Жатайга 360 миэстэлээх оскуола үлэҕэ киириэҕэ
Бөһүөлэккэ 360 миэстэлээх саҥа оскуола үлэҕэ киириитигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестиционнай бырагырааманан федеральнай субсидия көрүлүннэ. Эбийиэк 2023 сыл бүтүүтэ тутуллан үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Итини таһынан, Жатайга федеральнай бүддьүөттэн 200 миэстэлээх уопсай дьиэ уонна Севернай уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуутугар субсидия көрүлүннэ.
Көрсүһүүгэ сүрүн кыһалҕанан суол өрөмүөнүн боппуруоһа турда. Владимир Сивцев бэлиэтээбитинэн, 2022 сылга Жатайга, Кангалааска чугаһыыр Дьокуускай – Нам – Булуус массыына суолун саҥалыы уларытан оҥоруу болдьоҕуттун урутаан иһэр, 4 балаһалаах буолар. Бу суол кэрчигэ регионнааҕы суоллартан бастакынан 2-с техническэй категория ирдэбиллэригэр бары өттүнэн эппиэттиир буолла.
Миниистир эппитинэн, быйыл Жатайга Трактовай уонна Корзинников уулуссаларыгар өрөмүөн ыытылынна уонна сырдатыы туруорулунна.
Отчуот кэмигэр территориялары тупсаран оҥорууга, олорор дьиэ, спорткомплекс тутуутугар сыһыаннаах ыйытыылар киирдилэр. Итини сэргэ, олохтоохтору оптуобус графига долгутар, сырыы элбэх кэмигэр Жатай – Дьокуускай хайысханан оптуобустар наһаа толорулара этилиннэ. Ити боппуруос пассажирдары таһар тэрилтэни кытта дьүүллэһэн быһаарыллыах буолла.
Бары ыйытыыларга сиһилии хоруй бэрилиннэ.