12.11.2024 | 11:33

Тыла суох – норуот суох

Тыла суох – норуот суох
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

1934 сыл муус устар 2 күнүгэр РСФСР Наркома Дьокуускайдааҕы пединститукка саха уонна нуучча тылын отделениеларын арыйар туһунан уурааҕа тахсыбыта.
Онно олоҕуран, 1935 сыллаахха – нуучча тылын, 1939 сыллаахха саха тылын салаалара аһыллыбыттара. Ити сыл ылыллыбыт биэс бастакы устудьуонтан үһэ саха тылыгар киирбитэ. 1939 сыллаахха Л.Н. Харитонов “Саха тылыгар сыһыат көрүҥнэрэ” диэн тиэмэҕэ кандидатскай үлэтин көмүскээбитэ. Кини 1946 сыллаахха саха тылын кафедрата аһыллыбытыгар бастакы сэбиэдиссэйинэн анаммыта.


Манна даҕатан эттэххэ, төрөөбүт төрүт тылбыт салаатын бастакы преподавателлэринэн М.С. Гуревич, В.В. Яковлев, Н.С. Григорьев, Н.М. Заболоцкай, Б.А. Павловскай, Н.О. Саввин, Х.И. Константинов үлэлээбиттэрэ. 1946 сылга тиийэн, саха уонна нуучча тылын кафедралара аһыллыбыттара. Саха тылыгар бастакы сэбиэдиссэйинэн Л.Н. Харитонов анаммыта. 
Онон быйыл ийэбит үүтүн кытта тэҥинэн иҥэриммит төрөөбүт тылбытын үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэтэр буолбуппут лоп курдук 85 сылын туолла. История бу кэрэ бэлиэ түгэнигэр сыһыаран, ХИФУ Култуурунай киинигэр сэтинньи 11 күнүгэр «Сэргэлээхтэн кынаттанан» диэн бэрт сэргэх, сахалыы тыыннаах иһирэх кэнсиэр буолан ааста.


Аата да ыйа сылдьарын курдук, үгүстэрэ манна үөрэнэн, олох киэҥ аартыгар үктэммит ырыаһыттарбыт, үҥкүүһүттэрбит кытыннылар. Ол курдук, А. Дьячковскай-Ырыа Саарын, Кылаан Кындыл, “Айархаан” этно-бөлөх, Тамара Попова, Аскалон Семенов, Марфа Прибылых, Артур Семенов-Тоҥ Саха, Алена Яковлева-Анна Дива ылбаҕай ырыаларын, хомуска оонньуулларын иһиттибит. “Ямская гармонь” дьаамсыктар удьуордарын ансаамбыла, “Уран”, “Күндэл” уонна “Братья народов” үҥкүүһүттэр бөлөхтөрө кэнсиэри ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Билигин үөрэнэ сылдьар устудьуоннар ырыаларын истэн, эдэр кэммитин санаан, долгуйан да ыллыбыт. Солбук көлүөнэ баарыттан үөрдүбүт. Сайда-үүнэ тур, сахабыт тыла!

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....