы 6 күнүгэр оччолорго Центральнай диэн ааттанар (билигин Ленин болуоссата) болуоссакка ууруллубут. Ол кэннэ 10 (!) сылынан биирдэ – 1967 сыл алтынньы 25 күнүгэр, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 50 сылынан – үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыбыта. Ол төрүөтүнэн ирбэт тоҥ буолбут. Хас да сыллаах, кыһыҥҥы, сайыҥҥы усулуобуйаҕа чинчийиилэр, суоттааһыннар түмүктэринэн Дьокуускай куорат усулуобуйатыгар 3,5 миэтэрэттэн үрдүк пааматынньыктары тутуохха сөп диэн быһаарыы ылыллыбыт. Холобур, урут дьиэ акылаатын түһэрэн баран хас да сыл оннун буларын күүтэллэрин курдук. Түмүккэ 6 миэтэрэ үрдүктээх скульптуралаах, уопсайа 14,6 миэтэрэ үрдүктээх боруонса таастан пааматынньыгы тутар туһунан быһаарыы ылыллыбыт, диэн иһитиннэрэр култуура министиэристибэтин саайта.