13.11.2024 | 17:08

«Сыыппара үйэтэ» аныгы СМИлэртэн уратыны ирдиир

«Сыыппара үйэтэ» аныгы СМИлэртэн уратыны ирдиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марков сэтинньи 12-13 күннэригэр буолан ааспыт «Цифровой Алмаз» форум чэрчитинэн  «Эпоха диджитал: вызовы для производителей цифрового контента» семинарга Okko уонна Wink платформалары кытта толору метражтаах сериал устарга үлэлэһэр былааннааҕын иһитиннэрдэ. 
Аныгы «сыыппара үйэтигэр» сонуну киэҥник көрдөрөр-иһитиннэрэр тиһиктэри контент хаачыстыбатын тупсарарга туһаайар тэлэбиидэнньэнэн-араадьыйанан көрдөрөр-иһитиннэрэр тиһиктэр национальнай ассоциацияларын генеральнай дириэктэрэ Александр Широких салайааччылаах семинар кыттыылаахтара контены таҥыыга аныгы медиалар дьайыыларын уонна судаарыстыбаннай уонна чааһынай тэрилтэлэр бииргэ үлэлэһиилэрин ырыттылар, аныгы көрөөччү-истээччи, ааҕааччы күннэтэ үрдүү турар ирдэбилигэр хоруйдуур ситиһиилээх бырайыактары дьүүллэстилэр, диэн иһитиннэрэр инновация министиэристибэтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Маннык эмиэ буолар...
Сытыы муннук | 01.11.2024 | 16:00
Маннык эмиэ буолар...
Арахсыы төрдө-төрүөтэ үксэ биир: майгыларынан тапсыбатахтар, нууччалыы эттэххэ, “характерами не сошлись” диэн буолар. Урут, ааспыт үйэҕэ диэххэ, ыал арахсыыта аҕыйах этэ. Суут араарымаары холбуу сатаан, араас миэрэни барытын туттара. Билигин сорохтор, уруу тэрийээт, аҕыйах сыл олороот, арахсар аатыгар бараллар, сорох төрөппүттэр сыбаайба оҥорбут кирэдьииттэрин төлүүн бүтэрэ да иликтэринэ оҕолорун суоллара...