11.11.2024 | 23:41

Хаачыстыба – олох ирдэбилэ

Хаачыстыба – олох ирдэбилэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи ый иккис чэппиэригэр бэлиэтэнэр аан дойдутааҕы Хаачыстыба күнүнэн сэтинньи 11-17 күннэригэр Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр уонна тустаах үөрэх кыһаларыгар Хаачыстыба нэдиэлэтэ буола турар.

Нэдиэлэ чэрчитинэн Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка ыытыллыбыт аһаҕас аан күнүгэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуоннара ыалдьыттаатылар. «Туймаада» агрохолдинг исписэлиистэрэ, СӨ Аһылык технологиятын киинин хаачыстыбаҕа инженерэ Галина Дармаева устудьуоннарга аһылык хаачыстыбатын туһунан кэпсээтилэр. Профессор Константин Степанов кыһын миин иһэр суолтатын билиһиннэрдэ. Старшай преподаватель Кира Иванова ыыппыт маастар-кылааһыгар устудьуоннар борщ уонна рассольник оҥорорго үөрэннилэр. Тэрээһиҥҥэ Хатастааҕы агрооскуола «Собо миинэ», «Отонтон муорус», «Отонтон уонна эриэхэттэн эбииликтэр», «Ис миинэ» бырайыактарын билиһиннэрдэ.
Дьокуускайдааҕы Үүт собуота эмиэ бэйэтин бородууксуйатын көрдөрдө – хат уонна оҕо эмтэрэр дьахталларга аналлаах А, Д3, С битэмииннэринэн байытыллыбыт үүтүн, банан, клубника, малина састааптаах йогуртарын. Маны таһынан Үүт собуотун кылаабынай механига Сергей Перелыгин ХИФУ Физико-тэхиньиичэскэй институтун устудьуоннарыгар собуот сыысхала суох үлэлиирин хааччыйар оборудованиеларын билиһиннэрдэ. 


Аһылык технологиятын киинин исписэлиистэрэ Хаачыстыба нэдиэлэтин чэрчитинэн куорат оскуолаларыгар доруобай аһылыкка сыһыаннаах маастар-кылаастары ыыталлар. Оттон ХИФУ медицинскэй технологияҕа лабароторията Кииҥҥэ бэйэтин маастар-кылааһын ыытта.
Чэппиэргэ, сэтинньи 14 күнүгэр, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ оҥорон таһаарар тэрилтэлэр кыттыылаах төгүрүк остуолу былаанныыр, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....