12.11.2024 | 19:14

Федора Егорова төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах айар күрэх кыайыылаахтара ааттанна

Федора Егорова төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах айар күрэх кыайыылаахтара ааттанна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха дьахталларыттан бастакы идэтийбит суруналыыс, «Кыым» хаһыаты тилиннэрбит өҥөлөөх айар тыл маастара Федора Петровна Егорова төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан сахалыы суруйар суруналыыстарга биллэрбит аһаҕас күрэхтэрэ түмүктэннэ.
Күрэх соругун санатар буоллахха, Ф.П. Егорова аатын үйэтитии, саха тылын айар кутун, баайын, кэрэтин туттуллар эйгэтин кэҥэтии уонна сахалыы суруйар суруналыыстар иитэр-үөрэтэр суолталаах, дьону-сэргэни чөл олоххо, айымньылаах үлэҕэ көҕүлүүр суруйууларын, бар дьон сытыы кыһалҕатын хорсуннук арыйалларын, туруорсалларын өйөөһүн диэн этэ.
Күрэххэ өрөспүүбүлүкэ уонна улуус бэчээтигэр, куйаар ситимҥэ үөрэх, култуура тиэмэлэригэр сахалыы тахсыбыт үлэлэр көрүллэллэр диэн ирдэбил турбута. Онуоха барыта 23 киһи кытынна – суруналыыстар, иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ үлэһиттэрэ, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр. Кыттааччылар географиялара киэҥ: Горнайтан, Тааттаттан, Хаҥаластан саҕалаан Муомаҕа, Томпоҕо, Орто Халымаҕа тиийэ.
Дьүүллүүр сүбэни «Ситим» медиа бөлөх генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Владимир Николаевич Степанов салайда.
Сүбэҕэ киирэн үлэлээтилэр:
Герасимова Нина Моисеевна – «Кыым» хаһыат суруналыыһа;
Гуринов Афанасий Гаврильевич-Арчылан – «Күрүлгэн» уус-уран сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ;
Иринцеева Евдокия Семёновна-Огдо – Арассыыйа Суруналыыстарын уонна Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ;
Терехова Лидия Терентьевна – СӨ үтүөлээх учуутала, Ф.П. Егорова аймаҕа;
Тумусов Федот Семёнович – Арассыыйа Госдууматын дьокутаата.
Дьүүллүүр сүбэ таһаарбыт түмүгүнэн маннык анал ааттар олохтонон кыайыылаахтар бигэргэннилэр:
«Үйэлээх кыым» – «Кыым» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Диана Клепандина;
«Өркөн кыым» – «Киин куорат» 1-кы категориялаах эрэдээктэрэ Айыына Ксенофонтова;
«Мындыр кыым» – «Эркээйи» хаһыат эрэдээктэрэ Алёна Докторова (Мэҥэ Хаҥалас);
«Өспөт кыым» – уопсастыбыннай кэрэспэдьиэн («Халыма долгуннара», «Туймаада», «Кыым») Иннокентий Оконешников;
«Сырдык кыым» – СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ, «Блоги Якутии», «Ил Түмэн» хаһыакка суруйар Анисия Иевлева;
«Төрүт кыым» – уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн («Дабаан», «Саха сирэ»), уһуйаан иитээччитэ Татьяна Максимова-Лазарева (Кэбээйи);
«Көх кыым» – уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн («Халыма долгуннара», «Кэскил»), учуутал Изабелла Ноговицына (Орто Халыма);
«Айар кыым» – уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн («Үлэ күүһэ, «Арчы-Забота») Александр Тарасов (Горнай), Федора Егороваҕа анабыл хоһоонун иһин анал биһирэбил.
Кыайыылаахтар анал ааттары сэргэ 20 тыһ. солк. тиийэ харчынан бириэмийэнэн биһирэннилэр. Күрэҕи үбүлээбит, бириэмийэ пуондатын хааччыйбыт Федора Петровна Егорова аймахтарыгар, Кэбээйи улууһун II-c Лүүчүн нэһилиэгин дьаһалтатыгар, Госдуума дьокутаата Федот Семёнович Тумусовка улахан махталбытын тиэрдэбит.
Тэрийэр сүбэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....