13.11.2024 | 11:13

Михаил Николаев аатынан оскуола 2025 сылтан үлэлиэҕэ

Михаил Николаев аатынан оскуола 2025 сылтан үлэлиэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Баһылык Евгений Григорьев бэйэтин телеграм-ханаалыгар 2025 сыл балаҕан ыйыттан киин куоракка Михаил Николаев аатын сүгэр оскуола арыллыаҕа диэн иһитиннэрдэ.
Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ төрөөбүт күнүн көрсө Дьокуускай куоракка кэлэр үөрэх дьылыттан үлэлээри турар 40 №-дээх оскуолаҕа Михаил Николаев аатын иҥэрэр туһунан дьаһал баттаммыт.


17 тыһ. кв/м иэннээх саҥа оскуола Иван Кульбертинов уул., 1А дьиэтигэр арыллыаҕа.
Михаил Ефимович үөрэхтээһини куруук инники күөҥҥэ тутара, үөрэх хаачыстыбата судаарыстыба сайдыытын таһымын, обороннай уонна экономическай кыаҕын көрдөрөрүнэн ааттыыра.
Саҥа үөрэх кыһатын иитиллээччилэрэ Михаил Николаев баҕатын курдук төрөөбүт куораттарын, онтон салгыы өрөспүүбүлүкэлэрин, бүтүн дойдубут сайдарын туһугар киэҥ билиилээх, үөрэхтээх буола улаатыахтара диэн эрэнэбин», – диэн суруйар Евгений Григорьев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....