11.11.2024 | 22:04

Сыл саҕаланыаҕыттан 53 киһи уокка былдьанна

Сыл саҕаланыаҕыттан 53 киһи уокка былдьанна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр 1600 техногеннай баһаар туран, 53 киһи, ол иһигэр 10 оҕо уокка былдьанна, 33 киһи араас кээмэйдээх эчэйиини ылла. Тахсыбыт баһаартан 733-һэ олорор дьиэҕэ буолла, диэн иһитиннэрэр СӨ ЫБММ пресс-сулууспата. 

«ЫБММ исписэлиистэринэн ыытыллар бэрэбиэркэлэр түмүктринэн уот туруутун сүрүн төрүөтүнэн уоттан сэрэхтээх буолуу быраабылатын тутуспат буолуу булолар, ол курдук бу биричиинэнэн турбут 712 баһаар 13 киһи олоҕун илдьэ барда. Иккис миэстэҕэ электричество көмөтүнэн үлэлиир тэриллэри уонна оһоҕу туттуу ирдэбиллэрин кэһии турар», – диэн бэлиэтиир РФ ЫБММ Саха Өрөспүүбүлүкэитигэр управлениетын административнай практикаҕа уонна дознаниеҕа салаатын начаалынньыга Надежда Петрова.
Ааспыт 2023 сыл бу кэрчик кэмин кытта тэҥнии туттахха, баһаар ахсаана 3% эбиллибит, баһаартан өлбүт киһи ахсаана 7% аҕыйаабыт, эчэйиини ылааччы ахсаана – 55% .
Киһи буруйуттан уонна сэрэҕэ суох буолууттан уот турарын тохтотор уонна киһи өлүүтүн таһаарбат сыалтан ЫБММ исписэлиистэрэ баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын тутуһарга ыҥыраллар:
• электропроводка сыысхала суох үлэлиирин ситиһиҥ;
• элбэх прибору холбоон, ноҕоруусканы таһаарымаҥ;
• оҕо электроприборунан оонньуурун таһаарымаҥ;
• дьиэҕэ табахтаамаҥ, ордук арыгы испит туруктаах;
• ититэр тэрили, маһынан оттуллар оһоҕу туруоруу, туттуу быраабылатын кэһимэҥ;
• оттук кэмин устата оһох турбатын ыраастыыр наадатын умнумаҥ;
• уоту умуруорар огнетушитель, уот туран эрэрин сэрэтэр АДПИ установка баарын хааччыныҥ;
• олорор дьиэлэргэ киирэр суоллары бүөлүү тырааныспары туруорумаҥ.
Баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын тутуһуу – дьон олоҕун уонна баайын-дуолун харыстааһын мэктиэтэ. Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ, диэн иһитиннэрэр ЫБММ пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....