11.11.2024 | 17:28

Сымыйа кафелары сокуону кытаатыннарыы эрэ кыайыан сөп

Сымыйа кафелары сокуону кытаатыннарыы эрэ кыайыан сөп
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэнидиэнньиктээҕи былаанныыр мунньахха куорат баһылыга Евгений Григорьев сымыйа кафелары кытары охсуһууга дьокутааттар өйөбүллэрэ баар буолбутун иһитиннэрдэ.

Ол курдук, куорат баһылыга Ил Түмэн урбааҥҥа уонна туризмҥа бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Корниловы кытта уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрин үлэлэригэр сыһыаннаах сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан кэпсэтиилэрин туһунан «Эхо столицы» хаһыат телеграм ханаалыгар тахсыбыт дьүүллэһии кэнниттэн эрэдээксийэ бу туһунан кэмэнтээрий ылла.
Роман Мандзяк, куорат баһылыгын пресс-сэкирэтээрэ:
– «Наливайкалар» уонна «сымыйа кафелар» үлэлэрэ бүгүҥҥү күҥҥэ икки сокуонунан бэрээдэктэнэр. Ол курдук,  «Арыгылаах утаҕы биирдиилээн атыылааһын бириэмэтигэр, усулуобуйатыгар уонна миэстэтигэр эбии хаарчахтааһыны олохтооһун туһунан» бастакы, өрөспүүбүлкэ таһымнаах сокуон арыгылаах утаҕынан эргинэр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтин дьиэтин иэнэ 75 кв. м улахан  буолуохтаах диэн ирдэбили туруорар.
Иккис сокуон куорат таһымнаах. Чуолаан, 2022 сыл ыам ыйын 5 күнүнээҕи Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын 118-п №-дээх уурааҕа маннык тэрилтэлэр олорор дьиэлэртэн уонна социальнай тэрилтэлэртэн төһө тэйиччи туруохтааҕын быһаарар.
Инньэ гынан, билиҥҥи сокуонунан, маннык тэрилтэ иэнэ 75 кв.м буолла даҕаны, Олохтоох дьаһалта уурааҕыгар ыйыллар ирдэбил киниэхэ дьайбат.
Маннык түгэни кытта аҕыйах хонуктааҕыта Короленко уулуссатын дьиэтин олохтоохторо көрүстүлэр. Ол курдук, 75 кв.м. улахан иэннээх пиибэнэн эргинэр тэрилтэ дьон олорор дьиэтиттэн 50 м чугас арыллыба нэһилиэнньэни долгутара чахчы. Итини сэргэ чугаһынан 7 №-дээх оскуола, Саха-корейскай оскуола уонна 4 №-дээх оҕо спорт оскуолата бааллар. Саарбах биисинэһи өрө тутааччылары маннык түгэннэр долгуппаттар. 
Баһылык Евгений Григорьев сокуон бу итэҕэһин суох оҥорорго этии киллэрэр. Оччотугар эрэ арыгылаах утаҕынан эргинэр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ үөһээ ааттаммыт нуорма-быраап аакталарыгар турар идэбиллэри тутуһуохтара. Оттон биирдэстэрэ эмэ тутуһуллар түгэнигэр, бу эбийиэк сокуон хараҕынан буруйа суох буоларыгар тиийэр.

2024 сыл сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан Дьокуускай куорат территорятыгар 238 уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтэ пиибэнэн уонна арыгылаах утаҕынан эргинэр (эрэстэрээннэр, кафелар, банкет саалалара, бардар, кулууптар, кафе-маҕаһыыннар); ол иһигэр:
* 127 эбийиэк арыгылаах бородууксуйанан эргинэр лицензиялаах;
* элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ эбэтэр онтон чугас сиргэ турар 110 эбийиэктэн 60-на лицензиялаах;
* 61 эбийиэк 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлээн тохтообута;
* 26 эбийиэк икки араас төрүөтүнэн хаарчахтааһыҥҥа сөп түбэһэллэр: 12-тэ лицензиялаах, 14-дэ лицензията суох. Ол туһунан «Эхо столицы» хаһыат саайта суруйар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....