08.11.2024 | 20:09

Степан Аржаков 125 сылынан саҥа кинигэ уонна испэктээк

Степан Аржаков 125 сылынан саҥа кинигэ уонна испэктээк
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 8 күнүгэр Национальнай библиотекаҕа «Степан Максимович Аржаков (1899-1942) Фотографии. Документы» хаартыска альбомун үһүс ситэриллибит кинигэтэ сүрэхтэннэ. Оттон сэтиннньи 9-10 күннэригэр Саха тыйаатырыгар норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов Степан Аржаковка аналлаах «Үйэлэри уҥуордаан» испэктээгэ сүрэхтэниэҕэ.

Хаартыска альбома уонна испэктээк Саха АССР төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, уһулуччулаах судаарыстыбаннай, политическай диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар ананаллар.

Степан Аржаков олоҕун, үлэтин-хамнаһын туһунан бастакы хаартыска альбома  2002 сыллаахха бэчээтэммитэ, иккис - 2009 сыллаахха. Саҥа, үһүс кинигэ 800 ахсаанынан тахсыбыт.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников үс кинигэ үһүөн күн сирин көрөллөрүгэр үлэлэспит Национальнай архыып үлэһиттэригэр - кылаабынай археограф Александр Калашниковка, дириэктэри солбуйааччы Наталья Малышеваҕа уонна бэтэрээн Мария Степановаҕа Ил Дархан махтал суруктарын туттарда.
Сергей Местников бэлиэтээбитинэн, Ил Дархан дьаһалынан Степан Аржаков 125 сылынан төрөөбүт улууһугар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ бүттүүнүгэр кини аатын үйэтитэр тэрээһиннэр сыл устата ыытылла тураллар. 
Оттон саҥа хаартыска альбомугар Арассыыйа судаарыстыбаннай архыыбыгар, Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай социальнай-политическай история архыыбыгар, Москва куорат киин судаарыстыбаннай архыыбыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай архыыбыгар уонна ФСБ, Магадан уобалаһынааҕы ис дьыала управлениеларын архыыптарыгар харалла сытар хаартыскалар уонна докумуоннар киирбиттэр.


Маны сэргэ бу өрөбүллэргэ, сэтинньи 9-10 күннэригэр, Ойуунускай аатынан Саха драмтыйаатырыгар норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов Степан Аржаковка аналлаах «Үйэлэри уҥуордаан» испэктээгэ сүрэхтэниэҕэ. 
Степан Максимович Аржаков сэтинньи 9 күнүгэр (эргэ истиилинэн алтынньы 28 күнүгэр) 1899 сыллаахха Бүлүү куоратыгар төрөөбүтэ. Араас кэмнэргэ Саха АССР наркомун сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, сири оҥорууга, хааччыйыыга, эргиэҥҥэ, промышленнаска, ис дьыалаҕа наркомунан, Москваҕа национальностар дьыалаларыгар комиссариакка үлэлээн ааспыта, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....