10.11.2024 | 12:00

«Өрөгөй» киинэттэн сиэттэрэн...

«Өрөгөй» киинэттэн сиэттэрэн...
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

Ханнык баҕарар ускуустуба көрүҥэ – уруһуй, муусука, тыйаатыр, литература, уус-уран айымньы, балет, үҥкүү, цииркэ, киинэ – киһини толкуйдатар, анаарар, ырыҥалыыр турукка тиэрдэр, ис иэйиини уһугуннарар, ону ааһан, мин санаабар, туох эрэ сырдыкка сирдиир, олоҕу өйдүүргэ иитэр-үөрэтэр аналлаах. Ааптар бэйэтин айымньытын нөҥүө тус көрүүтүн, сыанабылын киэҥ араҥаҕа үллэстэр. Оттон ону хас биирдии көрөөччү, истээччи араастык ылынар. Ким эрэ көнөтүнэн өйдүүр, сорох бөлөһүөктээн ылынар, анааран толкуйдуур. Ол тэҥэ дьон биһириир жанра, тиэмэтэ да араас. Анал идэлээхтэр этэллэринэн, биһиги кэммитигэр ордук кыайа-хото киинэ уонна муусука ускуустубата дьон болҕомтотун тардар.

Саха сиригэр киинэ эйгэтэ балачча сайынна. Дэлэҕэ, Голливудка чугаһатан, “Сахавуд” диэхтэрэ дуо! Чахчыта да, бэл, быыкаа бүддьүөттээх, киинэни устууга анаан идэтийбэтэх, киинэ эйгэтиттэн букатын атын идэлээхтэр оонньообут киинэлэр көрөөччү биһирэбилин ылаллар. Саха киинэтэ дойду, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга, бэстибээллэргэ үрдүк сыанабылы ыларыгар, бириистээх миэстэҕэ тиксэригэр үөрүйэхтэнэн да бардыбыт. Идэтийэн дьарыктаныы, устуу, таҥыы хаачыстыбата тупсар.

Соторутааҕыта улахан экраҥҥа тахсыбыт “Өрөгөй” киинэ үгүс көрөөччү кутун тутта. Дьиҥ олоххо баар буола сылдьыбыт, баар, тумус туттар дьоммут кыайыыны ситиһэргэ уурбут дьаныардаах үлэлэрин, тулуурдарын, дьулуурдарын көрдөрөр дьоһуннаах киинэ иитэр-үөрэтэр суолтата улахан. Кинилэр – ССРС, РСФСР, САССР үтүөлээх тренерэ, Саха сирин успуордугар улахан хамсааһыны таһаарбыт, саха тустууктара аан дойду таһымыгар тахсалларыгар сүҥкэн кылааттаах Дмитрий Коркин уонна иитиллээччилэрэ – 1976 с. олимпиецтэр Павел Пинигин, Александр Иванов, 1972 с. сахаттан бастакы Олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев, аатырбыт Николай Захаров - Сахаачча – көстөллөр.

Спортсмен өрөгөй кыайыыны сыччах күүһүнэн-кыаҕынан, сылбырҕатынан буолбакка, дьулуурунан, дьаныарынан, туруоруммут сыалын ситэн тэйэр күүстээх санаатынан, тобуллаҕас толкуйунан, билиитинэн-көрүүтүнэн, тулхадыйбат бэрээдэгинэн ситиһэрин киинэни устааччылар бэркэ көрдөрбүттэр.

Маннык дьиҥ олоххо баар буола сылдьыбыты, буолбут түгэни, буолаары буолан, норуот улаханнык ытыктыыр дьонун туһунан уус-уран киинэни оҥорон таһаарыы оонньооччуларга, устааччыларга да – улахан эппиэтинэс. Киинэ дьоруойдарын оонньообут артыыстар дьаныардарыттан, кыһанан-мүһэнэн туран дьарыктаммыттарыттан, тустуу туһунан элбэх литератураны аахпыттарыттан сөхтүм-махтайдым. Бэрт ыгым кэм иһигэр – 4 ый эрэ курдук устубуттар – сүҥкэннээх үлэ барбыт. Дмитрий Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар эрэннэриллибити уһаппакка олоххо киллэрбиттэрэ – кэрэхсэбиллээх.

Бу киинэ туһунан үчүгэй кэпсэтии “Саха” НКИХ “Олох үөһүгэр” биэриитигэр буолан ааста. Онно “Саха киинэтэ билигин ханнык таһымҥа сылдьарый?” диэн ыйытыы турбутугар киинэ режиссёра Михаил Лукачевскай биир бастакынан саха киинэтэ сайдарыгар Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев оруолун, суолтатын чорбото тутан бэлиэтээбитэ мээнэҕэ буолбатах. Кини: “90-с сылларга Михаил Ефимович Николаев каадыр бэлэмигэр сыһыаннаан ыччаты киин сир үөрэҕин кыһаларыгар үөрэттэрэ ыытар бырагыраамалаах этэ. Ол иһигэр Санкт-Петербургтааҕы киинэ, тэлэбиидэнньэ университетыгар – ГИК-кэ элбэх саха оҕото баран үөрэммитэ. Дьэ, олор 2000 сыл саҕаланыытыгар кэлэн баран, бары үлэлээн-хамсаан, бастакы сахалыы киинэлэр уһуллан барбыттара. “Кэскилтэн” саҕалаан, Сергей Потапов “Любовь моя” киинэтэ эҥин. Ол иннинэ ТВ-га Эллэй Иванов, Семен Ермолаев усталлара. Киинэни киһи оҥорор. Хамаанда үлэлиир. Эпэрээтэрдэр, худуоһунньуктар, таҥааччылар, режиссердар уо.д.а. Дьэ, ол исписэлиистэр бары баар, сатыыр, идэтийиилээх дьон үлэлиир буоллахтарына, дьиҥнээх айымньы оҥоһуллан тахсар. Урут бэйэм “фестивальнай”, артхаус киинэлэри устарым. Оччолорго саха киинэтин туһунан ончу билбэттэр этэ. Сорохтор Саха сирэ ханан баарын да билбэттэрэ. Саха киинэтэ араас бэстибээллэргэ кыттан, биллэр-көстөр буолан, тас дойдуга тиийэ сэргиир буоллулар”.

“Каадыр элбэҕи быһаарар” диэн этии киинэ эйгэтигэр да быһаччы сыһыаннаах. Михаил Ефимович ити курдук, ырааҕы көрөн дьаһанара.

1976 с. Монреаллааҕы олимпиада кимиэллээх киирсиилэрин баччалаах кэм-кэрдии ааспытын кэннэ, букатын атын усулуобуйалаах Саха сиригэр устуу, ол туругу, иэйиини, итии-буһуу түгэннэри тустуунан идэтийэн дьарыктаммат артыыстарынан итэҕэтиилээхтик көрдөрүү – туһугар сатабыл, талаан. Киинэ идэлээхтэр, артыыстар таһымнара үрдээбитин, аныгы технологияны туһанар кыахтаммыттарын көрдөрөр. Холобур, сөкүүндэҕэ 300-кэ тиийэ каадыры түргэнник устар анал камералары туһаммыттар. Ону тэҥэ өссө да бу өттүгэр үлэ күүскэ барыахтааҕын, саха киинэтэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр киэҥник тарҕанарыгар олохтоох киинэ индустрията, туттар тиэхиньикэлэрэ олоҕу кытта тилэх баттаһа сайдан иһиэхтээҕин кэрэһилиир.

Мантан салгыы киинэ устуутугар туттуллар үп-харчы эргийэрин, дохуот буоларын, ол суотугар саҥаттан саҥа киинэ уһуллан, бастыҥтан бастыҥ талылларын курдук, аныгы технологияны күүскэ туһаныы, идэтийиини тупсаран, “былааһы” ахсаанынан буолбакка, хаачыстыбатынан ылар сорук туруохтаах дииллэрин кытта толору сөпсөһөбүн.

Эппитим курдук, көрөөччү сыанабыла араас. Бэл, биир да киһи сыаналааһына хайдах туруктаах, толкуйдаах олорон көрөрүттэн, хас сааһыгар сылдьан көрөрүттэн кытта тутулуктаах. Онон “үчүгэй” эбэтэр “куһаҕан” диэн быһаччы сыананы биэрэр хаһан баҕарар уустук. Быһата, сүүс киһи – сүүс санаа. Дьиҥ олоххо буолбукка олоҕуран уһуллубут буолан, бэйэлэрин тустарынан киинэни тустаах дьон хайдах ылыммыттара бэлиэ суолталаах. Оттон Павел Пинигин, Александр Иванов киинэттэн астыммыттар.

 

Үтүө киһи умнуллубат

Сэтинньи 12 күнүгэр Дьокуускай “Лена” киинэ тыйаатырыгар 14:30 ч. суохтуур, ытыктыыр салайааччыбыт, биллиилээх судаарыстыбаннай, политическай диэйэтэл, өрөспүүбүлүкэ олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар, кэскилэ кэҥииригэр бүтүн олоҕун, үгүс сыратын анаабыт, ускуустуба, о.и. саха киинэтэ сайдарыгар бигэ кылааттаах Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев туһунан ДОКУМЕНТАЛЬНАЙ киинэ буолар.

“Путь Президента” диэн аатыттан да сылыктаатахха, киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох киинэ сценарийын норуодунай суруйааччы Владимир Федоров суруйбут. Режиссёр – РФ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Никита Аржаков. Киинэлэргэ бэртээхэй ракурстары булан, тоҕоостоох түгэннэри бэркэ таба тутан көрдөрөр кыраҕы харахтаах Юрий Бережнев эпэрээтэрдээбит. Саха киһитэ илэ хараҕынан көрдөҕүнэ, эт кулгааҕынан иһиттэҕинэ эрэ астынар, толору өйдүүр. Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук. Кытаатыҥ, киинэни көрүҥ.

Михаил Ефимович быйыл сэтинньи 13 күнүгэр 87-с хаарын санныгар түһэрбит буолуохтааҕа. Киинэ кини төрөөбүт күнүгэр сыһыаран көрдөрүллэр.

М. Николаев 1961 с. Омскайдааҕы судаарыстыбаннай бэтэринээр институтун бүтэрэн, үлэтин Эдьигээн улууһуттан саҕалаабыта (Олимпиада чөмпүйүөнэ Р. Дмитриев Эдьигээнтэн төрүттээҕэ туһугар дьикти сөп түбэһии).

1991 с. ахсынньытыгар, лоп курдук 30 сылынан, Михаил Ефимович быыбардааччы 76,7% куолаһын ылан, өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. 1996 с. иккис болдьоҕор үлэлээбитэ. Үһүс болдьоҕор туруорунар кыах бэриллибитэ буоллар, өссө элбэҕи, үйэлээҕи оҥоруохтааҕа хааллаҕа.

Бастакы бэрэсидьиэн нация чэгиэн туруктаах, чөл олохтоох буоларыгар үлэлэспитэ. Кини төрүттээбит Медицина национальнай киинэ үгүс дьон олоҕун уһатар, туругун тупсарар. Омук кэскилин ыччакка көрөн, элбэҕи оҥорбута. МГУ ректора  В.А. Садовничайы сирэй көрсөн, дойду үөрэҕин киэн туттуута университекка элбэх саха оҕото киирэрин ситиспитэ. Өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр, таһымнаах үөрэх кыһаларыгар үөрэнэн, дириҥ билиини ыллыннар диэн, соҕуруу, омук сиригэр үөрэххэ киирэллэригэр үлэлэһэр анал департамены тэрийбитэ. ЮНЕСКО-ҕа Саха сириттэн бэрэстэбиитэл анаабыта. Олоҥхо 2005 с. норуоттар икки ардыларынааҕы ЮНЕСКО шедеврэ статустанарыгар, 2009 с. бүтүн аан дойду шедеврин кэккэтигэр киирэригэр олугу уурбута. “Азия оҕолоро” оонньуу, Саха цииркэтэ, Муусука үрдүкү оскуолата баар буоларын ситиспитэ. Норуот көҕүн, үтүөҕэ баҕарыытын өйөөн, “100 үтүө дьыаланы” саҕалаан, үлэ-хамнас күөстүү оргуйбута. Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ кини саҕана киирбитэ. Бастакы бэрэсидьиэммит биһиэхэ, кырдьыга да, көҥүл тыынын илэ-бааччы биллэрбитэ, саха буоларбытынан киэн туттар санааны үөскэппитэ.

Киинэ туһунан кэпсэтиигэ курдук, кэм-кэрдии аастаҕын аайы кини оҥорбут үтүөтэ, саҕалааһына сыаналанан иһиэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....