11.11.2024 | 22:07

Дмитрий Коркин олоҕун туһунан сэдэх ахтыы

Дмитрий Коркин олоҕун туһунан сэдэх ахтыы
Ааптар: Федот Харитонов, Мэҥэ Хаҥалас
Бөлөххө киир

«Киин куорат» хаһыат эрэдээксийэтигэр Мэҥэ Хаҥаластан Федот Харитонов хам-түм сонуннарын ыытар үгэстээх. Бу сырыыга бэрт сэдэх, киһи эрэ сэргии ааҕыаҕын суруйан ыыппытын ааҕааччыларбытын кытта үөрүүнэн үллэстэбит.

Александра Сэмэнэбинэ мин 1 кылааска үөрэппит учууталым. Оҕону олус да таптыыр учуутал этэ. Переменаҕа кууһан олорон кэпсэтэрэ. Эчи эдэрин, үчүгэйин, киһи чугаһыан куттанара. Ол биһиги, оччолорго таҥас-сап да мөлтөх оҕолоро буоллахпыт.


Икки-үс сылынан учууталбыт Дмитрий Петрович Коркиҥҥа кэргэн тахсан, интэринээт-оскуолаҕа барбыта. Учууталбытын суохтаан эрэйдэммиппит даҕаны.

Ол айыыта онон олох көрсүбэтэхпит да, кэпсэппэтэхпит да. Апай 5 сыл анараа өттүгэр учууталым төлөпүөнүн нүөмэрин булан, эрийэн, Д.П. Коркин туһунан кини быраата Дмитрий Диринскэй суруйбут кинигэтин ааҕан баран ырытаары, онно чуолкайдаһа, кэпсэтэ киирэ сылдьыбытым.

Чэй иһэ-иһэ кэпсэппиппит. Ону суруйан турабын.
Мин кини тапталлаах үөрэнээччитэ эбитим үһү. Арай учууталым Александра Семеновна ыйытта:
– Төһө сүөһүнү идэһэлэнэн, биһиги Миитэрэйбиниин кыстыыр эбиппит буолуой? – диэн.
– Иккиэйэх бэйэҕит биир идэһэнэн кыстыыр инигит.
– Суох. 7 сүөһү этин туттан кыстыырбыт. Ол интэринээт остолобуойа оччоттон баччаҕа диэри күүстээх ноҕуруускаҕа сылдьар оҕолору тоторбот буоллаҕа. Оҕолор киэһэ биһиэхэ кэлэн эттээх миин, соккуой сиэн эбинэллэрэ. Сойууска, Арассыыйаҕа баран тустар оҕолорго үчүгэй ас наада буоллаҕа. Оччоҕо эрэ кыайар-хотор буоллахтара дии. Бөтүрүөбүс билэр буоллаҕа дии. Аҥаардас эрчиллиинэн оҕо сиппэт. Үчүгэйдик аһыан наада. Онон астарын буһаран баран остуол ортотугар ууран кэбиһэрбит. Ыскааптан иһит-хомуос ылынан, тустуук уолаттар бэйэлэрэ аһыыллара. Кыбыстыахтара диэн биһиги тахсан барарбыт.

Ити курдук учууталым Бөтүрүөбүс биир «кистэлэҥин» кэпсээн турар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....