08.11.2024 | 20:07

«Сырдык киин куорат» бырагыраама хаамыыта

«Сырдык киин куорат» бырагыраама хаамыыта
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Сырдык киин куорат» муниципальнай бырагыраама үбүлээһинэ быйыл 40 мөл. солк. тэҥнэһэр. Ити суумаҕа 208 уот остуолбата уонна 256 лаампа туруохтаах.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, былааннаммыт 17 эбийиэктэн 12-гэр үлэ түмүктэммит.
Ол курдук, «Горсвет» МУТ чопчулуурунан, алтынньы 25 күнүнээҕи туругунан сырдатыы үлэтэ киин куоракка Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын киин аллеятыгар, Михаил Николаев аатынан проспектан Михаил Николаев аатынан проспект 2/4 №-дээх дьиэтигэр диэри, «Гимеин» эргиириттэн Мерзлотнай уулуссаҕа диэри түмүктэммит.
Куорат таһынааҕы нэһилиэктэртэн уулусса уота Хатаска Николаев уулуссатыгар, Тулагыга эмиэ Николаев уулуссатын 94 №-дээх дьиэтиттэн 64 №-дээх дьиэтигэр диэри (1 уочарат) холбоммут.
Бу күннэргэ үлэ «Тускул» түөлбэҕэ, Дачная уулуссаҕа уонна Пригороднай сэлиэнньэтигэр бара турар.
«Горсвет» МУТ сыл бүтүөр диэри сырдатыы үлэтин Красильников, Мерзлотнай, Ларионов уулуссаларыгар ситэрэр соруктаах. 
Санатар буоллахха, куорат уулуссаларын сырдатыы «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан эмиэ ыытыллар. Ол курдук, быйыл 973 остуолба уонна 1323 лаампа туруохтааҕыттан 780 остуолба уонна 1069 лаампа нацбырайыак суотугар туруоруллар.
Уопсастыбаннай туоналары тутуу уонна саҥардыы түмүгэр эмиэ куораппыт сыллата сырдаан иһэр. Холобура, быйыл Роман Дмитриев аатынан кытыл, Сайсары кытыла, Кыайыы паарката, култуура уонна сынньалаҥ паарката, Федор Попов аатынан сквер, Ленин болуоссата курдук саҥа эбийиэктэр бары аныгылыы уоттаахтар-күөстээхтэр, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....